Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Олунньу » 27 » Александр ИВАНОВ: “Былааһы утары барбыппын кэмсиммэппин!”
Александр ИВАНОВ: “Былааһы утары барбыппын кэмсиммэппин!”
13:51

Александр ИВАНОВ: “Былааһы утары барбыппын кэмсиммэппин!”

Александр ИВАНОВ: “Былааһы утары барбыппын кэмсиммэппин!”
Иллэрээ хонуктааҕы, олунньу 25 күнүгэр,  Саха сирин Үрдүкү суута олимпийскай призер Александр ИВАНОВ үлэтиттэн ууратыллыбыт дьыалатын көрөн баран быһаарда: ИВАНОВ А.Н. үлэтиттэн ууратыллыбыта – сокуону кэһии, үлэлээбэккэ сылдьыбыт биэс ыйдаах хамнаһын төлүүргэ, урукку миэстэтигэр, хамнаһыгар төттөрү үлэҕэ ыларга.

Санатар эбит буоллахха, Монреаллааҕы XXI Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призера, “Хотугу сулус” уордьан кавалера, ССРС спордун үтүөлээх маастара Александр ИВАНОВ Ил Дархан быыбарыгар Эрнст БЕРЕЗКИНИ өйөөбүтүттэн сылтаан, былырыын алтынньыга үлэтиттэн ууратыллыбыта. Александр Николаевич “Спорт үрдүкү  маастарыстыбатын оскуолатыгар” Саха сирин тустууга сүүмэрдэммит хамаандатын сүбэһит-тренеринэн үлэлээбитэ.

Үлэтиттэн холдьоҕуллубут киһи Дьокуускай куорат суутугар үҥсэн баран кыайтарбыта.

“Куорат суута сакааһынан үлэлиир тэрилтэ быһыылаах, - диэн кини уорбалыыр. - Дьон дьылҕата быһаарыллар эҥин диэн улаханнык сүгэһэр оҥостубат дьон олороллор”.

Александр ИВАНОВ кинини үлэтиттэн уураттарбыт дьон иһигэр СР Спорка миниистирин Дмитрий ГУЛЯЕВЫ эмиэ ааттыыр.  “Бэйэм оскуолам дьоном туох да сыһыаннара суох, үөһэттэн дьаһайдахтара”, - диэн кини этэр. Үрдүкү суут быһаарыыта кини туһатыгар буоларын эрдэттэн сэрэйэр, билэр этим  диир.

***

Ааспыт сылга спортсменнар кыттыгастаах икки улахан холуобунай дьыала суукка көрүллүбүтэ. Биирдэстэрэ: ырыаһыт Виктор Иванов - Сиэйэ уола уонна тустуук Сергей Мекурдянов, иккиһэ: тренер Николай Шарковскай уонна 19 саастаах устудьуон Валентин Малышев.

Сергей Мекурдянов атаҕын эчэппит Виктор Иванов 9 сыл күлүүс хаайыытыгар уураахтанар, оттон Валентин Малышевы үйэ-саас тухары суорҕан-тэллэх киһитигэр кубулуппут  Шарковскай 1,5 сыл дьиэ хаайыытыгар ууруллар.  Бу икки дьыала туһунан Александр ИВАНОВ туох санаалааҕын ыйытабыт:

- Шарковскайы да, Мекурдяновы да билбэт дьонум. Физкультура уонна спорт диэн атын-атын эйгэ. Физкультурник спортсмен буолбатах. Мекурдяновы көмүскээн улахан спортсменнарынан сирэйдэнэн ыҥырыы таһаарбыттара эҥин олох сымыйа.  ЛЕБЕДЕВ оччолорго олох да соҕуруу сылдьыбыта, ПИНИГИН онно эрэ кыһаммат. Миэхэ кэлбиттэрэ буоллар үүртэлээн ыытыам этэ. Мекурдяновы ким да билбэт, спорка туох да ситиһиитэ суох. Көннөрү физкультурник эрэ буоллаҕа. Оттон Сиэйэ уола норуокка  биллэр-көстөр, обществоҕа туһалыы сылдьар киһи эбээт. Кини эрэ ытта, ыппата эрэ, саа былдьаһыгар ким чокууру тардыбытын ким көрөн турбута баарай... Туох да диэбит иһин, Виктор дьиэ кэргэнин көмүскээтэҕэ. Эр киһи быһыытынан кинини убаастыыбын. Олоххо араас буолар, алҕаһаабат киһи суох. Улахан дууһалаах эрэ киһи бырастыы гынары сатыыр, кыахтаах эрэ киһи дьонун, дьиэ кэргэнин көмүскүүр, баары харыстыыр. Атына эбитэ буоллар сапсыйан баран ааны хайа быраҕан бара туруох этэ.  Мин саныахпар, Үрдүкү суут кулун тутар 5 күнүгэр Сиэйэ уолун ааһыныытын сирийэн көрүө диэн эрэнэбин. Куорат суутун курдук халы-мааргы сыһыаннаһыа суоҕа дии саныыбын. Холобур, ити Шарковскайга уурааҕын да ылан көрүҥ... сүнньүнэн бу эдэркээн уол эрэйдээҕи киһи аатыттан аһардыбытын иһин  1,5 сыл дьиэ хаайыытыгар уураахтыыр. Оттон Сиэйэ уола 9 сылга, өссө ыстараап...  

Александр Николаевич бэйэтин суутун туһунан:

- Бириинсип иһин сууттастым. Төһөлөөх дойдуларын албан аатын улахан көбүөрдэргэ, рингэҕэ, турнирдарга көмүскээбит улахан спортсменнар үлэтэ суох сылдьалларый?! Роман Дмитриев 7 сыл, мин 4 сыл үлэтэ суох эрэйдэнэ сылдьыбыппыт. Спорка “сиэрэй маасса” күннээн-күөнэхтээн олорор. Ити кинилэр холобурдарыгар  “спортсмен салайар кыаҕа суох” диэн аатырар. Билигин аатыра сылдьар спортсменнарбыт, Лебедев да буоллун, спортан туораатахтарына үлэтэ суох хаалыахтара син биир. Томскай, Василий Филиппов, Татьяна Жиркова ама дойдуларын чиэһин көмүскээбэтэхтэрэ дуо?! Ханна баалларый?! Атах-бытах  үлэҕэ сылдьаллар... ону да үлэлээхтэрэ!

***

Александр Николаевич сонньуйуутун киһи өйдүүр. Иннэ-кэннэ биллэр үс олимпиецтарбыт үлэтэ суох сылдьалларын бэркиһээн “Аартык.ру” былырыын от ыйын 3-гэр “Тойон амбициятын туһугар ыччат олоҕун толук ууруу? “ ыстатыйа суруйан турар: “Спортивнай тренер үөрэхтээх дьону “төрөтө” турабыт эрээри үлэнэн, дьиэнэн хааччыйыы суох буоллаҕына – бу норуот кэнэҕэскитин кэрдии буолар. Бэл, иннэ-кэннэ биллэр үс олимпиецтарбыт дьылҕаларын ылан көрүөҕүҥ. Байбал ПИНИГИНИ кыргыс омуга көрөн-истэн кэллэ. Кинилэр баар буолан сураҕа сураҕыран Ил Түмэн дьокутаата буолла. ПИНИГИН кыргыс дьахтарын ойох ылбатаҕа эбитэ буоллар, кини биир дойдулаахтарыгар көмөлөспөтөҕө эбитэ буоллар хантан харчыланан киһи дэтэн Ил Түмэни өҥөйүөх этэй?! Аны Роман ДМИТРИЕВЫ билсэр дьон өйдүүр буолуохтаахтар кинини ким үлэлээн-хамнастаан олорбутун – нууччалар. ДМИТРИЕВИ Саха сириттэн холдьоҕон кэриэтэ ыыппыттарыгар москвалар өйөөн, үлэлээн хамнастаан илдьэ сылдьыбыттара. 

Үһүс олимпиецпыт Александр ИВАНОВ үчүгэй олохтон, бу 60 сааһыттан тахсан баран быыбардары кэрийэн кытта сатыы сылдьыа дуо? Бу айылаах ааттаах-суоллаах киһини ханна эрэ, күлүү гыммыт курдук “консультант” дуоһунаһыгар тутуу хайдаҕый?  Аһара баран атын “омук дьахтарын ылбакка” дэтэлиэх санаа киирэр, саханы ылбыт буруйугар диэбиккэ дылы... Киһиэхэ, эр киһиэхэ общественнай статус улахан суолталаах. ИВАНОВКА хамнастааҕар статус ордук суолталаах буолуо диэн сэрэйиэххэ сөп.

Онон үс олимпиецпытын иннилэрин-кэннилэрин хааччыйбатах дьон сүүһүнэн сиэрэй маасса физкультурниктары хантан үлэнэн хааччыйаары, бачча аҕыйах ахсааннаах саханы хас иккиһин физкультурник оҥоро сатаатыбыт?!”.

***
Соторутааҕыта Россия сүүмэрдэммит хамаандатын старшай тренерэ Магомед ГУСЕЙНОВ Саха сиригэр кэлэ сырытта. Бу киһи тоҕо түөллэн кэлбитэ сэттэ хаттыгастаах буолуон сөп диэн сэрэйиллэр. Ол быыһыгар оскуолаларга тахсан оҕолорго маастар-кылаас көрдөрдө. Ону баҕас диэбиккэ дылы, бэйэбит дьоммут даҕаны эдэр спортсменнары үөрэтэр кыахтаах бөҕө буоллахтара: тустууга, боксаҕа, сүүрүүгэ, онтон да атын спорт көрүҥэр.

***

Аартык.ру

Комментарии 

#1
дьаабы 27.02.2015 11:24
киhи да кыбыстар, ааттаах улуу дьоммутугар итинник сыhыаннаhарбыты ттан((
#2
Иван 27.02.2015 12:02
Дьаабы быhыы майгы!!! Устэр этэ билигин икки олимпиец хаалла, ону да5аны сатаан чиэстиир бочуоттуур кыахпыт суох. Ил дархаммыт эЦин араас советниктардаах игин дии, хотя бы оннук советник игин диэн оцортуо5ун или хотя бы спорт министирэ!!!
Дьэ мэлтэх дьон салайан олорор Саха норуотун(((
#3
Иван 27.02.2015 12:03
Спорт министирин советнига диэн хотя бы
#4
Саха уола 27.02.2015 12:15
Дьэ бу систиэмэ содула. Миигин утардын дьиэн. Улуу дьоммутун еойго о5о оносто сырыттахпыт. Кыыhыылаа5а дьон ону ойдообот. АМА Сунтаардар билбэттэр уhу дуо, то5о куоластаабатахт ара дьикти, бутэр буппутун кэннэ биhи олимпиеспыт дьиэхтэрэ. Кавказка маннык буолбатах. Уонна кэлэн биhигини убаастаабаттар дьиибит.
#5
хохол 27.02.2015 12:19
Саханы саха дэппит дьоммутун тоҕо итинник атарахсытабытый ? Дьаабы салайааччылары миэстэлэрин булларыахха...б эрт былдьаһыы, ордуҕурҕааһын содуллара ханна тиэрдэллэр? Атын эбитэ буоллар таҥара курдк көрүө этилэр ол киһийдэхтэр.
#6
Вжик 27.02.2015 12:27
Гусейн харчы хомуйа кэлтэ буолуо).
#7
мин 27.02.2015 13:03
какой смысл стыдить ЕАБа? Он давно в отдельном мире. Жену Прасковью нагло наградил, он только себя и своих чурапчиканцев поддерживает.

Источник: aartyk.ru
 
Category: Спорт | Views: 2227 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
232425262728
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 38
Ыалдьыттар (гостей): 38
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024