Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Балаҕан ыйа » 26 » Дмитрий ШАДРИН: “ШАНДОР” буолан бүтэбин
Дмитрий ШАДРИН: “ШАНДОР” буолан бүтэбин
15:33

Дмитрий ШАДРИН: “ШАНДОР” буолан бүтэбин

Дмитрий ШАДРИН: “ШАНДОР” буолан бүтэбин
Бэҕэһээ – Шандор, бүгүн – Дмитрий Васильевич Шадрин. Саха киинэтигэр тутаах киһи, “Сахафильм” хамнаанньа дириэктэрэ. “Интервьюну аан бастаан сахалыы хаһыакка биэрэбин”, — диэбитигэр, биһиги үөрүүнү кытта ааҕааччылар ыйытыыларын “кыбыммытынан”, саҥа дириэктэргэ тиийдибит. Дмитрий саҥа хоһугар бүгүн бастакытын үлэлии кэлбит. Мин киирбиппэр, үлэһиттэрин кытта мунньахтаан бүппүт этэ.

Былаан элбэх

— Дмитрий, улахан эппиэтинэстээх үлэҕэ анаммыккынан эҕэрдэлиибин! Саха сиригэр соҕотох судаарыс­тыбаннай киинэ хампаанньатын үлэтин укулаатыгар туох уларытыылары киллэрэр былааннааххыный?
— Тута этэбин, бу саҥа тэрилтэ буолбатах. 1992 сыллаахтан үлэлии турар. Степан Сивцев улахан үлэни ыыппыт. Билигин саҥа таһымҥа тахсыахтаахпыт. Баар баайы – тиэхиньикэни, кыаҕы хаҥатан, өссө элбэх киинэ устуохтаахпыт. Бэйэм оҥорон таһаарар киһибин. “ДетСАТ”-ка үлэлээбитим тухары, уон биэс киинэлээхпин. “Сахафильмҥа” даҕаны саҥа киһи буолбатахпын. Манна үлэлии сылдьыбытым, электриккэ тиийэ барыларын билэбин. Кыттыгас айымньылардаахпыт — “Дьикти саас” итиэннэ профессор Георгий Башарин туһунан “Завещание” диэн документальнай киинэ устубуппут.
Былаан муҥура суох элбэх. Чааһынай студиялары — “энтузиастар хамаандаларын” мунньан, “Сахафильмы” улахан продюсерскай киин оҥоруохтаахпыт. Билигин барыларын ыҥыран кэпсэтиэҕим уонна художественнай сэбиэт тэрийэр санаалаахпын.
“Сахафильм” улахан сыаллаах буолуохтаах. Киинэ – искусство биир чыпчаала буоллаҕа дии. Ыччаты иитиигэ, духуо­бунай сыаннастары, үгэһи тутуһууга, саха тылын, литературатын үйэтитэр туһугар үлэлиэхтээхпит. Бу – сүрүн хайысха. Билигин киинэ хас биирдии киһиэхэ тиийиэхтээх. Ол туһугар чуолаан “Саха” НКИК кытта үлэлэһэр былааннаахпын, аан бастаан “ДетСАТ”-ынан саҕалыырбытыгар улаханнык өйөөбүттэрэ. Тыа сиригэр олорор дьону сахалыы киинэнэн хааччыйыахтаахпыт. Эһиилгигэ “Музыка — барыбытыгар” ханыылаан, “Киинэ — барыбытыгар” диэн бырайыагы былаанныыбын. Сэбиэскэй саҕанааҕы курдук, нэһилиэктэргэ киинэ кулууптара тэриллиэхтээхтэр. Оҕолор киинэ көрөн, ырытыһыахтаахтар.
Төрүт үгэскэ төннүөх­тээхпит. Саха киинэтэ «бэйэтэ сирэйдээх» буолуох­таах. “Оо, бүгүн саха киинэтэ буолар” диэн билиэхтээхтэр. Ол туһугар? Литератураны тыыннааҕымсытыы наада. Уобарас баар буолуохтаах. Бастакынан уочаракка — “Тыгын Дархан” киинэ. Билигин үлэ бара турар. Улахан бырайыак олоххо киирээри сырыттаҕына, “Сахафильмҥа” кэлбитим эппиэтинэстээх. Сериал туһунан эмиэ толкуйдуохтаахпын. “Сааскы кэм” дуу, “Төлкө” дуу. Бу барыта үбү-харчыны эрэйэр, биллэн турар.
Уопсайынан, “Сахафильм” локомотив буолуохтаах. Муһуннахпытына, түмүстэхпитинэ, кыайыахпыт. Идэлээх, талааннаах уолаттар, кыргыттар бааллар. Билигин сахаҕа “кинобум” диэммит, биирдиилээн талааннарга олоҕурар. Түүр тыллаах бырааттыы норуоттарга тахсан, ырыынагы кэҥэтэр туһугар киинэбит өссө хаачыстыбалаах буолуохтаах. Саха киинэтин таһаарарбар Щепкин училищетыгар, ГИТИС-кэ бииргэ үөрэммит доҕотторум өйөбүл буолуохтаахтар. Кинилэр дойдубутугар, Казахстаҥҥа, Киргизияҕа театрдары, студиялары салайаллар. Барыта аа-дьуо кэлэн иһиэҕэ. “Сахафильм” бэйэтин тула биирдиилээн киинэ оҥорооччулары түмтэҕинэ, барытын кыайыахпыт.

«ДетСАТ»

— Дмитрий, «ДетСАТ» тутаах дьоно Алексей Егоров-Өркөн Эстрада театрыгар, эн «Сахафильмҥа» дириэктэр буоллугут. Студия салгыы үлэлиир дуо?
— Билигин “ДетСАТ” дьыл­ҕата биллибэт. “ДетСАТ” ХЭТ-и тоҕус сылы быһа биһиги Өркөннүүн салайан кэллибит. Өркөммүт Ити тухары икки хамаан­даны бэлэмнээтибит – Степан Порядин уонна Роман Дорофеев; Игорь Говоров, Прокопий Иванов уонна Гаврил Менкяров. Үчүгэйдик үлэлээтилэр. Хаһан эрэ артыыстары сүүмэрдиирбитигэр саамай талааннаахтары, чаҕылхайдары талбыппыт. Михаил Борисовтан саҕалаан уолаттар билигин “в тренде” сылдьаллар. Ону ааһан, режиссер, продюсер быһыытынан үлэлээн барбыттара. Билигин “ДетСАТ” хайдах буолар? Сабар судургу буоллаҕа дии. Студия биһиги “оҕолообут оҕобут”. Көрөөччүлэрбит киинэлэрбитин, дьоруойдарбытын күүтэллэр. Биһиги бастакы көрөөччүлэрбит оскуола оҕолоро этилэр. Ол оҕолорбут билигин улаатан, устудьуоннуу сылдьаллар. “ДетСАТ” диэн иһиттилэр даҕаны, дьон үөрэммитинэн биһигини саныыр. Кэмиэдьийэни кыайан испиппит. Дьиҥэр, саамай ыарахан жанр.
— Эн артыыс быһыытынан киинэҕэ оонньуур оруолларыҥ күлүүлээхтэр. Бу уобараһыҥ, амплуаҥ судаарыстыбаннай структура үлэһитэ буолбуккунан уларыйыа дуо? Инникитин “Витек”, “Киһиргэс Киэсэлэр” уобарастарыгар ханыылаах дьоруойдары өссө көрүөхпүт дуо?
— Мин артыыс үөрэхтээхпин. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищены, ГИТИС, ВГИК бүтэрбитим. Син биир оонньуубун. Ол гынан баран, сыанаҕа тахсарым аччыыра буолуо. Искусство киһитэ буоларым быһыытынан, айылҕа биэрбитин кистиэ суохтаахпын. Ол гынан баран, уобарастарбын толкуйдуом. “Кэскил” табаарыһа “Витек” диэн, дьиҥэр, шлакоблок уоран эрэ тахсыахтаах этэ, онтон сценарийы бэйэбит толкуйдуур буоламмыт, дьэ, кэҥээбитэ, тэнийбитэ. Итинник интэриэһинэй персонажтар киинэҕэ баар буолуохтаахтар. Амплуабын уларытабын, тоҕо диэтэххэ, миигин бу дуоһунаска анаабыттарын чиэс курдук саныыбын. Эрэллэрин түһэн биэриэ суохтаахпын. “Киһиргэс Киэсэ” уобараһынан тэйиэккэлии сылдьарым соччото суох курдук. “Сахафильм” «сирэйэ» буоллум, онон «Саха киинэтэ» диэн баран, инним эрэ диэки!
— “Махтал киһигин”, “айаббыан”, “көрдүбүт, ыллыбыт, бардыбыт” диэн кынаттаах тыллары саха киһитин күннээҕи олоҕор киллэрбит “ДетСАТ” студия ситиһиитин кистэлэҥэ тугуй?
— 2006 сыллаахха хайдах этэй? “Тропа смерти” уонна “Куот” киинэлэр тахсыбыттара. “Кэскил” киинэни устан саҕалаабыппыт. Оччолорго биир эрэ лаампалаах тахсан устарбыт. “Оо, рельсэлэммит киһи” дии санаабыппыт, рельсэ баар буолбута, онтон кыралаан сайдан испиппит. Билигин көрдөххө, тоҕус сыл устата балысханнык сайынна. Саха дьоно киинэҕэ сылдьарыгар “ДетСАТ” кылааттаах дии саныыбын. Кистэлэҥэ? Киинэлэрбитигэр арыгыны, табаҕы көрдөрбөппүт. Финала үчүгэй. Бэйэбит билбэппитинэн, оҕолор Мишабытын — “Кэскили”, “Витек” уобараһын астыммыттара. Онно тугу эрэ таптыбыт дии санаабыппыт. Көрүдьүөстэри анаан толкуйдуур этибит. Хаама сылдьан наар уобараскын толкуйдуу сылдьаҕын. Олохтон ылабыт. “Абаан” уонна “Бончуо” уобарастара (“Кэскил-2”) мин — бииргэ үөрэммит оҕолорум. Көҥүллэппитим уонна киинэҕэ киллэрбитим.

Түмүккэ…

— Кэргэниҥ Ньургуйаана Шадрина эмиэ артыыс, искусство киһитэ. Оттон оҕолоргут эһиги туйаххытын хатарыахтара дуо? Кимтэн кииннээххин?
— Мин оҕо эрдэхпинэ, “маннык буолаҕын, оннук буолаҕын” диэн эппэтэхтэрэ. Бэйэлэрэ быһаарыахтара. Арыый атын эйгэ диэки хайыһыннара, сайыннара сатыыбыт. Английскай тылы үөрэтэбит. Дьарыктаах буолалларыгар баҕарабыт. Үс оҕолоохпут. Улахан уолбут сэттискэ, кыыспыт үһүс кылааска Саха гимназиятыгар үөрэнэллэр. Кырабыт — икки ыйдаах уол.
Төхтүргэ ийэм үйэтин тухары кулууп дириэктэринэн, оҕо саадыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Соҕотоҕун атахпытыгар туруорбута. Бииргэ төрөөбүттэр бары уолаттарбыт. Олоҕум устата элбэх дьарыгы боруобалаабытым. Сыыһа-халты туттунуулар да бааллара. Сыыһаларбыттан үөрэнэн испитим. Бүгүн салайар дуоһунаска олордум. Бэҕэһээҥҥи “Шандор” буолбатахпын. Ыраас илиистэн саҕалаан үлэлиэхтээхпин. Түһэн биэриэм суоҕа дии саныыбын.
***
Надежда САМСОНОВА
http://sakhasire.ykt.ru/?p=21108.

Источник: aartyk.ru
 
Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1738 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 39
Ыалдьыттар (гостей): 39
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024