Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Кулун тутар » 3 » “Байкалы өлөрө сыспыттара, Өлүөнэни чахчы өлөрөр буоллулар” диэн суруйаллар.
“Байкалы өлөрө сыспыттара, Өлүөнэни чахчы өлөрөр буоллулар” диэн суруйаллар.
08:56

Дыгын кэмпиэккэ ымсыырбытын курдук буоллубут дуу…

Дыгын кэмпиэккэ ымсыырбытын курдук буоллубут дуу…
Вторник, 03 Марта 2015 05:39
Өлүөнэ баһыгар Усть-Кут куоракка ЦБК тутуллан эрэрин, ол тугунан диэлийиэҕин туһунан журналист Владимир СТЕПАНОВ “Кыымҥа” былырыын саас суруйбут ыстатыйатын “Аартык.руга” хат бэчээттиибит. Бу билиҥҥи кэмҥэ сытыы тиэмэни көтөҕөр ырытыы общественность болҕомтотун улаханнык тардыбакка ааһан хаалбыта хомолтолоох. 
"Өлүөнэ Эбэбит айманар

Иллэрээ күн, Саха сиригэр Свободнайтан көтөр ракеталар түһэрэр сүһүөхтэрин тула балаҕан ыйыгар буолуохтаах уопсастыбаннай истиилэргэ бэлэмнэнии быһыытынан, “Ракетанан космоска тахсыы тулалыыр эйгэҕэ уонна киһиэхэ дьайыыта” диэн билим кэмпириэнсийэтэ саҕаланна.

Дыгын кэмпиэккэ ымсыырбытыгар дылы буоллубут дуу?

Уопсайынан, ракета иккис сүһүөҕэ түһүүтэ айылҕаҕа, киһи доруобуйатыгар урукку өттүгэр оҥорбут охсуутун бигэргэтэр билим да, мэдиссиинэ да дааннайдара суохтар диэн түмүктэнэрэ буолуо. Кэтээн көрүү быһыытынан, дьон, кыыл-сүөл, балык, үүнээйи билиҥҥи туругун үөрэтиэхтэрэ, мантан мөлтүүр дуу, суох дуу диэн кэтэниэ. Тиһэҕэр, дьон тыынын таһааран баран, “утарсан хайаары гынаҕыт, дойду оборуонатын, сайдыытын туһугар ракета көтүөхтээх, ол оннугар “Роскосмоһы” кытта үчүгэй, норуокка туһалаах дуогабарда түһэрсиэҕиҥ” диэн “тимир” аргуменынан, “ракета муора үрдүнэн ытыллан, чахчы дьон доруобуйатыгар буортута суох буоллун” диир туруорсуубут хам баттаныа... Доруобуйабытын атыылаан биисинэс оҥосторбут аныгы олохпут майгытыгар кубулуйан иһэрэ дьиксиннэрэр.

Тоҕо эрэ, бу түгэҥҥэ биллиилээх лингвист, 1917 с. иннинэ биллэр уопсастыбаннай диэйэтэл Г.В. Ксенофонтов сэбиэскэй былааһы итэҕэйбэккэ, “быстах, дьэргэлгэн (эфемернэй) былаас кэллэ” диэн, бэлиитикэттэн, уопсастыбаннай үлэттэн тэйэн, билиминэн дириҥник дьарыктанан барбытын санаан кэлэҕин. Кырдьык, ити кэмтэн ыла биһиэхэ өй-санаа, сүрэх ылынарын, киһи кута-сүрэ тохтуур олохтооҕу, үйэлээҕи оҥорорго кыһаллыбат, быстах пропаганда, аҕытаассыйа тыынынан салаллар быһыы-майгы арахсыбаттыы олоҕурбут курдук.

Сэбиэскэй былааспыт эстибитин кэннэ чахчы “дьэргэлгэн” кэлэн ааспыт эбит дииргэ тиийэбит. 1950-с сыллартан Саха сирин айылҕатыгар, олохтоох нэһилиэнньэҕэ, кэлэр көлүөнэлэрбит доруобуйаларыгар, кэскиллэригэр “экологическай ноҕуруусканы” ыаратар элбэх “миинэлэр” иитилиннилэр. Ол содулларын үөрэтиигэ, дьон доруобуйатын тупсарыыга болҕомто ууруллубат. Эдэр дьон ыарыы буолар, эрдэ өлөр-сүтэр буоллубут дииртэн, куукуна таһымынан кэпсэтииттэн улаханнык сыҕарыйбаппыт. Ону атын сиргэ баран эмтэнэр буолбуппут да туоһулуур. Ядернай дэлби тэптэриилэр содулларын үөрэтии 90-с сс. олохтонуох буолан иһэн тохтообута. Ракета ити этилиннэ. Өлүөнэни ортотунан ньиэптээх турба уҥуордаан сытар. Сарсын хайдах буолан турара биллибэт эрээри, бүгүн бүтүн сытан быстах барыс, харчы биэрэрэ ордук курдук. “Хайыахпытый?” диэн уоскутунабыт. Манна, тоҕо эрэ, кэмпиэккэ албыннатан сохсоҕо киирэн баттаппыт Тыгын эһэбит туһунан норуоппут номоҕун санаан кэлэҕин.

Байкалтан Өлүөнэҕэ көһөн эрэллэр

Олорбуппут сыччах диэбиттии, аны атын өлүү өҥөйөн эрэр. Байкаллааҕы целлюлозаны-кумааҕыны оҥорор кэмбинээт (ЦКК) күөлү өлөрө сыһан, бэрт улахан айдаан кэнниттэн сабыллыбытын билэбит. Ол алдьархай аны Өлүөнэбитигэр суоһаата. Ол туһунан кэпсэтии, уопсастыбаннай истиилэр Саха сиригэр тахса иликтэр.

Саас-сааһынан кэпсээтэххэ, Иркутскай уобалас Уус Кутугар “Сибирский лес” диэн Москуба хампаанньата сылга 700 тыһ. т маҥхатыллыбыт, 200 тыһ. т вискозалаах целлюлозаны оҥорор, 2 млрд дуоллар сыаналаах лесохимическэй комплексы тутаары сылдьар. Бырайыага оҥоһуллан, инвестор 1 мөл. дуоллартан тахсаны ороскуотурбут. Билиҥҥитэ турар сиригэр мөккүөр барар. Өлүөнэ өрүс үрдүгэр турар Уус Куттан 38 км тэйиччи сиргэ тутарга көҥүл биэрбиттэр. Ол эрээри, уобалас сайдыытыгар 2 млрд дуоллар инвестицияны киллэрэр дьон: “Уус Кут аттыгар аҕалыҥ, ити этэр сиргитигэр диэри 38 км устата 400 м ууну өрө таһаарар турба ситимин тутарга эбии 3 млрд солк. ороскуот тахсар. Ол сиргит иччитэх, үлэһиттэргэ анаан атын бөһүөлэк туппаппыт, ол оннугар Уус Кукка харчы киллэрэн, куораты аатын билбэт гына сайыннарыахпыт, курустаал таас тротуарынан сылдьыаххыт”, – диэн туруорсаллар эбит.

Иркутскай форумнарыгар сорох дьон “Байкалы өлөрө сыспыттара, Өлүөнэни чахчы өлөрөр буоллулар” диэн суруйаллар. Атыттар, туттарааччылар дьонноро быһыылаах, “ойууру харыстааһын – ол аата аныгы таҥастааһын тэрилтэтин тутуу” диэн “өйдөөх” тылларынан сабыта тамныыллар. Ону таһынан “кэмбинээти өрүстэн ыраах да тут, чугас да тут – син-биир Өлүөнэттэн ылар уонна төттөрү кутар кирдээх уутун кээмэйэ уларыйбат, тупсан кэлбэт, биир турбанан, биир сиринэн түһэр. Уус Кукка туттахпытына, ороскуоппут кыччыа, эһиэхэ биэрэр харчыбыт элбиэ. Экологияҕа буортута кыра, РФ сокуоннарыттан, санитарнай нуормаларыттан тахсыбат, оттон тутулуннаҕына, үрдүк хамнастаах тыһыынчанан үлэ миэстэтэ тэриллиэ, оройуоҥҥа харчы харыыта суох киириэ, сайдыы бөҕө барыа” диэн куоһурданан, аҕытаассыйа бөҕөнү ыыталлар. Инньэ гынан, Уус Кут оройуонун былаастара биир өттүнэн Өлүөнэни харыстыыр, иккис өттүнэн целлюлозаны оҥорон байар икки ардыгар хайдан олороллор. Ол эрээри, тиһэҕэр үлүгэр харчыны тэбэр дьон кыайаллара, кэмбинээт Уус Кукка ууну харыстыыр зонаны үктүүр-үктээбэт тутуллара буолуо. Инвестор быйыл саҕалыыр, 2017 сылга бүтэрэн үлэлээн барар, 8-10 сылынан ороскуотун сабынар былааннаах. Кэмбинээт билигин кэрдиллэр маһы хатырыгар диэри, ойууртан мутук хомуллуор диэри барытын переработкалыыр.  

Уобалас салалтата сокуону кэстэриэхпит суоҕа диир да, дьыалатыгар хонтуруоллуур уустук. Сабыллыбыт Байкал ЦКК-тыгар хлорунан маҥхатар технологияны тутталлара үһү. Оттон Уус Кукка кэмбинээт маһы сульфатынан буһарар технологияны туттуохтаах. Онон, өрүскэ кутуллар туттуллубут уу саас халааҥҥа киртийбит Өлүөнэ уутуттан улахан кирэ суох буолуо диэн саныыллар. Ол аата, өрүспүт уута төгүрүк сыл халаан кэминээҕи курдук өҥнөнөр буоларыгар тиийэр.

Аны туран, Иркутскайы аастаҕына, Өлүөнэбит тымныы, айылҕа ыраастанар кыаҕа хас эмэ төгүл аҕыйыыр Саха сиригэр киирэрин умнар табыллыбат. Ити киртитии Саха сирин нэһилиэнньэтигэр ордук охсуулаах. Кэмбинээт Өлүөнэ Эбэни эрэ буолбакка, Хотугу муустаах байҕал уутун кытта киртитэр туруктаах. Элбэх охсууттан биирин санаттахха, кыһыллар балык сиэбэт буолабыт.

Целлюлоза ханна баҕарар кирдээх

Маҥхатыллыбыт целлюлозаны оҥоруу аан дойду үрдүнэн тулалыыр эйгэҕэ улахан хоромньу таһаарарынан биллэр. Целлюлозаны оҥорууга, сайҕааһыҥҥа үлүгэр элбэх уу туттуллар. ЮНЕСКО дааннайдарынан, 1 лиис маҥан кумааҕыны ыларга 10 л ыраас уу туттуллар. Ити буортута суох диир сульфатнай технологияларынан, мас көөбүлэ натрий гидроксидын уонна сульфидын уулаах суурадаһыныгар буһарыллар. Ол эрээри, туттуллубут уу мастан ылбыт араас “химиятынан байан”: диорганил- уонна органилсульфаттарынан, хлор, калий булкаастаах суурадаһыннардаах, феноллардаах, араас кислоталардаах, диоксиннаах, ыарахан металлардаах уо.д.а. сүлүһүннээх тахсар. Ууну сэргэ салгын киртийэр:күл (натрий сульфата уонна карбоната), натрий, кальций туустара, сиэрэ диоксида, сероводород, метилмеркаптан, диметилсульфид, диметилдисульфид, углерод оксида, хлор, хлор диоксида быраҕыллаллар.

Кумааҕыны оҥоруу тутуллар уу тоҕуллубакка ыраастана-ыраастана эргийэ сылдьар буоллаҕына, айылҕаҕа буортуну оҥоруута аҕыйыыр диэн ааҕыллар. Ити маҥхатыыга хлортан толору аккаастанан, водород перекиһигэр көстөххө эрэ кыаллыан сөп эбит. Ол эрээри, уу айылҕаҕа тоҕуллубат эргиирин аан дойдуга ханнык да ЦКК киллэрэ илик.

Швецияҕа үлэлиир арыый ыраас ЦКК-ҕа атын сульфиднай технологияны тутталлар да, син биир элбэх ууну айылҕаҕа тоҕоллор. Уус Кукка төһө да быраҕыллар уу ыраастаныа диэтэллэр, өрүспүтүн киртитиитэ улахан буолара күүтүллэр. Аны туран целлюлозаны оҥорууга производство тобоҕо – лигнин уонна араас шламнар мунньуллаллар. Лигнин тахсыыта мас көрүҥүттэн көрөн 17-32 бырыһыаҥҥа тиийэр. Уус Куттааҕы кэмбинээт сылга 5 мөл. кубометр маһы туттуохтаах. Төһө элбэх мунньулларын суоттаан көрүҥ эрэ. Уматтахха, салгыны киртитэр. Лигнин Байкал ЦКК-тыгар өр сылларга мунньуллан, саамай улахан кыһалҕата буолбут эбит.

Уус Куттааҕы ЦКК-ны тутуу “сайдыы тиһэх технологиятынан оҥоһуллуо, айылҕаны киртитэрэ аҕыйах буолуо” дииллэр да, кэмбинээт атын региоҥҥа турар. Биһиги хонтуруолбутугар, Айылҕабыт харыстабылын министиэристибэтигэр улаханнык кыһаналлара биллибэт.

Байкалы киртитии тохтообут устуоруйатыттан

Байкаллааҕы ЦКК эмиэ байыаннай сыалга туттуллар целлюлозаны оҥорор соруктаах тутуллубута. Ол иһин дьон доруобуйатын, аан дойдуга суох күөлү киртитэрэ аахсыллыбатах. Байкалга 1966 с. тутуллубут ЦКК баара-суоҕа 50-ча сылынан күөлү, тулалыыр эйгэни хлордаах эттиктэринэн улаханнык киртитэрэ арыллан, бастаан 2008 с. ЦКК үлэтин тохтоппуттара.

Онтон 2010 с. В.Путин “кэмбинээт тула наһаа бэлиитикэлээһини таһаарымаҥ” диэбитин кэннэ, дьон үлэтэ суох хаалар, экэниэмикэҕэ охсуулаах, ол оннугар экология тулуйдун диэн, бэс ыйыттан арыйбыттара. Ол эрээри, 2010 с. “Мир-1” уонна “Мир-2” дириҥҥэ тиийэр батискафтар чинчийиилэрэ ЦКК күөлү өлөрүөн сөбүн дакаастаабыта. Уу түгэҕэр 33 м сиргэ, уу отугар, харамайдарыгар олус кутталлаах, олус бытааннык үрэллэр, мунньуллар хлордаах фенол булкаастара (гваяколлар) булуллубута. Саамай дьиктитэ диэн, бу ураты сүлүһүннээх “гваяколлар” диэн тиэрмин РФ хайа да сокуонугар, нуорматыгар суох, төһө буолуохтаах ПДК-та да оҥоһулла илик дьаат буолан тахсыбыт. ЦКК Байкалы улаханнык киртитэрэ дакаастанан, 2013 с. олунньуттан сабыллыбыта.

***

Өлүөнэ эбэтит баччааҥҥа диэри ¥рдүк Айыылар араҥаччылаан, ГЭС, кутталлаах бырамыысыланнай собуоттар тутуллубакка турбута. Аан дойдуга биир саамай ыраас уулаах өрүһүнэн биллэр. Ол эрээри, “цивилизация суола суох ааспат” Өлүөнэ уута хайыы-үйэ 3-с кылааска (киртийии 4 кылааска араарыллар) тиийэ кирдээҕин билим чинчийиилэрэ, кэтээн көрөөһүн бигэргэтэр.

Иркутскайдар ЦКК Өлүөнэҕэ тутуллара быһаарыллыбыт дьыала диэн ааҕаллар. Арай, өрүскэ оҥоһуллар хоромньу Байкаллааҕар арыый кыра буолуо дии саныыллар. Ол эрээри, Байкал ЦКК-тынааҕар 5-6 төгүл элбэх кирдээх уу тоҕуллара күүтүллэр. Байкал ЦКК-гар сылга 100-200 тыһ. т целлюлоза оҥоһуллара. Уус Куттааҕы сылга төһө бородууксуйа оҥоһуллара үөһэ этиллибитэ. Ол аата туттар, быраҕар уута эмиэ оччонон элбэх буолар.

Кытай харчытын туһугар

Бу кэмбинээт тутааччылара бородууксуйабыт Кытайга барыахтаах диэн аһаҕастык этэллэр. £ссө 2007 сылтан кэмбинээти тутууга 2 млрд дуоллары “Шаньдун Бо Сеньюань” диэн Кытай корпорацията үбүлүүргэ бэлэмин биллэрбитэ. Икки өрүт 50-ныы бырыһыан бас билэр холбоһуктаах тэрилтэлэрэ буолуохтаах. Иркутскайдар бырайыагы тэрийээччилэр харчылара суох, онон кэмбинээти тутууга көҥүл ылан, тутан баран кытайдарга атыылаан кэбиһиэхтэрэ диэн дьиксинэллэр. Оччоҕо, чахчы ыарахан балаһыанньаланабыт. Кытайдар бэйэлэрин дойдуларын өрүстэрин хайдах кэбилииллэрин билэбит.

Урут арҕаа дойдулар экологияларын харыстаан “кирдээх производстволарын” үһүс дойдуларга, ол иһигэр Кытайга таһаараллара. Ол майгы уларыйан, кытайдар байан, кыаҕыран, харчыга ымсыырдан, аны “кирдээх производстволары” Арассыыйаҕа көһөрөн эрдэхтэрэ. Ити былааннара биһиги маспытын дойдубутугар переработкалаан баран үрдүк барыстаах бородууксуйа оҥорон атыылыыр ыра санаабытын, дойду сайдыытын стратегиятын соругун кытта үүт-маас түбэһэрэ Өлүөнэбитин сииһик.

***

Хоту өрүстэр бырамыысыланнас киртитиититтэн кыайан ыраастаммат содулларын Бүлүү өрүскэ көрөбүт. 1950-с сылларга муус уутун курдук ыраас өрүс бырамыысыланнас баһылааһынын кэнниттэн баара-суоҕа 50-тан тахса сылынан 4-с кылаастаах кирдээх өрүскэ кубулуйбута. Өлүөнэҕэ ЦКК тутулуннаҕына, олох улаханнык киртийэр туруктаах. Ыалларбыт сайдаллара, харчыланаллара куһаҕана суох. Ол эрээри, биһиги сиэртибэ буолуо суохтаахпыт. Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ, тустаах тэрилтэлэр, уопсастыбаннас, билим эргимтэтэ Өлүөнэ өрүһү киртиппэт, харыстыыр үлэни ыыталлара ирдэнэр. Олорон биэрэрбит табыллыбат".
***
Владимир СТЕПАНОВ,
"Кыым".

Источник: aartyk.ru
Вторник, 03 Марта 2015 05:39
Category: Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода | Views: 1655 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 104
Ыалдьыттар (гостей): 104
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024