News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2015 » Алтынньы » 10 » Саха норуотугар улахан охсуу оҥоһулунна
Саха норуотугар улахан охсуу оҥоһулунна | 22:20 |
Саха норуотугар улахан охсуу оҥоһулунна
Биһиги оҕо сылдьан иһиттэхпитинэ: “Быраатым хомойуо”, “Ыалым сөбүлүө суоҕа”, “Ол киһи ылыныа суоҕа”, “Доҕоргун хомотоойоҕун”, “Туора дьон көрүө, истиэ сааттаах дьыала”, “Дьон сиргэниэ сэниэ”, “Мээнэ тыаллаахха тыллаһыма”, “Ыалгын ытыктаа” --диэн саастаах дьон эдэр дьону сэмээр бэркэ сэрэнэн дьарыйар, үөрэтэр буоллаллара. Бэйэ-бэйэлэрин икки ардыгар дириҥ убаастабылаахтык, хомотуспат гына сэрэнэн кэпсэтэллэрэ.
Бэйэ-бэйэлэригэр кыахтара баарынан көмөлөсүһэллэрэ. Түҥ былыргыттан саҕалаан аҕа ууһунан төрүттэрин ким туох дьоҕурдааҕын, удьуордааҕын сыныйан кэпсэтэллэрэ, ырыталлара. Ол курдук бэйэ-бэйэлэрин өйөһөллөрө, ытыктаһаллара, сүрдээҕин харыстаһаллара, ис сүрэхтэн кыһаналлара, истиҥ үтүө сыһыаннаахтара. Кинилэр кэпсэтэллэрин иһиттэххэ сэттэ кылааһы бүтэрбит дьон улахан үөрэхтээх, сайдыылаах дьон курдук сыаналыыллара. Оттон билигин сайдан-сайдан, үөрэхтэнэн-үөрэхтэнэн сайдыылаах дьиикэй ырыынак үйэтигэр аан дойдуга саамай элбэх сир баайдаах дойду быһыытынан биллэбит. Киһи барыта кырата орто үөрэхтээх. Үгүспүт үрдүк үөрэхтээх. Онтон да үрдүкү араас наукаҕа, спортка, культураҕа кырдьык ситиһиибит балысхан үгүс.
Ол эрээри ахсааммыт олох быстар аҕыйах. Аан дойдуга аҕыйах ахсааннаах норуоттар диэн биэс мөлүйүөнтэн аҕыйах буолла да этэр эбит буоллахтарына, биһиги бу орто дойдуга баара-суоҕа 440-480 тыһыынча эбиппит. Сайдыыбыт сүрүн төрүөтэ үөрэхтэннибит ыллыыбыт, үҥкүүлүүбүт, спортка кыайыыларбытын эридьиэстиибит. Наһаа элбэхтик бырааһынньыктыыбыт, ыһыахтыыбыт. Ону баҕас кыайа туттубут. Дьиҥэр бу барыта сөп уонна итинник буолуохтаах даҕаны. Ол эрээри үлэни-хамнаһы, олоҕу аһара умнан туран бырааһынньык аһара үксүттэн киһи дьаарханар эрэ. Аны биһиги омук итэҕэлэ суох. Айыы итэҕэлин сөргүтэ сатыыбыт да ханан эрэ өссө атын сиринэн сылдьабыт дуу,-- дэтэлиэх курдукпун. Итэҕэл уонна төрүт тыл, саха дьиҥнээх төрүт дьарыга баар буоллаҕына эрэ баар уонна аан дойдуга олохтоммут ирдэбил быһыытынан омук ахсааныгар киирсэр буолабыт.
Биһиги төрүт дьарыкпытынан буолбут саха ынаҕа эстибитин тэҥэ. Сылгыбыт суоҕун тэҥэ. Бу көрүҥүнэн дьарыктанааччы да тарбахха баттанар ахсааннаах олох аччаан иһэр. Тылбыт атын омуктар сабыдыалларынан олус киртийдэ. Биһиги ол аайы уолуйбаппыт, холкубут. Оннооҕор тоҕо эрэ тыа сиригэр төһө киһи олорор, үлэлиир тугунан дьарыктанар. Ол чуолкайа биллибэт. Бөһүөлэктэргэ быһа холуйан отут бырыһыаммыт бюджет үлэһитэ. Олор кырдьык күн бүгүн үлэлээхтэр, хамнастаахтар. Бөһүөлэккэ аҕыйах бытархай предпринимател баар. Олор табаар аҕалан атыылыыллар, дьону тиэйэллэр таһаллар. Биир эмэ сылгы, ынах иитэр бааһынай ИП баар. Онтон ураты нэһилиэнньэ аҥаара үлэтэ-хамнаһа суох пиэнсийэлээхтэр сирэйдэрин-харахтарын кэтиир умнаһыт буолла. Бу дьон ил дархаммыт этэринэн сүрэҕэ суох нищай сахалар кинилэр дьылҕатыгар, күннээҕи олохторугар ким да кыһаллыбат, кинилэр этэр тылларын истибэт наадыйбат. Олус ыарахан
турукка олох аҕыйах ахсааннаах саха, эбээн норуоттара киирдибит. Биһиги бэйэбит хос сиэннэрбит бэрт сотору ханнык эрэ атын омук тылынан: “Саха сиригэр биһиги төрүттэрбит сахалар,-- диэн ынахтаах, сылгылаах, туһунан тыллаах омук олоро сылдьыбыттар”,-- диэн кэпсэтэр туруктаннылар.
Бу санааны бигэргэтэн ылан көрүөх. Мин төрөөбүт үөскээбит түөлбэм Тандам үрэҕин баһыгар ил дархан Е.А.Борисов ийэтэ төрөөбүт 600 быыбардааччылаах Сылаҥ, диэн кыракый бөһүөлэгэ баар. Бу бөһүөлэккэ ил дархан 250 миэстэлээх таас оскуола туттарбыта. Наһаа үчүгэй хаан-уруу аймахтарыгар чахчы да кыһаннаҕа. Хайдаҕын да иһин хайҕаллаах дьыала. Бу лиҥкинэс тиит мастардаах үрэх баһа дойдуга олус, наһаа үчүгэй. Сайдыыга үрдүккэ тардыстыы туох куһаҕаннаах буолуой?
Ол эрээри бу оскуолаҕа быйыл алта эрэ оҕо үөрэнэ киирдэ. Эһиилги үөрэх сылыгар үс оҕо үөрэнэ киириэхтээх. Дьэ эрэ Эдиинэй Арассыыйа баартыйаны уруйдуур хамнас туһугар ил дархан дьолун-соргутун туһугар куоластыыр учууталлар, быраастар, култуура үлэһиттэрэ, салайааччылар норуоту сирдээн иһэр интеллигенция тыа сиригэр хас сыл хамнастанаргыт хаалла? Республикабытын ааспыт сүүрбэ биэс сылын устата олус ситиһиилээхтик салайан иһэр ил дархаммыт төһө сөпкө салайан иһэрэ мантан илэ көстөр. Маны ытыктабыллаах тыа сирин интеллигенцията биирдэ эмэ ааҕан, суоттаан көрбүккүт дуо? Тыа сиригэр тыа хаһаайыстыбата эстэн ханна да тиий хартыына биир итинник. Билигин ил дархан аны түөрт сыл олордоҕуна саха омук олорон эрэ симэлийэр турукка бүтэһиктээхтик киирдэ.
Ити курдук төрүт олохтоох бэйэтин норуоттарын эһэн кэбиһэн баран 25 сыл устата наһаа күүскэ сайынныбыт, диэн олохтоох дьоҥҥо биир да солкуобайы биэрбэт промышленность ситиһиитинэн үрдүк тырыбыынаттан, оннооҕор Арассыыйа президениттэн симиттибэккэ отчуоттуур ил дархан манна төрүт олохтоох дьонун туһунан чуолкай этиилэрэ, отчуоттара баара иһиллибэт.
Тыа сиригэр олоҕу чэлгитэр, үлэни-хамнаһы сүрүннүүр туһунан үчүгэй программа ил дархаммыт программатыгар суох. Салалтабыт сүрүн кыһалҕата сүнньүнэн салалтаны араҥаччылыыр Эдиинэй Арассыыйа быыбарга кыайарыгар эрэ үлэлиир мэккиэрдээх. Норуотун итинник улахан кыһалҕаҕа киллэрэн баран ил дархаммыт бюджеттан миллиардынан үбү бэчээт бары көрүҥэр уган баран анаан-минээн тус бэйэтин пиарданар кыһалҕатыгар түстэ. Салалта аппараатын быыбарыгар туһанаары аһара үлүннэрдэ. Билигин Дьокуускайга арааһа уонча элбэх этээстээх правительство дьиэлэрэ баар буолла быһыылаах. Бары улаханнара, хааччыллыылара, хамнастара үрдүгэ, транспордара сыаната сүрдээх. Дьэ, чахчы хааччыллыыларын көрдөххө сүрдээҕин харыстанар кыһыл кинигэҕэ киллэриллибит дьон. Ахсааннара элбэҕинэн арааһа биир кыра улууһу сабырыйаллара буолуо. ССРС саҕана биир кыра үс этээстээх дьиэҕэ КПСС обкуома бэрт аҕыйах ахсааннаах киһинэн үлэлиирэ да республиканы сүрдээх дьоһуннук салайан, үлэни-хамнаһы, дьон олоҕун сатаан тэрийэн, дьаһайан кэлбитэ.
Билигин быыбар буолла да бука бары мааны баҕайы, килэйбит-халайбыт транспорга тиэллибит тыа сириттэн төрүттээх сүрдээх мааны чыын-хаан дьон тыаҕа тоҕо сүүрдэн тахсаллар идэлэннилэр. Кинилэр эстэн иэдэйэн олорор норуотка аптарыата түһэн хаалбыт эдиинэй Арассыыйаҕа кимнээх куоластыылларын чопчулуур, быһаарар инниттэн тыаҕа олорор урууларын
аймахтарын дьэ саҥа өйдөөн көрөн “абырыыллар”. Норуот тугунан дьарыктанарыгар кыһаллар, кинилэр кыһалҕаларын быһаарар, олоҕу үлэни-хамнаһы ырытар, күөртүүр салайааччы кинилэр ортолоругар баара тоҕо эрэ иһиллибэт. Ону күннээҕи түбүкпүтүгэр оҕустаран бэйэбит даҕаны өйдөөн көрбөккө, билбэккэ да хааллыбыт. Ол түмүгэр биирдэ өйдөммүппүт туохха да кыһаммат, ээл-дээл, умнаһыт, туох да үлэтэ, дьарыга суох көлүөнэни иитэн үүннэрэн таһаардыбыт. Бу саха сиригэр төрүт олохтоох саха, эбээн, нуучча омугун иэдээнэ. Тоҕо эрэ ону көрөн туран ким да онно кыһаммат. Итинник норуот иэдээнэ буолбут темаларга ханнык да кэпсэтии баран эрэрэ үрдүкү салалтабытыгар ханна да иһиллибэт.
Манна кыһаллан тыа сиригэр үлэни-хамнаһы тэрийиэххэ,-- диэбит дьон норуот өстөөҕө буола сылдьабыт. Оннук: “Ырыынак ирдэбилинэн үлэлиэххэ”,-- диэн этэр дьон туоратылла үтүөх-батаах сылдьаллар. Биир куттал. Мантан сэдиптээн быларгы гражданскай сэрии, репрессия сылларын туһунан дьон кэпсиирин санаан кэлэбин. Оччолорго холкуос торбоһо өллөҕүнэ аҕыс айдаан, тоҕус дүрбүөн буолан буруйдаахтары көрдүүллэрэ. Эбиитин кими эрэ хаайыыга ыытан түрмэҕэ сытыталлара. Оттон киһи өллөҕүнэ: “Саас сылыйдаҕына харайыахпыт”,--диэн баран аччыктаан эстэн хаалбыт сэниэтэ суох дьон кэргэттэрин күрдьүктээх хаарга туруору анньан кэбиһэллэрэ үһү. Аата сүрүн бу сайдыылаах ырыынак кэмигэр, сир баайынан аан дойдуга саамай баай республикаҕа олорон ол кэммит эргиллэн кэллэ дуу?
Бадаҕа 2004-5 сыллартан маннык иэдээн буоларыттан дьаарханан сүрдээх мындыр дьикти дьону Уус Алдан улууһугар Н.Н.Яковлев уонна Чурапчыттан Г.Е.Николаев диэн дьоннору бэлиэтии көрбүтүм. Кинилэр арыгыһыт буолан олохторугар оҕустарбыт дьону аһынан кинилэри олоххо төнүннэрэр туһугар туох баар бу олоххо булбуттарын барытын уган туран анаан-минээн сыал-сорук туруорунан бииһирэн хаалбыт БОМЖ-ры кытары үлэлииллэрэ. Ол эрээри кинилэр олохтоох дьаһалтаттан да, правительствоттан да баччааҥҥа диэри күттүөннээх өйөбүлү ылбакка кэллилэр. Мин кинилэр үлэлиир сирдэригэр сылдьан, дьарыктанар дьоннорун кытары билситэлээбитим. Бу кимнээх эрэ тапталлаах оҕолоро, кэргэттэрэ, ыал ийэлэрэ, аҕалара олох долгунугар оҕустаран сору көрө сылдьар син биир дьон.
Дьон курдук олоххо тардыстыылаах оҕолорун, аймахтарын туһугар дьиҥ ис сүрэхтэринэн ытыыр, айманар буолаллара. Оччолорго МВД биэрэр дааннайынан Дьокуускайга 4000 бииһирбит БОМЖ-ар бааллар, диэн отчуоттууллара. Ол туһунан мин бу дьоҥҥо болҕомтону биэрэн үлэлэһэр Яковлевтаах Николаевы өйөөн элбэхтэ араас бэчээккэ суруйбутум. Оччолорго кинилэр өссө билиҥҥи курдук дьон тоҕуоруһар сиригэр киһи хараҕар быраҕыллар гына ахсааннара аҕыйах буолан көстүбэт этилэр. Билигин баҕас олох наһаалаатылар. Аватовогзалга, ырыынактарга эрэ буолбакка куораппыт киин уулуссатыгар кытары муннук аайыттан сыт сымар, сирэй-харах буолан ытыстарын тоһуйбутунан бу тахсан кэлэллэр.
Сүүрбэ биэс сыл устата саха сирин норуоттарын олоҕун аһара тупсардым, диир Егор Афанасьевичтан бу туһунан ыйытыах санаам киирэр.
Бу быһаччы ким үлэтин сыыһатыттан тахсыбыт иэдээний? Кинилэр биһиги хаан-уруу аймахтарбыт, эн бырааттарыҥ-балыстарыҥ, сиэттэриҥ куоратынан тыанан хастарый? Улахан сыаналаах мааны ыраас массыынаҕа тиэллэ
сылдьар ил дархан дьолун-соргутун туһугар үҥэр таҥара оҥостон кыһаллар кыһыл кинигэҕэ киллэриллибит мааны чыыннарбыт маны туох дииллэрий? Кыстыкка оннооҕор сүөһүнү хотоҥҥо киллэриигэ саастан саҕалаан сайыннары, күһүннэри кыстыкка бэлэмнээн үлэ-хамнас бөҕөтө, дүрбүөн-дарбаан, аймалҕан бөҕөтө буолар. Оттон бу төһөтүн да иһин тыыннаах биһигини солбуйуохтаах эдэр көлүөнэ дьон. Дьон ээ, дьон биһиги уонна “күн судаар” ил дархаммыт хаан-уруу аймахтара киминэн да көмүскэлэ суох сир халлаан икки ардыгар быраҕыллыбыттар. Бу дьон быйылгы саха сирин кыыдааннаах кыһыныгар кыстыгы туоруур дьылҕатын быһаарыыга салалта болҕомтотун хайаан да булгуччу ууруон наада.
Арай бу ааспыт куораттар уонна нэһилиэктэр баһылыктарын уонна депутаттарын быыбарыгар биһиги олохпутугар буола турар маннык иэдээннэри кытары эйэлэспэттэрин биллэрэн соҕоруу саха сирин куораттара кэлтэй салалтаны араҥаччылыыр, ил дархан дьолун-соргутун эрэ туһугар кыһаллар буолбут Эдиинэй Арассыыйа паартыйаны аһаҕастык күүскэ бырачыастаатылар. Ону даҕаны Справедливай Арассыыйа баартыйа улахан айдааны тардан. Ол түмүгэр Алдаҥҥа, Беркакикка, Ленскэйгэ ахсынньыга хаттаан быыбар ыытыллар буолла. Хата туораттан убайдарбыт быдан ыраах олорон биһиги туспутугар кыһалла, салалтаны бырачыастыы олороллор. Оттон туһааннаах дьон бэйэбит биһигини көрүөхтээх-харайыахтаах, биһиги кыһалҕабытынан дьарыктаныахтаах ил дархаммытыттан куттанан тэллэхпит илибириир, ууну омурдан баран олоробут. Оттон көстөрүн курдук оҕолорбут, сиэннэрбит итинник дьылҕаланнылар. Эбиитин кутталбытыттан хамнас туһугар интеллигенциябытыттан саҕалаан ураа хаһыытаабытынан Эдиинэй Арассыыйаҕа куоластаан иэдээммитин өссө дириҥэтэбит.
Ааспыт ыстатыйабар эппитим курдук сытыйан улугуран хаалбыт ССРС саҕанааҕы салайааччылар уон араастаан паартыйаларын уларыппыт хомсомуоллар, хомуньуустар салалтаҕа баалларын тухары олохпут көммөт. Этэр курдук биэни атыыр оҕуһунан саптарбаккын. Син биир ол курдук ССРС систиэмэтин салайааччылара дьиикэй ырыынакка сатаан лиидэр буолар кыахтара суоҕа күн бүгүҥҥү балаһыанньаҕа дьэҥкэтик көһүннэ. Ону билинэн билигин буолаары турар 2016 сыллаах РФ Судаарывстыбаннай дууматын быыбарыгар бэлэмнэнэн ил дархаммыт дьэ эҥин да араас буолан дьонугар сэргэтигэр күлүүгэ-элэккэ баран эрэр. Ааспыт ССРС үтүөлээх тренерэ Д.П.Коркин бирииһигэр: “Ил дархаммыт спортсмен эбит”,--дэтэн дьону сөхтөрөөрү гыммыта эбитэ дуу? эмискэ спортивнай формалаах кэлэн информаторынан биллэттэрэн туран саалаҕа киирбитин саала ытыһын таһынан уруйдуу көрсүбэтэх.
Мантан биһиги баһылыкпыт симиттибэтэх аны СР спордун министрэ М.Д.Гуляевынан ил дарханы утаран салалтаҕа оппозиционер аатырбыт Монреаллааҕы Олимпиада үрүҥ көмүс мэтээлин кавалера Александр Ивановы наҕараадалатан дьону даҕаны Олимпиеһы да улаханнык соһутта, сөхтөрдө, кэлэттэ. Дьон: “Оо, ил дархан чахчы мөлтөөбүтүн син билиммит ээ. Александр Иванов норуокка аптарытыата улаханыттан саллыбыт. Көр эрэ бу албыннаһан эрдэҕин”,--диэн саалаҕа олорор дьон иҥиэттэн кэбистилэр. Ону баара кэлин токоолоһон билбиппит Олимпиец А.Ивановка Россия президенэ В.Путин 2014 сыллаахха үрдүк
ситиһиилээх айар үлэтин иһин махтанан ыыппыт грамотатын дьэ кэлэн туттара сылдьаллар эбит.
Арамаан Дьөгүөрэп.
|
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения |
Views: 1858 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 28 Ыалдьыттар (гостей): 28 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|