News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2015 » Кулун тутар » 11 » Мунньахсыттар
Мунньахсыттар | 18:36 |
Мунньахсыттар
Төһө да “мунньах” диэн тылы олус сэргии-сэҥээрэ истибэтэрбит да, олохпут оҥкулун охсор, сүнньүн быһаарар тутаах тэрээһин мунньах буолар. Мунньаҕы хайа салайааччы хайдах ыытарыттан – кини үлэтэ-хамнаһа быһаччы тутулуктаах. “Ким хайдах мунньахтыыр да, соннук үлэлиир” диэтэххэ да, арааһа, аһара дарбатыы буолбат ини.
Бастатан туран, мунньахха – салайааччы киһи быһыытынан хаачыстыбата, салайар таһыма, дьоҕура, үлэлиир суола-ииһэ, ньымата көстөр. “Аартык.ру” хас да киһиттэн (суруналыыстартан, чунуобунньуктартан, политиктартан, общественниктартан): ким хайдах-туох мунньахтыырын, тыл этэрин туоһуластыбыт, ол түмүгүнэн матырыйаал суруйдубут. Биллэн турар, хара маҥнайгыттан киэҥ хабааннаах социологическай чинчийиигэ санамматахпыт. Бэйэбит холбутугар сөп түбэһэр туоһулаһыыны ыыттыбыт, онон баҕар ханан эмэ кэлтэгэйдии санаа баар буолуон сөп. Ону ааҕааччыларбыт ыстатыйа анныгар “Комментарийдарга” тото-хана этиэххит дии саныыбыт.
***
Бастаан утаа саамай тыллаах салайааччыларга дьон хараҕа иҥиннэ.
Ил Түмэн вице-спикерэ Ольга БАЛАБКИНАНЫ (МАКИЕНКО) инники күөҥҥэ таһаардылар:
- Тугу ыйыппыккын тутан туран умнуоххар диэри, өйө-мэйэ суох сымыйаны-кырдьыгы үрүт-үөһэ сыбаан, уһаатынан ууну-хаары иһинэн-таһынан чалымнатан, туокката да суоҕу “туустаан-тумалаан”, эргитэн-урбатан, үнтү ытыйан, буккуйан-тэккийэн букатын даҕаны баран иһэр суолгуттан ыт мунна баппат ыккый ойууругар таһааран муннаран кэбиһэр уһулуччу улуу ураты талааннаах. Онон БАЛАБКИНАНЫ кытары киэһэ аһыырдаах киһи булсубата көнө.
БАЛАБКИНА төһө да тылынан күрдьэргэ “бульдозерга” холоннор, урбаан миниистиригэр Екатерина КОРМИЛИЦЫНАҔА холоотоххо ньуулдьаҕай оҕо буолаахтаатаҕа. Екатерина Ивановна эчи бараххан тыҥата кыаҕа, тыына уһуна! Айбыттара бука “аах-маах оҥоруоххар диэри саҥаран баран биирдэ төннөөр” диэн анаан-минээн, орто дойду олохтоохторун тургута ыыппыт быһыылаахтар.
Биирдэ эҕэрийдэр - биир чаас, иккитэ эҕирийдэр - икки чаас, үстэ эҕирийдэр - үс чаас этэн баран тохтообот, саҥаран баран саараабат, уһун унньуктаах тыл этиитин дьиҥ хаан “ийэтэ-аҕата” дьэ кини диэтэх хотун буоллаҕа. КОРМИЛИЦЫНА тохтоло суох суккуйуутун истэ сатаан баран эт кулгаах туллан түһэр, көхсү иһинээҕи көөрөттөн тохтор, хоҥорууга хоммут хоһоҕо буолан хоҥнор. “Кини мунньаҕар олорбутунан бөһүйэр бэтэрээ дьыала”, - диэн муҥнаммыт-сордоммут дьон ыган кэлбит көмүскэлэрин уутун уора-көстө ытыстарынан киэр хаһыйаллар.
***
Правительство бэрэстээтэлин солбуйааччытынан ананаат да Феодосия ГАБЫШЕВА хааһа түрдэстибитин, сэҥийэтэ үрдээбитин туһунан уолуйа ахтааччылар бааллар. Сири тиҥилэхтиир истиэрикэ, остуолу сырбатар сарылааһын, халҕан хайдарынан хаһыы-ыһыы... бииртэн биир тиэмэҕэ ыстаныы, бииртэн биир киһини кэһэтии...
“Кэлин син “суохтан баар гыныҥ!” диирэ аматыйбыта эрээри, мунньах ис хоһоонунан син биир мөлтөх буолара”, - диэн сапсыйааччылар үгүстэр. ГАБЫШЕВА, хаппырыыс-атаах дьахтар санаата уһун күн уонна, кылгас күн биэстэ уларыйарын кэриэтэ, сүнньэ суох кубулҕат мунньахтарын олорчу сирэллэр.
***
Өскөтүн дьон ГАБЫШЕВА мунньахтарын тылынан сирэр эбит буоллаҕына, вице-премьердаан, - президеннээн олорбут Евгения МИХАЙЛОВА мунньахтарын санаатахтарына эттэрэ тардар.
Уһун-синньигэс сындааһыннаах, уйаара-кэйээрэ суох илистиилээх, иннэ-кэннэ биллибэт түмүктээх мунньах кыттыылаахтара, үрүҥ күн сырдыгын кытары бырастыылаһан (хаһан бүтэрэ биллибэт), ол иннинэ тото үссэнэн, “бүөм хоско” кыһалҕаларын быһаарынан эрэ баран биирдэ кини кэбиниэтигэр киирэллэрин билигин да дьулайа саныыллар. Мунньахтан куттара-сүрдэрэ тостон, муостара-туйахтара сарбыллан, киһи аатыттан аһардыллан, ыт да ыстаабат гына ыбылы мөҕүллэн-этиллэн тобохторо эрэ нэһиилэ сыһыллан-соһуллан, салбыҥнаһан тахсаллара. Билигин мунньахсыт хотун ХИФУлар “урукку-хойукку аньыыларын аахтара, дүө-даа, түҥ-таҥ ыыта сырыттаҕа эбээт” диэн күлүктэригэр имнэнэллэр.
***
Дьиктитэ диэн, билигин АГиП (Ил Дархан уонна правительство дьаһалтата) салайааччыта Юрий КУПРИЯНОВ мунньахтарын дьон астынар. “Онно туох да “дьикти” суох, хомсомуол оскуолатын, ол аата тэрийээччи оскуолатын бардаҕа”, - дииллэр. Күлэн-үөрэн, иилээн-көҕүлээн, барытын лоп-бааччы аттаран, киһи кыаҕынан соруйан, онтун кэмигэр эмиэ киһилии ирдээн, ордук-хос бириэмэни ыыппакка, сулбу-халбы мунньахтыыр үгэстээх диэн кэпсииллэр.
“Хомсомуол саҕанааҕы” уоттаах-күөстээх, түөс мөтөтөр, сүргэни көтөҕөр, санааны кынаттыыр мунньахтары Николай СОЛОМОВ уонна Михаил НИКОЛАЕВ кыайа-хото туталларын туһунан ахталлар. Оттон кэнэҕэс дуоһунас үрдээбитин, былаас кэҥээбитин, өһүө үрдээбитин кэннэ, сорох-сорохтор, быстахха да хаан оҕуолаабат көрүҥнээх туран, көмүс манньыат кэриэтэ хааппыла-хааппыла таммалатар тыллардаах тойотторго кубулуйбуттара.
***
Куорат баһылыгынан олорон Илья МИХАЛЬЧУК туораттан көрөөччүгэ лаппа интэриэһинэй мунньахтары ыытара. “Ээс, бэйэтэ эрэ саҥарарынан олус үлүһүйэрэ”, - диэн утарылаһааччылар көстөллөр. “Төһөтүн да иһин, биир эмэ буруйдаах киһини “куус-маас” ыытара суруналыыстар кулгаахтарыгар мүөт кэриэтэ иһиллэрэ”, - сорох коллегаларбыт иннилэрин биэрбэттэр.
Чаҕылхай мунньахтаах тойонунан Айсен НИКОЛАЕВЫ ааттыыллар. Икки тылынан иҥнигэһэ суох мунньаҕы ыытара, сып-сап, чопчу чуо соругу туруорара, суолталаах, ис хоһоонноох мунньахтара, мунньахтааччылары хомуйа тардар талаана, дьаһалларын аттарара, ирдэбилэ кытаанаҕа, сууттуура кырдьыктааҕа – кини салайар дьоҕурун туоһулуур диэн бигэр эрэллээхтэр элбэхтэр.
Ил Түмэн салайааччыта Александр ЖИРКОВ мунньахтарын дьокутааттар “сулбу-халбы ыытар” диэн хайгыыллар да, дьахтар аймахха олус киҥнэнэрин сэмэлии көрөллөр. “Эдьийдэр, сатахха, бутукайданан, бэйэлэрэ да биир боппуруоһу өр да, өр ньаҕайдаан, соһо сылдьан сыбаа да, сыбаа... инньэ гынан кыйахаан кэбиһэллэр”, - диэн эр дьон сороҕор дьокутаат дьахталлары бэйэлэрин буруйдууллар.
***
Саҥа миниистиринэн анаммыт Айылҕа харыстабылын миниистирин Сахамин АФАНАСЬЕВ тыл этэрин астымматтар. Үөмэр икки сыыллар икки ардынан, түһүүтэ-тахсыыта суох биир кэм бүтэҥитик субуллар тыл ситимин тулуйан истэр кыахтаах балайда аҕыйах. Дэлэҕэ даҕаны атыыр мунньахтары ааспыт, “парламент дьарҕата” аатырбыт дьокутаат, Сахамин Миланович айаҕын атыа кэрэх, алын сыҥааҕа хараҕатыттан туллан түһэ сыһыар диэри дьааһыйа сатаан баран муннун тыаһа муораҕа тиийиэ дуо? Сэрэйдэххэ, билигин айылҕаны харыстааччылар мунньахтара уота-күөһэ биллэ өспүтэ дуу... Үлэ тэтимэ хайаспыта эбитэ буолла?..
Эмиэ биир сэниэтэ суохтук, киһи дьааһыйыах чуҥкук мунньаҕы урукку зампред, билигин информационнай технология, сибээс миниистирэ Александр БОРИСОВ ыытар диэн этэллэр: “Александр Ильич сорсуннаах сонордьут, баардаах балыксыт, байанайдаах булчут буолуо эрээри, мунньахтара тарбаабыт ынах курдук иэтэр-иэппэт, биэрэр-биэрбэт киэлилээхтэр, иэмэ-дьаама, өҥө дьүһүнэ суох бараллар”.
***
Наһаа “бэрээдэктээх” мунньахтары ыытар дьон баар. Холобур, экономика миниистирэ Валерий МАКСИМОВ, киһи дьиксиниэх үчүгэй иитиилээх, интеллигентнэй уол, куолаһын хаһан да соноппот, мөхпөт-эппэт, куолайыгар диэри ааҕа хатаммыт тимэҕэ хаһан да сөллүбэт. Оруйуон балыыһатын кылаабынай бырааһын курдук тыла-өһө “истэриилинэй”, кубарыйыар диэри “хулуоркаҕа” хоммут буолар.
Биир "бэрээдэктээх" мунньахсытынан Ил Түмэн урукку дьокутаатын, бэрэстээтэлин Ньургун ТИМОФЕЕВЫ ааттыыллар. Кыырпах быылы билбэтэх кырыылаах ыстааннаах, түүппүлэтин тумсугар киһи дьүһүнүн көрүнүөх айылаах ыраас, кыырыктыйан эрэр баттаҕын кэннигэр тарааммыт, көнө дьулугур уҥуохтаах спикер интеллигентнэй истиилин ордук дьахталлар суохтууллар.
Онуоха холоотоххо, урукку зампред, билигин киин быыбардыыр хамыыһыйа бэрэстээтэлэ Александр ВЛАСОВ иэдэстэрэ оонньоон, “чугас эргимтэҕэ” быдьар тылы түгэҕэр диэри сомсубутун дөрүн-дөрүн сэттэ этээстээн субурутан көрдөрөрүн сиргэнэ кэпсииллэр. ВЛАСОВ мунньахтара “барытын уонна дуона суоҕун” хабарын ыйаллар.
***
(Салгыыта бэчээттэниэ. Ааҕааччыларбытын ырытыыга кыттыһаргытыгар ыҥырабыт).
***
Аартык.ру
Источник: aartyk.ru
|
Category: Юмор, сатира, критика |
Views: 2038 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 108 Ыалдьыттар (гостей): 108 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|
Комментарии
Аны БЕА мунньахтарыгар дьон куттанан титирэстии олорорун, Чемоданчикова "р" буукубаны сатаан санарбакка, дьон бе5етун ити хотун тугу-тугу эттэ ээ диэн улахан таайтабылга уган сордуурун уонна часкыйан барда5ына дьон тебетун остуол анныгар симэ сатаан эрэйдэнэрин кэпсээн-ипсээн эрилиннэтин эрэ.
Аны туран били Сааска Убулуейу умнуман ээ, нууччалыы да сатаан санарбатын бар-дьон билиннэ диэри умнубат.
Мутко бэйэтэ английскайдыы кумаагынан эрэ санарар, ол иЬин инньэ диир.
Мутко шпаргалкатын фототун Россия бутуннуу кулуу гыммыта дии: "Диир миэмбэр оф Алимпик коммиттее!" (Дорогие члены Олимпийского комитета) диэн суруллубут этэ нууччалыы буукубаларынан