News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2015 » Тохсунньу » 26 » Сир буоппуруоһа...
Сир буоппуруоһа... | 12:42 |
Сир буоппуруоһа...
Бүгүн Россия Президена В.В Путин аҕа баһылыкпыт сири биэрии туһунаан уураах таһарарга бэлэмин туһунан бэйэтин кэпсэтэргэ бэлэмин эттэ. Бу сүрдээх дириҥ ис хоһонноох этии буолар. Дойду көмүскэлин туһугар оҥоһуллар да буолуон сөп.
Дьэ ол иһин мин үгүстүк эрдэттэн сэрэҕэдийэн бу боппуруоска санаабын хаһыаттар нөҥүө үллэстибитим уонна ону эмиэ хатыылыырга тиийэбин. В.В. Путин бэл ыраахтаҕылаах Россия саҕана маннык дьыала баарын ахтыбыта мээнэҕэ буолбатах. Дьэ ол иһин В.А. Штырев туруорсуутунан сиргэ мээнэ айдаан тахсыбатын туһуттан традиционнай отрасль быһытынаан табаны кытта тэҥҥэ сылгыбытын сахалар дьарыктара диэн биллэрэн турар.
Бу боппуруоска биһиги улахан бытаарыыны таһараан хойутаан эрэбит дии саныыбын. Дьиҥэр ыллахха бу боппуруоска кыра норуоттар ааттарыттан сороҕор наһаа баран, кинилэр табалара сылдьар сирдэрдэрэ бас билиилэрин курдук туруорсалларын олох сыыһанаан ааҕабын.
Дьиҥэр бу сири айылҕа дьон олоҕун хааччыйар, бэйэтэ биэрэр. Ол да иһин, саха норуота сүөһүтүн, сылгыны уонна табаны ииттэн кэлбиппитин өйдөөн Россиябыт аҕа баһылыга бу биһиги төрүт дьарыкпытын, традиционнай отрасль диэн уураахтаатаҕа.
Биһиги айылҕаны кытта сибээспитин сүтэрдэхпитинэ, кини балансатын кэстэхпитинэ норуот быһыытынаан эстиигэ тийэрбитин сарбахтаабаппын. Онон бу боппуруоска олохтоохтук сыһыаннаһан ити үөһэ эппитим курдук сир сыһыарынан баран маннык эбээһинэс ылыныахтаахпыт: айыҕаҕа олоҕурбут балансатын кэспэккэ сылгыбытын ииттэбит, ону көҥүллүүрүгэр государствоттан көрдөһөбүт дьиэн.
Сир баайын хостуур түбэлтэҕэ кинини хостоон бүтэр түбэлтэлэригэр, ол сири төттөрү чөлүгэр түһэрэн олохтоох былааска туттарыытын ситиһиэххэ.
Иккиһинээн бу сир баайын хостуур чааһынай уонна государственнай тэрилтэлэр олохтоох дьоннор күннээҕи олохторо промышленность дьонун олохторун кытта тэҥ буоларын хааччыйар механизмын киллэриэххэ.
Кинилэр үлэлиир сирдэрин таһыгар агрогородоктары тэринэн аттыларыгар олорон үлэлээн барыахтаахпыт. Сир баайа хостонон бүппүтүн кэннэ дойду дьонун традиционнай отрасль сылгы уонна таба этинэн хааччыйар быстыбат ситимэ олохтонор курдук дьаһаныахтаахпыт уонна сокуоннары оҥостуохтаахпыт.
Нэһилиэктэр сирдэринэн традиционнай отрасль сирдэрин быһыытынаан сыһыарынан, государствобыт наадатыгар туһаныар диэритин хаһаайын буолан туох да арендатын төлөөбөккө эрэ нэһилиэгинээн туһаныа этибит. Ол туһанар кэммитигэр айылҕатын - экологиатын уонна атын да боппуруостарга государство көрөр үбүнэн хааччыйыытын ситиһэн туран тэриниэхтээхпит. Холобура баһаар турдаҕына умулларыытын курдук, онтон да атын боппуруостары.
Василий Степанович Винокуров, экономическай наука кандидата, СР ТХ үлэһитэ, Эб-Бытантай, Анаабыр, Өймөкөөн улуустар бочуоттаах олохтооҕо.
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1280 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 48 Ыалдьыттар (гостей): 48 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|