News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2015 » Кулун тутар » 28 » Саха суруйааччыларын түмэр кыаллыа дуо?
Саха суруйааччыларын түмэр кыаллыа дуо?
11:07
Саха суруйааччыларын түмэр кыаллыа дуо?
2015 сыл, дойду үрдүнэн, Литература сылынан биллэриллэн турар.
Сыл саҥатыгар Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ суруйааччыларын кытары көрсүһүүтүгэр, икки союз холбоһоллоро наадатын, суруйааччылар аны да, былыр да норуот үрүмэ өйүн-санаатын илдьэ сылдьар араҥа буолалларын быһыытынан, кинилэр иллэриттэн-эйэлэриттэн норуот дьылҕата быһаччы тутулуктааҕын санатан турар.
Саха суруйааччылар биир холбоһукка түмсэр кыахтаахтар дуо?
Бу уустук ыйытыыга элбэх киһи, ол иһигэр суруйааччылар бэйэлэрэ араас санааны эттилэр, этэллэр даҕаны. Иван МИГАЛКИН салайааччылаах "СӨ суруйааччыларын сойууһа" Ил Дархан мунньаҕын кэнниттэн, Саха сирин суруйааччыларын икки сойууһун уопсай өрөспүүбүлүкэтээҕи суруйааччылар Ассоциацияларын тэрийэн, онно иккиэн киириэхпитин сөп диэн этии оҥорбута. Утаакы буолбакка, иккис сойуус - "Саха сирин суруйааччыларын сойууһун" салайааччыта Наталья ХАРЛАМПЬЕВА ити этиини утарбатын, өссө кинилэр аан бастаан Ассоциация туһунан санааҕа тиийбиттэрин бэчээккэ иһитиннэрбитэ.
Суруйааччылар икки сойуустара ыллылар да тоҕо холбоһон хаалбаттарын туһунан быһааран «Кыым» хаһыакка хас да ыстатыйа тахсыбыта. Онтон Афанасий ГУРИНОВ – Арчылан (“Күрүлгэн” уус-уран альманах сүрүн эрэдээктэрэ) 2014 с., от ыйын 17 күнүнээҕи “Кыым” нүөмэригэр таһаарбыт “Арассыыйа суруйааччыта: чахчылар, санаалар, ыйытыктар уонна этиилэр” диэн ыстатыйатын “Аартык.ру” ааҕааччыларыгар билиһиннэрэбит. Биһиги саныахпытыгар, Арчылан суруйуута баар проблеманы толору арыйар дии саныыбыт:
“Билигин, Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа бүтүннүүтүгэр даҕаны суруйааччылар тэрилтэлэрэ олус уустук быһыыга-майгыга олороллор диэххэ сөп. Бары өттүнэн олус уустук: тэрээһин, үбүлэнии, салаллыы-дьаһаллыы, баайы-дуолу тыырсыы... Киэҥ ааҕыыга баар суруйуулары ырыҥалаатахха оннук өйдөбүл үөскүүр.
Ити өттүнэн «Удмуртская правда» хаһыакка тахсыбыт (10.12.2013) «Трудно приходится расколовшемуся Союзу писателей России» диэн суруйуу олус бэлиэ эбит. Элбэх мунаах уонна ыарыылаах даҕаны түгэннэри таарыйар, сырдатар. Ол иһин ити кэпсэтиини тылбаастаан бэчээттиир оруннаах буолууһу дии санаатым.
Буолаары буолан, Ил Дархан э.т. Е.А. Борисов өрөспүбүлүкэҕэ баар суруйааччы икки тэрилтэтиттэн талыллыбыт дьону кытары көрсүһүүтүн кэмигэр, былааннамматаҕын үрдүнэн, холбоһуу туһунан кэпсэтии тахсыбыта. Инньэ гынан, Егор Афанасьевич бу уустук суолга бэйэтин санаатын эмиэ биллэрбитэ. Чуолаан, «өскөтүн хас биирдиигит бэйэтин санаатын өрөспүүбүлүкэ сайдар тосхолун уонна онно олохтоох дьон санаатын кытары дьүөрэлиир буоллаҕына сөптөөх быһаарыыны ылыаҕа, уонна биһиэхэ икки сойуус суох буолуоҕа» диэбитэ.
Этиллибит көрсүһүүгэ Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун хос бэрэссэдээтэлэ, СӨ Духуобунаска Академиятын вице-президенэ, Литература П.А. Ойуунускай аатынан түмэлин дириэктэрэ, СӨ народнай суруйааччыта, СӨ Баһылыгын сүбэһитэ Н.А. Лугинов биир бэлиэ санааны эппитэ: баар кыһалҕалар олорор дойдубут контексыгар олоҕуран көрүллүөхтээхтэр уонна быһаарыллыахтаахтар диэн. Олус сөп.
Ол кэннэ «Кыым» ааспыт нүөмэригэр С.Т. Руфов суруйуута тахсыбыта. Народнай суруйааччы онно холбоһуу кыһалҕата көрүллэрин дьон ханна да тиийдэххэ ирдиир диэн этэр. Итинник санааны мунньах кэмигэр народнай поэт В.Т. Сивцев эппитин Егор Афанасьевич эмиэ «баар чахчы, бэйэм ону илэ бааччы билэбин уонна туоһулуубун» диэбитэ.
Ү гүс дьон эрэнэ күүтэр, эрэйэр... Ол туһунан балай эмэ сурулунна, этилиннэ. Ону сорох суруйааччы: «Собус-соруйан дьону эрэ күөртээһин буолар», — диир. Оччотугар тугу даҕаны билбэтэх буолан олоробут дуо? Сатаммат. Баар кыһалҕаны көрбөтөҕө-истибэтэҕэ буолан олоҕу-дьаһаҕы тупсарбаккын.
Оттон ол кыһалҕаны суох оҥорууга кэккэ уустуктар бааллар. Биир дьаһалга батыа суох уустуктар. Ол — эмиэ чахчы.
Дьэ, ол уустуктары, Бүтүн Арассыыйа киэлитигэр киллэрэн, киэҥник уонна дириҥник өйдүүргэ, ол аата кыһалҕаны сөптөөхтүк быһаарар суолга таба тайанарга, бу матырыйаал туох эмэ туһалаах буолуон сөп. Уонна маннык тосхоллоох матырыйааллары кэнэҕэс да бэлэмниир, бэчээттиир, бука, туһаттан атыны аҕалыа суоҕа.
Итиэннэ «Удмуртская правда» хаһыат суруйуутугар сорох чопчулааһыннары оҥорор уонна быһаарыылары биэрэр оруннаах буолуоҕа.
***
Туох ханнык иннинэ — «съезд писателей России» диэн этиигэ. Биир өттүнэн, ити — сөптөөх этии. Судургутук өйдөөтөххө. Дьи ҥ иһигэр, дьыалатыгар-куолутугар киирдэххэ, дьи ҥ чахчыга сөп түбэспэт.
Тоҕо диэтэххэ, ити — В.Н. Ганичев салайааччылаах «Союз писателей России» диэн коммерческайа суох общественнай тэрилтэ улахан мунньаҕа. Биир эрэ общественнай тэрилтэ киэнэ. Ол быһыытынан өрөспүүбүлүкэбититтэн онно Н.А. Лугинов уонна Н.И. Харлампьева кыттыбыттара, ити тэрилтэ чилиэттэрэ буолалларын быһыытынан.
Оттон ити кэмҥэ СӨ үс народнай суруйааччыта, 40-ча РФ уонна СӨкултууратын үтүөлээх үлэһитэ, П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ түөрт лауреата, араас билим уонча доктордара түмүллүбүт, барыта 60-тан тахса чилиэннээх СӨ Суруйааччыларын сойууһуттан ким да кыттыбатаҕа. Тоҕо диэтэххэ, СӨ народнай поэта И.В. Мигалкин салайар СӨ Суруйааччыларын сойууһа Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһугар киирбэт. Ол оннугар МСПСка (Международное сообщество писательских союзов — бу урукку ССРС Суруйааччыларын сойууһун утумнуур тэрилтэ) быһа киирэрэ, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун сэргэ ити тэрилтэ бастакы 37 тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ буоларын быһыытынан.
Арассыыйаҕа суруйааччы тэрилтэтэ оннук үлүгэр элбэх. Кэнники кэмҥэ МСПСка барыта 69 чилиэн тэрилтэ баар эбит. Онтон баһыйар үгүстэрэ РФ иһигэр баар общественнай тэрилтэлэр.
Быһата, баар быһыы-майгы көрсүһүү кэмигэр Духуобунас академиятын академига В.Е. Васильев-Харысхал: «Атын сойуус Арассыыйаҕа суох!» — диэбитин курдук буолбатах.
Чахчы, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһа (СПР) — улахан тэрилтэ. 8000 курдук чилиэннээх диэн. Регионнарга элбэх салаалардаах, Саха сиригэр курдук. Ол эрээри, холобур, Татарстаан курдук улахан өрөспүүбүлүкэҕэ салаата суох диэн өйдөөтүм. Быһата, тарҕаныыта биир тэҥ буолбатах.
Татаардар сойуустара МСПСка эмиэ быһа киирэрэ (бу «киирэрэ» диэн тэрилтэ устааба кэлин уларыйбытын быһыытынан этэбин, ити туһунан манна туспа эмиэ суруйдум).
Аны туран, кинилэргэ Арассыыйа суруйааччыларын иккис улахан сойууһун олохтоох салаата баар эбит. Ол сойуус — Союз Российских писателей (СРП). Үстэн тахса тыһыынча чилиэннээх тэрилтэ. Бастакы сэкирэтээрдэрэ Светлана Василенко — биллэр прозаик, киинэ драматура, 58 саастаах. Евгений Евтушенко, Фазиль Искандер, Владимир Маканин, Олег Чухонцев уо.д.а. курдук биллиилээх суруйааччылар бааллар.
СРП олохтоох салаата Татарстаан сойууһун кытары «Аргамак. Татарстан» диэн анал таһаарыылаахтар. Оннук курдук ыксалаһан үлэлииллэр. Ол эрээри, татаардар билиҥҥэ диэри хайа тэрилтэҕэ киириэхтэрин быһаарыммакка саараан сылдьаллар. Бука, ити икки сойуустан хайалара ордук туруктааҕын, кэскиллээҕин кыайан быһаарбакка: СПР эбэтэр СРП?.. Атын өттүнэн Киин Арассыыйаҕа баар суруйааччылар хайдыһыыларын, иирээннэрин, айдааннарын бэйэлэригэр соһон киллэриэхтэрин баҕарбат буолуохтаахтар. Быһата, татаар суруйааччылара билиҥҥитэ бэйэлэрэ дьаһанан, тэринэн олороллорун ордороллор.
Оттон кинилэргэ ыаллыы Чувашияҕа суруйааччы икки сойууһа баар уонна иккиэн тус-туһунан Бүтүн Арассыыйатааҕы сойуустарга (СПР уонна СРП) киирэллэр. Буолаары буолан, Чувашия Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһа СРПка киирэрин таһынан быһаччы МСПСка чилиэн тэрилтэ эбит.
Уонна ити ааттаммыт икки эрэ сойуус буолуохтара дуо? Элбэхтэр. Союз Православных писателей, Русский ПЕН-центр, Интернациональный союз писателей, о.д.а. Сыччах, Москубаҕа алта-сэттэ тэрилтэ баар диэн. Итиэннэ регионнарга баар буоллахтара — элбэх сойуус, Арассыыйа гражданнара Арассыыйа сокуоннарыгар олоҕуран тэриммит общественнай тэрилтэлэрэ.
Дьэ, ити айар тэрилтэлэр чилиэннэрэ, биһиги, «Арассыыйа суруйааччыта» диэн өйдөбүлгэ киирсэбит дуу, суох дуу? Мин санаабар, итинник ыйытык туруо да суохтаах — биһиги бары Арассыыйа суруйааччыларабыт. Тус-туһунан сирэйдээх-харахтаах, тус-туһунан төрөөбүт тыллаах, тус-туһунан итэҕэллээх, тус-туһунан өйдөөх-санаалаах, тус-туһунан айар ньымалаах, политикаҕа тус-туһунан көрүүлээх, тус-туһунан партиялар чилиэттэрэ эбэтэр партиялара суохтар... — ол гынан баран, бары биир Арассыыйа диэн ааттанар дойду суруйааччыларабыт. Бэл диэтэр, дьон болҕомтотун ордук тарда сатаан эттэххэ, «Союз писателей России» уонна «Союз российских писателей» диэн тус-туһунан тэрилтэлэр ааттара саха тылыгар «Арассыыйа суруйааччыларын сойууһа» диэнтэн атыннык тылбаастанар кыаҕа суох да курдук.
Манна диэн эттэххэ, Арассыыйа Улуу Илин модун уонна туруктаах буолуутун мэктиэтэ кини киэҥ нэлэмэн иэнигэр олорор бары омуктар түҥ былыргыттан утум-ситим тардар хатыламмат уратыларын дьүөрэтигэр уонна ол уратыларга харыстабыллаах сыһыаҥҥа сытар. Биһиги, Арассыыйаҕа олохтоох дьон, дьүһүйэн-тэгилитэн эттэххэ, күүстээх уонна айар-тутар кыахтаах илии биэс тарбаҕын курдук атын-атыттарбыт. Айылҕа айбыта оннук. Барыта кырылас тойон эрбэхтэн дуу, кырылас сөмүйэттэн дуу турар илии (арай баар буоллун) хайдах оннук күүстэниэ, кыахтаныа этэй?
Ол эрэн, биһиги бары биир илии тарбахтарабыт — холбуур, ситимниир төрүппүт-өрүппүт эмиэ олус элбэх.
Бу түгэн мэлдьи дьон болҕомтотун киинигэр сылдьыахтаах. Чуолаан, «Арассыыйа суруйааччыта» диэн өйдөбүлүнэн үспүкүлээссийэ барбатын туһугар.
* * *
Бу сыл олунньу ыйыгар МСПС уларыйан МСП (Международный союз писателей) буолар оҥкула охсуллубута — ол олоххо хайдах киирэрэ, туох саҥа тэрээһини киллэрэрэ билиҥҥитэ чопчута суох, олус элбэх мунаахтар бааллар. Ол курдук, билигин ити тэрилтэҕэ чилиэн буолуу, тэрилтэнэн буолбакка, биирдии дьонунан буолуохтаах. Аны туран, Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтин муус устардааҕы уонна ыам ыйынааҕы дьаһалларынан МСПС, ону сэргэ МЛФ (Международный литературный фонд) уонна ЛФР (Литературный фонд России) тэрилтэлэр үлэлэрэ быстах кэмҥэ аны күһүҥҥэ диэри тохтотуллан турар. Туох төрүөккэ олоҕуран оннук дьаһаллар тахсыбыттара киэҥ бэчээккэ чопчу этиллибэт.
Бу тэрилтэлэри Дьокуускай ыксатыгар Жатаайга төрөөбүт, 61 саастаах И.И. Переверзин салайар. Улахан киириилээх-тахсыылаах уонна бары өттүттэн өйөбүллээх буолан, кини ити үс тэрилтэ тэһиинин ылбыта өйдөнөр. Сыччах, МСПС кини иннинээҕи салайааччытынан Сергей Михалков (2001—2009 сылларга) уонна Тимур Пулатов (1992—2001 сылларга) курдук улаханнык дуораһыйбыт ааттаах-суоллаах суруйааччылар үлэлээбиттэрэ элбэҕи этэр түгэн. Аны туран, үлэлиир кэмин тухары быыстала суох бииртэн биир сууту туораабыт. ССРС Суруйааччыларын сойууһун баайа-дуола билиҥҥэ диэри мөккүөргэ, былдьаһыкка сылдьар эбит.
Таарыйа сырдаттахха, 2009 сыллаахтан тахсар МСПС «Общеписательская литературная газета» хаһыатын эрэдээктэринэн эмиэ биир дойдулаахпыт Владимир Федоров үлэлиир.
Итиэннэ МСПС (МСП) ситэриилээх кэмитиэтигэр Н.А. Лугинов баар.
Бу тэрилтэ барыта 15 тыһыынчаттан тахса суруйааччыны түмэр.
* * *
ССРС Литфонда бэйэтин кэмигэр суруйааччыларга идэлээх сойууһунуу көмөлөөх буоларга анаан тэриллибитэ. Ол билигин МЛФ уонна ЛФР буолбут курдуктар. Курдуктар эрэ. Тоҕо диэтэххэ, дьыала төрдө-төбөтө чопчу быһаарылла илик.
Ити киин литфондалар олохтоох салаалара бааллар эбит. Ол быыһыгар өрөспүүбүлүкэлэргэ — киинтэн тутулуга суох бэйэ литфондалара.
Оттон биһиэхэ оннук тэрилтэ баара соччо-бачча иһиллибэт.
Арай СӨ Суруйааччыларын сойууһа тэрилиннэҕин утаатыгар СӨ Литфонда диэни тэрийэргэ холонуу оҥоһуллубут. Ону салайарга сойуустан Г.С. Угаров анаммыт. Ол эрээри, киин литфондалары кытары ханнык да сыһыан олохтоммотох, манна үрдүтүгэр даҕаны үбү үмүрү тардыы суолун тобулуу кыайтарбатах. Инньэ гынан, үтүө саҕалааһын кумааҕыга хаалбыт. Дьиҥэр, биһиги кырдьаҕас суруйааччыларбыт литфондалар көмөлөрүн лаппа билиэх, туһаныах тустаахтара.
Оттон интернети хаһан көрдөххө, үлэлии олорор курдук көстөр литфондалар биһиэхэ бааллар эбит.
Холобур: Кулаковскай уулуссатын 4-с дьиэтигэр баар дэммит «Литературный фонд РС (Я) им. А.Е. Кулаковского-Эксекюлях Алексея». Салайааччыта ыйыллыбатах.
Эбэтэр: «Благотворительная некоммерческая организация «Литературный фонд поддержки и развития художественной литературы народов Якутии» диэн. 2010 сыллаахха регистрацияламмыт. Аадырыһа: Петровскай уул., 25 дь., 2 корп., 13 кв. Салайааччыта: Фролов Владимир Михайлович.
Итинник ааттаах, Москубаттан төрүттээх, Саха сиригэр өр олорбут поэт баара. Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун (СПР) чилиэнэ. Бука, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһугар да чилиэн эбитэ буолуо. Кини 2012 сыллаахха, Москуба аттыгар олорон, Звенигород клиникатыгар киирэн, 57 сааһыгар өлбүт.
Дьэ, ити тугунан дьарыктаммыт дуу, дьарыктанар дуу тэрилтэлэр эбиттэрэ буолла? Тоҕо ыытар үлэлэрэ дорҕоонноохтук иһиллибэт?
Дьиҥэр, бэйэтин кэмигэр Арассыыйа Литфондатын (ЛФР) олохтоох салаатын тэрийиэх хаалбыт курдук. Дойдулар икки ардыларынааҕы Литфонданы (МЛФ) да кытары эмиэ ыкса сыһыаны тутуллуохтааҕа эбитэ буолуо. Оччотугар суруйааччыларга балай эмэ күттүөннээхтик көмөлөһөр кыах үөскүөхтээх этэ.
Эбэтэр ЛФР олохтоох салаата эмиэ баара дуу? Уонна МЛФы да кытары сыһыан тутуһуллар буолуон эмиэ сөп. Туох да диир кыах суох. Истии-билии мэлигир.
Хайдах да буолбутун иһин, саҥа тутуллуохтаах Литератор дьиэтигэр олохтоох, автономнай тутуллаах СӨ Литфондун тэрийии тоҕооһо үөскээбит быһыылаах. Оннук тэрилтэни үөскэтии олохтоох суруйааччыларга элбэх көмөнү оҥорорго кыах биэриэ этэ. Оттон фонданы мэлдьи хаҥата туруу биир ньыматынан классик суруйааччылар уонна билигин баар суруйааччылар кинигэлэрин таһааран атыылааһынтан киирэр үп ханнык эрэ өлүүскэтэ түһэ турарын хааччыйыы буолуон сөп.
Афанасий АРЧЫЛАН,
«Кыым», 2014 с., от ыйын 17 к.
***
Икки сойуус биир Ассоциацияҕа түмсэригэр СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ ылсан үлэлэһиэхтээҕэ. Билиҥҥитэ ол хайысханан саҥа миниистир Владимир ТИХОНОВ биир да дьаһалы ылбыта көстүбэт. Баҕар 24 сылы быһа мунньуллубут проблеманы сөргүтэриттэн быыс була илигэ буолуон сөп. Ол да буоллар, миниистир ТИХОНОВ Литература сыла түмүктэнэ илигинэ, суруйааччылары түмэр үлэни саҕалыа диэн эрэнэ күүтэбит.
***
Аартык.ру
Источник: aartyk.ru
Category: литература |
Views: 2077 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 28
Ыалдьыттар (гостей): 28
Кыттааччылар (пользователей): 0