Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Кулун тутар » 3 » Юрий ТРУТНЕВ Александр ЖИРКОВ этиитин өйөөбүт
Юрий ТРУТНЕВ Александр ЖИРКОВ этиитин өйөөбүт
11:50
Юрий ТРУТНЕВ Александр ЖИРКОВ этиитин өйөөбүт
РФ Правительствотын вице-премьерэ, Президент ДВФУо-ҕа Бастайаан

Юрий ТРУТНЕВ Александр ЖИРКОВ этиитин өйөөбүт

най боломуочунайа Юрий Трутнев Дальнай Восток федеральнай уокуругун депутаттарын, сенатордарын кулуубун бастакы мунньаҕар  Ил Түмэн Председателэ Александр Жирков этиитин өйөөтө. Кулууп мунньаҕа Москваҕа олунньу 27 күнүгэр Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтигэр буолла.
  Мунньах кыттыылаахтара экономическай сайдыы точкаларын таһынан, Дальнай Восток кэлимсэ сайдыыта улахан суолталааҕын, онуоха регионнарга баар кыһалҕалары быһаарар суоллары күүһү түмэн тобулуу уо.д.а. тула санааларын атастастылар, инники соруктарын, бииргэ үлэлээһин боппуруостарын сүбэлэстилэр. Ити кэпсэтиилэргэ Ил Түмэн спикерэ Александр Жирков Бюджет кодексыгар Дальнай Восток регионнарын үбүлээһини тус сыаллаахтык көрөр кыаҕы биэрии боппуруоһугар республика парламена уларытыылары киллэрэр туһунан этиитигэр болҕомтону тарта.
 
Этиигэ Российскай Федерация Бюджеккэ кодексын 179 ыстатыйатыгар Российскай Федерация государственнай программаларыгар хос программалары уонна (эбэтэр) туспа түһүмэхтэри киллэрии туһунан этиллэр. Итинник уларытыы Дальнай Восток урутаан сайдыытын дьаһалларын көрөр РФ госпрограммаларын эппиэттээх толорооччуларын булууга сөптөөх анал ирдэбиллэри олохтуур сыаллаах оҥоһуллубута. Бу этиини Российскай Федерация Ааҕар-суоттуур палатата өйөөн турар. Ол гынан баран РФ Правительствотыгар ити боппуруоска биир санааҕа кэлии өссө да ситиһиллэ илик.
 
Саха сирин парламентарийдара этэллэринэн, билигин государственнай программалары оҥорууга биэдэмистибэлэр методикалара ситэтэ суоҕа, олорго Дальнай Восток федеральнай уокуругун өлүүтэ төһө буоларын үчүгэйдик араарыы уонна түмүү олус уустуга бу боппуруоһу быһаарыыны мэһэйдиир.  Дьэ, бу маныаха баар проблеманы быһаарыыга РФ хас биирдии  государственнай программатын анал хос программатыгар Дальнай Восток федеральнай уокуругар барыахтаах үбүлээһини түмэри итиэннэ бюджеттан үбүлээһин сөптөөх кээмэйин олохтууру көрөр  туспа түһүмэҕи киллэрии эрэйиллэр.
 
Бу регион урутаан сайдыытыгар туһуламмыт «Дальнай Восток уонна Байкал регионун социальнай-экономическай өттүнэн сайдыыта» РФ госпрограмматын олоххо киллэрии дьаһаллара 2025 сылга диэри көрүлүннэ. Итинэн сибээстээн РФ Бюджеккэ кодексыгар киллэриллибит  саҥа уларытыылар үлэлиир болдьохторун Ил Түмэн киллэрбит редакциятынан  2025 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри олохтуурга этилиннэ.
 
Александр Жирков бэлиэтииринэн, итинник уларытыылары киллэрии Дальнай Восток кэлим сайдыытыгар, бюджет үлэтэ ньымса буолуутугар, Российскай Федерация государственнай программалара толоруллар кыахтаныыларыгар итиэннэ  федеральнай бюджет үбүн көдьүүстээхтик туһаныыга, биһиги республикабыт курдук, уустук усулуобуйалаах регионнарга үбүлээһин кэмигэр уонна харгыһа суох чопчу кэлэригэр улахан көмөлөөх буолуохтара. 
 
Правительство вице-премьерэ Юрий Трутнев Саха сирин парламенын спикерин ити этиитин өйөөтө. Санатан эттэххэ, Юрий Трутнев Дьокуускайга кэлэ сырыттаҕына, Саха сирин депутаттарын сокуону көҕүлээһин туһунан ыйытыыга кини Россия Дальнай Восток сайдыытын фондатын саҥа бырайыактартан нолуоктар киириилэрин суотугар эбии үбүлүүр туһунан Президенин  сорудаҕа баарын туһунан хоруйдаабыта.  Билигин ити сорудаҕы толоруу ньымаларын олохтуур үлэ барар. “Ханнык нуормалыыр быраап актарын, ханнык сокуоннары уларытар наадатын көрүөхпүт”, -- диэн баран, кини “ити киирэр нолуоктар, сайдыы үрдүк олуга буолан, төттөрү Дальнай Востокка эргийэн кэлиэхтээхтэр”. Онон үп-харчы эргиирэ тэриллиэхтээх.
 
РФ Дальнай Восток сайдыытыгар министрэ Александр Галушка Дальнай Восток федеральнай уокуругун субъектарын Федеральнай Мунньахха сенатордарыттан уонна депутаттарыттан Саха сирин парламентарийдарын көҕүлээһинин болҕомтоҕо ылалларыгар эттэ.  Министр этэринэн, тус сыаллаах федеральнай инвестиционнай программа  (ФАИП) чэрчитинэн, ДВФУо субъектарыгар дууһа ахсын үбүлээһин, атын регионнары кытта тэҥнээн көрдөххө, ситэ тиийбэт. Итиннэ 2015 сылга биллэр-көстөр араастаһыы «Доруобуйа харыстабылын» хайысхатыгар тахсыбыт. «Доруобуйа харыстабылыгар» Россия орто таһымыттан 3,5 төгүл кыра, «Үөрэхтээһиҥҥэ» 17,6 төгүл, «Культураҕа» в 1,8 төгүл кыра буолбута бэлиэтэнэр.
 
Итинтэн салгыы Ил Түмэн спикерэ Дальнай Восток бары субъектарыттан сенатордар уонна депутаттар мустубут мунньахтарыгар тыл этиитигэр өссө биир боппуруоска болҕомтону туһаайда. Билэрбит курдук, РФ субъектара Федеральнай Мунньах ылыныытыгар бэлэмнээн  киллэрэр үгүс сокуоннара уонунан сылларга ылыллыбакка сыталлар.  Дьон-сэргэ элбэх туруорсуутунан оҥоһуллубут сокуоннары ылыныыны нэһилиэнньэ кэтэспитэ да ыраатта. Онон  Федеральнай Мунньахха Дальнай Восток уокуругуттан сенатордар уонна депутаттар ити көҕүлээһиннэри өйдөрүн-санааларын, күүстэрин холбоон,  хамсатыылаахтык, бииргэ туруорсуох тустаахтар. Онуоха кинилэр бииргэ үлэлээһин араас көрүҥнэрин, ол иһигэр регионнар Федеральнай Мунньах сенатордарын уонна депутаттарын кытта сокуоннары кыттыһан бииргэ оҥорон киллэриилэрин, туһаныахтарын сөп. Республикабыт спикерэ этэрин курдук,  санаан да көрдөххө,  дьон-сэргэ кыһалҕаларын чэпчэтиэхтээх сокуоннарбытын биирдиилээн туруорса сатыырдааҕар, бары күүһү түмэн анньарбыт ордук  хотуулаах буолуоҕа.
 
Ил Түмэн үөһэ ыйыллыбыт федеральнай сокуон барылын туруорсууга салгыы үлэлиир. Хомойуох иһин, РФ Правительствотыгар бу боппуруоска биир тылы булуу ситиһиллэ илигинэн “ылыныахха эбэтэр аккаастыыр табыллыбат” икки ардынан уустук быһыы-майгы үөскээтэ. Парламент спикерэ Александр Жирков командировкаттан кэлэн баран, сенатордар уонна депутаттар кулууптарын кыттыылаахтарыгар бу көҕүлээһини биир санаанан түмсүүлээхтик өйүүллэригэр уонна манна кыттыһалларыгар ыҥырыы суругу ыытта.
 
Ити курдук Сахабыт сирин парламенын аатыттан спикер киллэрбит этиилэрэ өйөннүлэр.  Мантан салгыы бу хайысхаларга  хамсааһын тахсарын эрэнэ күүтэбит.
  ***
Ил Түмэн пресс-сулууспата   

Источник: aartyk.ru
 
Category: Власть Правительство Ил Тумэн | Views: 1543 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 108
Ыалдьыттар (гостей): 108
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024