News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2015 » Атырдьах ыйа » 11 » Тыа хаһаайыстыбатын управлениеларын салайааччыларын, нэһилиэктэр тыа хаһаайыстыбатыгар сүрүннүүр исписсэлиистэрин, өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-кы с
Тыа хаһаайыстыбатын управлениеларын салайааччыларын, нэһилиэктэр тыа хаһаайыстыбатыгар сүрүннүүр исписсэлиистэрин, өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-кы с | 08:46 |
Тыа хаһаайыстыбатын управлениеларын салайааччыларын, нэһилиэктэр тыа хаһаайыстыбатыгар сүрүннүүр исписсэлиистэрин, өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-кы сүлүөтэ буолан ааста.
SakhaLife.ru10 августа 2015, 16:59
Атырдьах ыйын 6-7 күннэригэр «Орто дойду» туристическай комплекс сиригэр-уотугар Тыа хаһаайыстыбатын управлениеларын салайааччыларын, нэһилиэктэр тыа хаһаайыстыбатыгар сүрүннүүр исписсэлиистэрин, өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-кы сүлүөтэ буолан ааста. Сүлүөккэ 24 улуустан 270 киһи кыттыыны ылан параадтаан киирдилэр. Бу иннинээҕи күн, сылгыны-сүөһүнү иитиигэ миниистири солбуйааччы Н.С.АФАНАСЬЕВ, туораахтаах култуураны, оҕуруот аһын үүннэриигэ, «Хонуу күнэ» диэн тэрээһини департамент салайааччыта А.М.СЕМЕНОВ, эти-үүтү оҥорон таһаарыыга, департамент салайааччыта А.К.АНДРЕЕВ сэминээрдэри ыыттылар.
Сүлүөт кыттыылаахтара улуус тыатын хаһаайыстыбатын барымталарыгар, Покровскайдааҕы Саха сирин тыатын хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун уопуту оҥорор учаастактарыгар экскурсияларга сырыттылар. Маны сэргэ спортивнай күрэхтэр, араас куонкурустар буоллулар. Улууспут тыатын хаһаайыстыбатын үлэтин-хамнаһын таарыйан ааһар буоллахха, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар 15 производственнай тэрилтэ, ол иһигэр «Бөртө» сылгы собуота, «Нөмүгү» агрофирма, «Эркээни-зернопродукт», «Наука», «Покровскайдааҕы кыылы иитэр хаһаайыстыба» курдук хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыбалар бааллар, итини сэргэ, «Малдьаҕар» муниципальнай унитарнай тэрилтэ, 7 тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, сүөһүнү иитэр производственнай кооперативтар, 11 сылгыны иитэр потребительскэй кооперативтар, 267 бааһынай хаһаайыстыбалар уонна 1700-тэн тахса биирдиилээн көмө хаһаайыстыбалар бааллар. Үлэ-хамнас көрдөрүүтэ өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥнар кэккэлэригэр баар, ол да иһин быйылгы I-кы сүлүөтү Ханалас улууһугар ыытарга быһаарбыттара. СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин миниистирэ А.Е.АРТЕМЬЕВ сүлүөккэ сырытта уонна киэҥ ис хоһоонноох тыл эттэ: – Билигин от үлэтигэр олус уустук балаһыанньа хоту улуустарга баар. Өймөкөөҥҥө, Абыйга, Эбээн-Бытантайга уһун ардахтар содулларыгар үлэ-хамнас бытааннык барар. Бүгүҥҥү күн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 173 тыһ.тн. оту оттооммут 35% оттоннубут. Нэһилиэктэргэ ыытыллар тыа хаһаайыстыбатын хайысхатыгар ыытыллар үлэлэр барыта бу эһигиттэн сүлүөт кыттыылаахтарыттан тутулуктаах. Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтин өйдөөн-өйөөн Ил Дархан, СӨ Бырабыыталыстыбата, Ил Түмэн дьокутааттара быйылгы Аан дойду үрдүнэн киирбит санкциянан, тастан киирэр боодууксуйалары солбуйар аһы-үөлү оҥорорго 1 260 мөл.солк. эбии көрдүлэр. Онон барыта 10 млрд.солк. үп тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэн биһигиттэн тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэриттэн үлэни-көрдөрүүнү ирдииллэр уонна кэтэһэллэр. Тыа хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ бэлиитикэтин министиэристибэтин ыытар бэлиитикэтэ тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччылар табааргытын атыылаһан, атыыга сыанаҕа туруоруохтаахпыт. Кэлэр табаар үрдүк хаачыстыбалаах, таһыттан киирэр табаарга конкурент буолуохтаах, — диэтэ сүлүөт кыттыылаахтарыгар, салгыы алтынньы ыйга ыытыллыахтаах тыа хаһаайыстыбатын биэрэпиһигэр көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда. Кэлэр сыллартан миэстэтигэр үлэни тупсарар сыалтан тыа хаһаайыстыбатын исписсэлиистэригэр аттестациялар барыахтаахтарын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Тыа хаһаайыстыбаларын управлениеларын салайааччылара уопсастыбаннай түмсүүлээхтэр. Ити түмсүү ылыммыт дьаһалынан бу сүлүөт буолла. 1-кы сүлүөтү тэрийээччиттэн И.Д.Аргуновтан тэрээһин туһунан ыйыталастым: — Уопсастыбаннай түмсүүбүт туһунан этэр буоллахха, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар туһалаах, көмөлөөх буоллун диэн тэрийбиппит. Инники өттүгэр, олорон хаалбакка үүтү-эти оҥорууга, тыа сирин дьоно-сэргэтэ үптээх-астаах дохуоттаах буолалларыгар күүскэ үлэлэһиэхпит,- дир тыа хаһаайыстыбаларын управлениеларын салайааччыларын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ, Мэнэ-Хаҥалас улууһун тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Иван Дмитриевич Аргунов.
Бу тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон баһыйар үгүстэрэ эдэр ыччат эбит. Тыа сирин олоҕо-дьаһаҕа кэскиллээх илиигэ баарын үөрэ көрдүм. Тыа сирин үлэһит дьоно түмсэн кэпсэтэн — ырытыһан, сомоҕолоһон инникигэ саҥа кирбиилэри ситиһэргэ сыал-сорук туруоруннулар, тэрээһин түмүктэннэ. Аны икки сылынан Нам сиригэр Эҥсиэли хочотугар түмсэргэ сүбэлэһэн тарҕастылар. Улууспут тыа хаһаайыстыбатыгар дераптаменын (сал.Иринеев О.В.) бары үлэһиттэрэ тэрээһин үрдүк таһымнаахтык барарыгар, бары кыахтарын-күүстэрин ууран туран тэрийсибиттэрин бэлиэтиир наадалаах. Сайыммыт барахсан куйаас күннэрин анаан туран бэлэхтээтэ, сылаас салгынынан сайа тыыннарда. Тыа сирин үлэһит дьонун олоҕо тупса, үлэтэ-хамнаһа тахсыылаах, салалта ыытар үлэтэ биир ситимнээх, дьайымтыалаах, өйөбүллээх уонна түмүктээх буоллун!
Источник: Уйбаан УЙГУУРАП, ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
10 августа 2015, 17:23
Тыа хаhаайыстыбатын управлениеларын салайааччылара курэхтэстилэр
SakhaLife.ru
Тыа хаһаайыстыбатын управлениеларын салайааччыларын, нэһилиэктэр тыа хаһаайыстыбатыгар сүрүннүүр исписсэлиистэрин, өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-кы сүлүөт иккис күнэ кыттааччылар параадтаан киириилэринэн, ытык кырдьаҕас алгыһынан, дуоһунастаах дьон эҕэрдэ тылларынан, истиҥ ырыанан доҕуһуолланан арылынна. Күрэх ыытыллар күнэ сыралҕан куйааһынан сатыылаата.
— Саха сирин 24 улууһуттан бэрт элбэх киһи кэлбит. Физкультурник күнүн иннинэ, бу тыа үлэһит дьоно үлэни уонна сынньалаҥы дьүөрэлээн илии-атах оонньууларыгар түөрт көрүҥҥэ хапсаҕайдаһан тустууга, мас тардыһыытыгар, сүрүүгэ 6 түһүмэхтээх эстафетаҕа уонна хамаанданан ханаат тадыһыытыгар кытта сылдьаллар. Сүлүөт кыттыылаахтара олус бэлэмнээх, анал формалаах кэлбиттэр, -диир Хаҥалас улууһун спорка управлениетын сүрүннүүр исписсэлииһэ Р.Д.Протодьяконов. Хапсаҕайдаһан тустууга кылаабынай судьуйанан көҥүл тустууга ССРС спордун маастара, тренер А.А.Петров үлэлээтэ.
Бөҕөстөр быһаарсыылаах киирсиилэрин кэнниттэн бу хапсаҕайдаһан тустууга үөһэ ыйааһыҥҥа бастаабыт Мэҥэ-Хаҥалас улууһуттан сылдьар Спартак Попову кыайыытынан эҕэрдэлээтим уонна аҕыйах тылы этэригэр көрдөстүм: — Төрөөбүт дойдум Нөөрүктээйи, үөрэхпин бүтэрэн баран былырыыҥҥыттан Хаатылымаҕа тахсан тыа хаһаайыстыбатын исписсэлииһинэн үлэлии сылдьабын. Кыра эрдэхпиттэн мас тардыһыытынан дьарыктаммытым уонна СӨ спордун маастарын нуорматын толорбутум,- диэн үөрүүтүн үллэһиннэ киэҥ көҕүстээх, кэтит сарыннаах тыа хаһаайыстыбатын эдэр үлэһитэ. Сүлүөт спорка көрүҥнэригэр олус кыахтаах эдэр дьон кытыннылар, бэрт үчүгэй хапсыһыылар, хамсаныылар буоллулар. Манна, спорт маастарын нуорматын толорор таһымнаах уолаттар элбэхтэр эбит. Хапсаҕайдаһан тустууга 80 кг дылы ыйааһыннаах бөҕөстөргө Дьулус Стручков бастаата (Мэҥэ-Хаҥалас). Иккис миэстэҕэ Николай Исаков (Горнай) уонна үһүс бириистээх миэстэҕэ Данил Дьяконов (Нам) тигистилэр. 80 кг үөһэ ыйааһыннаахтарга Спартак Попов (Мэҥэ-Хаҥалас) кыайда, түһүлгэ иккис призерунан Олег Иринеев (Хаҥалас) уонна үһүс бочуоттаах миэстэни Ефим Гоголев (Нам) ылла. Бу иккис-үһүс буолбут бөҕөстөр Хаҥалас уонна Нам улуустарын тыатын хаһаайыстыбатын салайар дьон, спорка да тэрийэр үлэҕэ да эргиччи дэгиттэр кыахтаахтарын көрдөрдүлэр. Оттон мас тардыһыытыгар ханна да буоларын курдук эмиэ көхтөөхтүк кытыннылар, үлэ дьоно туппут мастарын биэрбэт курдук дьирээлэһэн туран кииристилэр. 80 кг дылы ыйааһыннаахтарга 1-кы миэстэ Василий Окороков (Мэҥэ-Хаҥалас), иккис м.Константин Аржаков (Чурапчы), үһүс миэстэ Алексей Корякин (Нам) буоллулар. 80 кг үөһэ ыйааһыннаахтарга 1-кы м. Спартак Попов (Мэҥэ-Хаҥалас), иккис Семен Семенов (Бүлүү) уонна үһүс бириистээх миэстэҕэ Хаҥалас улууһун тыатын хаһаайыстыбатын салайааччытын солбуйааччы эдэр киһи Валентин Иванов буолан дьонун-сэргэтин үөртэ. Хамаанданан күрэхтэргэ алта түһүмэхтээх эстафетаҕа Уус-Алдан 1-кы, Нам улууһа иккис, Горнайдар үһүс миэстэҕэ тахсан үөрүүлэрэ үрдээтэ. Ыһыылаах-хаһыылаах ханаат тардыһыытыгар Уус-Алданнар кими да тулуппакка бастаатылар, Иккис миэстэҕэ Амма улууһун хамаандата таҕыста уонна үһүс миэстэҕэ спортивнай улуус, Мэҥэ-Ханалас үлэһит дьоно тигистилэр уонна уопсай түмүккэ 1-кы сүлүөт спорка көрүҥнэригэр кыайыылаахтарынан буоллулар. Үлэ дьоно күрэхтэһэллэрин көрдөххө, спорт таһыма үрдээн иһэрэ ырылыччы көстөр.
Источник: Уйбаан УЙГУУРАП, ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1381 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 17 Ыалдьыттар (гостей): 17 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|