News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2015 » Сэтинньи » 13 » – Олохтоох салайыныы – Планеркаттан иһитиннэрии
– Олохтоох салайыныы – Планеркаттан иһитиннэрии | 20:07 |
Соторутааҕыта "Ньурба куората" МТ дьаһалтатын баһылыга А.М. ИННОКЕНТЬЕВ Дьокуускай куоракка үлэлээн кэллэ. Ол туһунан кини маннык кэпсээтэ.
- СӨ Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын министиэристибэтин 1-кы солб. миниистирэ Левин Г.П. сүбэ мунньаҕар мин, куорат хаһаайыстыбатын эксплуатациятын сулууспатын салайааччыта М.С. Семенов уонна ОДьКХ ГУП Ньурбатааҕы филиалын кылаабынай инженерэ А.В. Костин кыттан кэллибит. Биһиги Ньурба куоратыгар ууннан хааччыйыы уонна ууну ыытыы, ол эбэтэр канализационнай-ыраастыыр тутуу, боппуруоһун ырытыстыбыт. Бу боппуруоһу биһиги улуус салалтатын кытта бииргэ туруорса сылдьабыт.
Министиэристибэҕэ мин быйыл түөртэ сырыттым. Иккитэ миниистири, иккитэ бастакы солбуйааччытын көрсөн кэпсэттим. Хас да мунньах буолла даҕаны, баччааҥҥа диэри быһаарыы ылылла илик. Ууннан хааччыйыыны ОДьКХ ГУП НьФ филиала боломуочуйаҕа олорорунан өссө кыаллыах курдук.
Биһиги билигин туттуллар уу ситимнэрин боппуруоһугар үлэлиэхтээхпит. Ону тэҥэ 2016 с. Үлэҕэ киириэхтээх саҥа котельнайдарбыт бааллар, Советскай уулусса төбөтүгэр уонна Вертолетка кыбаарталыгар. Онно ититии ситиминэн уу кэлэр боппуруоһун үөрэтэ сылдьабыт. ОДьКХ ГУП, Министиэристибэ эмиэ үлэлэһэллэр. Оттон ууну ыытыы (водоотведение) уонна канализационнай-ыраастыыр тутуу боппуруоһун ыллахха, билэргит курдук, бары септик үрдүгэр олоробут.
Бу боппуруос ОДьКХ министиэристибэтин инвестиционнай программатыгар киирэн турар, ол гынан баран манна бырайыак наада. Урукку бырайыак эргэрэн, экспертизаны ааһан бүттэ. Тутуутун сметнай сыаната да ботуччу, миллиард аҥаара солк. этэ. Билигин ол бырайыакка көрүллүбүт тэрил да эргэрбит буолуон сөп. Онон саҥа технологиялары көрдүүбүт, чэпчэки сыанаҕа бараарыбыт. Балаҕан ыйын 5-10 к.к. миниистир 1-кы солб. Г.П. Левин салалтатынан СӨ ОДьКХ министиэристибэтин бөлөҕөр киирэн, Оренбург куоракка барар былааннаахпыт. Оренбург чинчийэр институтугар тиийэн, канализационнай-ыраастыыр тутууга баар бырайыактары, саҥа технологиялары, саҥа оборудованиены кытта билсиэхтээхпит. Миигин кытары онно СЭГХ, "Ситим", "НКС" УК-лар бэрэстэбиитэллэрэ барсыахтара.
Ити сырыыбыт туһалаах буолуо дии саныыбын. Оренбург институтугар оҥоһуллубут технологиялары көрөн, биһиги сирбитигэр-уоппутугар сөп түбэһиннэрэн туттуллар кыахтарын билсиэхпит, кэпсэтии ыытыахпыт. Табыллар буоллаҕына, Ньурба куоратын водоснабжениетын, водоотведениетын бырайыагын оҥорторо сатыахпыт. Үбэ-харчыта ыарахан соҕус буолуо, ону хайа источниктан ыларбытын салгыы быһаарыныахпыт.
Атырдьах ыйын 13 к. Дьокуускайдааҕы Епархиальнай управлениеҕа Саха Сирин уонна Ленскэй кыраай Епискобын Романы кытта биир чаастаах көрсүһүүгэ Ньурба куоратыгар киириигэ уонна куораттан тахсыыга туруоруллубут поклоннай кириэстэр тас көстүүлэрин тупсарар туһунан кэпсэттибит.
Билэргит курдук, быйыл Ньурба куоратыгар түөрт сиргэ турбут кириэстэр тустарынан нэһилиэнньэ ортотугар элбэх кэпсэтии тахсар. Бастаан Ньурбаҕа Отец Анатолийы кытта кэпсэппитим.
Тоҕо биһиги кириэстэрбит художественнай уонна церковнай каноннар ирдэбиллэригэр эппиэттэспэттэригэр тохтообуппут. Ааспыт ыйга Мииринэй куорат 60 сыллаах юбилейыгар делегацияны салайан бара сылдьыбытым. Онно көрдөххө, Мииринэйгэ турар кириэстэр үчүгэй оҥоһуулаахтар, тупсаҕай көрүҥнээхтэр, художественнай да, церковнай да каноннары тутуһан оҥоһуллубуттар. Мииринэй аҕа баһылыга: "Кириэстэр баар буолуохтаахтар", - диэн этэр. Сунтаар улууһугар баар кириэстэр эмиэ ис сүрэхтэн оҥоһуллубуттара, чахчы араҥаччылыыр-хаххалыыр суолталаахтара тута көстөр. Оччотугар " тоҕо биһиэннэрэ үчүгэйдик оҥоһуллубаттылар" диэн боппуруос үөскүүр.
Олохтоох казачество атамана Сурков дойдутугар көһөөрү сылдьан, бэрт ыксалынан тимир турбаларынан оҥорторбута оччото суох көстүүнү биэрэр. Мин Отец Анатолийга ол туһунан санаабын эппитим: "Ньурба куоратын нэһилиэнньэтэ сүүс бырыһыан православнай итэҕэллээх буолбатах. Саха норуота маска чугаһынан кириэстэри маһынан хаттаан оҥорон, церковнай каноҥҥа сөп түбэһэр курдук көрүҥнээн уларытан туруоруохха наада. Эһиги дьон санаатын истибэккэҕит, билбэккэҕит эрэ туруоран кэбиспиккит", - диэн. Кини мин этиибэр сөбүлэһэрин уонна кириэстэри саҥаттан оҥорон туруорарга алгыһын биэрэрин биллэрбитэ. Отец Анатолийга матырыйаалын биэрэммит, оҥорторор дьонун булан олорор. Ситэн оҥордохторуна, Ньурба куорат Күнүгэр туруоруохтара. Араҥаччылыыр суолталаах кириэстэр турбуттарын кэннэ олох ылан быраҕары, көтүрэри аньыыргыыллар, ону өйдүөхтээхпит. Арай эрдэттэн дьоҥҥо быһаарар үлэ барбатах.
Епископ Романныын өссө иккис боппуруоһу быһаарыстыбыт. Ньурбатааҕы улуустар икки ардыларынааҕы кырдьаҕастар Интернат-дьиэлэрин тэлгэһэтигэр часовняны тутуу уонна церковнай каноҥҥа сөп түбэһиннэрэн оҥоруу туһунан. ДИПИ салалтата киириигэ урукку бетоннай будка хаалбытын часовня гынан уларытан оҥорторор санаалаах. Кырдьаҕастарга наада эбит, кинилэр ортолоругар элбэх крещеннай дьоннор, православнай итэҕэллээхтэр бааллар. Биһиги часовня тутуутугар "АЛРОСА-Ньурбаттан" үп көрдөөн ходатайство суруйдубут. Эһиил 2016 с. ДИПИ аһыллыбыта 20 сылын бэлиэтиир түгэнигэр часовня аһыллара буоллар диэн санаалаахпыт. Владыка Ромаҥҥа " кырдьаҕастарбытыгар часовня тутуохпутун баҕарабыт, күүс-көмө буолуҥ" диэн эттим. Онуоха кини: " Тутан саҕалаатаххытына, куполын, кириэһин бэлэхтиэхпит", - диэн үөртэ.
Мантан салгыы "Ньурбакаан" түмсүү салайааччыта Николаева Алевтина Алексеевналыын көрүстүм. Ньурба куоратын Күнүгэр үс киһи квотанан ыҥырыллан кэлиэх буоллулар. Игорь Егоровы кытта көрсүһүүбүт түмүгэр куорат Күнүгэр Ньурбаттан төрүттээх ырыаһыттарбытын, эстрадаҕа ыллыыр кийииттэри, күтүөттэри түмэн аҕалан босхо кэнсиэри бэлэхтиэх буолла.
"Сайдам" кинигэ издательствотыгар сылдьан, И.А. Анисимов "Нюрба: вчера, сегодня, завтра" 2002 с. бэчээттэммит кинигэтин үчүгэй хахтаан, 500 экземплярынан хаттаан таһаартарыах буоллубут, харчыта түстэ. Ону таһынан балаҕан ыйын 1 күнүгэр - Билии күнүгэр Ньурба куоратын оскуолаларын 1- кы кылааһын боруогун атыллыыр оҕолорбутугар анаан "Дневник городского школьника" сакаастаатыбыт. 260 устууканы. Бу дневникка Ньурба куоратын историятын хронологията, ытык сирдэрэ, биллиилээх дьоно, куорат гимнэ, баһылык эҕэрдэтэ уо.д.а. киирдилэр. Кырачааннарбытыгар олус туһалаах үчүгэй бэлэх буолуоҕа.
Ил Түмэн депутата А.А. Григорьеваны, СӨ баһаарынай сулууспатын салайааччыта И.Н. Николаевы кытта көрүстүбүт. Өрөспүүбүлүкэ баһаарынай сулуспатыгар Ньурба куорат баһаарынай көмүскэллээх буолуутугар тохтоотубут.
Эһиилги 2016 сылы биһиги куораппытыгар Оҕо саас сылынан биллэрээри олоробут. Онно олоҕуран, элбэх функциялаах оҕо спортивнай былассааккатын сабыытын, биири дуу, иккини дуу, ылар туһунан Дьокуускайга кэлэр көлүөнэлэр Фондаларын тэрилтэтигэр киирэн кэпсэтистибит.
Транспорт уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир суол хаһаайыстыбатын департаменыгар сылдьан, "Доступная среда" программанан кэлиэхтээх икки светофорбутугар эбии өссө икки светофору ылар буоллубут. Онон Ньурба куоратыгар билиҥҥи ирдэбилгэ толору эппиэттиир 1 мөл. 700 тыһ. солк. сууммалаах 4 светофор кэлэн түөрт сиргэ туруоруллуоҕа. Билигин оборудованиетын аҕалан туруорууга аукциоҥҥа ким кыайарын кэтэһэбит.
Оскуола иннинээҕи саастаах оҕону иитэр-үөрэтэр тэрилтэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапкаларын киирэн көрдүбүт. Улууспутуттан Антоновка "Ромашка" детсаада эрэ кыттыһа сылдьар.
Дьокуускай куорат хаһаайыстыбатын салайар "Жилкомсервис" тэрилтэтин үлэтин билистибит, куорат окружной управаларыгар Октябрьскайга, Губинскайга, Строительнайга, Промышленнайга сырыттыбыт. "Сахагипрозем" проектнай институт специалистарын, "Ситим" медиа-группа "Кыым" хаһыатын кыл. редакторын И.И. Гаврильевы кытта көрсөн кэпсэттибит.
СЭГХ үлэтигэр анаан кытай тыраахтарын ыллыбыт.
Бэйэбит. информ
"Вести НЮРБЫ" 29№-рэ атырдьах ыйын 29 күнэ 2015 сыл
Ньурба тула кириэстэр http://uhhan.ru/news/2015-10-31-12522
– Олохтоох салайыныы –
Планеркаттан иһитиннэрии
Сэтинньи 2 күнүнээҕи салайааччылар планеркалара Оҕо научнай,техническай киинин дириэктэрэ Лена Васильевна Андреева иһитиннэриититтэн саҕаланна.
Бу Киин улуус үрдүнэн 600-чэ оҕону түмэн техническай хабааннаах куруһуоктарга дьарыктыыр, аан дойду таһымыгар тиийэ араас күрэхтэргэ кыттан үрдүк ситиһиилэрдээх. Ыытар тэрээһиннэригэр сылга ортотунан 3000-тан тахса оҕо хабыллар. Сүрүн кыһалҕаларынан дьиэ-уот кыараҕаһа буолар диэн Л.В. Андреева бэлиэтиир.
Салгыы, планерка сүрүн үлэтин баһылык Борис Попов ааспыт нэдиэлэтээҕи командировкатын иһитиннэрииттэн саҕалаата. "Уһук Илиҥҥэ сири биэрии уратыларын туһунан" федеральнай сокуон бырайыага бэлэмнэнэ сылдьарынан сибээстээн, Ньурба сирин-уотун сорох сирдэрин ураты харыстанар айылҕа зонатын быһыытынан оҥорорго, баһылык дьаһалынан кэккэ тэрээһиннэр былааннара ылыныллан сүрүн үлэ бара турарын эттэ. 1-дии га сири Ньурба дьонугар түҥэтиллибитин да кэннэ, бу барыта улуус территориятын 40-45 % эрэ буолар. Сүрүн территория 60 %-на хоту өттүгэр сытар. Бу улуус хотугу сирдэригэр ураты харыстанар айылҕа зонатын статуһун биэрэргэ үлэ ыытыллар. Маны таһынан, историческай төрүөттээх, Саха сирин култууратыгар сүдү суолталаах, аатырбыт уустар олорбут Сата хайаларын эмиэ ураты харыстанар айылҕа зонатынан оҥорорго бэлэмнэнии үлэлэр бараллар.
Баһылык Б.Н. Попов ааспыт нэдиэлэҕэ Ньурба оройуонун хоту сирдэрин көрө-истэ тахса сырытта. Аара суолга Ыгыаттаҕа баар сылгы көрөр биригээдэҕэ таарыйан, олохторун-дьаһахтарын билсэн ааспыт. Борис Николаевич "бу үлэлии турар дьиҥ социальнай реабилитация киинэ эбит" диэн быһаарыыга кэлбит. Манна сүрүннээн хаайыттан босхоломмут, Ньурбаҕа ускул-тэскил сылдьыбыт дьон тахсан үлэлии сылдьалларын баһылык бэлиэтээтэ.
Үлэһиттэр күннэтэ күүстээх үлэнэн дьарыктаналларын, этэҥҥэ хааччынан олороллорун, үлүгэрдээх оту оттообуттарын
кэпсээбиттэр. "Дьиэлэрин таһын кэрийэн көрдүм, биир да арыгы бытыылката быраҕыллан сытарын көрбөтүм. Олус сибиэһэй, доруобай сирэйдээх дьоннор сылдьаллар, бокуойа суох хамсаналлар: ким эрэ мас хайытар, ким эрэ муус киллэрэр, ким эрэ ас астыыр, тугу эрэ ыраастыыллар-хомуйаллар. Ньурбаҕа киириэхпитин баҕарбаппыт дииллэр", - диэн баһылык кэпсээтэ. Эбиитин, биригээдэ дьоно эһиил ынах, сибиинньэ таһааран ииттэр былааннаахтар эбит, үрүҥ аһа суох сатаммат эбиппит диэн санааларын үллэстибиттэр.
Бу кэннэ баһылык социальнай реабилитация үлэтин хайысхаларыгар тохтоон ааста - үлэ систиэмэлээх буолуохтаах, биирдии тэрээһининэн эрэ бүтүө суохтаах диэн санаатын түмүктээтэ.
Салгыы, Сүгдьээргэ тиийэн балыксыттары көрсөн, элбэх кэпсэтии тахсыбыт. Экология үлэһиттэрэ тахсаннар, элбэх дьону ыстарааптаабыттарын балыксыттар кэпсээбиттэр. Ыстараапка тардыллыбыт дьон сүрүннээн хатыылар уонна маалыкайдар буолбуттар. Манна кинилэр быһааралларынан, Ньурбаҕа киирэн 200 солкуобайдаах көҥүл ыларга, айанныын суоттаан таһаардахха 2000 солкуобайтан тахса ороскуоттанар эбиттэр. Административнай миэрэ кытаанах – көҥүлэ суох балыктааһын 3000 солкуобай ыстараап буолар эбит, ыстараап төлөммөтөх түгэнигэр - 30 тыһ. солк. Манна баһылык көҥүл биэриитин атыннык дьаһанан, көҥүлү миэстэтигэр, балыктыыр сиргэ, биэрэр наадалааҕын ыйда.
Сүгдьээр күөлэ ураты суолталаах сиринэн Саха сиригэр биллэр. Манна тиийэн балыктыыр кимиэхэ баҕарар көҥүллэнэрин, сүрүн ирдэбиллэри тутуһар наадалааҕын Борис Николаевич ыйда: илим хараҕар ирдэбили, алдьаммыт илими биэрэккэ таһааран уматары, илим муска тоҥуо суохтааҕын, тиэхиникэни өрөмүөннээһин биэрэккэ эрэ буолуохтааҕын, тус гигиенаны бэрээдэктээхтик туттааһын.
Хотулуу сирдэр бэрэбиэркэлэрин түмүгэр танкеткалар суоллара тыаны хайа сотон элбэхтик сылдьыбыттарын быһаарбыттар, хайа дьон кэлэн бултаан барбыттара биллибэтэх. Бу сиринэн кыыл таба миграциялыыр суола ааһарын бэлиэтээн туран, ураты суолталаах
айылҕа зонатынан оҥорорго күүһү бары ууруохха наадалааҕын баһылык Борис Попов бэлиэтээтэ.
Салгыы, баһылык ааспыт нэдиэлэ сүрүн тэрээһиннэрин кэпсээтэ. Тутуу боппуруостарыгар "Туллукчаан" детсад уонна хаарбах дьиэттэн көһүү барылынан дьиэлэригэр тохтоото. Көһүү дьиэлэригэр сүрүн кыһалҕанан халлаан тымныйан "инчэҕэй үлэлэр", ол иһигэр дьиэ ис отделката, раствор оҥоруута уонна да атын үлэлэр, тохтотуллубуттар, "Туллукчаан" детсад иккис мэндиэмэнин тутуута эмиэ эһиилгигэ көспүт. Федеральнай үбү төннөрүү боппуруоһугар Өрөспүүбүлүкэни кытары сөптөөх быһаарыы булуллубут. Сэтинньи 1 күнүгэр ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы географическай диктаҥҥа салайааччылар кыттыыларын баһылык ыйыталаста. Аны 4 чыыһылаҕа ГТО-ҕа бэлэмнэнии быһыытынан ыытыллар ГТО көрүҥнэрин туттарыыга көхтөөх кыттыыны ылалларыгар ыҥырда.
Тэрилтэ салайааччыларын иһитиннэриилэригэр улууска былааннаммыт үлэ быһыытынан тэрээһиннэр баран иһэллэр диэн буолла. Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар эт бэлэмнээһин саҕаланан эрэрин кылаабынай агроном Павел Самсонов иһитиннэрдэ.
"Күндээдэ" агрофирма 40 сүөһүнү өлөрөн холодильникка укпут, Ньурба буойунатын тутуута түмүктүүр кэрчигэр киирбит - септик үлэтэ хаалбыт. Птицефабрикаҕа куурусса өлөрөр сыах үлэтин саҕалаабыт. Сотору кэминэн куурусса этэ уонна кэнсиэрбэлэммит фарша атыыга тахсыахтаах. "Бэс атах" хотоҥҥо турар симменталь ынахтарын карантина сабыллыбыт. МТС - Агро күн ахсын тонна аҥарыттан ордук үүтү туттарар былааннаахтар.
Үөрэҕирии салаатын иһинэн ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы географическай диктаҥҥа улуус үрдүнэн 8 опорнай пууҥҥа 348 киһи кыттыбыт. Диктант түмүктэрэ сэтинньи 3 күнүгэр биллиэхтэрэ диэн салайааччы солбуйааччыта Марфа Кузьмина иһитиннэрдэ. Оскуолаларга каникуллар саҕаланан, араас каникулярнай тэрээһиннэр ыытыллаллара былааннанар. Маалыкай "Сардаҥа" детсадын приемката ыытыллыбыт, бу күннэргэ оҕолору тутары саҕалыыллар. Ньурбатааҕы "Кыталык" детсадка приемка түмүгүнэн
кэккэ ирдэбиллэр бааллар диэн буолла. Манна Б.Н. Попов социальнай боппуруостарга баһылык солбуйааччытын э.т. Валентина Халанниковаҕа "Кыталык" детсад аһыллыытын тус хонтуруолга ыларын соруйда. Толору бэлэм эбийиэк үлэҕэ киириэхтээх диэн тоһоҕолоото.
Салгыы, Борис Николаевич доруобуйа харыстабылын кылаабынай бырааүын солбуйааччытыттан Наталья Павловаттан улууска эминэн хааччыйыы туругун туоһуласта. Манна муниципальнай льготалаахтар лимиттэрэ бүппүт диэн буолла, атын эмтэр Судаарыстыба уонна Өрөспүүбүлүкэ субсидиятынан ирдэбил быһыытынан кэлэ тураллар. Быһаарыы быһыытынан доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ анаммыт эмп аптекаларга суох да буоллаҕына, ону солбуйар тэҥ састааптаах, биир дьайыылаах эмтэр баалларын бэлиэтээтилэр.
Ис дьыала субуоккатын начальник солбуйааччыта Иван Емельянов иһитиннэрдэ. Арыгы иһэн баран уруулга олорооһун көрдөрүүтэ нэдиэлэ ахсын баар, манна үлэһиттэри, нэһилиэнньэни кытары анал үлэлэри ыытар наадалааҕын салайааччыларга тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Антоновкаҕа рейсовай автобус сууллубутун, икки эчэйээччи баарын иһитиннэрдэ. Бу түбэлтэ тула кэпсэтиигэ маршрукка сылдьар автобустар скоростной режимы тутуһаллара ирдэниллиэхтээҕин, сырыы суол туругуттан чопчу тутулуктааҕын баһылык ыйда. Онон суолу оҥоруу, хаары астарыы, буорунан кутуу үлэлэрэ автобус сылдьар суолларыгар сүрүн болҕомтолоохтук барыахтаахтарын эттэ. Хонтуруолу Ньурба уонна Антоновка баһылыктарыгар сүктэрдэ.
Алтынньы 27 күнүттэн тыаҕа бултуу тахсан баран сүппүт 85 саастаах кырдьаҕаһы көрдүүргэ күннэтэ үлэ ыытыллар диэн И.М. Емельянов иһитиннэрдэ. Хас күн аайы 10-20 киһи көрдүүр, бу күн көстө илик диэтэ. (Өрүс уҥуор туһахтыы тахсыбыт Алексеев Н.А. өлүгүн сэтинньи 2 күнүгэр киэһэ 21 ч. диэки Быыһыыр сулууспа үлэһиттэрэ булбуттар. Силиэстийэ бара турар. Пресс сулууспа ситэриитэ).
Салгыы, салайааччылар иһитиннэриилэрин "Ньурба куорат" муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччы Леонид Ким
салҕаата. Куоракка үлэ былаан быһыытынан баран иһэрин, Сомоҕолоһуу күнүн барыла оҥоһуллубутун иһитиннэрдэ. Сэтинньи 4 күнүгэр "Кыталык" КД-гар үөрүүлээх мунньах ыытыллар, тэрилтэлэринэн анал тэрээһиннэр барыахтаахтар. Материальнай көмөҕө, эмтэнэ барарга, эмтэнэ барарга айан суолун төлүүргэ сайабылыанньа киириитэ үксээбит.
Манна Борис Николаевич анал хамыыһыйа В.С. Халанникова салалтатынан үлэлиирин, ЦРБ-га эмиэ тус хамыыһыйа баарын эттэ уонна хамыыһыйалар бары тэҥҥэ үлэни ыытыахтаахтарын бэлиэтээтэ.
Түмүккэ, баһылык I солбуйааччыта Иннокентий Васильев эһиилги бүддьүөт сүрүн уларыйыыларын, ирдэбиллэрин салайааччыларга билиһиннэрдэ.
Улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата.
|
Category: Мэрия, районы, муниципалитеты |
Views: 1628 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 10 Ыалдьыттар (гостей): 10 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|