Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Балаҕан ыйа » 10 » Кынаачайап Бµ³тµргэ Арамаан Дьөгүөрэп
Кынаачайап Бµ³тµргэ Арамаан Дьөгүөрэп
17:09
Кынаачайап Бµ³тµргэ  Арамаан Дьөгүөрэп
Э²сиэли хочотуттан Кынаачайап Бµ³тµр атырдьах ыйын 27 кµнµгэр «Туймаада» ха´ыакка суруйбут «Хара тыллаах суруналыыска» диэн ыстатыйатын аахтым.
Дьэ, табаарыс Кынаачайап, «¥³лээннээхтэрим аатыттан» дии-диигин бэйэ² эрэ кэлтэй таа±ы-таах бачаачайдаан илии баттаабыккын эрээри били баа´ынайдар суруктарыгар илии баттаан баран, сорохторо салалта ыган-тµµрэн, куттаан барбытыгар куобах курдук куттанан «Ыраас лиискэ илии баттаабыппыт»,--диэбиттэринии, «¥³лээннэхтэрим мэлдьэ´иэхтэрэ»,-- дии санаабыккын.

 Суруккун аа±ан баран, сорох-сорох µ³лээннээхтэри² µйэ уларыйбытын, са²а систиэмэ±э олороллорун ³йд³³н бука сэрэнэн дьааххаммыттара чуолкай. Ки´ини ким эрэ ту´атыгар хоруотуурга, сорудах ылан оло±о суох суруйарга, эмиэ ту´угар улахан хорсун буолуохха наада. Манна ба±ас «улуу» бы´ыыны к³рд³рбµккµн. ¥тµ³ бы´ыы ха´ан ба±арар хай±аныахтаах.

Санаа±ар тыл уу´ун, маанытын тутта сатаабыккын. «Былыргы саха литэрэтиирэтин са±аласпыт саха суруйааччыларын айымньыларын µ³рэппэтэх»,-- диэн сирэй-харах аспыккын. Маладьыас, дьэ бу эмиэ чахчы ки´и бы´ыыта. Кырдьык µ³рэппэтэ±им, с³бµлээн аахпытым эрэ.
То±о µ³рэтиэхпиний, мин тыл µ³рэхтээ±э буолбатахпын. Буола да сатаабата±ым, сатаабаппын да±аны. Ол эрэн «курдарыгар бы´ахтаах куруубай хааннаах, сµµрµктээх µрэх орто тардыытыгар т³р³³бµт» диэн оло²хо бухатыырдарыныы хо´уйан холбуу биир дойдулаахтарбын, олох туохха да сы´ыана, туох да буруйа суох дьону тµ´эрэн, µ³±эн кыара±ас холумтаннааххын к³рд³рбµккµн.

Мантан да к³рд³хх³, кырдьык, эн би´иги билиибит, та´ыммыт, ычабыт араа´а араа-бараа буолуохтарын с³п эбит. Ол эрээри саха тылын «дири²ник ба´ылаабыт» улуу Кынаачайапка, инникитин аны алыстаабатын курдук, бы´аарыы биэрдэхпинэ сатаныы´ы.

Туох сыалтан гражданскай сэрии геройа, культармеец Г.В.Дь³гµ³рэби, олох атын а±а уу´ун ки´итин, миэхэ хаан-уруу аймах о²оро сатааты²? Саха норуотун номо±ор киирбит Герой Дь³гµ³рэби миэхэ, «хара тыллаах» ки´иэхэ холбоо²²ун кини халы² аймахтарын оло±о суох ³´µргэппиккин.
 Чэ, буоллун. Хата Саха сиригэр улаханнык аатырбыт номоххо киирбит ки´иэхэ сы´ыары туппуту² и´ин махтал. Ал±ас ал±а´ынан, олох олоруу ыраас хонууну этэ²²э туораа´ын буолбатах, хайаан да бып-быыкаайык, кып-кыракый сыы´а-ал±ас тахсааччы. Биир бэйэм эйиигин бырастыы гынабын. Т³´³ да сыы´алаах, тиэр-маар буоллар син мээнэ суруксуттаан му²наммыккын. Тиритэ-хорута µлэлээтэ±и². Сыралаах µлэ хайаабытын да и´ин сыаналаныахтаах.
Онон бу суругу сакаастаабыт уонна т³рдµттэн сыы´а и´итиннэриилэри биэрбит дьонтон ботуччу со±ус ирдэбил о²оруу´угун. Бэчээккэ куруук тахсар дьон-сэргэ аа±ар ки´итин холуннарыы и´ин сакаасчыккыттан балачча суумманы ылыаххын с³п. Маннык оло±о суох ки´ини холуннарыы и´ин РФ ФС биэс м³лµйµ³²²э диэри ыстараап т³лµ³ххµн с³п. А±ыйах киэ´э босхо а´ыыргын булуммуккун.

Суруккуттан к³рд³хх³ ССРС са±анаа±ы состуой кэмин ыччата, саа´ыран о±о бэлэмигэр олорор пиэнсийэниэр, дьыбаан киэргэлэ о±онньор буолуоххун с³п эбит. Бэйэ² кэм²инээ±и тойотторгун, ол кэм улугуран, сытыйан хаалбыт бµтэ´ик салайааччыларын к³мµскээбиккин. Эмиэ с³пк³ гына±ын. ¥³лээннээхтэргин ³йµµрµ²--ытык эбээ´инэ´и². Чахчы хай±аллаах, улаханнык би´ирэнэр дьыала. Дьэ эрэ, ол гына сылдьан т³´³ с³пк³ суруксуттаабыт эбиккиний?
Дьалхааннаах то±ус уонус сылларыгар, кырдьык, Э²сиэлигэ µлэни-хамна´ы тэрийбит бастакы предпринимээтэл этим. Ол эрээри, ити кэрчиккэ ханнык да сокуону кэ´ии мин ³ттµбµттэн тахсыбата±а. Эн этэри² курдук биир да ки´ини сµ´µрдµбэтэ±им, ыарытыннарбата±ым, эн этэргин туо´улуур ханнык да докумуон медиктэртэн да, быраабы харыстыыр уоганнартан да кµн бµгµнµгэр диэри суох. Суутунан ол олоччу дакаастаммыта. ¥лэ´иттэрбин ха´ан да ата±астаабата±ым.
Миигин «кыптыыйтан ыараханы к³т³хп³т³х ки´и» дииргиттэн сылыктаатахха, µлэ-хамнас диэни б³рµкµ билээхтээбэт, дьон кэннигэр с³рµ³стэ сылдьыбыт ки´и буолуоххун с³п эбит. Балыксыт балыксыты ыраахтан билэр дииллэрэ кырдьык буолла±ына, итинник онно суох тыллары са²арыа суохтаах эти². Хата, истэн µ³р, Танда±а от-мас µлэтигэр, болуотунньуктаа´ы²²а, сµгµµгэ-к³т³±µµгэ Арамааны кытары тэ²²э тарды´ар дьону к³рд³³бµтµ² буоллар, араа´а, бэрт улахан эрэйи к³р³рµ² хаалбыт.
Кырдьыга да харыбыт кµµ´µнэн µлэлээн айахпытын ииттэн олорор µрэх ба´ын дьоно эйиигин чахчы ба´ыйарбыт чуолкай. Тыа сирин олохтоо±о буоллаххына, ону бэйэ² да чуолкай билэр буолуохтааххын. Миигин били²²и курдук тренер анал дьарыга буолбакка, хара µлэ эриирэ к³²µл тустууга ССРС спордун маастарын та´ымыгар та´аарбыта. Ки´ини а´ара сэнээбиккиттэн, сиилээбиккиттэн сылыктаатахха, ханнык эрэ чыыннаах-хааннаах дьо²²о бэрт буолан, к³мµскэллээх курдук сананан, а´ара чабыламмыккын, ³йд³³±µмсµйбµккµн.

Табаарыс Кынаачайап, дьэ итинник ыстырыыс а²ардаах ыстатыйа±ынан улахан кыа±а суоххун к³рд³рбµккµн. Т³´³ да киэ´ээ а´ыырдаах буолларгын остуоруйа курдук уйгу олоххо олорордуу сананар эбиккин. Чэ, туох буолуой, сирэйинэн эттэххэ эн са±а ки´иргэстэри, сымыйаччылары, сирэй к³рб³хт³рµ к³р³н-к³р³н, истэн-истэн кэлбит ки´ибин.

£р³спµµбµлµкэ±э кµн бµгµн сµрдээх µрдµк уонна эппиэтинэстээх дуо´унастаах Суркуоп £л³кс³³ндµр айма±а эбит диэн со´уйбуккун. Манна, кырдьык, кыыма баар. Ол эрээри быраатын ³й³³б³т³ диэн то±о эрэ син биирдэ с³пк³ со±ус сонньуйбуккун. Кырдьык, этэри² олохтоох, хаан-уруу аймахпын ³й³³б³т халы-мааргы ки´и эбиппин. Табаарыс Бµ³тµр Кынаачайап, дьэ чахчы малальыаскын да маладьыаскын. £й уга сатаабыккар махтал.
Ол эрээри кµлµмµрдэс солотуулаах µрдµк дуо´унаска на´аа сµгµрµйбэккэ, хаптаннаабакка, ньыла²наабакка тула±ын ³йд³³н к³р эрэ. То±о Саха сирин нэ´илиэктэрин ахсын µлэтэ-хамна´а суохтар µксээтилэр? Нэ´илиэктэргэ саха ки´итин а²аара тото-хана а´аабат умна´ыт тэ²э олорор. То±о эдэр ыччаппыт арыгыга, наркотикка ылларарый? Дьокуускай куоракка иллэрээ сыл МВД биллэрбитинэн тыаттан киирбит 500 эдэр дьоннор БОМЖ буолбуттар. Сура±ынан онтон а²аардарын кэри²э кы´ын то²он уонна араас ыарыылартан ³лбµт курдук. Арыгыттан сылга 500 саха суорума суолланар диэн кэпсээн эмиэ баар. Маныаха кырдьан, ыалдьан ³лµµнµ эбэн кэбис.

Табаарыс Кынаачайап, Ил Тµмэн испиикэрэ Суркуоп маннык тµгэ²²э дьонун быы´ыыр-абырыыр с³пт³³х сокуону то±о ылыннарбатый диэн миигин сирэй-харах аспыты² буоллар, этэри² курдук, кинини эккирэтэ сылдьан лиэнтэ быстара сатыыргынаа±ар быдан ордуга хаалла±а. То±о кэлии дьон би´иги т³р³³бµт т³рµт сирбитигэр на´аа айбардаатылар? Кэлиилэри µµннµµр-тэ´иинниир, бэрээдэктиир сокуоннар то±о о²о´уллубаттарый?

То±о олохтоох дьон куоратынан, тыанан умна´ыттыыллар диэн Арамаан быраата Суркуобу сэмэлээбити² буоллар сиэрдээх бы´ыы буолара хаалла±а. Бырааппын Суркуобу «аан дойду сайдыылаах судаарыстыбалара Арассыыйаны утары биллэрбит санкцияларын утары дьонун-сэргэтин быы´ыыр ту´угар ханнык экономическэй дьа´аллары, сокуоннары ылынна?» диэбити² буоллар даа. Оо, дьэ, табаарыс Кынаачайап чуут-чуут сыы´а дайбаабыккын.
Тула±ын ³йд³³н-дьµµллээн к³р³±µн дуо? Бµгµ²²µ кµн политикатын ис ³рµтµн, ³йд³³ сатаа эрэ. Баллайар ба´аам баайдаах дойдуга то±о маннык кырыымчык олохтоохпутуй? Ким дьа´айарый? Ким хайдах салайарый? Тугу туруорсуохха с³бµй?

Ээ, эн итинниккэ кымаардаан да к³рб³т Кынаачайапкын. Тиийиммэт-тµгэммэт олохпутунан киэн туттан тугу да истибэт таас дьµлэй, тугу да к³рб³т им балай, сайдыыга, би´иги инники ыччаппыт кэскилигэр чооруос тумсун са±а ту´алаа±ы ³йд³³н о²орбот хайдах итинник отой халы-мааргы буолуохха с³бµй?!
Атырдьах ыйын 5 кµнµттэн 20 кµнµгэр диэри ыытыллыбыт РФ Генеральнай борокуратуурата СР борокуратууратын бэрэбиэркэлээбит ыспыраапкалара интернети, батсаабы толордулар. Ону
хараххын арыйан кыратык эмэтик кылатан аах эрэ. Онно Саха сирин борокуратууратын хоруупсуйаны утары охсу´ууга отдела ханнык да µлэни ыыппата±ын ту´унан сурулла сылдьар.
Бу хоруупсуйа отдела то±о µлэлээбэтэ? Олус элбэх холуобунай дьыала тэриллиэхтээ±э сокуоннайа суох аккаастаммыт диэбиттэр. Биллэн турар, охсу´ан молоорутуу, тµннµгµ алдьатыы, суотабайы уоруу, халаа´ын, кµµ´µлээ´ин, ³л³рµµ эрэ курдук буруйдар арыллан, буруйдаахтар накаастаммыттара чуолкай.
 Ити µ³´ээ этиллибит оло±о, сокуоннайа суох аккаастаммыт олус элбэх холуобунай дьыалаларга биллэн турар кыра да, улахан да сууммалаах бµтсµ³т µбµн сойботуу, бµтсµ³тµ о²орор тэрилтэлэри сокуоннайа суох атыылаа´ын курдук дьыалалар дэлэччи баар буолуохтарын с³п. Ол и´игэр РФ-тан кэлбит харчы сыалынан ту´аныллыбатах тµгэннэрэ эмиэ баар буолуохтарын с³п.

Табаарыс Кынаачайап, Арамаан а´ара халытан эрэр диэ² да буоллар, Дьокуускайга хаарбах дьиэлэри к³тµрэн тутууга Россия бµтсµ³тµттэн кэлбит харчыга тутуллубут 403 квартираны Е.А.Борисов анал уураа±ынан чиновниктарга тµ²эппит курдук. Ол оннугар Дьокуускайга дьиэлэрэ умайбыт дьон баччаа²²а диэри бас билэр олорор дьиэтэ суох сылдьаллар. То±о эрэ бу дьыала±а Саха Республикатын Силиэстийэлиир Кэмитиэтэ баччаа²²а диэри Е.А.Борисовы холуобунай эппиэккэ тарда илик.

Ааспыт Ил Дархан быыбарыгар би´иги Барыы´аппыт бары админстративнай ресурсаларынан быыбардааччыларын бардыр±аччы куттаан, а²аар кырыы кылыбыраччы атыыла´ан, то±о эрэ а´ара элбэх ки´ини эрдэ сокуоннайа суох куоластатан Арассыыйа быыбарга аналлаах сокуонун сааскы чалбах уутунуу чаллыр±аччы кэспитин ту´унан сайабылыанньалар кµн бµгµнµгэр диэри ту´ааннаах уорганнарга дакаастана, суукка к³рµллэ сылдьаллар.

 Ол оннугар буруйдара дакаастамматах дьону хаайыы, Е.А.Борисовы утары куоластаабыт дьону µлэриттэн устуу маассабайдык та±ыстылар. Арамаан быраата Суркуоп бу кыыл барбыт хоруупсуйаны утары баар сокуоннары то±о µлэлэппэтэ, хонтуруоллаабата диэбити² буоллар, дьэ, чахчы с³пт³³х этии буолуо этэ. Итиннэ, кырдьыгы билэ-билэ кытыытынан кыйа хаама сылдьар кылбаа мааны Кынаачайап табаарыс, с³бµлэ´эр инигин?

Кырдьык ха´ан ба±арар кырдьыгынан сирэйгэ этиллиэхтээх, µрµ²µ µрµ², хараны хара дэниллиэхтээх. Олохпут туох баар итэ±э´э-бы´а±а´а тутатына кэпсэниллиэхтээх, ырытыллыахтаах, кистэнэ сылдьыа суохтаах. Оччо±уна эрэ сайдыахпыт. Эн курдук барытын µчµгэй, салайааччыларбыт туох да сыы´алара, ал±астара суох диэн арбыы, айхаллыы сырыттахпытына, µтµ³ олоххо ха´ан тиийиэхпитий?!

Аны быйыл, Кэбээйигэ учууталлар атырдьах ыйдаа±ы мунньахтарын кэнниттэн, оскуола директордарын, детсаат сэбиэдиссэйдэрин олоччу µлэлэриттэн устуталаан кэбиспиттэр. Бу сыл атырдьах ыйын 28 кµнµгэр, бээтинсэ±э, ити ту´унан РФ соцпрофсоюзтарын Саха сиринээ±и филиалын бэрэссэдээтэлэ Д. Д. Иванов аатыгар у´уллубут оскуола директордара сайабылыанньа суруйалларыгар батсаапка и´итиннэрии тахсыбыта.

Ону тута, н³²µ³ кµн, Кэбээйи улуу´угар субуота±а, а.э. сынньала² кµн, у´уллубут директордары, детсаат сэбиэдиссэйдэрин - 43 ки´ини - µлэлэригэр биирдии сылга дуогабар тµ´эристилэр. То±о ба±ас тµргэнэй?! То±о биирдии эрэ сылга? Ама Кэбээйигэ µс, биэс сылга дуогабарда´ан систиэмэлээхтик, аймньылаахтык µлэлиир кыахтаах биир эмит оскуола директорын Кэбээйи салалтата кыайан булбата дуо? Дьыала ис дьи²э иитэр-µ³рэтэр µлэ±э улахан суолта бэриллибэтин к³рд³рд³. Бу аата э´иилги РФ Судаарыстыбаннай дууматын быыбарыгар анаан республика интеллигенциятыгар баттыыр, ыгар, куттуур кµµстэрин к³рд³рдµлэр.

Едиинэйгэ куоластаан, хоруупсуйаны б³±³рг³ппµт ки´и µлэтигэр хаалар. Атыттар, хайа да бэйэлээх µрдµк та´ымнаах учуутал буоллуннар, сойуола´ыыга тµбэ´эр кутталлара суо´уур. Итини атын оскуола директордарыгар дьэ µчµгэйдик ³йд³ппµттэр.

Исписэлии´и идэтинэн, билиитинэн к³р³н сыаналаа´ын, анаа´ын би´иэхэ отой суох. Бу - Единэй Россия политическай партия интеллигенцияны куттаан куолас хомуйар алба´а. Аны µлэтэ суохтары быыбар кµн дьиэлэринэн кэрийэ сылдьан куоластатан баран, манньатын арыгы биэриэхтэрэ. Ити албас хайы-µйэ боруобалаа´ыны этэ²²э ааспыта ыраатта. Эдиинэйдэр барахсаттар ити албастарын салгыы ту´аныахтара турда±а.

Дьэ, Бµ³тµр Кынаачайап, салалтабыт интеллигенцияны маннык тэпсэр бы´ыыларын хайдах сыаналыыгын? Эмиэ к³р³-к³р³ к³рб³т³±³ буола±ын дуу? Арамаан курдук кириитикэлиир сатамааа-а-ат, хара тыллаах ки´и эрэ кириитикэлиир диигин дуу? Итинник бы´ыылары µчµгэй ки´и билэ-билэ билбэтэ±э буолан наар µчµгэээ-э-эй диэн айахтатан, тойотторго чээкэ буолан чиэскэ-бочуокка, бириэмийэ±э тиксэр буолла±а.

Дьэ киитэрэй да киитэрэй ньыма буолбат дуо, табаарыс Кынаачайап? Оо, олус да боростуой ³йд³³х ки´игин! Итэ±эстэри, кы´ал±алары к³р³-к³р³ дьэ µчµгэй олоххо олоробут диэн µ³рэбит-к³т³бµт… Бу Кынаачайап тойоттору албынныыр алба´а буолла±а.

Кэлин сылларга Ил Дархаммыт боростуой норуот араас кы´ал±аларын туоратан республиканы сайыннарыыга кµµскэ тиритэ-хорута к³рд³рµµлээхтик µлэлээбэккэ, кэлтэй политиканан эрэ дьарыктанара т³´³ с³пт³³±µй, табаарыс Кынаачайап? Ки´и ал±а´ын, сыы´атын бэйэтэ к³нн³рµнэр.
Салалта ал±а´ын, сыыстарбытын бэйэтэ к³нн³рµммэт буолла±ына, ону а´а±астык сирэйгэ бэйэтигэр этэн эн к³нн³рµ³хтээх эти². Оннугу эн дуостал ылыммат най ки´и эбиккин. Мин эн ити мааргы майгыгын к³нн³р³р кыа±ым суох. Онон собус соруйан «маладьыаскын» диэн хай±аабыта буолабын.
Баччаа²²а диэри, эмиэ эн курдук состуой кэмин ки´итэ, Ил Дархаммыт дьиикэй ырыынак кэмигэр баа´ынайдарын сатаан дьа´айбакка тыа ха´аайыстыбатын µлэтин-хамна´ын ы´ан баран, тыа туруу µлэ´ит дьонун намы´ах та´ымнаахтарынан, сµрэ±э суохтарынан ааттаан тиэр-маар туойа сылдьарын, дуо´уна´ынан ту´анан олохтоох ба´ылыктары н³²µ³ баа´ынайдарга бардамныырын, ыгарын-тµµрэрин к³р³-билэ, истэ сылдьабыт. Аны суука±а а±ыйах чаас утуйан µлэ µ³´µгэр сылдьар баа´ынайдарын тµµрэйдииргэ сананна.

То±о эрэ К.С. Макаарабы интернетинэн то±ус к³л³´µнµн то±он ылбыт субсидияларын аахтаран µ³хтэрэ сатаабыт. Бу сайы²²ы киниэхэ сирэй аадырыстаммыт баа´ынайдар а´а±ас суруктарын бол±омтотугар ылан, республика салайааччытын бы´ыытынан µрдµк та´ымнаахтык эппиэттиирин оннугар бэчээт маассабай к³рµ²нэринэн тугу айдаардыбытын ³йдµµр инигин, албынныыр ньымалаах кырдьыгы кыйа хаамар албастаах кылбаа мааны Кынаачайап?

Ил Дархан тыа ха´аайыстыбатын бµтэ´иктээхтик э´эр бырайыагын тыа сирин кэрийэ сылдьан кµµ´µнэн хам баттаан дьону с³бµлэ´иннэрэ сылдьарын хайдах сыаналыыгын? Эмиэ хайгыыгын дуо? Эбэтэр билэ-билэ билбэтэ±э буола±ын дуу? Эмиэ хараны µрµ² диигин дуо?

Инньэ диэн сыы´абытын, итэ±эспитин кистии, саба сырыттахпытына ха´ан, хайдах сайдабыт? Оччотугар ыччаттарбыт кэскиллэрэ кэхтэр. Ыччаккын, т³р³³бµт саха² норуотун аанньа ахтыбат, сэниир, ыгар-тµµрэр, талбытынан ата±астыыр ки´ини к³р³н туран туох буолан к³мµскэ´э±ин µчµгэйи эрэ µ³тэр Кынаачайап?
Бу кµннэргэ ыытыллар нэ´илиэктэр быыбардарынан сибээстээн Ил Дархаммыт улуустарга к³стµµлээх µлэни бэйэтинэн кэрийэ сылдьан ыытан эрэр. Ити кини Едиинэй Россия партиятыттан элбэх ки´ини быыбарга а´аран норуотугар аптарытыаттаах аатыран хоруупсуйатын кµµ´µн ³сс³ кµµскэ б³±³рг³т³р сыала-соруга. Онно бэлэмнэнэн тыа дьонун интэриэ´ин к³мµскµ³хтээх аграрнай партияны хайдах курдук сорунан туран ыспытын умунну² дуо?

 Ити курдук сайын, кµ´µн буолла да кэли²²и сылларга Ил Дархаммыт быыбардарынан дьарыктанан µлэтин-хамна´ын та´ыччы умунна. Мин со´уйуом суо±а ити кэнниттэн Ил Тµмэ²²э кэлэн Единэй Россия фракциятын куоластатан Мэ²э-Ха²аласка тутуллуохтаах газо-химическэй собуоту «ураа» ха´ыытаппытынан тутулларын к³²µллµµр сокуоннай кµµ´µн ылларыа турда±а. Оччо±о отучча сылынан сир µрдµгэр саха норуота имири эстэн суох буолуон с³п.
Россия президенэ В.В.Путин хоруупсуйаны утары кµµскэ охсу´абын диэтэ. То±о эрэ Саха республикатыгар ³т³рµнэн буолбатах олус улахан бэрэбиэркэни ыытта. Аны бу бэрэбиэркэ тµмµгэ бука бары билэрбит курдук быстар м³лт³х. Онон Ил Дархаммытыгар уйатыгар уу киирэн эрэрэ к³ст³р.

 Ол да и´ин кини билигин ³л³рµнэн м³хс³н, сµµрэн к³т³н Эдиинэй Арассыыйа паартыйа ту´угар кы´аллан хоруупсуйатын ха´аа²²ытаа±ар да кµµ´µрдэр алба´ын оонньото сылдьар. Ол дьон, норуот к³нµл быыбардыыр конституционнай бырааптарын кэ´ии курдук к³ст³р.
 Дьэ, саха суруйааччыларын айымньыларын сити´иилээхтик µ³рэппит, олох араас очурун-чочурун тэ²нээн к³р³р, ырытар кыахтаах Кынаачайап кы´аллан туран манныктары хайдах сыаналыыргын этэри² буоллар.

Вести, Россия 24, ОРТ ханаалларынан атырдьах ыйын 21 кµнµгэр Ил Дархан Россия президенэ В.В.Путинныын к³рсµ´µµтµн к³рбµт буолуохтааххын. В.Путин бу былааннаммыт к³рсµ´µµтµгэр то±о эрэ би´иги ки´ибитин кытары миннээн-оттоон республика и´игэр олох-дьа´ах, µлэ-хамнас кы´ал±аларын ырытан киэ²ник кэпсэппэтэ. Кэлин и´иллибит сымыйа дуу, кырдьык дуу сура±ынан Е.А.Борисов В.В.Путины кытары ³сс³ чаас а²аара эбии кэпсэппит диэн буолла. Атын губернатордары кытары сыалай биир, икки чаа´ы бы´а республикаларын кы´ал±атын ырытар эбит буолла±ына би´иги Ил Дархаммытын кытары баара суо±а тµ³рт мµнµµтэ отут с³кµµндэ онтон чахчы буолла±ына чаас а²аара кэпсэттэ.

Бу аан дойдуга саамай баай сир баайдаах буолан баран, би´иги курдук кы´ал±алаахтык, ыарахан бала´ыанньа±а олорор а±ыйах ахсааннаах нэ´илиэнньэлээх республика±а чахчы ки´ини дьиксиннэрэр тµгэн.
То±о эрэ ол к³рсµ´µµ кэнниттэн Россия президенэ В.В.Путин РФ генеральнай борокуруорун бастакы солбуйааччы Пономарев салайааччылаах хамыы´ыйа ыытан Арассыыйа±а ханнык да регионнарга суох сокуоннары хонтуруоллаа´ы²²а, толотторууга ынырыктаах элбэх кэ´иилэри-итэ±эстэри буллаттарда уонна то±о эрэ би´иги Ил Дархаммытын кытары к³рсµ´µµтµн бу бэрэбиэркэ тµмµктэммитин кэннэ бэрт кылгастык телевизорга к³рд³рдµлэр.
 Табаарыс Бµ³тµр Кынаачайап дьиэ б³±³, дьыбаан киэргэлэ буолбут Дь³гµ³рэби ыыстаан ыатарыа² кэриэтэ тылы² уу´ун, кµµ´µн ту´анан норуот оло±ун тупсарыыга маннык боппуруостарынан дьарыктаммыты² буоллар бастакынан эйиигин эстэн сыккырыыр тыына олорор норуот улаханнык хайгыа, астыныа этэ.
Нам²а дьалхааннаах то±ус уонус сылларга систиэмэ уларыйыытыгар оччолорго да дьон тута ³йдµµ охсубаккка мин к³²µл ырыынакка киирбиппин тарбахха баттанар ахсааннаах дьонтон ураты ³йд³³ччµ суо±а.

Ити эн оло±о суох холуннаран этэрин курдук, мин босхо тыраахтарга, бэлэм харчыны ким да миэхэ ууран, туруоран биэрбэтэ±э. Ол эрээри µбµ-харчыны с³бµнэн хаамтаран лицензиялаах судаарыстыбаннай сертификаттаах (паленай дьааттаах арыгыттан ордук ини) арайаал испиир эрэ буолуо дуо, сыбаачыкаттан са±алаан тыраахтарга, массыына±а тиийэ араас омук табаардарын республика улуустарыгар биир бастакынан бастакы к³мпµµтэрдэри, омук телевизордарын о.д.а. булан а±алан ма±а´ыынарбынан Намнары хааччыйан, чаа´ынай баан арынан, кус-хаас, ынах сµ³´µ, сылгы ииттэн тыа ки´итин сиэринэн эргитэн урбатан µлэлээн испитим.

Оччолорго харчыга хара²арбаккабын быыкаа µппµттэн ордорон ыччаттары спортка к³±µлээн Нам улуу´угар ыытыллар элбэх спортивнай, култуурунай тэрээ´иннэргэ нэдиэлэ аайы сµрэ±им ба±атынан спонсордыырым, к³м³л³´³рµм. ¥³лээннээхтэрбэр Нам улуу´ун бастакы ССРС спордун маастардарыгар бэйэм µлэлээн булбут µппµнэн-аспынан к³±µлээн анал бириистэри олохтообутум. Субуота ³р³бµл аайы Нам басты² мааны дьонугар араас юбилейдарыгар, сыбаайбаларыгар сыаналаах бэлэхтээх мааны ыалдьыт буоларым.

Аны чаа´ынай кэммиэрчэскэй бааны арыйыыга кылаабынай учредитель буолуум сыала-соруга Нам баа´ынайдарын чэпчэки быры´ыаннаах кирэдьиитинэн ³йµµр былааннаа±ым. Ол и´ин уопсай дьыала ту´атыгар бэйэм µлэни-хамна´ы тэрийэн булбут чаа´ынай бас билэр
харчыбыттан баа²²а балачча улахан чаа´ын сиэртибэ укпутум. 2007 сыллаахха µµт-µкчµ итинник идеянан Россия президенэ В.В.Путин тыа ха´аайыстыбатын сайыннарыы приоритетнай программатыгар киллэрэн Россия территориятын µрдµнэн µлэлиир РФ тыатын ха´аайыстыбатын µлэ´иттэрин ³й³³´µ²²э «Россельхозбанк»,-- диэни тэрийбитэ.

Хата итини Энсиэли хочотуттан т³р³³н тахсыбыт идея,-- диэн киэн туттаргыт оннугар, туох да онно суох буруйдаа´ы²²а оло±уран, кылаабынай банкиргытын харахтарын аалларбыт улуус µрдµк сололоохторо хаайтаран чап гыннаран кэбиспиттэрэ. Достоевскай манныгы эттэ±э «Простота хуже воровства»,--диэн.
Ити аата µбµ-харчыны µлэ-хамнас тэрээ´инигэр с³птµк ту´аныыга оччолорго с³пт³³х бырайыактары о²орбуппун ордугур±аан хара санаалаахтар миигин хаайтаран, ата±астаан ыал устун ыытан кэтэх санааларын ситиспиттэрэ.

Аны онтон кыбыстыбакка, кµн бµгµнµгэр диэри улууска µгµс µтµ³нµ о²орбутум, ырыынакка µлэлииргэ µлэ басты² ньымаларын к³рд³рбµтµм манньатын баччаа²²а диэри миигин быдьардык µ³±э, холуннара сылдьар эбиккит. ¥лэлээн му²нанан муспут баайбын, харчыбын кµдэ²²э к³тµппµккµт. Ол и´ин саамай с³пк³ РФ Федеральнай сокуонугар оло±уран миэхэ суутунан моральнай хоромньуну т³л³³бµттэрэ.

Оччолорго бµгµ²²µ кµннээ±эр быдан кµµстээх инфляция бара турара. Бааннар уонна предпритнимателлэр кµ³х т³л³нµнэн умайаллара. £йд³н³р биричиинэнэн мин оччотоо±у а´ара уустук кэм²э с³пт³³хтµк µлэлиир, сайдар бырайыагы толкуйдаан дьо²²о-сэргэгэ ту´алаах дьыаланан дьарыктанан истэхпинэ, а±ыс атыыр айдааны тардан, эбиитин хос аат и²эрэн туран хам баттаабыттара.

 Ону-маны кэскиллээ±и ырытан толкуйдуур дьон эбиттэрэ буоллар ырыынакка бастакынан сити´иилээхтик µлэлээбит уоппуппун туо´ула´ан, ыйытала´ан ордук бµгµ²²µ курдук ыарахан бала´ыанньа±а µлэтэ µбэ суох ыччаттарга басты² бырайыактары о²орууга сµбэ-ама о²остон тыа дьонун оло±ун тупсарыыга ту´аналларын оннугар ити баччаа²²а диэри былаас µлэтин итэ±э´ин-бы´а±а´ын кирииткэлиир дьону сойуола´ыннарыынан хоруотаа´ыннарынан дьарыктаналлар.
 Кириитикэни кыйа хаамар кы´ыылаах Бµ³тµр Кынаачайап, ааспыт улугурбут систиэмэ дьоно итини баччаа²²а диэри ³й³³б³ккµт дьэ дьикти!
Сэбиэскэй сойуус наар былаа´ы, партияны, Сталины хай±аттаран, арбаттаран тахсара. Былаас итэ±э´ин этэр дьону с³бµлээбэккэ «Норуот ³ст³³±³» ³л³тт³р³р³, а´ыммыта буолан хаайыылаах о²орон буор босхо µлэлэтэрэ.

Ити µ³´ээ кэпсээбитим курдук, сокуон мин ³ттµбэр буолбута. Ол эккирэтиспит солотуулаах мааны дьоммут сорохторо кутталларыттан бу орто дойдуттан ³л³н о²орбут хара дьыалаларыттан быы´аммыттарын умнубуккут дуу? Мин бюджеттан биир да солкуобайы туора хаамтарбата±ым. ¥лэ тэрээ´инигэр сыы´аны ал±а´ы о²орбото±ум сокуонунан дакаастаммыта.

Дьон кэпсииринэн Нам улуу´ун нэ´илиэктэригэр билигин кырата 40 быры´ыан тµ³рт уонугар диэри ахтыыбынай оло±унан µлэни-хамна´ы тэринэн олоруохтаах эдэр дьон, былаас ³ттµттэн ханнык да с³пт³³х ³йд³тµµ, ³й³бµл суо±уттан, тугу да гыммакка эн миигин этэрин курдук хаамаайылыы сылдьаллар.

 Оннук дьиикэй ырыынак ирдэбиллэрин билбэт буолан у´улуччу ыарахан оло±у саха сирин тыатын сирин олохтоохторугар а±албыт ССРС систиэмэтин сытыйбыт, улугурбут бэрэстэбиитэлэ Е.А.Борисовы к³мµскээн оруо-ма´ы ортотунан була сатыы-сатыы ону-маны суруйбута буола±ын табаарыс Кынаачайап.
Ити кµн судаар Е.А.Борисовы² курдук баччаа²²а диэри у´укта илик эбиккин. Билигин кыратык эмэтик хараххын арыйан тула±ын кылатан к³р эрэ. Хас муннук аайы µµт µкчµ ол урут мин са±алаабытым, э´иги олоххутун тупсарарга анаан тэрийбитим курдук чаа´ынай ма±а´ыын, бааннар, массыына тыраахтар атыыта б³±³ буолла. Барыта чаа´ынай. Чаа´ынай бас билии кµннээн кµ³нэхтээн турар.

 Са²а µйэ, са²а систиэмэ чаа´ынай бас билии µйэтэ кэлбитин баччаа²²а диэри ³йдµµ иликкин с³хтµм. До±оор итинник уларыйыы буолбута оруобуна µйэ чиэппэрэ буолла. Оччолорго миигин хаайа сатаабыттарын курдук билигин норуот оло±о тупсарын, сайдарын и´ин то±ус к³л³´µннэрин то±он, утуйар ууларын умнан µлэлии сылдьар ити дьоннору, мин биир идэлээхтэрбин, к³²µл
ырыынак ³рк³н ³йд³³х, сайдыылаах дьонун ордугур±аама², µµйэ-хаайа сатаама². Кинилэр кµнµ
стэри-тµµннэри сµµрэн олус ыарахан уонна норуокка а´ара ту´алаах µлэнэн дьарыктана сылдьаллар. Кинилэр Э²сиэли хочотун са²алыы тыыннаан айа-тута сылдьар били²²и кэм басты² дьоно.
Ол мин салалта итэ±э´ин-бы´а±а´ын са²арыа суохтаах этим дуо? Итэ±э´и бы´а±а´ы этиттэрбэт, ону ³йд³³н, дьµµллээн истибэт, µлэтигэр кы´аммат салалта µйэтэ у´аабат. К³р³³р истээр да±аны. Са²а кэм кэллэ. Салалта±а эдэр ыччат тахсыахтаах. Ол олох сокуона. Би´иги тиэргэммит, би´иги республикабыт сайдыыта Арассыыйа уопсай сайдыытыгар сµ²кэн суолталаах. Ол и´ин мин салалтабыт м³лт³³бµтµн ³йд³т³ сатыыбын. Ону эн, Кынаачайап, хайдах туму´урдуоххунуй? Ол бэйэтин бадараанын хайгыыр, ки´иргэнэр ч³кч³²³ эрэйдээ±и а´ына саныыбын. Эн ки´и эрэ буолларгын утуйа сытыма, улугуран бµт. А´ара баран эттэххэ бµтµн аан дойду уларыйаары турар дии. Кыара±ас холумта²²ыттан ырааппатах ыырдаах, кэмчи кэрэхсэллээх Кынаачайап барахсан!

Бµ³тµр Кынаачайап, кµµтэбин бу аан дойдуну тутан олорор дьиикэй ырыынак систиэмэтигэр µс µллэр µ³стээх Энсилгэннээх Элиэнэ эбэ хотун ³² буордаах кэрэ хочотугар, саха ки´итин оло±ун сайыннарыыга µрдµк та´ымнаах оло±у чэпчэтэр, са²алыы тыын киллэрэр этиилэри киллэрэргин.
Билигин эн этиилэргин олоххо киллэриигэ Российскай Федерация Федеральнай Сокуонугар онуоха с³пт³³х сокуоннар РФ Судаарыстыбаннай дууматынан ылыллан бэлэм тураллар. Дьэ, кытаат табаарыс Кынаачайап онно с³п тµбэ´иннэрэн кыахтаах со±устук µчµгэй бырайыактарда этэн ньиргит эрэ.

Эбэтэр баа´ынайдар ассоциацияларын президенэ В.Н.Ефремов курдук сытыйбыт салалта уонна норуот икки ардыгар дала´а буоллум, диэн билинэн ким кикпитин этэн биэрэрин ордуга дуу? Эппэтэххинэ да±аны бу Эдиинэй Арассыыйа партия быыбарын ыытар политтехнологтара кигэн суруттарбыттарын бµтэйдии сэрэйиэххэ эрэ с³п.

Арамаан Дь³гµ³рэп.
 
 
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1643 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 95
Ыалдьыттар (гостей): 95
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024