Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2015 » Ахсынньы » 17 » в Якутске состоялся пикет против раздачи гектаров на Дальнем Востоке
в Якутске состоялся пикет против раздачи гектаров на Дальнем Востоке
08:45

СИР: Хойутуоҥ - хомойоҥҥун ытыаҥ

IMGP7225Ахсынньы 16 күнүгэр, норуот депутата Иван ШАМАЕВ көҕүлээн, Уһук Илин регионугар 1 гектар босхо сир түҥэтигин утаран пикет тэрилиннэ.

Куолутунан, Уйбаан Уйбаанабыс сахатын дьонун куттаабыта  ыраатта: “Биир сарсыарда турбутуҥ – сириҥ суох...”. Ааспыт сырыыга “уһуктубутуҥ – гаас, химия быһа сиэбит...” диэн буолта. Кини кэнниттэн, эрэллээх саллаата Валерий ЛУКОВЦЕВ: “Дьааҥы хайаларын быыһыгар сир ылан баран ИГИЛ боевиктара кэлэн бааза да тэриниэхтэрин сөп! Ону биһиги хантан билиэхпитий?!” – диэн ыган-түүрэн турар. Дьааҥы хаар дьаҥхалаах дьапталҕа хайаларын  быыһыгар сулардыы бытыктаах боевиктар үҥэн көппөҥнөһө сыталлара хараххар барыс гынар... Дьулаан.

“Биһиги курдук ыраах, тымныы, суола-ииһэ, уота-күөһэ суох сиргэ наһаа оннук куттуулларын курдук,  уочарат анньыллан турбата буолуо. Сайынын бырдаҕа, өҥүрүк куйааһа, кыһынын чысхаана-дьыбара...  Ол, хаар хайа быыһыгар итии тыыннаах куйаас дойду дьоно, ама да боевиктаабыттарын иһин, хайдах тиийэн хорҕойо сытыахтарай.  Бааза туттарга да, оттон уот-күөс, суол-иис наада буолуо дии, - диэн ЛУКОВЦЕВ тылын тиэрдибиппэр Данил МАСТАХОВ улаханнык саарбахтаан  тыл ыһыгынна. – Биһиэхэ, үс сыллааҕыта, Хатас диэкинэн элбэх оҕолоох ыалларга диэн уһаайба сирэ түҥэппиттэрэ. Куорат суотугар суол-иис, уот-күөс оҥоруох буолан эрэннэрбиттэрэ. Дьыссаат тутуохпут, оскуола киллэриэхпит – олоруҥ, оҕото төрөтүҥ диэн тойоттор этэн-тыынан бартара. Үһүс сылын кэтэһэбит. Туох да суох, - диир.

Кадастровай инженер Иван ИВАНОВ (Мирнэй к.): “Приамурье, Владивосток эҥин диэки сир ыла сатыахтара, - диэн сылыктыыр. -  “Сирбитин ылан эрэллэр” диэн айдааны, мин саныахпар сымыйанан күүркэтэллэр. Били ырыаҕа ылланарыныы: “Дай мне повод” онтон айдааны бэйэм да таһаарыам  диэбит курдук”.

1 гектар босхо сири түҥэтэр сокуон барыла өйүүн – ахсынньы 18 күнүгэр Госдумаҕа дьүүллэнэн бастакы ааҕыытын ааһыахтаах. Сокуон барылынан, ханнык баҕарар РФ гражданина Уһук Илин хайа баҕарар муннугар 1 гектар сири буор-босхо ылыан сөп. Туох да докумуону сырсан тилэҕэ элэйбэт, интернетинэн публичнай кадастровай картаны көрөн олорон – “хочу” диэтэ да, киниэнэ буолан хаалыахтаах. Холобура, “шамаевтыы” судургутук  эттэххэ: ханнык эрэ Москваҕа, Таганрогка, Воронежка олорор киһи Саха сирин картатын аһа баттыыр уонна  Тиэлиги олохтооҕо Баһылай Ньукулаайап, илиитэ тиийбэккэ  оттуур ходуһатын  докумуоннаспакка сылдьыбытын –“хочу” диэтэ да бэл түргэнник бэйэтин аатыгар суруттаран, 5 сылга арендаҕа ылан кэбиһэр.

Баһылай Уйбаныап ыбылы ыһыахтаан, үрэ-үрэ үрүмэлээх үүттээх чэйин сыпсырыйан баран,  хотуурун таптайан, кыраабылын тииһин оҥорон оттуур ходуһатыгар тиийбитэ баара - хатыылаах боробулуохаҕа “...оннук-маннык киһи биэс сылга бас билэр бырааптаах  – тыытыма, тыытар буоллаххына – төлөө, сыанатын бачча-хачча нүөмэринэн билис” диэн бэрт сорунуулаах ис хоһоонноох биллэриигэ кэтиллиэн сөп.

Онон, сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар диэн өс хоһоон кэриэтэ, саха дьоно “сүгэни” кэтэспэккэ, эрдэ-сылла эрэй аҕыйаҕына оттуур ходуһаҕытын, сайылыккытын-кыстыккытын, олорор дьиэҕитин, тиэргэҥҥитин приватизациялаан, барытын  кэтэх бас билиигэ көһөрөн кэбиһиҥ диэн үөрэхтээхтэр сүбэлиллэр. Кырдьык, биир сарсыарда ханнык эрэ Махачкала ыччата “мин сирим” диэн өбүгэҥ алааһын хортуоска олордоору буорун тиэрэн бардаҕына соччото суох буолуо.

***

Саха сирэ саамай улахан регион диэн ааттаннар да, киһи олороругар, сүөһү иитэригэр холоонноох сирэ аҕыйах. Бэл, нэһилиэктэргэ уһаайба сирэ буолуохтааҕар, оттуур ходуһа улахан былдьаһык.

Аны “чугас эргимтэ сири нэһилиэк былааһа саба баттаан сытар, дьоҥҥо түҥэппэт, бэйэтэ да туһаҕа таһаарбат” диэн үҥсүү үгүс. Быраҕыллыбыт бааһыналар лаҥхаран бүттүлэр. Дьиҥинэн, “саба баттыы сыппакка” олохтоохторго түҥэтэн кэбиһиэхтэрэ этэ буоллаҕа.

Иккиһинэн, “куоракка көһөн хаалбыт дьон тыаҕа уһаайба, ходуһа, мэччирэҥ ылан баран таах быраҕан сытыараллар” диэн  кэриэтээһин эмиэ баар.  Итини олохтоох дьаһалта баһылыктара хайдах быһааралларын бэйэлэрэ да  билбэттэр.

Сири бэйэ аатыгар оҥотторору, уопсайынан,  докумуон-кумааҕы чааһыгар сахалар сүрдээх нэс дьоммут. Онно сүүрүөххэ, манна сылдьыахха диэтэххэ, олох охтон түһэбит. Элбэх улуустарга МФЦ диэн докумуон хомуйан оҥотторон биэрэр тэрилтэлэр тэрилиннилэр.

Кадастровай инженер ИВАНОВ этэринэн, билигин саамай сир докумуонун оҥорорго улахан сыананы уонна бириэмэни  межевание - сир кыраныыссатын быһаарар  үлэ ылар. “Ол гынан баран, ити 1 гектар сири босхо биэрэр сокуон олоххо киирдэҕинэ, сир ылар дьон межевание эҥин диэни оҥотторботтор, онон ороскуотурбаттар. Аны билигин сири приватизациялыырга   кадастровай сыанатыттан 10-ча%-ныгар  атыылаһан ылаҕын. Онтон саҥа сокуон таҕыстаҕына – тугу да төлөөбөккүн.  Ол иһин сорох дьон сокуон киирэрин кэтэһэллэр,  соруйан сирдэрин докумуоннарын оҥорботтор”, - диир.

Биир өттүнэн, арай, “босхону” кэтэһэ сылдьан, букатын да  матан хааллахпына? Мин иннибинэ уруттаан ол сиргэ  атын киһи сайаапка биэрэ охсубут буоллаҕына? Таҥара сэрэҕи таптыыр - хайыҥ охсунан эрдэ төлөөн межевание оҥотторон, кадастровай сыанатынан сири атыылаһан ылан  приватизациялыы турбутум ордук буолуо суоҕа дуо? Били, туппутум түһээбиппинээҕэр ордук диэбиттии?

 Сорох  киин хаһыаттар суруйалларынан, сир нолуога үрдүөхтээх, онон атыыласпакка арендалаан олорбут көнө диэн суруйаллар. Онуоха: “Атыылаһар сыанатын уйуннахха – приватизация ордук бөҕө буоллаҕа. Аренда хаһан баҕарар нолуоктан үрдүк буолар. Тыа хаһаайыстыбатын сирэ төһө бэйэлээх буолуой, наай буоллар кадастровай сыанатттан 0,3% эрэ нолуоктаах буоллаҕа”, - диэн кадастровай инженер этэр.

Билигин нэһилиэк бэйэтэ быһаарарынан сир түҥэтигин бэрээдэктиир. Биир киһиэхэ төһө га сир бэриллэрин олохтоох депутаттар быһаараллар. Ыал төбөтүн ахсаанынан киһиэхэ тиксэр нуорма сирин ылыан сөп. Саҥа сокуон киирдэҕинэ, ким баҕарар (биирдиилээн дьон) Уһук Илин иһигэр 1 гектар сири босхо ылар кыахтанар.

Эрдэ суруйа сылдьыбыппытын курдук( 1 гектар босхо сир ылабыт дуу, суох дуу… Сир туһунан сокуон общество дьарҕатын тиэрэ тарта ), саҥа сокуону үлүбээй утарыахха эрэ диэн утарар сыыһа.  Россия судаарыстыбатыгар  олоробут. Федеральнай сокуон таҕыстаҕына, Россия судаарыстыбатын субъега буоларбыт  быһыытынан, булгуччу сокуону тутуһуохтаахпыт.  Сир эргитиитэ, хаһан эмэ да буоллар, син биир тирээн кэлиэхтээх этэ.  

Сири эргитии, сири финансовай инструмент курдук туттар таһымҥа хаһан эмэ да буоллар биһиги тиийиэхтээхпит этэ. Бириэмэ ыгыма биллэр. Ол гынан баран, биһиги баҕабыт хоту олох биир сиргэ турбат,  баран иһэр. Сахалар ону сэргэ өйбүт-санаабыт, төбөбөт уларыйыыта эмиэ уларыйан иһиэхтээх. 

Өр кэмҥэ Саха сирин кадастровай сыаната, хайа да регионнардааҕар, үрдүкү сыанаҕа быһыллан, тутуллан турбута. Бу, биир өттүнэн,  – дьону бэлэмнээһин курдук ылыныахха сөп. Өй-санаа ситэ илигинэ, сиринэн эргиниини сыана ыарахана тутан турдаҕа. 

Ол гынан баран, бачча аҕыйах нэһилиэнньэ бу айылаах улахан территорияны өр саба баттаан сытар кыаҕа суох. Ыйылаппытынан былдьаан ылбаттарын курдук “саамай көдьүүстээх көмүскэл – саба түһүү” диэн бэргэн этии курдук,  сирбитин  хайа кыалларынан бэйэбит туһабытыгар эргитэр суолу тобулуохтаахпыт.  

Туох барыта икки өрүттээх, куһаҕан эмиэ  үчүгэйдээх буолар. Ол үчүгэйин булуоххайыҥ, диэн ааспыт суруйуубутар эппиппитин хатылыыбыт.  

***

Республика правительствота, депутаттара бу тахсыахтаах сокуон ситэтэ суоҕун элбэхтэ ыйдылар уонна  Госдумаҕа этии бэлэмнэтилэр. Ол курдук Саха сирэ этэр:

-          Сири босхо  түҥэтии түһүмэҕинэн ыытыллыахтаах: бастаан муниципалитеттарга, онтон Уһук Илиҥҥэ, ол эрэ кэнниттэн Россия бары гражданнарыгар таһаарыахха диэн.

-          Сири босхо ылыан баҕарар киһи хайаан да Уһук Илин олохтооҕо буолуохтаах.

-          Сири босхо ылыы үйэҕэ биирдэ эрэ оҥоһуллуохтаах. Билиҥҥи сири түҥэтэр информационнай систиэмэ үлэтэ ону кыайан хонтуруоллуур кыаҕа суох.

-          Ойуурга бэриллиэ суохтаах.

-          Аҕыйах ахсааннаах омуктар сирдэрэ тыытыллыа суохтаах, бэриллэр да буоллаҕына олохтоох омуктар референдумнара быһаарыахтаах.

-          Интернет сибээһэ сайдыбатах сиригэр суругунан сайаапка бэрилиннэҕинэ биирдэ сир бэриллиэхтээх.

-          Сир бэриллэр территорията чопчу быһаарыллыахтаах (олорор сиртэн хас тэйиччи сиргэ бэриллиэхтээҕэ чуолкайа суох).

-          Бэриллэр сиргэ хостонор баай суох диэн быһаарыы ыспыраапка баар буолуохтаах.
***
Aartyk.Ru 
Источник: aartyk.ru

Сегодня в Якутске состоялся пикет против раздачи гектаров на Дальнем Востоке

фото: web
16.12 13:41
412
14
16 декабря. Якутия. NVpress - Сегодня в Якутске состоялся пикет против законопроекта "О бесплатном гектаре в ДФО".
Организаторы мероприятия - общественное движение "Сир".


«Указанный законопроект совершенно не учитывает региональные природно-климатические, демографические и геополитические особенности субъектов ДФО. В случае его принятия права и охраняемые законом интересы жителей нашей республики будут существенно нарушены. Раздача бесплатных земель открывает широкие возможности для коррупционной составляющей и может повлечь возникновение конфликтов на местах. Совершенно нереальным и неэффективным представляется контроль за целевым использованием предоставленных земельных участков на бескрайних просторах Якутии. Не обозначена правовая и экономическая ответственность землевладельца», - считают организаторы мероприятия.
В пикете приняли участие Николай Яковлев, Иван Шамаев и другие общественные деятели республики.Началу мероприятия немного помешали полицейские, которые установили металлические ограждения - турникеты.
Как объяснили стражи порядка, это связано с террористической угрозой. "Наша задача - вас охранять, мы все рискуем на таких мероприятиях, защищаем вас от террористов", - поясняли полицейские.


Для участников пикета с помощью заграждений была создана определенная территория.

Им было предложено заходить туда по одному, сумки некоторых досматривались.Также им было рекомендовано стоять на одном месте, они не должны выкрикивать лозунги, 
Впрочем, это не смутило участников пикета, которые встали в отведенное для пикета место, и развернули плакаты и транспаранты.

Аида Иванова
непикетчик 16.12.15 14:05
Популисты! Закон то принимается в Москве, а не здесь. Ошиблись адресом
действительно 16.12.15 14:27
законы принимаются в столице. Езжайте туда, толку больше будет.
интересно, сколько заплотили 16.12.15 14:27
несчастным людям для того, чтоб они по морозились ?
Да пусть 16.12.15 14:50
хоть по 10 гектаров отдают! Какая разница?!
хах 16.12.15 16:27
Что тут сказать? Ну-у разве - "М-мля-а-а", сказать "пикету" остаётся. Очнись! Столичная земля давным-давно уж "раздаётся". Кто кому надо заплатил, тот что хотел и отхватил...
Фотограф 16.12.15 17:05
Были замечены 2-3 снайпера в балаклавах на крыше ДП и аммосова.
Фотограф 16.12.15 17:05
Жаль с собой был только широкоугольник ...телеобъектив не стал брать.
11 16.12.15 18:10
Делать им нечего, изображают бурную деятельность от скуки
ее 16.12.15 19:18
Земли в Якутии много Раздувают из ничего
нн 16.12.15 19:19
Снайперам делать нечего.
Гип 16.12.15 20:42
Власть боится своего народа
н 16.12.15 22:58
Везде уже террористы мерещатся,ещё обыскать их надо,может бомбы прячут,взорвать дом правительства
123 17.12.15 00:13
По многим критериям недоработанный закон по земле. Земли в Якутии мало: одни горы, болота и тундра. И план по недрам, которые исследовали геологи-в студию!
Николай 17.12.15 01:42
Много у нас земель сельхозназначения? Раздадут кому и как попало и коневодство загнется.
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1528 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ахсынньы 2015  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 94
Ыалдьыттар (гостей): 94
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024