Сокуонунан салайтарар наада.
Депутаттар буруйдарынан буолбакка, кинилэр салалталарын быһаччы буруйдарынан оройуон сэбиэтин үлэтигэр сокуону кэЬии таһаарыллыбытын иһин СР Верховнай суута Бүлүү оройуонун сэбиэтин ыһар туһунан быһаарыы таһаарбыта. Онно олоҕуран Республика Ил Дархана Ил Түмэҥҥэ Бүлүү оройуонун сэбиэтин ыһар туһунан сокуон бырайыагын киллэрэн турар. Онон сибээстээн диэн боппуруоһу миэстэтигэр үөрэтэ, нэһилиэнньэ туох санаалаҕын билэ (Биһиги оройуоммут сүнньүнэн сахалар түөлбэлээн олороллорун, биЬиги булуулэр кене, аЬыныгас менталитеппытын бэркэ билэр буолан) Ил Түмэн улахан группата толорута суох икки күн үлэлээн барда.
Бачча сааспытыгар дылы оройуоҥҥа кыаллыбатах проблеманы быһаара Республика салалтатын маннык улахан группата кэлэн үлэлээбитин билбэппин. Бу группа үлэтэ араас хаһыаттарга, соцсеттэргэ элбэхтик араастаан сырдатылынна.
Дьиҥэр дьыала ис хоһооно маннык. 2014 сыл от ыйын 25 күнүттэн сэтинньи 27 күнүгэр дылы 4 ый устата оройуон сэбиэтин биир да сөп бырааптаах сессията ыытыллабатаҕа буолла. Сокуон да, оройуон устаабын, сэбиэт регламенын да быһыытынан 3 ый иһигэр хайаан да сессия ыытыллыахтаах. Сессияны бириэмэтигэр ыыппахха биирдиилээн дьон, нэһилиэнньэ Конституциянан көрүллүбүт бэйэлэрин депутаттарынан чиэрэстээн оройуоҥҥа бэйэни салайаныыга суверенитеты, былааһы олохтуур, салайсар бырааптара кэһиллиитэ таһаарыллыбыт.
Биир өртүттэн көрдөххө, биһиги правовой, демократическай государствоҕа олоробут. Маннык государствоҕа кылаабынай сыаннас киһи бырааба уонна көҥүлэ буолар. Онон биһиги бу сыаннас туохтааҕар даҕаны үрдүктүк тутуллар обществотугар олорорбутун үчүйэйдик өйдүөхтээхпит. Бэйэни салайыныы усулуобуйатыгар киһи быраабын кэһии таһаарыллыа суохтааҕа сокуонунан араҥаччыланар. Ити 131 №-дээх «Бэйэни салайыныы уопсай принциптэрэ» диэн федеральнай сокуоҥҥа чуолкай ыйыллар. Бу сокуон 73 ыстатыйатын 2 чааһа этэринэн бэйэни салайыныы бэрэстэбиитэллээх уорганыгар 3 ый устата сөп бырааптаах сессия ыытыллыбатах буоллаҕына, ол аата киһи бырааба кэһиллиитэ таһаарыллыбытынан бу уорган суут быґаарытыгар олоҕуран субъект баһылыга оҥорон киллэрбит бырайыагынан субъект законодательный уоргана сокуон таһааран ыһыллыахтааах. Онон биһиги сэбиэппит сессияны бириэмэтигэр ыыппахха киһи быраабын күөмчүлээһини таһаарбыт.
Иккис өртүттэн көрдөххө, Бүлүү оройуонун сэбиэтэ төгүрүк сыл үс гыммыт биирин устата сессия ыыппахха Российскай Федерация правовой, демократическай государство буолар статуһун намтатыыны таһаарбыт. Бу буолаллар сокуону саамай улахан кэЬиилэр. Бу икки суолга сытар боппуруос саамай сүнньэ. Манна ханнык да мөккүөр , үөрэтэн көрүү, санаа хомуйуута дьиҥэр таһаарыллыа суохтаах этэ.
Сууттар бу икки эрэ суолга олоҕуран, атын ханнык да боппуруоска аралдьыйбакка, дьыаланы быһаарбыттара. Прокуратура дьыаланы бэрибиэркэлээн, чахчы сокуон кэһиллибитин чуолкайдаан, ону суукка
дакаастаан, сууттар бу дьыаланы хаста да кербуттэрэ уонна Бүлүү оройуонун бэрэстэбиитэллээх уорганын – оройуон сэбиэтин Верховнай суут ыһар туһунан быһаарыы таһаарбыт. Ити буолбут сууттарга төһөлөөх элбэх юрист үлэлээбитэ, төһөлөөх элбэх мөккүөр, дакаастабыл бөҕө оҥоһуллубута буолуой? Ол эрэ кэнниттэн боппуруоһу чахчы чуолкайдаан баран суут быһаарыы ыллаҕа дии. Онтон сокуонунан көрүллүбүт 3 ый иһигэр Республика баһылыга Ил Дархан Верховнай суут быһаарыытыгар олоҕуран Ил Түмэҥҥэ Бүлүү оройуонун сэбиэтин ыһар туһунан сокуон бырайыагын киллэрбит.
Дьиҥэр манна ханнык да рабочай группа тэрийиитэ, дьону, нэһилиэнньэни аймааґын букатын наадата суоҕа. Маннык дьыаланы суут эрэ быһаарар бырааптаах. Суут быһаарыыта бүтэһиктээх буолуохтаах уонна салгыы онон эрэ салайтарыллыахтаах этэ.
Хомойуох иһин суут быһаарыытынан астыммахха дуу, эбэтэр атын санаанан салайтаран дуу улаханнаах рабочай группа тэриллэн биһиэхэ кэлэ сырытта. Ол туґунан СМИ-гэ сырдата, иґитиннэрэ сатаатылар. Ордук сытыы, арыый да кырдьыктаах со±ус, «Якутск вечерний» хаґыат «300 спартанцев, 26 Бакинских комиссаров, 28 панфиловцев и 50 якутских бездельников» диэн тібілііх матырыйаалы таґаарда. Оттон «Якутия» хаґыат бу туґунан бэйэтин информациятын «Вилюйский конфликт» диэн тібіліібµт. Бу букатын сыыґа. Боппуруоґу атыІІа кубулута, дьону бутуйа сатааЬын. Ким кими эрэ кытта, партиялар фракциялара оройуон сэбиэтигэр уопсай тыллары булбаттарын курдук оІоро сатаабыттар. Ити олох тердµттэн сыыЬа, суут оннукка оло5уран быґарыыны таьаарбата5а эбээт!
Ґгµс государстволарга былаас 3 салаа5а арахсар: законадательнай, исполнительнай уонна судебнай. Биьиэхэ, Россия5а балар быыстарыгар бэйэни салайыныы диэн баар буолта балай да буолла. Бэйэни салайыыныны ким да дьаайар бырааба суох. Законодательнай уорган сокуон таґаарар уонна ол олоххо киириитин сµрµннµµр эбээґинэстээх, оттон ити таґаарыллыбыт сокуон кэґиллиитэ тахсар тµбэлтэтигэр ону сыччах суут эрэ быґаарар бырааптаах.
Дойдуга олохтоох бэйэни салайыыны чэпчэкитик киирэн µчµгэйдик µлэлиир диэн этэргэ тірµіт соччо суох курдук.
БилиІІи туругунан Россия субъектарыгар бэйэни салайыыны бэрэстэбиитэллээх уорганнара-олохтоох 80 сэбиэттэр субъектар законадательнай уорганнарынан сокуону кэґэн ыґыллан тураллар.
Дьэ онон биґиэхэ кэлэ сылдьбыт рабочай группа Ил Дархан биґиги сэбиэппитин ыґар туґунан бырайыагын нэґилиэнньэ санаатын учуоттаан Ил Тµмэн уочараттаах сессиятын кірµµтµгэр киллэрэргэ диэн тµмµктээбит уонна ону кытта Ил Тµмэн постояннай комитета сібµлэспит. Манна Саха Сирэ ити µіґээ этиллибит 80 сэбиэт испииґэгин салгыытыгар киирбэт буола сатааґына кістір буолбатах дуо?
Ил Тµмэн рабочай группатыгар киирэн кэлсибит Ил Дархан администрациятын µлэґиттэрэ сµрµн группаларыттан хаала-хаала, дьон санаатын салгыы истэн, сэбиэти ыґары, Ил Дархан бырайыагын ійµµрµ туруулаґыахпыт диэн анда±ар курдук эппит тыллара Бµлµµ сиригэр хаалан
хаалбыт быЬыылаах, ол иґин буолуо, Дьокуускай куоракка тиийэн рабочай группа мунньа±ар Ил Дархан киллэрбит бырайыагын утарар этиигэ куоластаабыттара элбэ±и этэр. То±о манныгый?
Бииринэн, Саха Сирэ кииІІэ бэйэни салайыныы боппуруоґугар, арааЬа, биир µчµгэй туруктаах субъект буолан кістµіхтээ±ин хааччыйа сатааґын баара чуолкай эбит. Иккиґинэн, буолаары турар быыбардар сабыдыаллара бара эмиэ саарба±а суох.
Рабочай группа Булуугэ хоно сытан элбэх боппуруоґу быґаарбыт курдук кэпсээн элбэх, ону сэргэ Россия сорох сокуоннарыгар итэ±эс быґа±ас, сыыґа-халты элбэх булуллубут. Олор Ил Дархан Ил ТµмэІІэ киллэрбит бу бырайыагын кіріргі учуоттаныах буолбуттар. Бу µчµгэйин!
Чаастатык бу курдук Республика парламенын рабочай группалара оройуоннарга хонон-іріін сылдьаллара буоллар Россия бары да сокуоннара чочуллуохтарын сеп эбит диэн санаа±а кэлэ±ин уонна маннык кыахтаах дьонноох эбиппит диэн µірµіххµн ба±ара±ын.
Манна да±атан іссі 16-17 µйэлэргэ олоро сылдьыбыт Англия улуу государственнай деятелэ уонна суруйааччыта Филип Честерфилд этиитинэн ыстатыйабын тµмµктµµбµн: «В политике, как и в торговле, необходимо иметь доброе имя. Ни в той, ни в другой много раз обманывать невозможно».
Владимир Васильев.
Бµлµµ куората.
Ил Тумэн сессиятын куутэбит.
Бу дьыл алтынньы 28-29 куннэригэр Ил Тумэн рабочай комиссията (сал. Ил Тумэн олохтоох бэйэни салайыныы сис комитетын бэрэссээдэтэлэ Местников В.А.) Булуу улууЬугар улэлээн барбытын туЬунан республика сорох хаЬыаттара, телевидение дьо5устук да буоллар сырдаттылар. Керуллубут боппуруос биир этэ: 2014 сыл от ыйын 26 кунуттэн сэтинньи 26 дылы (толору туерт ый) Булуу улууьун мунньа5ын сессията буолбата5ын Булуу улууЬун федеральнай суута 131-ис нуемэрдээх федеральнай сокуон 73-ус ыстатыйатыгар оло5уран Булуу улууЬун прокуратуратын ирдэбилигэр оло5уран таЬаарбыт уураа5а. Ити уураах тахсыбытын кэннэ эмиэ ити сокуон ирдэбилинэн республика Ил Дархана Е.А.Борисов «Булуу улууЬун Мунньа5ын ыЬар» туьунан сокуон барылын Ил Тумэццэ бу дьыл бэс ыйыгар сокуон хааччахтаабыт бириэмэтин кэспэккэ киллэрбитэ. УоЬэ ааттааммыт Ил Тумэн комиссията бу боппуруоЬу уерэтэ, улуус олохтоохторун уонна депутаттарын кытта санааларын билэ, торумнуу диэн кэлбиттэр.
Бастакы кун Булуу куоратын «Алгыс сынньалац киинин киЬинэн тобус-толору симиллибит саалатыгар ус чаастаах мунньах буолла. Сеп да5аны, маннык дьоЬун састааптаах Ил Тумэн депутаттарын улууска бастакы сырыылара уонна боппуруос да игтэриэьинэй – барыбытын таарыйар буолла5а. Ол эрэн, барыта хайдах эрэ сценарий быЬыытынан барда диэн бэлиэтээн этиэххэ наада. Ол курдук мунньахха тыл эппит 30 киьиттэн бастакы эппит 24 киЬи барыта Улуус мунньа5а учугэйдик улэлиирин, хата теттерутун бу улуус баЬылыга мелтех улэтин уонна улуус дьаЬалтата соруйан атахтаабыттарын тумугэр Улуус мунньа5а федеральнай сокуону кэЬиигэ тиийбитин курдук этэн таЬаардылар.
Итини этэн эрдэхтэрэ дуоЬунаска хаала сатаан халы-мааргытык дьону бутуйуу диэн. Ити дьону мин буруйдаабаппын – бирикээЬи толордохторо. Улуус мунньа5ын специалиЬа Афанасьев С.И. фойе5а киирэн иьэр дьонноругар хаЬыс киЬинэн уонна туох туЬунан этиэхтээх лиистэрин тутартыы сылдьарын, бастакынан тыл этиигэ тубэспит киЬи оннук лииьи кереет ,соЬуйан, бэрт улаханнык саца аллайбытын угус дьон суергулуу кербут буолуохтаахтар.
Мунньах теЬе да итинник оцоЬуллубут сценарийынан барбытын урдунэн, кэлин тыл этиигэ улахан туруорсуунан тиксибит дьон Улуус мунньа5ын еттуттэн федеральнай сокуону куруубайдык кэЬии тахсыбытын, Улуус мунньа5ын иЬигэр принципиальнай хайдыЬыы тахсыбытын, салгыы маннык балаЬыанньа5а улэлиир табыллыбатын, Улуус мунньа5ын улэтэ, ыытар сессиялара баар сокуоннары тутуспакка, регламены кэЬэн ыытыллалларын аЬа5астык эттилэр.
Ол иЬигэр Булуу улууЬугар Саханефтегаз акциялара ханна баартара биллибэккэ, кун бугунугэр дылы кестубэккэ сутэн хаалбыттарын (онтон Улуус Мунньа5ын билицци бэрэссээдэтэлэ Корякин Г.С. ааспыт созывка бюджет комиссиятын бэрэсээдэтэлин быЬыытынан онно тус эппиэтинэстээ5э эбээт!), ону сэргэ Г.С.Корякин АЛРОСА акцияларыттан улуус аккаастанарын туЬугар сорунан туран ыыппыт улэтэ эмиэ ахтылыннылар. БутэЬиккэ Улуус Мунньа5ын бэрэссэдээтэдэ Корякин Г.С. туран тыл этиниитэ кини улэтин итэ5эстэрин ыйан тыл эппит дьон иннигэр бэйэ кырдьыгын таЬаарыныы эрэ курдук иЬилиннэ.
Кини этиитин кэннэ кырдьык Улуус мунньа5ын бу састааба ыЬыллара наадалаах, онтон бэрэссэдээтэл Корякин Г.С. бэйэтин тула депутаттары тумэн улуус сайдарын туЬугар улэни ыытар кыа5а суох эбит диэн тумук санаа5а кэлэ5ин. Уопсайынан мунньахха тыл эппит дьон угустэрэ «ыЬыллыы то5о буолла» диэн боппуруоска эппиэти кердуу, була, «оннукка чуолаан ким а5алла» диэн
ицэ-тоцо сатаабакка, урдуттэн Улуус мунньа5а ыьыллыа суохтаах, салгыы улэлиэхтээх диэн этиниилэрэ буолла. Онтон бу мунньа5ы ким да киниэхэ боломуочуйа биэрбэтэ5ин урдунэн салайан ыыппыт рабочай группа салайааччыта Местников В.А. киниэхэ ким эрэ бэлэмнээбит испииЬэгинэн онно киирбит эрэ дьоццо туох баар утуелэрин испииЬэктэн керен аа5а-аа5а бастакынан тыл биэртэлээбитэ, онтон ол испииЬэк бутээтин кытта, этинэр дьон теЬе да баалларын урдунэн, кэпсэтиилэри тургэнник тумуктуур эрэ аатыгар барбыта бу мунньах чуолаан Корякин Г.С. оцорбут сценарийынан барда диэн санаа5а барыбытын да тиэртэ.
Онтон мунньах иккис ацаарыгар Ил Тумэн рабочай комиссиятыгар киирэн кэлбит Ил Тумэн депуттара санааларын маннык этиннилэр.
Ил Тумэн хонтуруоллуур сис комитетын бэрэсээдээтэлэ Уаров А.С. бэйэтин этиитин 11-Куулэккэ оскуоланы ,Булуу улууЬун убаастыыра бэрт буолан, кутуетун тэрилтэтин ыытан туттарбытын туьунан кэпсээнтэн са5алаата. Чэ ол буоллун, ким да туттун. Ол гынан баран тутуллаат да бу оскуола тутуутун хаачыстыбата куЬа5аныттан сабыллар турукка киирбитигэр, итэ5эстэри туоратыыга кэилицци ус сылларга элбэх уп-харчы ороскуоттаммытыгар убаастабыллаах Уаров А.С. да, тутууну ыыппыт кутует да кыЬамматтар эбээт. Сеп дии - тутан аахсарын аахсан буттэхтэрэ!
Кэпсээммит салгыы ессе тэнийэн барар. А.С.Уаров ТааЬа5ар оскуолатын тутуутун боппуруоЬун Ил Тумэн бэрэссэдээтэлэ А.Н.Жиркову кытта кини(А.Н.Жирков) бииргэ уерэммит однокурснигар ТааЬа5ар нэЬилиэгэр хоно сытан быьаарбыппыт диэн толору саала5а мустубут дьоццо сэьэргээтэ! Бу тугуй?! Оскуола тутуутун курдук республика барыта ыалдьар биир тутах боппуруоЬа ыалга хоно сытан быЬаарыллар буолбута дуо?! Хайа, онтон тустаах министиэристибэ, Ил Тумэн сессиятынан бигэргэтии, бутэр уЬугар Республика Ил Дархана ити боппуруоска (оскуола тутуутун боппуруоЬугар) тугунан дьарыктаналлар оччо5о?!. (кэлин диэн эттэххэ, Уаров А.С.
Булууттэн теннен иЬэн ТааЬа5ар оскуолатыгар сылдьан ити оскуола тутуутугар 2016 сылга республика бюджетыттан 150 мел солкуобай бэриллиэ диэн эппитэ ватсап нецуе сонун буолан кимнээ5инэн эрэ тар5атылынна). Бутуутугэр Уаров А.С. бу керуллэр боппуруоЬу биЬи быЬаарабыт, Улуус мунньа5а, бу быыьык кэмцэ ыЬыллан хаалла5ына, хаьан быыбар буолан саца састаап талыллан бюджеты бигэргэтиэр дылы аны сайын буолуо, онуоха дылы улэни-хамнаЬы ыыппакка элбэх ыарахаттыры керсуеххут диэн ейдебулунэн тумуктээтэ. Онтон биЬи улууспут 2015 сыллаа5ы бюджета билигин да бигэргэнэ илик эбээт!
Булуу улууЬуттан депутат И.Ю.Григорьев бэйэтин этиитигэр кини депутатынан «Биир ньыгыл Россия» партияттан туран депутатынан талыллыбытын тоЬо5олоон бэлиэтээтэ.
Онон кини чуолаан ити партия позициятын кемускуурун туЬунан этиниитин истэн олорбут улуус олохтоохторо теЬе себулээбиттэрэ буолла? Дьицинэн, кинини «улуус интэриэЬин барытын кемускуе» диэн «Биир ньыгыл Россия» партия депутат быЬыытынан мэктиэлээн туруорбут буолуохтаах этэ. Инникитин да ити санаатын уларыппат буолла5ына кини хайдах куоластаабытынан «Биир ньыгыл Россия» партия куоластанар боппуруоска позициятын билэ туруохпут буолла5а. Онон ити буолбут мунньахха тыл этиититигэр оло5уран, Булуу улууЬун мунньа5а федеральнай сокуону кэЬэн ыЬыллар тугэццэ тиийиитин «Биир ньыгыл Россия партия республикааа5ы салалтата биЬириир эбит диэн санаа5а кэлэ5ин. (Манна таарыйа эттэххэ уут субсидиятын урдэтии бопуруоЬа турбутугар Григорьев И.Ю. хайдах куоластаабытыттан керен, бу партия ити боппуоруоска сыЬыана
дьэцкэтик кеЬуннэ).
ТуЬааннаах боппуруоска «Биир ньыгыл Россия» партия депутатынан бэйэтин ааттанар Григорьев И.Ю. «Улуус Мунньа5ын ыЬыы боппуруоЬун биир киЬи хайдах быЬаарыай» диэн риторическай ис хоЬоонноох ыйытыга Ил Дархантан атыцца анаммата чуолкай.
Коммунистар ааттарыттан кырдьык иЬин охсуЬар депутат Аммосов П.Р. этиитин сурун ис хоЬооно маннык буолла: «Былырыын Улуус Мунньа5а ус ый сессия ыыппатах кэмигэр улууска туох да ыксаллаах быЬыы-майгы уескээбэтэх, туоххут да туллан туспэтэх, хамнаскытын ылбыккыт курдук ыла олорбуккут». Ол улуус олохтоохторугар ессе да федеральнай сокуону теЬе ба5арар кэЬэ-кэЬэ олорбуккут курдук олоруц, туох эрэ улахан быЬылаан буолла5ына эрэ айдааны таЬаарар буолуц диэбит курдук иЬилиннэ.
Онтон Ил Тумэн тыа хаЬаайыстыбатыгар сис комитетын бэрэссэдээтэлэ Саввин Д.В. бу барыбытын улаханнык долгутар боппуруоспутугар куттуеннээх тугу да эппэтэ5э улаханнык хомотто.
Арай икки депутат Тимофеев В.В. уонна Филиппова М.С. правовой государство5а олорорбут быЬыытынан уонна быыбардааччылар интэриэстэрин кемускуур сыалтан уонна киниклэр конституционнай уонна гражданскай бырааптара куемчулэммитинэн 131 нуемэрдээх федеральнай сокунн 73-ус ыстатыйатын быЬыытынан Улуус Мунньа5а ыЬыллыахтаах диэн этиннилэр. Бу икки депутат чахчы сиппит-хоппут, бэйэлэрин позицияларын ханна ба5арар чопчутук этинэр уонна ону сатаан туруулаЬар кыахтаах дьон буолалларын ессе тегул бигэргэттилэр.
Алтынньы 29 кунугэр буолбут депутаттары кытта керсуЬуугэ киЬи икки санааны эрэ этэр кыахтаах. Бастакытынан бу керсуЬуу «Олох суола» хаЬыакка биллэрии тахсыбытынан Улуус Мунньа5ын уочарата суох сессията диэн ыцырыллыбыта. Куннээ5и бэбиэскэ5э биир боппуоруос керуллэр: «»Булуу улууЬа (оройуона)» муниципальнай оройуон Оройуоннаа5ы сэбиэтин ыЬыы туЬунан» сокуон бырайыагын дьууллэЬии»диэн ыйыллыбыта. Улуус олохтоохторо ити биллэриини кереет да эмиэ регламены тутуспакка эрэ, Ил Тумэн депуттара кэлэлэллэрин билэ- билэ итинник сессия буолан эрэр диэн бэркиЬии санаабыттара. Сессия болдьоммут кунугэр сарсыарда сессия буолар диэн мустубут депуттаттар иннилэригэр эрэ бу сессия буолбата5ын, кеннеру санаа атастаЬыыта эрэ буолар диэн иьитиннэрэллэр.
Бу эмиэ уочараттаах депутаттары албыннааЬын Улуус Мунньа5ын салалтатын еттунэн оцоЬулунна буолбатах дуо?! Санаа атастаЬыыта буолбут буолла5ына то5о бугустээн туран куоластааЬын тэрилиннэ?! Бу эрдэттэн Ил Тумэн бэрэстэбиитэлэ улууска баарын урдунэн, кини барытын билэ сылдьыбытын урдунэн соруйан оцоЬуллубут дьыала буолбатах дуо?! Эмиэ эрдэттэн оцоЬуллубут сценарий буолбатах дуо?! Оннук буолла5ына, онтон сценарий улуус иЬигэр оцоЬуллубут эбит да буолла5ына, ол сценарий Ил Тумэни кытта эрдэттэн себулэЬиллэн оцоЬуллубут эбит буолбатах дуо?!. Атын эбитэ буоллар Ил Тумэн бэрэстэбиитэлэ регламены кэЬэн туран сессияны ыцырымац диэн сессияны ыцырыыны тердуттэн суох гыныахтаах этэ.
ИккиЬинэн. Олохтоох бэйэни салайыныы Россия5а да, Саха сиригэр да бэрт соторутаа5ыта киирбитэ. Олохтоох дьаЬалталар да, бу таЬым бэрэстэбиитэллээх уорганнара да государство биир тутулун быЬыытынан бэйэлэрин таЬымнарыгар улэлээбиттэрэ а5ыйах сыл буолла. Оннук саца атахтарыгар туран иЬэн, кинилэр бэйэлэрин
улэлэрин хара мацнайгыттан федеральнай сокуоннары эрэ буолбакка баар, бигэргэтиллибит нормативнай-правовой докумуоннары (ол иЬигэр Улуус мунньа5ын регламенын эмиэ ) кэЬиилэрэ букатыннаахтык туоратыллыахтаахтар. Хомойуох иЬин, ити биЬи улууска тутуЬуллара Ил Тумэн сессиятыттан тутулуктанна. Хайдах быЬаарыллара кэлэр сессия5а кестуе5э.
Манна эбэн эттэххэ, 2014 сылга от ыйыттан сэтинньигэ дылы ыытыллыбата5а бу былырыын эрэ буолбут дьыала буолбатах быЬыылаах. Урукку еттугэр да куЬуццу суол алдьанар маннык быыЬык кэмигэр теЬе кэмцэ итинник быЬыы таЬаарылла турбута буолла.. Ол кэмигэр хаалан испит, киминэн да бу сыыЬа диэн ыйыллыбатах. Ону хата таба керен кырдьыгы туоруорсубут дьон Платонов В.Н., Васильев В.А., Калачикова О.И., Волков А.С., Волков И.А. уо.д.а билигин бэйэлэрэ буруйданар, сууттаЬыыга эьиги соруйан тиэртигит диэн сирэй-харах анньыыга тубэстилэр, соруйан утары оцоро олорор, сессияны ыЬааччы депутаттар ахсааннарыгар киирдилэр. Онтон федеральнай сокуон тутуЬуллубатыгар тиэрдибит, Улуус Мунньа5ын регламенын кердербутунэн туран кэЬиини бастайаанай таЬаарар, Улуус мунньа5ын 50 депутатын сатаан салайбакка фракциялар хайдыЬыыларыгар тиэрдибит Корякин Г.С., кинини соруйан ейуур уонна бэйэлэрин «Биир ньыгыл Россия» партия фракциятын депутата буолалларынан саптынар депутаттар сокуоннары ессе да кэЬэ-кэьэ салгыы депутаттыы сылдьыахтарын ба5араллар. Бэйэлэрин улэлэрэ быстар куЬа5ан туруктаа5ын кердербутунэн туран атын депутаттарга, улуус баЬылыгар келберутэ сатыыллара ама ейдеммет дуо?!
Ил Тумэн рабочай комиссията Булуугэ кэлиэн иннинэ Местников В.А. араадьыйа5а аЬа5ас эфиринэн республика олохтоохторун кытта кэпсэппитэ. Онно мин ыйытык биэрбитим. «Булуу улууЬун Мунньа5ын ыЬыллар боппуруостара хаЬан керуллэр, биЬиги борустуой дьон ейдебулбутугэр «Биир ньыгыл Россия» партия киЬитэ бэрэссэдээтэлэнинэн улэлээн олорорун иЬин боппуруоЬу соруйан уЬата5ыт дуо?» диэн. Онно Местников В.А. «алтынньы ыйга Ил Тумэн сессиятыгар керуехпут» диэбитэ да туолбата. Эмиэ албыннааЬын буоллта. Борустуой киЬи хара5ар «Биир ньыгыл Россия» партия авторитета олох тустэ. Федеральнай сокуон тутуЬуллубат буолла5ына тугу тутуЬабытый?!
Улуус депутаттарын ахсаанын 50 гынарга «Биир ньыгыл Россия» партия чилиэнэ Николаев Ф.Ф. этиитин Корякин Г.С. куоластаппыта. Общественность кыттыылаах мунньахха улуус Ытык субэтэ элбэтэр буоллахха 30 депутат буоллун диэн эппитин ылымматахтара. Улуус баЬылыга талылларын кытта биЬиэхэ биллэрии кэлбитэ. Улуус баЬылыга улэтиттэн ба5а еттунэн уурайар балаЬыанньатын уескэтиэхпит диэн. Онон сылыктаатахха маннык буолар: Корякин Г.С. улахан сорудах ылбыт, ол телебурэ – улахан дуоЬунас, уордьан, мэтээл, аат-суол уонна теЬе5е ба5арар кемускуехпут диэбиттэр.
Ол иЬин кэннигэр ейебуллээх буолан сирэйин сиргэ анньар, киЬилии быЬыытын сутэрэр. Баьылык улэтин теЬе кыайарынан араас албаЬынан куускэ мэЬэйдэЬэр, сууту-сокуону билиммэт. Бары Корякины кемускууллэр, оннук тэрийэн мунньах ыыталлар. Ол барыта борустуой киЬи хара5ар тута быра5ыллар, кестер. Дьицэр, баЬылык уонна Улуус Мунньа5ын бэрэссэдээтэлэ субэлэрин холбоон эйэ дэмнээхтик улэлиэхтээх этилэр. Ити туЬунан сэрии, улэ бэтэрээнэ Е.П.Бубякин хас мунньах аайы этэ сатаабыта да ол доло5ойго тохтооботох. Тойон буолла да сокуону кэЬэрэ сеп курдук, олохпутугар баар суол, «сур суорун хара5ын оцпот» диэн саха норуотун еЬун хоЬооно баар.
Булуу улууБун Мунньа5ын ыЬыы боппуруоЬа соруйан уЬатыллар, кэцэтиллэр.Еске бэрэссэдээтэлэ атын партия киЬитэ эбитэ уонна уеЬэттэн сорудах суо5а буоллар былыр
уйэ5э ыЬан кэбиспит буолуо этилэр. Араас таЬымнаах депутаттар бары федеральнай сокуон туолуохтаах дии-дии хабар5а хайдарынан хаЬыытыыллар да сокуону бастакы уочарат кэЬэллэр. Аны кэлэр еттугэр партияларынан депутаттары талары тохтотуохха, депутат аата-суола быыбардааччыга биллиэхтээх..
Корякин Г.С. сорудах толоттороору Улуус Мунньа5ын соруйан ыспаттар. Булуу улууЬун общественноЬа Улуус мунньа5ын бэрэссэдээтэлэ Корякин Г.С. сокуону кэспитэ икки суутунан дакаастаммытынан сибээстээн Булуу улууЬун депутаттарын бу састаабын ыЬарга, сацаттан быыбардыырга. Сокуону тутуЬуц, Ил Тумэн депуттатара сокуону тутуспат буоллахтарына ким тутуЬуон себуй?!
Петров П.Н.
Главному редактору
Республиканской газеты «Саха сирэ»
Гаврильеву Ч.Н.
Уважаемый Чокуур Николаевич!
Прошу опубликовать мою статью «Ил Тумэн сессиятын куутэбит» в ближайшем номере республиканской газеты «Саха Сирэ» в полном объеме.
С уважением: Петров Павел Никифорович.
Адрес: 678200, г. Вилюйск, ул. Лесная, 28.
Тел. 43-6-57
16.11.2015 г.
Главному редактору
газеты «Туймаада»
Яковлеву А.П.
Уважаемый Александр Петрович!
Прошу опубликовать мою статью «Ил Тумэн сессиятын куутэбит» в ближайшем номере республиканской газеты «Туймаада» в полном объеме.
С уважением: Петров Павел Никифорович.
Адрес: 678200, г. Вилюйск, ул. Лесная, 28.
Тел. 43-6-57
16.11.2015 г.
|