Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Ахсынньы » 6 » Сокуону сокуон курдук оҥоруохха
Сокуону сокуон курдук оҥоруохха
09:18
Сокуону сокуон курдук оҥоруохха

Ил дархан сибиитэтинээн сыаналаах мааны омук массыыналарыгар тиэллэ сылдьан ханна тиийдэ да: “Наһаа үчүгэйдик олоробут, сайынныбыт, орто хамнас 53 тыһыынча буолла”,-- диэн араатардаан дьону зомбируйдуу сатаан, эстэн-быстан олорор дьону кыынньыыр идэлэннэ. ”Ураа, уруй-айхал наһаа үчүгэйдик олорорбут”,-- диэн ону куоталаһа-куоталаһа бүтэһик кыахтарынан дэлэй астаах остуолунан чыыннары хатаҕалаан кыаҕы-күүһү көрдөрө сатааһын, хаартыскаҕа түһүү кэннилэриттэн төһө да иһил-таһыл тыллаах буоллар бүгүҥҥү күн итинник көрсүһүүлэр үгэскэ кубулуйдулар. СМИ ону иилэ хабан уон бүк үлүннэрэн кэпсиир-ипсиир.

Сотору ким эрэ туалет туттаҕына ону наһаа үчүгэй ил дарханнаах буолан бу туалеттан саха сирэ туох да сүрдээҕин сайдыбытын туһунан кэпсээн кэҕиһэрбит эрэ хаалла,--дэһээччилэр кытары бааллар. Сыыһаны, алҕаһы, кыаллыбаты этэр, кэпсэтэр бобуулаах. Салалтаны, ил дарханы утары саҥарар кириитикэлиир бобуулаах. Үлэҕиттэн үүрүллүөҥ. Норуот өстөөҕө аатырыаҥ. Онон сыал сорук биир: туох да буоллун, хайдах да буоллун салалтабытын уонна ил дархаммытын харса суох халлааны хабарҕатынан кыах баарынан арбыахтаахпыт. Оччоҕо дуоһунас, сылаас сымнаҕас олбох хааччыллар. Эмиэ да ээ, кырдьык даҕаны, наһаа үчүгэй эбит дии.

Ити аата ханна баран иһэбит?
Ити гынан бүгүҥҥү күҥҥэ тугу кыайдыбыт? Төһө хачча сайынныбыт? Тугу саҥаны кэскиллээҕи айан-тутан таһаардыбыт? Дьоммут хайдах олорор? Тулабытын көрүнүөҕүҥ эрэ. Бобуулаах даа, куһаҕаны итэҕэһи быһаҕаһы этиэ, суруйуо суохтаахпыт. Үчүгэйи, үчүгэйи уонна үчүгэйи эрэ талан суруйдаххына хамнастаах улуу суруналыыс аатыраҕын. Сөп, хамнаһа суох, куһаҕан суруксут мин суруйуум. Эһиги ааҕыҥ.

Билигин киһи дэриэбинэҕэ тахсан отчуоттары көрүөн куттанар буолла. Куруук суруйабын нэһилиэнньэ быыбардыырдааччы 30 бырыһыана бүтсүөттэн хамнастаах. Олору аһатаары, таскайдаары аҕыйах предприниматель таксистыыр, атыынан кутуунан дьарыктанар онтон атыттар...

Алта уон бырыһыаммыт тугу гынар, хайдах олорор? Бу эмиэ кимнээх эрэ тапталлаах оҕолоро, сиэннэрэ, бэйэлээх бэйэбит хаан-уруу аймахтарбыт буоллаҕа. Салалтаны, дьокутааттары талыыга кинилэр куоластара син биир наада буолааччы. Быыбар саҕана баартыйаларынан арахсан бу дьоммутун атыылаһа, куттуу, албыннаһа сатаан син араас буолан ылабыт ээ. Ол эрээри кинилэр хайдах олороллоро, тоҕо үлэтэ-хамнаһа суох сылдьаллара, быыбарынан талаллыбыт үрдүк сололоох чыыннар ортолоругар ханна да кэпсэтии сүнньүгэр иһиллибэт. Барыта наһаа үчүгэй.

Ил дархаммыт этэрин курдук сахалар сүрэҕэ суохтар, алларааҥы быстыбыт араҥа дьоно, диэн быһаччы сыана быһан быраҕыы буолла быһыылаах. Бу эстэ-быста, дьадайыы алараа араҥатыгар олорор саха сирин төрүт олохтоохторо эбээн, юкагир, саха, нуучча норуота эбээт. Ол аата сахалар барахсаттар бүтсүөт үлэһиттэриттэн уратыбыт хайдах олорор?

Бу күннэргэ тоҕо маннык олоххо кэлбиппит ил дархаммыт тыа хаһаайыстыбатын сокуонун оҥорор барылыгар илэ көһүннэ. Сокуону ааҕан баран кырдьыгы кистээбэккэ эттэххэ: “ил дархаммыт манан арбаммыта дуо?”,-- диэн бэркэ соһуйбутум. Көннөрөллөр үлэлэһэллэр ини, сүрэ бэрт дии санаабытым. Суох доҕор туох да баар суох улахан дуоһунастаах дьоммут били сыаналаах, мааны массыыналарыгар тиэллэ сылдьан ”Ил дархаммыт тыа хаһаайыстыбатын үлэтин сайыннарар наһаа үчүгэй сокуона”, диэн кэлэҕэйдээн, кэмчиэрийэн, кытаран көрбөккө таһааран нэһилиэнньэҕэ арбата сатаан дьэ муҥнаннылар эбээт. Хата ааранан дьиэбэр олорон мин кыбыһынным. Ол сурук барылыгар ыйыллар 27 ыстатыйаҕа тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорор киһиэхэ ханнык да бэйэни дьаһанар, айар, толкуйдуур кыах бэриллибэтэх. Били самоуправления диэннэрэ сыта да суох.

Барыта чиновниктар баҕаларын толорор эрэ хайысхалаах кэпсээн буолбут. Бу сүүрбэттэн тахса сыл тыа хаһаайыстыбатын хайдах эспиттэрин салгыы өссө күүскэ бүтэһиктээхтик эһэргэ аналлаах сурук-бичик буолбут. Дьэ, төһөтүн да иһин буолар да эбит. Ырыынакка киирбиппит сүүрбэ биэс сыл буолла. Ити аата бу тухары ССРС саҕанааҕы чиновниктарбыт дьиикэй ырыынак ирдэбилин ылыммакка тыа хаһаайыстыбатын үлэтин банкротаппыттарын билигин да өйдөөбөккө, билиммэккэ олороллор эбит. Кыраны эмэ ону-маны ыйдаҥардар киһиэхэ ол манна сокуон, диэн суруктарыгар олоччу көстө сылдьар.

Бу кэнниттэн киһи эрэ буоллар барытыгар сөбүлэһэргэ эрэ тиийдим. Туһа суох эбит. Ол да иһин аата сүрүн, ити сыыһын арааран көрөр биир эмэ ырыынак ирдэбиллэрин, сокуонун ыйдаҥардар киһи тыа хаһаайыстыбатын үлэһитэ салайар системаҕа, министерствобытыгар суох эбит буоллаҕа дуу? Бу суруктарын сокуон, диэн этэргэ да сүрэ бэрт. Баһаалыста ааҕыҥ хаһыакка тахсыбыта, интернекка баар. Бу чугастааҕы сессияҕа бэрт түргэнник өссө бигэргэтиэхтээхтэр, диэн дорҕоон баара. Эдиинэйдэр олус истигэн 51 норуодунай депутаттара ил дархан ити сокуонун барылын бигэргэтээри төһө эрэ оҥосто, арбана, чабылана сылдьаллара буолла? Ил Түмэҥҥэ сокуону оҥорууга иэдээни итинник оҥороллор. Тойон эттэ фракция толорор. Фракция эттэ депутаттар сүүс бырыһыан куоластыахтаахтар. Партия ирдэбилэ оннук.

Бу сокуоҥҥа альтернативнай Гражданскай плаформа политическай партия сэкиритээрэ Анатолий Кырдьаҕааһап сокуон барылын автордара Э.Б.Березкин, Р.С.Барашков үлэлэрин интернеккэ ыйаата уонна правительствоҕа, Саха Республикатын Судаарыстыбаннай мунньаҕа (Ил Түмэҥҥэ) норуот киэҥ араҥатыгар дьүүлгэ таһаарарга анаан киллэрдэ.

Өссө үһүс: ”Хомуньуустар тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар сокуон барылын оҥорбуттар үһү”,-- диэн сурах сири сибиири биир гына чаҕылҕанныы тарҕанна. Бу чахчы үөрүүлээх сурах. Ырыынак сыһыаннаһыыларыгар элбэхтэн биир үчүгэйин талар конкуренция, диэн баар буолуохтаах. Аан дойду сайдыылаах судаарыстыбалара итинник ситиминэн сайдаллар. Ол эрээри ол сокуон син биир Гражданскай платформалар киэнин курдук киэҥ маассаҕа тахса, дьүүллэнэ, иһиллэ хаһыаттарга бэчээттэнэ илик. Онон бу сокуону дьиҥнээхтик туһанан үлэлиэхтээх норуот өссө билсэ илик.
Саха республикатын тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыыга өссө ханнык партиялар, общественнай тэрилтэлэр сокуон барыла киллэрэллэр?

Судаарыстыбаннай чыыннар дьоллорун-соргуларын туһугар кыһаллар, ил дархан этиитин тук курдук толорор Эдиинэйдэр, тыа сирин кыһалҕатынан, тыа хаһаайыстыбатын үлэтинэн быһаччы дьарыктаныахтаах ил дархан илэ бэйэтинэн туруорбут А.Г.Васильев салайар аграрнайдар, сиэрдээхтэр, ЛДПР-ар уо.д.а. бааргыт дуо? Тыаскыт уускут тыа сирэ сайдарын туһугар тоҕо иһиллибэт. Бука бары уһуктуҥ бырайыаккытын дьүүлгэ киллэриҥ.

Бээрэ убаастабыллаах барыны бары кыайа тутар улуу чыыннарбыт кыратык уоскуйуҥ, тыынна ыла түһүҥ. Норуоту сөбүн буолан баран бэйэлээх бэйэбит хаан уруу аймахтарбытын сахалары, эбээннэри, юкагирдары отучча сыл албыннаатыбыт, эстибит, иэдэттибит. Тохтуу түһэн тыын ылан биир эмэ ый толкуйдаан налыччы норуоту хаан-уруу аймахтарбытын тыыннарын хаайбакка, күөмчүлээбэккэ тылларын истиэххэйиҥ, өһүргэммэккэ, өстүйбэккэ аһаҕастык саҥардыаҕыҥ. Эрэйи-муҥу эҥэринэн тыыран, кывһалҕаны көрө-билэ олорор, олохтоох усулуобуйаны билэр дьон хата биһигиннээҕэр ордуктук этэн-тыынан, ыйан-кэрдэн, сүбэлээн саҥа сүүрээни киллэрэн биэрээйэллэр. Ити ырыынакка бэйэни салайыныы биир сүрүн ирдэбилэ даҕаны. Кинилэр эмиэ биһиги курдук бука бары анал орто үөрэхтээхтэр.

Үрдүк үөрэх дипломнаах эрээри үлэтэ суох дэриэбинэҕэ элбэх. Хайа аны сааһын тухары олоххо араас быһыыга-майгыга, араас дуоһунастарга эриллибит ытык-мааны кырдьаҕастарбыт этэр тылларын истэн ырытыаҕыҥ, сиидэлиэҕиҥ, үүттэн сүөгэйин холбуйардыы үтүө-мааны өттүн холбуйан ылан чахчы үлэлиир, билиҥҥи ырыынак ирдэбиллэригэр эппиэттиир, чахчы үлэһит киһиэхэ эрэ анаммыт, тапталлаах, ахтылҕаннаах тыабыт сирин сайыннарар, сэргэхситэр сокуонна оҥостуоҕуҥ.

Ол инниттэн оҥоһуллубут бырайыактары олоччу маассабай бэчээт бары көрүҥнэригэр биири да көйгөтүппэккэ киэҥник бэчээттэтиэххэ. Интернеккэ таһаарыахха. Автордар ыллыктаах тылларын телевизорынан, радионан элбэхтик истиэххэ, дьүүллэһиэххэ, бар дьон санаатын истиэххэ. Автордар норуокка сокуон ис хоһоонун быһааран биэрэллэрин ситиһиэххэ. Оччоҕо үлэни тэрийээччилэр, үлэлиир киһи да дьэ, чахчы туһаныа этилэр. Наһаа ыксаабакка ыстатыйаларынан хас биирдии пуунун дьүүллэһиэххэ, кэпсэтиэххэ. Дьэ ол кэнниттэн сокуону парламенскай истии дьүүлүгэр саҥа дьыл кэнниттэн өссө олох да саас киллэриэххэ, диэн этии киллэрэбин.

Онуоха диэри министерство анал былаан график оҥорон автордары транспорынан хааччыйан, үлэһит дьону кытары көрсүһүүлэрин тэрийэн нэһилиэнньэҕэ киэҥник сырытыннарыахха. Оччоҕо автордар алҕастарын булуналларыгар, бэйэ-бэйэлэрин кытары санаа атастаһалларыгар даҕаны быдан барыстаах, табыгастаах буолуо. Нэһилиэнньэ да үлэни-хамнаһы тэринэригэр көдьүүстээх буолуо. Ыытыллыбыт үлэ биллэн туран ким хайдах ылыммытын солуута суох кэлтэй арбаныынан буолбакка кырдьыктаахтык баарынан бэчээтинэн сырдатыллыахтаах.

Билэбит дии спортка үчүгэй халбаҥнаабат чуолкай быраабыла баар буоллаҕына күрэхтэһии көдьүүстээх уонна бэрээдэктээх буолар. Син биир үлэни-хамнаһы, олоҕу тэрийиигэ эмиэ үчүгэй чуолкай сокуон баар буолуох тустаах.

Арамаан Дьөгүөрэп.
 
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1329 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 90
Ыалдьыттар (гостей): 90
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024