Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Алтынньы » 31 » НЬУРБА ТУЛА КИРИЭСТЭР
НЬУРБА ТУЛА КИРИЭСТЭР
12:24
НЬУРБА ТУЛА КИРИЭСТЭР
Ньурба тула кириэстэр турдулар.
Дьон бөҕө бу тугуй диэн айманна, долгуйда. Тоҕо эбитэ буолла, элбэх киһи миигиттэн ыйытар: бу ким туруорда, туохха аналлаах кириэстэрий, тоҕо туруордулар? Дьон олус салла көрөр. Саха киһитэ билигин даҕаны кириэһи көрдөҕүнэ сонно тута кылабыыһа, киһи уҥуоҕа, өлүү диэн өйдүүр.
 Аны кириэс историятын хасыһан көрөр эбит буоллахха: кириэс ("крест животворящий" - Иисус Христос тиириллэн өлбүт кириэһэ) туһунан үһүйээннэр сүрүннээн былыргы Палестинаҕа үөскээбиттэрэ диэн сабаҕаланар. Аны бу кириэскэ былыргы Рим империятын саҕана саамай куһаҕан, киһинэн ааҕыллыбат кулуттары уонна варвардары, ол аата Рим гражданнара буолбатах атын омуктары ыар буруйу оҥордохторуна тыыннаахтыы кириэскэ тиирэн өлөрөллөрө. Оттон Рим гражданинын хаһан да кириэскэ тиирбэттэр, ол "сааттаах өлүүгэ" тэҥнэһэрэ.

Былыр, биһиги эрабыт иннигэр, Рим империятын бүтүннүү аймаабыт Спартак баһылыктаах кулуттар өрө турууларын саба баттаан баран, кыайбыт римляннар хотторбут кулуттарын өрө туруу саҕаламмыт Капия куоратыттан Римҥэ диэри суол икки өртүнэн кириэскэ тиирэн - кулуттар маны көрүҥ, маннык дьылҕаланыаххыт диэн суоһурҕанан икки куорат икки ардыгар суол былаһын тухары 1000-нан кулуту тыыннаахтыы тиирэн, сордоон-муҥнаан өлөрбүттэрэ.
Онон, үөрэхтээхтэр сабаҕалыылларынан, христианскай итэҕэл бастаан кулуттарга тарҕаммыт бадахтаах. Тоҕо диэтэххэ бу итэҕэл үөрэтэринэн эн кулут сылдьан бу дойдуга эрэйи-муҥу көрбүтүҥ, онон дууһаҥ-кутуҥ ырайга тахсыаҕа диэн.

Сахаҕа христианство бастакы нууччалар кэлиэхтэриттэн соҥноммута. Ханнык баҕарар кыайбыт-хоппут омук хотторбут омугу хам баттаары гыннаҕына аан бастаан итэҕэлин суох гынар. Тоҕо диэтэххэ, итэҕэллээх буоллаҕына бу омук кэм тирэхтээх, туохха эмэ эрэнэрдээх, өрө туруон, охсуһуон сөп. Ол иһин биһиги Үрүҥ Айыы ойууннара диэн билигин ааттыыр саха итэҕэлин тута сылдьыбыт дьоммутун аан бастаан кинилэри суох оҥорбуттара.

Мин быйыл 77 хаарбын санныбар түһэрдим. Таҥара дьиэтиттэн уонна киһи уҥуоҕуттан атын сиргэ икки кириэс турбутун бэркэ билэбин. 1968 с. Акана тыатыгар 18 оскуола оҕотун илдьэ оттуу тахсан иһэн Хатыҥ Сыһыы уонна Акана икки ардыгар туох да сүрдээх үрдүк кириэс турарын көрбүппүт, кырата 4 м. уһуннаах быһыылаах этэ. Аны тулата кыра эрэһээҥкилээх этэ. Ону Николаев Василий Николаевич-Куххата быһааран биэрбитэ: ити былыр улахан кураан буолбутугар таҥара дьиэтиттэн аҕабыты аҕалан таҥара ардаҕы түһэрдин диэн мэлиибэн ыллаппыт бэлиэлэрэ диэбитэ. Ол кириэһи киһи хайдах эрэ дьулайа көрбөт этэ.

Оттон биир кириэс Арҕаа дэриэбинэ (Аммосовка) анараа өртүгэр, бу хойукка диэри вышка турбут Тыымпы диэн кыра, чоҥолох алаас оҕотугар, ол үрдүгэр күрүө сүрдьүгэһинээҕэр үрдүк, модьу баҕайы кириэс турбута. Биһиги Таба Өлбүккэ олорон ол таһынан суолбут 50-100 м. ааһара. Ол кириэстэн олус да куттанар этибит. Ону кэлин эһэм кэпсээбитинэн Дьаарбайар Куола диэн Боһуут аймаҕа киһи, Юрий Николаевич Прокопьев аҕата ыал буолар уруутугар Аммосовка, Александровка баай атыыһыттара күүлэйдии сылдьаннар, атынан көтүтэн иһэн биир атыыһыт уола суол тоҕойугар муннуктуу тахсан хаалбыт сүрдьүгэс күрүөҕэ төбөтүн хампы охсон өлбүтүгэр ол кириэһи туруорбуттар.

Бу – киһи өлбүтүн өйдөбүнньүгэ, мантан сэрэнэр буолуҥ диэн. Бу кириэс 1950-с сылларга дылы турбута. Үрдүгэ кырата 3 м. үрдүктээх уонна күрүө сүрдьүгэһинээҕэр төһө эмэ модьу мас кириэс этэ. Ону аттынан ааһарбытыгар олох көрбөт буола сатыырбыт, сүрдээҕин дьулайар этибит.

Оттон бу Ньурба тулатыгар былырыыҥҥыттан туруорбут кириэстэрин - бу ким туруорда, туох сыаллааҕый диэн мэрияҕа кытта сырыттым да, күттүөннээх хоруйу ылбатым. Бу православнай итэҕэллээх Ньурба олохтоохторун туруорбут кириэстэрэ диэн буолла. Онтон айаҕалыы сатаан таҥара дьиэтигэр аҕабыкка – отец Анатолийга сырыттым. Өр кэпсэттибит. Төрдүн-ууһун бары токкоолостум. Онтум аҕата сүрэхтэммит татаар эбит. Бэйэтэ Өлүөхүмэҕэ төрөөбүт, кэргэннээх, оҕолоох. Эмиэ күттүөннээх хоруй биэрбэтэ. "Крест защищает, очищает. Поставили сами прихожане, по своей инициативе", - диэтэ.
Ньурбаҕа православнай итэҕэллээхпит диэччилэр аҕыйах бааллар. Ол гынан баран чахчы православнай итэҕэл канонын барытын эттэринэн-хааннарынан билэн, ымпыгар-чымпыгар тиийэ иҥэринэн билбиттэрэ буолуо диэн саарбахтыыбын. Православнай итэҕэли ылынан, ирдэбилин барытын толоруу - аныгы сахаҕа наһаа ыарахан. Чуолаан улаатан эрэр оҕолорго, кырдьаҕастарга.

Тоҕо диэтэххэ, сылга 148 хара күн - "пост" диэн баар. Ол аата эти, балыгы, үрүҥ аһы, оннооҕор куурусса сымыытын, арыыны сиэ суохтааххын. Пасха иннигэр 40 хонуктаах, Ороһуоспа иннигэр 40 хонуктаах о.д.а. элбэх постар бааллар. Саха барахсан бу постары барытын ылынара биллибэт, тулуйара да биллибэт. Эт сиэбэккэ, мин испэккэ хайдах кыһыҥҥы тымныылары тулуйуой? Ол иһин христианствоны былыргы саха ылымматаҕа.

Мин бэйэм биир да Ньурба олохтооҕо, ыалдьыта “дьэ, бу үчүгэйи туруорбуккут” диэбитин олох көрбөппүн. “Киһи көрө куттанар, саллар, сүрүн-кутун баттатар”, - дииллэр.

Аны биир. Пальмира Филипповна Очурова диэн Антоновкаҕа төрөөбүт, ханан да саха хаана суох эрээри, олох сахатыйбыт, 1 №-дээх оскуолаҕа үлэтин саҕалаан баран онно түмүктээбит учууталбыт бу орто дойдуттан былырыын барда. Ол барарыгар эмиэ төрүөт буолла бу кириэс. Ньурбаны түөрт өртүнэн туруорабыт диэннэр Пальмира Филипповна олорор дьиэтин утары өрүс үрдүгэр бу кириэһи туруоран сарбатан кэбиспиттэр. Пальмира бэйэтэ да сааһырбыт, аһааҕырбыт киһи тиэргэниттэн өрүһүн көрө бараары тахсыбыта, арай, күтүр улахан кириэс турар. Хата бу тугуй диэн олус куттанан, уолуйан, сүрэҕинэн ыалдьан киирэн икки эрэ хонон хаалбыта.

Пальмира Филипповна улаханнык ытыктанар, элбэх үөрэнээччилэрдээх учууталбыт этэ. Христианство постулаттарыгар баар: "не сотвори зло", "возлюби ближнего своего" диэн. Ону бу кириэс киһи өлүүтүгэр тиэрдибитэ, үйэтин кылгаппыта олус хомолтолоох. Ол кириэһи аҕабыт таҥаратын дьиэтин таһыгар туруоруммут.

Бу кириэстэри хаста да туура сылдьыбыттарын, оннугар туруоран испиттэр. Өссө Ньурба таҥаратын дьиэтин аҕабыта бу кимнээх туурдулар диэн өҥнөһөн полицияҕа сайабылыанньа биэрбит сураҕа иһиллэр. Онон бу кириэстэри туруоран дьону хайдыһыыга, атааннаһыыга, өйдөспөт буолууга тириэрдибиттэрэ олох сыыһа. Дьиҥэ итэҕэл дьону түмүөхтээх, араҥаччылыахтаах, биир санааҕа тиэрдиэхтээх этэ буоллаҕа. Итэҕэйэр дьон кириэстэри бэйэлэрин тиэргэннэригэр туруордуннар, ону ким да боппот.

Дьиҥэр куорат Сэбиэтин, куорат кырдьаҕастарын Ытык Сүбэтин, олохтоохторун барыларын санааларын истэн, сөбүлэһэр буоллахтарына биирдэ туруоруллуохтаах этэ.

14 үйэҕэ Киин Азияттан саҕаламмыт чума ыарыы Европаны бүтүннүү эһэ сыспыта. Улуу солко суолунан Крымҥа Кафаҕа тиийэн кэлбитэ, онтон Европаҕа бүтүннүү тарҕаммыта, Россияны да матарбатаҕа. Смоленскай куораттан баара-суоҕа икки эрэ киһи ордубут, биирдэстэрэ көннөрү киһи, биирдэстэрэ монах.
Кинилэр куорат боруотатын сабан баран мас кириэһинэн баттаппыттар - дьоннор өйдөөҥ, бу куоракка кииримэҥ, чума ыарыы баар диэн. Ону саныыбын ээ: ол айыылаах Ньурба тула чума баар дуу, эбэтэр сарбаҥнас абааһы буоллубут дуу диэн. Ону ыарыы да, кириэһинэн куттаан куоттарар үллэҥнэс абааһыта да суох курдукпут ээ. Өссө бу дьоммут саамай ытык сирбитигэр, ыһыахтыыр түһүлгэбитигэр Кыталыктаахха киллэрэн кириэһи сарбаталлара буолуо.

Сахалар ыһыахпытыгар сылга биирдэ мустаммыт алгысчыппытынан үөһээҥи үрдүк Айыыларбытыгар үҥэр-сүктэр ытык сирбит ээ. Профессор Ульяна Винокурова "Кыым" хаһыат 2015 с. атырдьах ыйынааҕы 33 №-гэр суруйбутунан, Алтайга саамай ытык сирдэригэр кириэстэри туруорбуттарын алтайдар суох гыммыттар, онон өссө сууттанар дьыала тэриллибит диэн.

Мин истэрим, билэрим тухары, элбэх нуучча сиригэр сылдьыбытым да, биир да дэриэбинэ, куорат тула кириэстэри туруорбуттарын көрбөтөҕүм. Ону биһиги, сахалар, барыларынааҕар христианскай итэҕэллээх буолбуппутун көрдөрөн, Ньурба тула бу кириэстэри туруордулар дуо?

Урукку өртүгэр Ньурбаҕа итэҕэлтэн сылтаан хайдыһыы суоҕа. Билигин кэлэн дьон санаатын истибэккэ, оруу маһы ортотунан кириэстэри туруорбуттарыттан сылтаан сүпсүлгэн буолан эрэр. Онон хайдыһыы төрүөтэ дириҥии илигинэ бу кириэстэри суох гыныахха, дьон олоҕун аймаамыахха.
МАРТЫНОВ Н.Н.,
Ньурба кырдьаҕас олохтооҕо,
кыраайы үөрэтээччи, историк.
“Ньурба” хаһыат алтынньы 31 күнэ
топ ссылката http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=3830398


 
Category: Култуура, итэҕэл, искусство | Views: 1495 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Алтынньы 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 94
Ыалдьыттар (гостей): 94
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024