News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2015 » Муус устар » 6 » Алаас кыыһа айар киэһэтэ
Алаас кыыһа айар киэһэтэ | 07:29 |
Алаас кыыһа айар киэһэтэ
02.03. 2015 сыл Дьокуускай куорат Эстрада айар мастарыскыайыгар СР үтүөлээх артиската Варя Аманатова айар олоҕун сырдатар “Алаас кыыһа” кинигэни кини аймахтара, чугас дьонноро, СР эстрадатын артистара, СР норуодунай артистара кыттыылаах айар киэһэтэ ыытылынна.
Манна олорон оҕо сааспыттан саҕалаан арааһы эргитэ санаатым. Кини ийэтэ Роза Васильевналыын оҕо сааспытын бииргэ атаарбыппыт. Танда үрэҕэр Табалаах сайылык кыыһа Роза кыра сааһыттан ырыа куттаах, үөрбүт-көппүт, элбэҕи кэрэни ыралаабыт бэртээхэй киһи. Кини миигиттэн бэрт кыранан аҕа онон амарах, кыһамньылаах эдьиий оруолун толороро. Оччолорго холкуостар бөдөҥүүр сылларыгар ыраах алаас, үрэх оҕолоро дэриэбинэҕэ ыалларга дьукаах олорон үөрэнэллэрэ. Ол сиэринэн арааһа биһиги төрөппүттэрбит кэпсэттэхтэрэ Роза биһиги дьиэбитигэр кыстыыра. Кэлин Тандаҕа төрөппүттэрэ оскуола таһыгар дьиэ туттан көһөн киирбиттэрэ.
Бадаҕа 1970-ус сыллар ортолоруттан “эстраднай артист”, “эстрада ырыаһыта”,-- диэн тыллар иһиллиилэрэ тыа сиригэр улахан бууму оҥорбута. Оччолорго биһиги “ырыаһыт”,-- диэн илиитин уолугар уктан баран дьоһуннук, көнөтүк туран эбэтэр оһох иннигэр оллоонноон олорон тойук туойар, олоҥхолуур дьону этэрбит.
Тыаҕа бастакы эстрада ырыаһыта Юрий Платонов кэлиитэ дьону улаханнык соһуппутун, сэргэхсиппитин, интэриэһиргэппитин өйдүүбүн. Бэрт чуолкай, модьу куоластаах, сэниэлээх чуолкай ритмнэрдээх, аны ырыатын ис хоһоонугар сөп түбэһиннэрэн сценаҕа араастаан хаама, үҥкүүлүү сылдьар, көҥүл үөрэр-көтөр, өссө өрүтэ ыстаҥалыыр, эстрада артистара кэтэр ураты кэрэ күлүмүрдээбит көстүүмнээх киһини дэриэбинэлэринэн батыһа сылдьан көрөр биистиир, уруйдуур буоларбыт. Кулууп иһигэр киһи баппат үлүгэрэ кытаанах ыгыта симсиһии, уруй-айхал буолара. Туох эрэ хаһан да хатыламматы, саҥаны оһуобай дьиктини соһо сылдьар киһи курдук санаабыппыт. Саҥа, муода буолла да сыстыганнаах ыарыы курдук ордук ыччат дьоҥҥо тарҕанара. Дэриэбинэҕэ кини курдук көҥүл хамсанан ыллыы сатыыр уолаттар, кыргыттар баар буолбуттара. Аны эстрада ырыаһыттара Марфа Колесова, Наталия Трапезникова, диэн ааттар норуот тылыттан түспэт буолбуттара. Спортивнай ориентированияҕа уонна боксаҕа ССРС спордун маастарыгар кандидат Владимир Татаринов сценаҕа тахсыыта улахан сонун, дьон интэриэһин олус күүскэ түмэ тардыбытын өйдүүбүн. Бадаҕа 1972-ис сыллартан биһиги улуустан Владимир Заболоцкай эстрада ырыаһыта буолан кэлиитин оччотоҕу көлүөнэ улахан уруйунан көрсүбүппүт. “Бэйэбит уолбут”, “Бэйэбит ыччаппыт”,-- диэн туох эрэ ойуччу улахан кистэлэҥ баайдаах курдук Владимир Заболоцкай туһунан сипсиһэр буолбуппут. Билигин санаатахха оччолорго улахан сонун таҥас-сап күлүмүрдэһии, эдэрдэрэ, сэниэлэрэ, эчи кырасыабайдара, ырыаны кыайа тутан толороллоро, чахчы даҕаны дьон-сэргэ астынар, көрбүт эрэ сүрэҕин-быарын өрүкүтэр, киһи кэрэхсиир, астынар-дуоһуйар бэртээхэй артыыстара баар буолан испиттэрэ.
Мин ыарыһах, оккураҥ буолан 1969 сыл ортотугар оскуола кэнниттэн Бороҕоннооҕу тубдиспанцерга балтараа сыл эмтэнэн тахсыбытым. Оччолорго Болгарияҕа 1969 сыл Дан Колов дойдулар икки ардыларынааҕы аан дойдуга биир улахан турнир чемпиона, 48 киилэҕэ РСФСР бастакы рекордсмен чемпиона, ССРС тыатын сирин бөҕөстөрүн үс төгүллээх чемпиона Варя Аманатова аҕата Аркадий Аманатовтыын билсибитим. Кини Бороҕоҥҥо трактористыыра. Бастыҥ тракторист “Коммунистическай үлэ ударнига”. Ленин төрөөбүтэ: “100 сылынан” юбилейнай мэтээл кавалера этэ.
Аркадий биһиги доҕордоһуубут миэхэ барыттан бары соһуйа-өмүрэ, үргэ, төттөрү түһэ сылдьар уһук тыа сирин кэнэн уолугар элбэх уларыйыылары, саҥаны киллэрбитэ. Аркадий Афанасьевич миигин: «Тустар дьоҕурдааххын Дагестаҥҥа мед. наука доктора, аан дойду биэс төгүллээх чемпиона Али Алиевка баран дьарыктан”,-- диэн сүбэлээн оччолорго респорткомитеты кытары быһа кэпсэтэн миигин Кавказка бэйэтин кытта элбэхтик соспута. Онон Махачкала, Грознай куораттарынан Дагестанецтарга сүүрбэччэ Олимпийскай мэтээли аҕалбыт аатырбыт Али Алиев оскуолатын икки сылтан ордук барбытым. Манна сүрдээҕин эбиллэн орто таһымнаах маастардар
тустар тыһымнарыгар таҕыстым быһыылааҕа. Дьиҥэр эдэр чэгиэн эт-хаан сөптөөх усулуобуйаҕа, үчүгэй илиигэ түбэстэҕинэ олус күүскэ эбиллэрин, сайдарын итэҕэйбитим. Оннооҕор мин инбэлиит аҥаардаах киһи балачча күүскэ эбиллибитим. Али Алиев саха тустууктарын улахан доҕоро, биһигини көрүстэҕинэ сүрдээҕин ис иһиттэн манньыйан, бэркэ сэргэхсийэн үөрэрэ-көтөрө.
Онон иннэлээх сап курдук Аркадийдыын Тандаттан Кавказка тиийэ ССРС араас куораттарынан тустуу туһа,-- диэн бииргэ иилэҥкэйдэһэ сылдьыбыппыт. Ол былаһын тухары кини миигин олус элбэххэ үөрэппитэ. Көбүөргэ кыайыы туһугар хайдах да үрдүк ааттан-суолтан толлубакка үлэлииргэ. Сатаан бэйэни массажтаныыга, бааньыктаныыга, ыйааһын түһэриитигэр. Тулуурдаах уһун тыыннаах буолар туһугар кросс сүүрэргэ. Биллэн туран уонна РСФСР, ССРС улахан тустууктарынаан, тренердэринээн бэртээхэй дьону кытары билсиһиннэрбитэ. Кинилэри кытары көбүөргэ хапсыһыылар кистэлэҥнэрин арыйан бэрт элбэҕи кэпсиирбит. Араас албастары үөрэтэрэ. Хас биирдии албаһы кыайыы туһугар сатаан таба туһаныы кистэлэҥнэригэр үөрэтэрэ. Аны спортивнай этика, культура туһунан олох атын бүтэн биэрбэт мараалы ааҕара. “Олимпийскай хартия”, “Олимпийскай оонньуулар”,-- диэн тыллары киниттэн олох атыннык сонуннук ылыммытым. ССРС сборнай хамаандатын чилиэннэрэ дьон ортотугар, күрэхтэһиилэргэ хайдах тутта-хапта, кэпсэтэ сылдьыахтаахтарыгар, спортсмен тустууктар ханна баҕарар бэйэ-бэйэлэрин өйөһүүлэригэр тиийэ бэрт элбэҕи интэриэһинэйи аан бастаан билсиһиннэрбитэ. Кини миэхэ олус улахан оскуоланы биэрбитин кэлин олохпор сатаан таба туһамматах эбиппин. 1972 сыл Дьокуускайга төннөн кэлбитим. Онно аҥаардас Дагестанецтар аатырбыт тренердэрэ Али Алиев бэйэтигэр ыҥыран сыл устата оруобуна сүүрбэ суругу ыыппытын билигин да уура сылдьабын. Киһи олоҕор сулустаах чаастарын, дьоллоох түгэнин, өссө үгүс үөрүү, ситиһии баар буолуохтааҕын мүлчү туппутун быдан ааспытын, сүппүтүн, эргиллибэт буолтун кэннэ өйдүүр,-- дииллэрэ олох кырдьык эбит. Ол туһунан кэпсээн.
Тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Оччолорго саха тустуута Д.П.Коркин оскуолата Дагестанецтар оскуолаларынааҕар быдан үрдүк таһымҥа турара. Аҥаардас 68 киилэҕэ Афанасий Матвеев, Николай Захаров--Сахаачча, Владимир Андросов, Николай Неустроев тустуулара Олимпийскай призердаах дагестанецтары баһыйаллара. Оттон Аркадий олоххо уонна күөх көбүөргэ доҕотторо: Олимпийскай чемпион Роман Дмитриев, Олимпиада үрүҥ көмүс призера Александр Иванов, Юрий Цыкунов, Петр Платонов, аан дойду чемпиона Илларион Федосеев, Александр Аргунов уо.д.а. уһулуччу улуу тустууктардаах кыра ыйааһыннары ыстатыйабыт анала атынынан ырытартан тохтоон эриэххэ. Сөптөөх туора хаамыы буолла.
Ити сылдьан Аркадий миигин батыһан Тандаҕа хаста да кэлэ сылдьыбыта. Ол сылдьан биирдэ концерга сылдьан баран киһим тыллыын-өстүүн, туттардыын-хаптардыын олох уларыйан хаалбыта. Төрүөтэ киһим Розаны сөбүлүү көрбүт. Онтон ыла Варяны кытары бииргэ төрөөбүт түөрт киһи дьылҕата тардан Аркадий Бороҕонтон миигин ахтыбыт, дьарыктыыр аатыран Тандаҕа Розатыгар сыбыытыыр. Аны онно Розаны билэр киһи мин сыбаат оруолун толордум. Кинилэр сотору холбоспуттара. Онон бу оҕолор баар буолууларыгар мин эмиэ ханнык эрэ оруоллаах курдук эбиппин.
Бастакы оҕолоро Варя төрөөбүтэ. Аркадий онно туох да сүрдээҕин үөрбүтэ. “Мин оҕом ийэтин курдук ырыаһыт буолуо”, “Ырыа куттаах улахан актриса буолуо”, “Ырыанан кынаттанан аан дойдуну кэрийиэ”--дии, дии кыракый кыысчаанын ытыһын үрдүгэр тутан араас гимнастическай хамсаныылары оҥоттороро. Үөһээ-аллаараа тутара. Онтон иһэ кычыгыланан кыракый Варя чаачыгыраччы күлэрэ. Оттон аҕата ыралаабытын курдук Варяны ийэтэ Роза Васильевна ырыа алыптаах эйгэтигэр уһуйтара Бороҕоҥҥо СР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Россия үөрэҕириитин туйгуна Василий Степанович Парниковка “Кэнчээри” оҕо норуодунай ансаблыгар үөрэттэрэ биэрбитэ. Ол кэмтэн ыла отут сыл Варя ырыа алыптаах эйгэтигэр айар үлэ үөһүгэр сылдьар. Оскуола кэнниттэн Улан Удэтааҕы культура институтун бүтэрэр уонна Дьокуускайга эстрада ырыаһыттарын үөрэтэр, СР народнай артиһа Юрий Платонов мастерскойугар дьарыктанар. Биһиги көлүөнэ тустууктарын уонна боксердарын улахан доҕордоро, норуодунай артист
Владимир Татаринов “Иэхэй чуохай” ансамблын артисткатынан сылдьар.
Дьэ, бу кэмнэр устата Варя Аркадьевнаны ырыа ханна-ханна тиэрдибэтэҕэй? Саха сирин бары улуустарын олоччу кэрийэн аан дойду улахан сайдыылаах судаарыстыбаларынан сылдьан сахалыы ырыаны иһитиннэрэн ийэлээх, аҕата ыралаабытыныы аан дойду улахан судаарыстыбаларын ааттаахтарын биһирэбилин ылыан ылла. Европа бары улуу судаарыстыбаларынан, япониянан, кытайынан, американан, монголиянан, италияннан уо.д.а уоннуу, сүүрбэлии тыһыынча көрөөччү мустар улахан эстрадаларыгар ыллаата-туойда. Аан дойдуга саамай бытархан тымныылаах, өҥүрүк куйаастаах ыарахан усулуобуйаҕа олорор уһук хотугу дойду саха омук ырыатын-тойугун иһитиннэрдэ. Оҕолору, ыччаттары алыптаах ырыа кэрэ эйгэтигэр уһуйар.
Ити курдук саха тустуутун улуу бөҕөһүн кыыһа, саха сирин талааннаах улахан артиһа буолбут Варя Аманатова айар киэһэтигэр олорон бэйэм олохпор тугу көрбүппүнэн арааһы эргитэ санаатым. Оҕо, эдэр сааһым дьоллоох түгэннэрин сыымайдаан сүрдээҕин астынан манньыйан кэллим.
Бу киэһэ Варя Аманатова айар үлэтин кэпсиир кинигэтин сүрэхтээн кини айар үлэтин уруйдаан үгүс үтүө тыл этилиннэ. Эҕэрдэ суруктар наҕараадалар туттарылыннылар. Варяны эҕэрдэлии Уус Алдан улууһун баһылыга А.В. Федотов тахсыыта дьон сүргэтин улаханнык көтөхтө. Кини СР үтүөлээх артиската Варя Аманатоваҕа Уус Алдан улууһун ытык киһитэ буоларын туоһулуур дастабырыанньаны туттарыытын дьон сүһүөхтэрин үрдүгэр туран өргө диэри уруйдаатылар. Баһылык улахан ырыаһыт үлэтин таба сыаналаабытын манна баар ыалдьыттар, эстрада артистара, норуодунай ырыаһыттар улаханнык биһирээтилэр, махтаннылар.
Сочитааҕы дойдулар икки ардыланааҕы конкурс лауреата, Варя Аманатова төрөппүт кыыһа, сэттэ саастаах Кристина Слепцоваттан саҕалаан аатырбыт СР, норуодунай артыыстарыгар тиийэ Варя Аркадьевна бииргэ үлэлээбит, үөрэммит доҕотторо ис истэриттэн иэйэн туран ыллаан-туойан эҕэрдэлээтилэр. Бэйэтэ туһунан сүдү искусство кэрэ айымньыта айыллар дьоро киэһэтэ буолла.
Түмүк тылга СР үтүөлээх артистката, Байаҕантай, Мүрү, Баатаҕай нэһилиэктэр уонна Уус Алдан улууһун бочуоттаах гражданина Варя Аманатова ийэтэ Розалия Васильевна Аманатова тыл эттэ. Онно үөрбүт ийэ кыыһа Варя Аманатова үөрэппит учууталларыгар, бииргэ үөрэммит, үлэлээбит доҕотторугар ис сүрэҕиттэн махтанна уонна:
Мин дьоллоох ийэбин оҕолордоох буоламмын,
Мин дьоллоох эбээбин сиэннэрдээх буоламмын,
Мин дьоллоох ийэбин оҕом аҕатынаан ыралаабыппыт курдук,
Улахан айар куттаах артыыстары кытары бииргэ үлэлииринэн,
Норуот таптыыр ырыаһыттарын кытары бииргэ сылдьарынан.
Бу киэһэ оҕом үөрүүтүн үллэстэ кэлбит бар дьоммор
Улахан ийэлии иһирэх махталбын биллэрэбин,
Мин дьоллоохпун, үчүгэйдик олоробун,
Ол аата бу сиргэ, мин мээнэ кэлбэтэхпин—диэбитин
дьон улаханнык биһирээн ытыс тыаһынан уруйдаата, айхаллаата.
Арамаан Дьөгүөрэп.
|
Category: Култуура, итэҕэл, искусство |
Views: 1654 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 25 Ыалдьыттар (гостей): 25 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|