News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2015 » Алтынньы » 22 » 24-с, 30-с оскуола оҕолоро отучча буолан хомуллан кэлэн,38-с оскуолаҕа үөрэнэр оҕолору кырбаатылар,: сирэйдэрин сабар мааскалаахтар, касте
24-с, 30-с оскуола оҕолоро отучча буолан хомуллан кэлэн,38-с оскуолаҕа үөрэнэр оҕолору кырбаатылар,: сирэйдэрин сабар мааскалаахтар, касте
11:13
Сахалыы кылаастар 40-чэлии оҕо буолан симиллэн олороллор.
Тоҕо бэрдэй, тарбанан көрбөттөрө!!!
Дьокуускай куоракка саха оскуолата тиийбэтин туһунан айдааран-айдааран айахпыт сылайда. Чиновниктар, политиктар быыбар аайы сахалыы оскуола тутуллуоҕа диэн эрэннэрэллэр да, ханна баарый?!
Сахалыы кылаастар 40-чэлии оҕо буолан симиллэн олороллор. Ол айылаахха туох хаачыстыбалаах үөрэх кэлиэй?! Бу, оҕолор – биһиги ыччаттарбыт , инникибит, кэскилбит диир буоллахпытына, маннык усулуобуйаҕа үөрэнэр оҕолор, бачча конкуренция кэмигэр күрэстэһэр кыахтаах буола үүнүөхтэрэ дуо?! Норуот дьылҕатын сарбыйыы буолбатах дуо?!
Бу аҕыйах хонуктааҕыта бары саха оҕолоро үөрэнэр 38-с нүөмэрдээх, уруккута Саха-Бельгийскэй оскуола оҕолорун ыаллыы сытар 24-с, 30-с оскуола оҕолоро отучча буолан хомуллан кэлэн, тоһуйан туран, туох да буруйа суох дьиэлээн иһэр оҕолору кырбаатылар. Отучча киһи сэттэ оҕону сиэтэр да топпот буоллахтара, араас тык эчэттилэр, биир оҕо балыыһаҕа киириэр диэри кырбанна. Үрдүгэр тахсан эккирээбиттэр, төбөтүн бултаһан тэбиэлээбиттэр. Бу кырбааччы оҕолор эрдэттэн анаан оҥостон кэлбиттэр: сирэйдэрин сабар мааскалаахтар, кастеттаахтар эбит.
Киһи сөҕүөх бу маннык бөлөҕүнэн, оҥостон кэлэн кырбааһыннара бастакы буолбатах эбит . Бу иннинэ иккитэ эмиэ тоһуйан, оҥостон биталаах кэлэн кырбаабыттар. Улаханнык эчэппиттэр. Ол тухары төрөппүттэри “айдааны таһаарымаҥ, оҕо ханна охсуспатаҕай” диэн алы гынан айахтарын саба тутан испиттэр. Атын төрөппүттэр “мин оҕом түбэспэтэ” диэн өрө тыынан баран эмиэ харахтарын симэн кэбиспиттэр.
38-с оскуолаҕа үтүрүллэн-үтүрүллэн билигин үөрэнэр кылаастара да тиийбэт, бас билэр дьиэлэрэ-уоттара да, кэм биһиэнэ биһиэнин курдук, быстар дьадаҥы. Территория да диэн суох, эгэ көрөр-истэр камера да баар буолуо дуо?!
Бэйэлэрин урукку зданиеларын алын сүһүөх кылаастарга биэриэхпит диэн баран, хата куорат дьокутаата обургу Марина СИЛКИНА эргитэн-урбатан детдомнарга бэрдэрэн кэбиспит. Аата-суола арбаммыт, бочуот-знак бөҕө ылбыт. Оттон 38-с оскуолаҕа 24-с оскуола эргэ дьиэтин үҥкүлүтэн биэрбиттэр. Оҕо суотугар атын оҕону атаҕастыыр төһө сиэрдээҕий? Эргиэн дьиэтэ бөҕө тэллэй курдук үүнэр, араас буолар-буолбат ырыа-күрэх, күүлэй-дьаарбаҥ тэрээһинигэр мөлүйүөнүнэн үп кутуллар, ама оҕоҕо анаан биир дьиэ тутуллара тоҕо уустугай!
Биир өттүнэн, сэрэйдэххэ, тиһэх үбүлээһин тобоҕор-ибэҕэр тиксэр “саха-бельгийскэй” оскуола салалтата, итэҕэһи-быһаҕаһы арыйдахха, тиийиммэти-түгэммэти эттэххэ, олох да тохтотон кэбиһиэхтэрэ диэн айдаан таһаарыан дьулайдаҕа. Ол иһин оҕолорун кырбаттара-кырбаттара саҥата суох кыһалҕаттан ньимийэн олорор буолуохтаах.
Оттон 24-с, 30-с оскуола учууталлара, дириэктэрдэрэ, төрөппүттэрэ кыһалҕаҕа кыаһылатан саҥарбакка олорор ыаллыы оскуолаларын сэнээминэ! Туох да эппиэти, сэмэни-суҥханы ылбакка, оҕолорун буойбакка үһүстээн улахан кырбааһыҥҥа тиэртэхтэрэ. Кыра уоту умулларар дөбөҥ этэ, дьиҥинэн, кэмигэр айдаарбыт буоллар.
Үөрэх миниистирэ Феодосия ГАБЫШЕВА, правительство бэрэссэдээтэлинэн үлэлээн кэллэ, ол иннинэ эмиэ үөрэххэ миниистирдээбитэ. Кини сахха бу биир оскуоланы Дьокуускайга тутулларын ситиспэтэҕин да! “Айыы кыһата” оскуола, сахалыы үөрэтэр оскуола, эмиэ муммута-тэммитэ ыраатта. Төрөппүттэр сахалыы эйгэлээх миэстэ көстүбүт үөрүүтүгэр эрэ махтана сылдьаахтыыллар. Хаһааҥҥа диэри бйэлээх бэйэбит сирбитигэр, куораппытыгар үтүрүллэн, кум-хам тутулла сылдьарбыт буолла?! Үөрэх управлениета да, куорат салалтата да, тарбанан көрбөттөрө тоҕо сүрэй!
***
Aartyk.Ru
Источник: aartyk.ru
Category: Образование и наука. Школа. Детсад |
Views: 1381 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 4
Ыалдьыттар (гостей): 4
Кыттааччылар (пользователей): 0