News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2015 » Муус устар » 25 » Газохимия собуотун тутуохтааҕар Мэҥэҕэ урукку производствоны сөргүтүөххэ
Газохимия собуотун тутуохтааҕар Мэҥэҕэ урукку производствоны сөргүтүөххэ | 10:09 |
Газохимия собуотун тутуохтааҕар Мэҥэҕэ урукку производствоны сөргүтүөххэ
ССРС күннээн күөнэхтээн олордоҕуна улахан химияны олоххо киллэрии дирбиэнэ-дарбаана саҕаламмыта. КПСС КК уонна ССРС правительствота ону олоххо киллэриигэ күүскэ үлэлээбитэ. Дьэ ол химия биһиэхэ тугу биэрдэ?
Оччолорго: “Аһыҥканы утары эми туттабыт”,- диэн ааттаан сөмүлүөтүнэн көтө сылдьан аһыҥка сымыытын өлөрөр дьааты уунан, тыанан, сыһыыны биир гына ыстарбыттара. Кырдьык аһыҥаны кыайбыттара. Ону кытары тэҥҥэ ойуурга куобах, мас көтөрө үөскээбэт буолбута. Сыһыыга күөрэгэй дьырылыы ыллыыра уурайбыта. Оттон бэйэбит ортобутугар ол-бу инсульт, инфаркт, онкологическай, раковай ыарыылар өрө туран ити ыарыыларга Арассыыйаҕа бастакы миэстэҕэ таҕыстыбыт. Тоҕо эрэ маны ким эмэ үөрэтэр, интэриэһиргиир киһи баара иһиллибэт. Ити мин боростуой тыа сирин оҕонньорун быһыытынан кэтээн көрүүбүттэн оҥорбут түмүгүм.
Мэҥэ Хаҥаласка СР правительствота газохимическай собуоту туруорсарын ситистэ: «Буортута суох баара-суоҕа карбомид”,- диэн уоҕурдууну оҥорон тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын чахчы абырыыбыт диэтилэр. Дьиҥэр карбомид оҥоһуллар олус улахан сүлүһүннээх дьааттаах убаҕастан бэрт кыра ордубут тобоҕо эрэ диэн буолла. Үлэ миэстэтэ тахсыа дииллэр. Дьон бу собуокка космонавт курдук скафандрдаах, водолаз курдук кислороднай баллоннаах сылдьан үлэлииллэр. Ол да гыннар манна үлэлээбит дьон 40 саастарын ааспаттар. Эбиитин чиччик оҕону төрөтөллөр. Дьэ, онон манна үлэҕэ киирбит дьоҥҥо чахчы кэскилэ суоҕа ырылхайдык көстөр.
Онтон бу сүлүһүннээх дьаат быыла, буруота былыт буолан көтөн ханна баҕарар тиийэрин туһунан этэн эттилэр. Туттуллубут дьааттаах уута Элиэнэ эбэбитин олус күүскэ сүһүрдүөхтээх. Айылҕабыт экологията балачча сөбүн сутуллан буорту буолан олордоҕуна, ханнык да киһи биһирээбэт, ылыммат дьыалата. Хата ол оннугар өрүспүтүн ырааһырдар инниттэн куораппыт туттуллубут уутун тоҕор аналлаах миэстэ оҥоһуллара буоллар, олохтоох дьоҥҥо туһата балачча буолуо этэ.
Инвестиция киириэ, халыҥ харчы баар буолуо дииллэр. Дьэ, этиҥ эрэ инвестиция киллэрэн атын саха сиригэр үлэлиир хампаанньалартан Саха сирин норуоттарыгар туһалыыр төһө харчы киирдэ? Саха сиригэр биир да промышленнай хампаанньа регистрацията суох, онон нолуоктара сүнньүнэн Москваҕа барар. Аҕыйах олорор дьиэни, оскуоланы, детсааты туппуттарынан дьон айаҕын бүөлээн арбаныы бөҕө. Билигин кириисиһинэн сибээстээн Кириэмил умналаан ылар харчыбытын балачча быһара буолуо.
Мэҥэ Хаҥалас олохтооҕо үлэ уонна спорт ветерана, Майа сэлиэнньэтин бочуоттаах олохтооҕо Яков Алексеевич Яковлев манныгы кэпсиир:
-Мэҥэ Хаҥалас урут Сэбиэскэй да былаас саҕана уонна билигин даҕаны тыа сирин атын улуустарыттан кыра сирдээх эрээри, 33-34 тыһыынча киһилээх элбэх ахсааннаах нэһилиэнньэлээх улуус. Биһиги кытай омук курдук кыараҕас сиргэ кыбыллан олоробут. Республика олохтоохторугар тэҥнээтэххэ, хас бэһис киһи - мэҥэ. Сэбиэскэй кэмҥэ бастыҥ талааннаах уонна үлэһит дьон салайбыт буоланнар, элбэх республиканскай таһымнаах тэрилтэлэри туттаран улууспутугар үлэҕэ киллэрбиттэрэ. Ол курдук 1950 сыл ортотун диэки Павловскай бөһүөлэгин сиригэр бастыҥ айылҕалаах, хатыҥ чараҥнардаах бэс чагда быыһыгар, сэллик балыыһатын 100 куойка миэстэни республика ыарыһахтарын эмтиир балыыһаны туттарбыттара. Билигин: “Олохтоохторго кутталлаах буолла”,- диэн республика үрдүкү салалтатыгар туруорсан 20 куойка миэстэлээх урут ыалдьа сылдьыбыт дьону эмтииргэ “Санаторий” диэн үлэлиир.
1990-с сылларга ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр, бастакы президент М.Е.Николаев улуус бастакы баһылыга В.В.Скрябиҥҥа туруорсан, Хаптаҕай сиригэр-уотугар сүрдээх киэҥ сири ылан, республиканы бүтүннүү хааччыйар аналлаах АХШ-ын кытта холбуу үлэлээн, тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр уоппуттаах салайааччыны Р.Н.Иванов генеральнай директордаах, сылга 60-100 тыһыынча тоннаны оҥорор кыахтаах, икки линиялаах, икки сменанан үлэлиир 200-300 киһи үлэлиир собуотун туппуттара. Билигин республика салалтатыттан өйөбүл суоҕунан, туох баар базата олоччу тутуллан үлэҕэ киирэн баран, баара- суоҕа сылга 2 тыһ. тонна уотурбаны оҥорон Хатастааҕы сибиинньэ комплексыгар биэрэринэн муҥурданна. Хата, бу тыа дьонугар чахчы улахан туһалаах тэрилтэни банкротка ыыта сатыы олороллор. Оттон бу собуоту тутууга төһөлөөх элбэх сүүрүү-көтүү буолбутай? Төһөлөөх элбэх үлэһит норуотунан мунньуллубут бюджет үбэ кутуллубутай?
Эмиэ ити кэмнэргэ Аллараа Бэстээх сиригэр-уотугар улахан киэҥ сири ылан, саамай бастыҥ айылҕалаах бэс чагда быыһыгар, кылыгырас ыраас уулаах, сайын айылҕата уонна күөлүн уута ырааһын иһин, дьон дьиэ кэргэттэрин илдьэ кэлэн палатканан олорон сынньанан-өрөөн барар сирдэрэ баар. Манна “Сосновка” диэн, оччотооҕу кэмҥэ европейскай таһымҥа эппиэттэһэр таас тутуулардаах, 200 миэстэлээх, Абалаах бадараанынан эмтиир республика дьоно кэлэн эмтэнэн доруобуйаларын тупсарынар-чэбдигирдэр, грязелечебница санаторийа тутуллубута. Ол гынан баран эмиэ салалтаттан өйөбүлэ суох буолан чааһынай да илиигэ биэрэ сатаатылар. Билигин бу хаарыан тутуулар таах быраҕыллар буоллулар.
Эмиэ ити кэмҥэ бастаан Ф.Г. Охлопков, И.Г.Гаврильев, Е.Д.Кычкин туруорсуутунан, Элиэнэ өрүһү аннынан гаас ситимин тардан Илин эҥэр улуустары гааһынан хааччыйыы боппуруоһун көтөхпүттэрэ. Элбэх улахан энтизуаст дьон кыттыылаах тэрээһин үлэлэр, туруорсуулар саҕаланан барбыттара. Элбэх кэпсэтии, кэлии-барыы, туруорсуу, сүбэлэһии түмүгэр, гаас турбата Элиэнэ өрүс аннынан тардыллан өрүһү туораабыта.
Итини сэргэ, аан дойдуга саамай улаханынан аатырбыт уу носуоһа тардыллан Илин эҥэр улуустары уунан хааччыйыыга анаан, Аллараа Бэстээххэ туруоруллубута. Бу уу турбата оччотооҕу улууспут салалтата элбэх бастыҥ дьонноро кыттыылаах, ССКП киин сэкиритээрэ Л.И.Брежневкэ тиийэ улахан министрдэргэ уһун сылларга туруорсуллан олоххо киирбитэ. Ону туруорсар инниттэн анал накаас биэрэн эдэр киһини Игорь Георгиевич Гаврильевы ССКП ХХV11 сьеһин делегатынан мэктиэлээн ыыталлар. Кини дойдутун дьонун сорудаҕын чиэстээхтик толорон, ССРС оборонатын министрэ Язовка, ССКП киин сэбиэтин сэкиритээрэ Л.И.Брежневкэ, Пельшеҕэ, Седаловка бэйэлэригэр киирэн туруорсубута. Турбаны кистэлэҥинэн үлэлиир байыаннай собуоттан сакаастаан оҥотторон аҕалбыттара. Итинник сүүрбэччэ сыл туруорсан киллэрбит турбабыт кыамтатынан сылга 20-25 мөлүйүөн ууну хачайдыахтааҕа. 150-200 киһи үлэлиир үлэ миэстэлээх буолуохтааҕа. Эмиэ правительство өттүттэн өйөбүл суох буолан билигин 50-60 киһи үлэлээбитэ буолар. Сайын устата нэһиилэ 4-5 мөлүйүөн кубометр ууну хачайдыыллар.
Улууспут бастыҥ дьоно өр сылларга туруорсан, араас инстанцияларга кэпсэтэн, сүүрэн-көтөн Японияттан сакаастанан кэлбит турбанан гаас ситимэ өрүһү туораан Илин эҥээри хааччыйар ситимҥэ холбоммута. ООО “Ленагаз” тэрилтэни тэрийэн К.С.Федоров салайааччылаах улахан ыскылааттардаах, таас дьиэлэрдээх, балачча киэҥ сирдээх-уоттаах, 250-300 киһи үлэлиэхтээх база тутуллубута. Саха уола П.В.Иванов салайааччылаах ООО “Якутгазстрой” тэрилтэ иилээн-саҕалаан, тиҥинээн-таҥынаан элбэх үлэни үлэлээн испитэ. Эмиэ салалтаттан өйөбүл суох, онон ханнык да барыһы бу үлэ биэрбэт аатыран банкрот барда. Тутуллубут дьэрэкээн бэйэлээх тутуулара, ыскылааттара сүөһү, сылгы сөрүүкүүр сирэ буолла. Бу биһиги улууспут бастыҥ дьоно: Ф.Г.Охлопков, Е.Д.Кычкин, И.Г.Гаврильев Илин эҥэр улуустары гаастыыр уонна уунан хааччыйар туһугар, эппитим курдук ССКП КК тиийэ араас инстанцияларын үгүс сыл сыралаһан туран туруорсубуттара, сүүрбүттэрэ-көппүттэрэ. Мэҥэ Хаҥалас олохтоохторо кэнники даҕаны ити лиидэрдэрбитин өйдүү-саныы сылдьыахпыт.
Аллараа Бэстээххэ бүтүн Арассыыйа бырайыагынан тимир суол кэллэ. Сайдыыны соһон кэллэ диэн буолла. Тимир суол базалара ыскылааттара, 50-60 тыһыынча киһи олорор үлэлиир куората тутуллар. Ити бырайыакка МэҥэХаҥалас билигин олорор нэһилиэнньэтиттэн икки бүк чуут кыайбат кэлии дьон Аллараа Бэстээххэ кэлэн олохсуйуохтаах. Бу кэлии дьон олохсуйан бардахтарына, хаһаайыстыба тэринэн барыахтара. Былаас биллэн турар кинилэри өйүөҕэ. Оччоҕо үтүмэн элбэх сир наада буола түһэр. Ону хантан ылабыт диэн толкуйга түһэн олордохпутуна, аны Ил Дархаммыт бу территорияҕа өссө балысхан элбэх үбү барыһы биэрэр диэн ааттаан газохимическай собуоту тутан сайдыыны аҕалабын диэтэ. Интернети да көрдөххө, буруота салгынынан дьону араас улахан ыарыыларынан республика улуустарын биир гына сүһүрдэр. Туттуллубут уутуттан Элиэнэ өрүс хотугу муустаах муораҕа тиийэ өлүөхтээх. Онон биһиги кыайан эргичиҥниир да кыаҕа суох кыараҕас территориялаах сирбитигэр маннык өлүү дьаатынан уһуурар собуот кимиэхэ наада буолла?
Билигин улууспутун өр сылларга салайбыт, “Дойду Ситимэ” түмсүү салайааччыта В.И.Птицын республикабыт бары норуоттарыгар идэмэрдээх иэдээн суоһаабытын тохтотор үлэни ыытыахтаах. Хаарыан хампа күөх айылҕабытын, кэрэтинэн аатырбыт иитиллэр эбэбит Элиэнэ өрүһү, дьоммутун-норуоппутун харыстыах тустаахпыт. Бу дьаһал Мэҥэ Хаҥалас эрэ олохтоохторугар буолбакка Саха республикатын олохтоохторун олоччу хаарыйар сытыы боппуруос.
Хата ол оннугар Сахабыт сирин олохтоохторун бүтүннүүлэрин интэриэһин таарыйар үөһээ ааттаммыт тутуулары аналларынан олоххо киллэрэр дьаһаллары ылыы быдан барыстаах. Олохтоохторго даҕаны үлэ миэстэтин балачча таһаарар. Республика олохтоохторун доруобуйаларын тупсарыыга элбэх үтүө өрүттэрдээх үлэни ыытыаҕа. Урукку бырайыактар быһыыларынан тутуллубут тутуулары чөлүгэр түһэрэн, үлэни-хамнаһы саҕалыыр быдан барыыстаах,- диэн Яков Алексеевич Яковлев кэпсээнин түмүктүүр.
***
Арамаан ДЬӨГҮӨРЭП,
Дьокуускай к.
Источник: aartyk.ru
|
Category: Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО |
Views: 1481 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 21 Ыалдьыттар (гостей): 21 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|