Аграрнай партияны тыа сирин туһатыгар
1990–ус сыл дьиикэй ырыынакка киириэхтэн тыабыт сирэ бары көрдөрүүлэргэ таҥнары түһэр. Тыа сириттэн ким ханна баһа батарынан куотар да куотар. Ыччат дьон төрөөбүт түөлбэтигэр тохтообот. Наука этэринэн билигин ортотунан биир ыал сэттэ оҕоттон элбэҕи төрөтөр буоллаҕына эрэ ол нация сайдар. Онтон ортотунан сэттэ оҕоттон аллараа оҕо төрүүр буоллаҕына ол омук сүтэн эрэр нация ахсааныгар киирэр. Онтон куорат сирдэргэ киирбит ыал икки, үс оҕоттон ордугу оҕоломмот. Тыа сирин олохтооҕо урут биллэн турар сэттэ оҕоттон үөһээ элбэх оҕолоноро. Оччотугар сайдаары куораты була сатыыр омуктар эстиигэ бараллар эбит.
Ити ордук биһиги курдук аҕыйах ахсааннаах кыра омуктарга охсуута өссө улахан. Аҥаардас наука ити этиититтэн көмүскэнэн СР төрүт олохтоох саха, эбээн, юкагир диэн уо.д.а. омуктар баар буолалларын туһугар тыа сирин сайыннарыыга оһуобай программа оҥоһуллуохтааҕа. Онно тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы ынах, сылгы сүөһүнү, табаны, балыктааһыны дэлэтии төрүт олохтоох саха, эбээн, юкагир киһитин кутун-сүрүн, духуобунаһын сайыннарыы сүрүн соругунан буолуохтааҕа. Хас эмэ сүүһүнэн, тыһыынчанан сыл Саха сиригэр олохсуйбут төрүт олохтоохтор үгэс буолбут мэнтэлиттиэттэрэ, төрүт дьарыктара сайдарыгар үлэ-хамнас тэрээһинэ сөптөөх таһымҥа биһиги салалтабытыгар кыайан ыытыллыбата.
Үбү харчыны булбакка, үрэхтэринэн алаастарынан бэйэтэ “Бөө”,-- диэн олорбут тыа киһитин үлэттэн-хамнастан тэйиттибит. Сэбиэскэй систиэмэ ирдэбилинэн тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр КП-ры, СХПК-ры тэрийэ сатаан үбү-харчыны кураанахха куттубут. Онно эбии куоракка оператор тэрилтэлэри тэрийэн баран тыаттан киирбит мааны сахалары хамнастааһынынан, олохторун уйгутун тупсарыынан үлэ-хамнас түмүктэннэ. Тыа сиригэр киһи хараҕар хатаныахха айылаах үүккэ балтараа миллиард көрүллэр. Ол да сылы сылынан улууһунан, переработка тэрилтэлэринэн эргийэн сыл бүтүүтэ ынахтаах хаһаайыҥҥа бар дуома тиийдэҕинэ баһыыба. Эккэ, сылгыга, табаҕа биир да солкуобай көмө көрүллүбэт. Оччоҕо тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр аҕыс аҥаар миллитардпыт ханна барар? Ол түмүгэр тыа хаһаайыстыбата өтөрүнэн өрүттүбэт гына эһиннэ. Нэһилиэктэргэ сүнньүнэн кырдьаҕастар эрэ хааллылар.
Билигин хотугу киһи чааһынай олоҕо, бас билиитэ сайдарыгар сүрүн болҕомтону ууруохтаахпыт. Киһи төрөөбүт түөлбэтигэр олоҕун уйгута тупсарын туһугар нэһилиэктэргэ ИП-рга үлэни-хамнаһы тэринэллэригэр үбү-аһы булууга, араас чэпчэтиилэри оҥорорго күүстээх болҕомто ууруллуохтаах.
Тыа сирин сайыннарыы энтузиастара мустаннар тыа сирин өрө көтөҕүүгэ хаалыыттан тахсар суолу көрдөөн норуотун биир сыалга түмэр иһин аграрнай партияны тэрийэ сатыыллар. Кини сүрүн сыала-соруга тыа сирин олохтоохторун аграрнай партияҕа түмэн норуот санаатын, баҕатын учуоттаан үлэни-хамнаһы сэргэхситии, тыа сиригэр нэһилиэктэри сайыннарыыга үлэ сөптөөх механизмнарын, хаалыыттан тахсар суолу-ииһи көрдөөһүн. СР салалтата уонна Ил Түмэн тоҕо эрэ олус үрдүк хамнастаах, үтүмэн барсы киллэринэр “Сургутнефтегаас” курдук промышленнай хампаанньаҕа тоҕо эрэ нолуоктан босхолуур чэпчэтиини оҥорбут.
Оттон эстэн-быстан суккуруур тыына эрэ олорор тыа киһитигэр ханнык да күттүөннээх өйөбүл баара көстүбэт. Тоҕо эрэ тыа хаһаайыстыбатын ИП-ра промышленностка курдук нолуоктан босхоломмот. Промышленнай куоракка Нерюнгрига пенсияҕа 70-бырыһыаннах надбавка көрүллүбүт. Бу туһунан туруорсан тыа сиригэр ханнык эмэ үлэни ыытар дьаһаллар бааллара көстүбэт. Билбэт кэлии омуктарбыт үлэ миэстэтин былдьаатылар. Бу аата хайдаҕый?
Бадаҕа 2008 сыл билигин Ил Түмэн спикера А.Н.Жирков салалталаах аграрнай партия тэриллэн баран аҕыйах депутааты тыа сириттэн таһаарбыта уонна Едиинэй Россия ПП-ҕа аграрнай блок быһыытынан холбоһон үлэтин-хамнаһын туруоруммут сыалын-соругун төрдүттэн умнан кэбиспитэ. Ол түмүгэр тыа сирэ, хотугу улуустар умнууга хаалан иэдээнник эстэ-быста олороллор. Онно ким да кыҺаммат.
Арай бу аҕыйах хонуктааҕыта Единэй Россия ПП аграрнай блогун лиидэрдэрэ уонча сыл буолан баран саҥа өйдөнөн форум, диэни ЯГСХА-ҕа тэрийбиттэр. Кинилэргэ тыаттан ыҥырыллыбыт тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ ким да кэлбэтэх. Онтон ыксаан сүүрбэччэ студены үүрэн киллэрэн телефоннаһа, батсааптаһа олорор оҕолорго дакылаат ааҕан баран балачча үлэлээбит-хамсаабыт саҕа сананан тарҕаспыттар. Итинник үлэлээн тыа сирин сайыннарбаккын.
СР президенэ Е.А.Борисов 2013 сылы тыа сирин сылынан биллэрбитэ. Дьон дьэ кэлин тиһэҕэр биһиэхэ болҕомто ууруллар буолла,--диэн үөһээ тыыммыта. Ол кураанахха буолан хомотто. Хата тыа сирин сылыгар тыа хаһаайыстыбатын туттар үбэ аччатыллан дьону ордук соһутта. Онтон Ил Дархаммыт Е.А.Борисов аны тыа сирин сылын биэс сыл уһатабын диэбитэ. Ити да кэнниттэн ханнык эмэ хамсааһын тахсар дьаһала, бюджеты эбии көрүү, тыа сирин олохтооҕор ханнык эмэ чэпчэтиилэри оҥорор тэрээһиннэр оҥоһуллар чинчилэрэ биллибэт.
РФ элбэх партиялаах буолуу саҥа системата сайдан эрэр. Онон РФ.-ҕа ЕР ПП бу алҕаһын дьон дьэ өйдөөн тыа сирин сайдыытыгар туһуламмыт 2012 сыл РФ аграрнай партияны тэрийбиттэрэ. Маны кытары СР–гар эмиэ отделения тэриллибитэ. Бу саха сиринээҕи отделенияны Н.Н.Попов тыа хаһаайыстыбатын министрин бастакы солбуйааччы салайбыта. Дьиҥинэн бу судаарыстыбаннай чиновник партиялары уонна общественнай тэрилтэлэри тэрийиигэ кыттыыта РФ ФС куруубайдык кэһии буолар. Кини бастакытынан чиновник уонна саамай кылаабынайа СР президенэ Е.А.Борисов быһаччы дьаһүайар, салайар үлэһитэ. Бу чиновник партийнай үлэҕэ уоппута суох буолан кини сыыһаларын таба туһанан Ф.С.Тумусов салайааччылаах СР ПП суукка үҥсэн кинини 2013 сыллаах Ил Түмэн быыбарыгар кытыннарбатаҕа. Ол түмүгэр тыа сирин сайдыытыгар кини интэриэһин көмүскүүр депутата суох буолан улахан охсуулаах буолла. Манан Ф.С.Тумусов СР-гар тыа сирин дьонугар улахан охсууну оҥордо.
Партиялары тэрийии сокуонугар 10-ус ыстатыйаҕа “Государство и политические партии”, диэҥҥэ маннык ырылыччы сурулла сылдьар.
1. Вмешательство органов государственной власти и их должносных лиц в деятельность политических партий, равно как и вмешательство
политических партий в деятельность органов государственной власти и их должносных лиц, не допускается.
2. Вопросы, затрагивающие интересы политических партий, решаются органами государственной власти и органами самоуправления с участием соответствующих политических партий или по соглосованию с ними.
3. Лица, замещаюие государственные или муниципальные должности, и лица, находящиеся на государственной или муниципальной службе, не вправе использовать преимущества своего должносного или служебного положения в интересах политической партии, членами которой они являются, либо в интересах любой иной политической партии. Указанные лица, за исключением депутатов Государственной Думы Федерального собрания Российской Федерации, депутатов иных законодательных (представительных) органов государственной власти и депутатов представительных органов муниципальных образований, не могут быть связаны решениями политической партии при исполнении своих должносных или служебных обязанностей. (а ред Федерального закона от 21. 07. 2005 Н93-ФЗ)
Дьэ, ити көрөргүт курдук сокуоҥҥа суруллубуту буукубатыгар тиийэ суруйдум. Ол аата нэһилиэк, улуус, республика баһылыктара государственнай чиновниктар партия ыытар үлэтигэр кыттыа, орооһуо суохтаахтар. Биһиэхэ ЕР ПП-ны салалта үлэһитэ СР вице-президенэ Глушко салайбыта. Билигин эмиэ чиновник кэллэ. Ол да иһин кинилэр интэриэстэрэ кириэсилэ үллэстиитигэр эрэ сыһыаннаах үлэни ыытаннар норуот бу партияттан саамай сөпкө кэлэйдэ уонна тэйдэ. Ол да иһин оннооҕор сааһын тухары тыа хаһаайыстыбатын үлэтинэн дьарыктаммыт билигин Ил Түмэммитигэр тыа сирин уонна аграрнай кэмитиэтин салайа олорор единорос Д.В.Саввин курдук депутаттарбыт үүт сыанатын үрдэтиини утары куоластыы олороллор. Итинник эргиччи өттүнэн тыа дьоно бэйэтин кыһалҕатын туруорсар политическай партията суох буолан иэдэйэн, буорайан, эстэн олоробут.
Ол иһин тыа сирин сайыннарыыга энтизуастар мустан 2014 сыл бүтүүтэ СР АПП РО демократическай өрүттэргэ олоҕуран 32 киһилээх сэбиэтин талбыта уонна В.Н.Евремовы бу аграрнай партия региональнай отделения салайааччытынан куоластаабыттара. Партияҕа тоҕус киһилээх бырабылыанньаны уонна ревизионнай кэмииссийэ саҥа састааба быыбардаммыта. Бу партия сүрүн соруга тыа сирин кытары үлэлиир, тыа сирин олохтоохторун интэриэһин көмүскээһин, толорооччу уорганнар салалталарыгар үлэһит киһи кыһалҕатын туруорсуу.
Партия чилиэттэригэр даҕаны, салалтатыгар даҕаны СР салалтатын абааһы көрүү. Салалта үлэһиттэригэр саба түһэр үлэни ыытыы соруга да, оннук түбэлтэтэ да суох. Аграрнай партия РФ ФС уонна партия устаабыгар олоҕуран олус мөлтөхтүк олорор тыа сирин үлэһит дьоно олоҕун уйгута, тустаах тэрийэр үлэтэ-хамнаһа тупсарын туһугар күүскэ үлэлээһин.
Политическай партиялары ким баҕарар, ханнык баҕарар тэрилтэ өйүүрэ көҥүл.
Холобура ЕР ПП –ны араас тэрилтэлэр АЛРОСА хампаанньаҕа тиийэ үбүлүүллэр. Оннооҕор бюджеттан кытары өйөнөллөр. Бу сөп. Кимиэхэ да сэкириэт буолбатах М. Н. Евсеев генеральнай директордаах “Алмазы Анабара” промышленнай тэрилтэ тэрийбит тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ бу СР тэриллибит аграрнай партия отделениятын олус күүскэ өйөөтүлэр. Манан кинилэр республикаҕа олус үчүгэй бачыымы көрдөрбүттэрэ нэһилиэктэргэ биһирэниэх уонна өйөнүөх эрэ тустаах.
Ол эрээри биһиги Ил Дархаммыт Е.А.Борисов кимиэхэ да, былааска да туох да куһаҕаны оҥорор санаата суох тыа сирин дьонун түмүөхтээх, кинилэр интэриэстэрин көмүскүөхтээх, туруорсуохтаах РФ аграрнай партиятын СР отделениятын туох ааттаах абааһы көрбүтүн төрдүттэн өйдөөбөтүм.
Ил Дархан Республика нэһилиэктэр уонна улуустар баһылыктарын кытары көрсүһүүгэ Таатта улууһун баһылыга М. М. Соров: “Аграрнай партия наһаа активнайдаан эрэр. Ону хайыыбытый?”, --диэн ыйыппыт. Ону Ил Дархаммыт: “Бу темаҕа олох туһунан кэпсэтии буолуо. Ити боппуруоһунан Ю. Куприянов дьарыктаныа”,-- диэбит.
Ол кэнниттэн Ил Дархан тыа хаһаайыстыбатын министрэ А.Е.Артьемевы ол кэнниттэн АПиП салайааччыта Ю.Куприяновы эр биир сорудахтаан ыытан аграрнай партия Саха сиринээҕи салаатын салайааччытын В.Н.Ефремовы үлэтиттэн уһултарар гына кэпсэтии ыыттарбыт. Ону Москваҕа Арассыыйа аграрнай партиятын КК РФ ФС уоона партиялар уонна судаарыстыба икки ардыларынааҕы үөһээ эппит сокуоммар олоҕуран аккаастаабыт. Онтон аны кириэмилтэн Башмащиковаҕа телефонунан эриттэрэн баран Ил Дархаммыт Е.А.Борисов бэйэтинэн тиийэн РФ аграрнай ПП салайааччыта О.Башмащикованы кытары В.Н.Ефремовы бу дуоһунаһыттан устар гына кэпсэтии ыыта сатаабыт. Ил Дархан сүрүн соруга бу партияны салайыыга бэйэтин киһитин туруоран баран эми ЕР ПП партияны курдук бэйэтэ салата туһатыгар талбытынан дьаһайыы. РФ аграрнай ПП СС салайтарар киһилэрин өссө булан баран сылдьаллар. Оччотугар эмиэ эстэн иэдэйэн олорор норуот кыһалҕата, баҕата билиҥҥитин курдук көрүллүбэт. Наар салалта эрэ баҕатын-соругун учуоттуур дьиҥнээх норуоттан тэйиччи сылдьар: “Норуот партията” буоларыгар тиийэр.
Дьэ ол кэнниттэн улуустар УСХ-гар үөһээҥҥи уорганнартан миэстэтигэр аграрнай партияны өйөөбөт гына кытаанах ыйыылар, сорудахтар тиийбиттэр.
Аны муус устар 13 күнүгэр аграрнай партия Саха сиринээҕи салаатын бырабылыанньатын ыҥыттаран тыа хаһаайыстыбатын министрэ А.Е.Артьемев уонна тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһугар правительство бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы П. Н. Алексеев кэлэннэр: “РФ аграрнай партиятын СР салаатыгар хаттаан конференцията ыытан партия СР-ҕы салаатын салайааччытын уларытыахха”,--диэн быһаччы дьаһайа сатаабыттар. Биллэн турар манна эмиэ үөһээ ыйбыппыт курдук партия сокуонун ирдэбилигэр сөп түбэспэтинэн аккаас ылбыттар.
Аны РФ юстициятын министерствота СР салаата араас солуута суох боппуруостарынан хаахайдаһан РФ аграрнай партиятын Саха сиринээҕи салаатыгар көннөрүллэр уонна админстративнай миэрэнэн быһаарыллар бытархай боппуруостарынан киирэн баайсан ЕГРЮЛ ыларын бигэргэппэккэ, көҥүл биэрбэккэ үөһээҥҥи былаас дьаһалынан мэһэйдэһэ олороллор. Дьэ, бу сорудаҕы ылбыт киһи дьарыктаныытын түмүгэ буолбатах дуо?
Төһөтүн да иһин бу эстэн-быстан суккуруур тыына эрэ олорор тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин, тыа сирин интэриэһигэр үлэлиэн баҕарар саҥа тэриллэ сатыыр РФ аграрнай партиятын СР салаатыгар Ил Дархаммыт эмиэ ааспыт быыбарыгар курдук туох баар сокуону кэһэн туран туох ааттаах күүстээх саба түһүүнү оҥордо? Бу айылаах туохтан куттанна? Эбэтэр тыа киһититтэн тугуттан көҥөннө?
Күндү ааҕааччыам дьэ сыаналаан көр үөһээ суруйбуппут курдук партия сокуонун да, РФ ФС да быһыытынан ханнык баҕарар партия үлэтин-хамнаһын ыытарыгар нэһилиэк, улуус, Республика баһылыктара, судаарыстыбаннай чиновниктар ол иһигэр министрдэр орооһуо, дьаһайсыа суохтаахтар. Бу Ил Дархаммыт өттүттэн сокуону, киһи конституционнай быраабын дуоһунаһын боломуочуйатын үрдэтинэн туран кэһии. Ити аата Ил Дархан талылларыгар быыбардааччыларыгар эппит тылларын, ананар инноугурациятыгар андаҕайбыт кэс тылын илэ бэйэтинэн кэһэр.
Маны хайдах сыаналыахха сөбүй? Бу аата тыа сиригэр нэһиилэ олорор норуот быыбарга быыбардаан, нолуок төлөөн харчы мунньан кинини хамнастаан араас эгэлгэ привилегиялаан биэрбит тыа сирин дьонун, бэйэтин быыбардааччыларын аһара сэнээһин, атаҕастааһын буолбакка тугуй? Маннык ама сатанар дуо? Кинилэр норуотунан быыбарданалларыгар: “Норуот кулуттарабыт. Эһиги эппиккитин олоччу толоруохпут»,-- диэбиттэрэ дии уонна бу хайдах буоллулар? Сокуон да этэринэн дьиҥнээх аналынан даҕаны норуот түмсүүтэ партиялар туруорсууларын, ыйыыларын бу толорооччу олоххо киллэрээччи норуот кулуттарынан ааттанар уорганнар.
Мин төрөөбүт түөлбэм, дьонум-сэргэм, аймахтарым, оҕолорум үчүгэйдик олороллорун туһугар, диэн аграрнай политическай партия тэринэн тыа сирин олоҕун уйгута тупсарын туһугар сэриилэспэккэ, этиспэккэ, охсуспакка эйэ дэмнээхтик биир сүбэнэн үлэлиирбит тоҕо сатамматый? Төрөөбүт түөлбэбитигэр, нэһилиэкпитигэр, чааһынай олохпутун сайыннарар туһугар кыһалларбыт тоҕо сатамматый?
Арамаан Дьөгүөрэп.
|