Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » Тохсунньу » 5 » СУДЬУЙАНЫ КЫТАРЫ АҺАҔАСТЫК
СУДЬУЙАНЫ КЫТАРЫ АҺАҔАСТЫК
11:44

СУДЬУЙАНЫ КЫТАРЫ АҺАҔАСТЫК

СУДЬУЙАНЫ КЫТАРЫ АҺАҔАСТЫК Понедельник, 04 Января 2016 11:52
Республикабыт Үрдүкү суутугар судьуйанан үлэлиир Игорь Николаев тылын-өһүн урут хаста да истэн турабын. Ол иһин кэпсэтиннэриэх баҕа санаа баар этэ.

Ону буолуммат этэ, ол эрээри дьаныардаах булчукка Байанай имнэнэрин курдук, тоҕоостоох түгэн көһүннэ быһыылаах диэбиттии, Игорь Игнатьевич НИКОЛАЕВЫ булан кэпсэтэ сырыттым.

- Эн тускунан улахан матырыйаал тахсыбыт дии? Быһааран кэпсиирин буоллар?

- Ити билиҥҥи кэм көстүүтэ дии саныыбын, ол-бу быыбар, салалтаҕа уларыйыы чугаһыыр кэмигэр утарсааччы буолуон сөптөөх диир дьоннорун эрдэттэн хараардыы, түһэрии бүгүҥҥү олохпут кэмэлдьитэ буолан хаалла. Мин туспунан араас кэрдиис кэмнэргэ үөйбэтэхпин-ахтыбатахпын элбэҕи бэчээттээн тураллар, ону сууттаһа, аахса сырыттахха бэйэҥ кинилэр кирдэригэр-хахтарыгар ымньаныаххын сөп диэн өйдөбүлгэ олоҕуран кыһаллааччым суох, биирдэ да хардарсыбатаҕым.

- Сыыһа буолуо? Чэнчис киһи алҕас да сыстыбыт киртэн ыраастанан, аатын-суолун харыстыы сылдьыахтаах буоллаҕа дии.

- Арай оннуга дуу?

- Оннук...
 

РОССИЯ ИЛИН ДИЭКИ ЭРГИЙИИТЭ СӨПТӨӨХ

 - Юрист үөрэҕин ханна ылбыккыный?

- Армияҕа сулууспалаан баран, Харьков куоракка баран үөрэммитим, 1975 сыллаахха бүтэрбитим. Оччолорго бүтүн Советскай Союз үрдүнэн 3 эрэ юридическай институт баара, араас университеттар юридическай факультеттарын аахпатахха. Факультекка үөрэтии уонна анал институкка үөрэтии – атыннаахтара өйдөнөр, оттон ол 3 юридическай институттар ортолоругар Харковьтааҕы уонна Свердловскайдааҕы институттар быдан чорбойоллор этэ.

- Украинаҕа үөрэммит эбиккин. Оччолорго бу билиҥҥи курдук украинецтар нууччалары утары барыахтарын сөбүн туох-эмэ сибикитэ баар этэ дуо?

- Харьков – үксүн нууччалыы тыллаах, өйдөөх-санаалаах, культуралаах куорат этэ. Онон онно украинскай национализм соччо биллибэт-көстүбэт этэ, бары араас омук ыччаттара олус иллээхтик-эйэлээхтик үөрэммиппит, билиҥҥэ диэри олус истиҥ, үтүө өйдөбүл сөҥөн сылдьар.

- Украинецтар тоҕо итиччэ үлүгэрдик нууччалары утары бардылар дии саныыгыный?

- Былыр-былыргыттан хайа баҕарар улахан государство, империя кини састаабыгар баар омуктары ассимиляциялыы, биир халыыпка кута сатыыр – ол история да, айылҕа да сокуона. Былыргы Египеттэн, Персияттан, Кытайтан саҕалаан, хайа да улахан государстволары, омуктары ылан көрдөххө – бары уруккута тус-туспа тыллаах, культуралаах, төрүттээх омуктар булкуһан, ассимиляция суоруна таастарыгар мэһийиллэн, билигин биир омук курдук буолан көстөллөр.

Россияҕа арыый атын этэ. Россияны византийскай өйдөөх-санаалаах, тыллаах-өстөөх уонна ордынскай практикалаах империя диэн уруккуттан сыаналыыллар. Оттон ордынскай (ол аата, Чыҥыс хаан империятыттан силистээх-мутуктаах) практикаҕа атын тыллаах, культуралаах, итэҕэллээх омуктары күүһүнэн суурайыы суох этэ – онон Россияҕа да ыган туран ассимиляциялааһын ыытыллыбат этэ. Ол эрээри бас-көс, кыахтаах нуучча норуотугар сыстыы, булкуһуу баара – ол ордук татаардарга көстөр, Иван Васильевич III саҕаттан уонунан тыһыынча татаардар Москваҕа көһөн тиийэн, саҥа үөскээн, тэнийэн эрэр улуу государствоны салайсыыга кыттыспыттара биллэр, холобура, оччолорго дворяннар улахан аҥаардара татаардар этилэр.

Ити олох чыҥха ураты тыллаах, итэҕэллээх, оннооҕор атын расалаах татаар дьон кэбэҕэстик ассимиляцияламмыт буоллаҕына, нууччаларга чугас славян омуктар тустарынан этэ да барыллыбат. Ордук нуучча тылыгар, культуратыгар украинецтар күргүөмнээн көһөллөр, ылыналлар, иҥэринэллэр этэ, билигин да оннук.

Ол да буоллар, ассимиляцияны утарсыы эмиэ булгу баар буолар – ити эмиэ история, айылҕа сокуоннара. Онон украина тыла, культурата сүппэтин, суураллыбатын иһин турунар хамсааһын үөскээбитэ баар суол уонна ол сөптөөх.

Ол хамсааһыны кэлин кимнээх туох сыалтан күөртээн, күүһүрдэн, тэнитэн, атын хайысхалаан биэрбиттэрэ өйдөнөр буоллаҕа. Украинаны кытары иирсистэҕинэ, өстөстөҕүнэ, сэриилэстэҕинэ Россия кэскилэ сүтэр диэн Америка политиктара, стратегтара урут аһаҕастык элбэхтик суруйан тураллар дии, ону бары кэриэтэ аахпыппыт. Ол угаайыларыгар Украина да, биһиги да киирэн биэрдэхпит.

- Украинецтар уонна нууччалар иллэһиэхтэрэ дуо?

- Бу өстөһүү туораттан киксэрии, политика содулуттан үөскээтэ, онон норуоттар тыьыынчанан сыллаах доҕордоһуулара төннүөҕэ диэн олох эрэллээхпин, ол эрээри Украина Европа диэки бара турара тохтообото буолуо, ол күүс өртүнэн кыайан тохтотуллуо суоҕа.

- Оттон биһиги Азия диэки бара турар буоллахпыт?

- Петр Пиэрибэй саҕаттан Россия Европаҕа эҥин-араастаан сыста сатаата да мэлдьи көйгөтүүгэ сырытта. Ол тоҕо Европаҕа сыҥалана сатаабыттара өйдөнөр – саамай сайдыылаах, аан дойдуга инникилээн иһэр регион этэ буоллаҕа дии.

Оттон билигин Европа сыыйа хаалан эрэр. Сайдыы киинэ Чуумпу акыйаан тула сытар дойдуларга көһөрүн бары өйдүүбүт.

Онон Илин диэки эргийии – сөптөөх курдук.

 

СИСТЕМАТТАН УОННА ДЬОНТОН ТУТУЛУКТААХ

 - Тоҕо юрист идэтин талбыккыный?

- Ийэлээх аҕабыт учууталлар этэ, үрдүк интеллектээх, ссэмэй, олоххо кытаанах принциптэрдээх дьон этилэр. Кинилэри утумнаан, эдьиийим Ираида Саха государственнай университетын бүтэрэн, учуутал буолбута. Үөрэппит сүүһүнэн оҕолорун барыларын өйдүүр, таптыыр. Саҥа учуутал буолан баран, Маҕан аэропордугар Таатталаары олорон дьүөгэтигэр үөрэтэр оҕолорун туһунан кэпсии олорбут: «Наташкам наһаа нарын кыыс, Васям сытыы баҕайы уол, Колям аһара өйдөөх, Катям барыларынааҕар дьоһуннаах», - эҥин диэн. Ону чугас истэ олорбут эмээхсин тулуйбатах, ыйыппыт: «Тоойуом, бачча эдэр эрээри ол хантан итиччэ элбэх оҕолоннуҥ?»

Быраатым Иосиф олус чаҕылхай киһи этэ, уһулуччу баай фантазиялаах, идея бөҕөлөөх буолара, Тааттаҕа биллэр-көстөр учуутал, оскуола дириэктэрэ буолбута, эдэр сааһыгар оһолго түбэһэн бу дойдуттан барбыта.

Балтым Изабелла кыра эрдэҕиттэн культураҕа тардыһар буолан, Улан-Удэ куоракка баран, үөрэнэн кэлэн, билигин да культура салаатыгар үлэлии сылдьар, культура министерствотын биир тутаах үлэһитин быһыытынан сыаналанар.

Быраатым Иван, идеалист уол, сахалар хантан төрүттээхпитин билиэн баҕарар буолан, историк идэтин ылбыта. Кинини үөрэппит профессордар «Саха Гумилева буолуохтаах уолбут политикаҕа баран хаалла» дэһэллэрин истибитим.

Оттон мин сууту-сокуону уруккуттан интэриэһиргиир этим, государство уонна общество кырдьыктаах уонна сиэрдээх сокуоҥҥа бигэтик тирэнэр эрэ буоллахтарына тулхадыйбат туруктаналлар диэн санаалаах этим.

- Ол санааҥ уларыйбата дуо билигин?

- Уларыйбата.

Ол эрээри үчүгэй сокуон диэн ситэтэ суох эбитин мин тус бэйэм опытым да, дойдубут дьылҕата да кэрэһилиир.

Сокуону тутуһуохтаах, олоххо киллэриэхтээх систематтан уонна дьонтон тутулуктаах эбит.

- Советскай системаҕа эмиэ үлэлээбит киһи буоллаҕыҥ дии, оччолорго ордук этэ дуу, билигин дуу?

- Советскай Союз саҕана биир да политическай хабааннаах дьыаланы силиэстийэлээбэтэҕим, сууттаабатаҕым, онон ким да «Ол киһини булгу буруйдуугун» диэн дьаһал биэрбэтэҕэ.

Атын да дьыалаларга ким да райкомтан эҥин эрийбэтэҕэ, «Бу киһини тыытымаҥ», «Ити киһини хаайыҥ» эҥин диэн курдук.

Онон суут-сокуон туох дииринэн силиэстийэлиир, сууттуур этим, ол аата сокуону хайдах өйдүүрбүнэн, толкуйдуурбунан, суобаһым туох дииринэн салайтарар этим, онон оччолорго миэхэ судургу курдуга.

 

БИИР СИРГЭ, ҮЛЭҔЭ ХАРАҔАЛАНАР ТУТАХ

- Үөрэххин бүтэрэн баран, араас үлэни уларыта сылдьыбыт курдук суруйбуттар дии ол эн тускунан? Эчи барытын булан, билэн суруйбуттара сүрдээх дии. «Хонтуора» хаһыспыта буолуо дуо?

- Хонтуора буолбатаҕа буолуо дии саныыбын, государство тутулугар кутталы үөскэппэтэх буолуохтаахпын.

Хаһан ханна үлэлээбитим, ханнык бирикээһинэн атын үлэҕэ көспүтүм эҥин барыта үлэм киниискэтигэр, анкеталарбар сурулла сытар буоллаҕа дии, онтон ыллахтара.

- Оттон ол үлэҥ киниискэтэ Үрдүкү суукка сытар буолуохтаах дии?

- Оннук.

- Оччоҕо ол дааннайдары онтон ыллахтара дии?

- Оннук.

- Ким ылан биэрбитэ оччоҕо өйдөнөр буоллаҕа дии. Ол тоҕо сотору-сотору атын-атын үлэҕэ көһөр этигиний?

- Ханнык баҕарар киһи эдэр, саҥа үлэтин саҕалыыр кэмигэр бэйэтин дьиҥнээх миэстэтин булаары көрдүүр, тала сатыыр кэмнээх буолар. Араас хайысхалаах үлэлэргэ үлэлээбитим, олох араас эйгэтин билбитим мин салгыы олохпор үтүөттэн атыны биэрбэтэҕэ. Бэйэм биир сиргэ, биир үлэҕэ хараҕаланан олорботохпун, юрист идэтин араас көрүҥнэрин ис кистэлэҥнэрин билбиппин билигин кэлэн сүрдээҕин астынабын, уникальнай опыт буоллаҕа дии. Атын юристар, холобура, наар милицияҕа, наар прокуратураҕа, эбэтэр наар суукка секретартан саҕалаан үлэлииллэрэ олоҕу киэҥ хабааннаахтык көрөргө, дьон-сэргэ кыһалҕатын дириҥник өйдүүргэ арыый да тутах дуу диэхпин баҕарабын.

Ону миигин «буруйу онорбут», «үүрүллэн испит» курдук суруйаллара сымыйа, биир да үлэттэн уһуллубатаҕым, барытыгар бэйэм баҕа өттүбүнэн атын үлэҕэ перевод бэрээдэгинэн көспүтүм, ол барыта үлэм киниискэтигэр сурулла сылдьар. Биллэрин курдук, быраабы харыстыыр органнарга урут биирдэ эмэтэ буруйдаммыт, ууруллубут киһини олох үлэҕэ хос ылбаттар этэ, ордук советскай система саҕана. Онон мин эмиэ судьуйа буоларбар, Үрдүкү Суут судьуйатынан, бэрэссэдээтэли солбуйааччынан талылларбар олус кичэллээх, бары өртүнэн үөрэтиллибит бэрэбиэркэни ааспытым, олор түмүктэринэн итинник улахан үлэлэргэ сөптөөх диэн туһааннаах органнар быһаарыы ылыммыттара.

- Быыгабардар эҥин бааллар этэ дуо?

- Үлэлии сылдьар киһи сэмэлэммэккэ хайыай? Ылы-чып сылдьар эрэ киһи биир да быыгабар ылбата буолуо. Ол эрэн мин 40 сыл үлэлээбитим тухары иккитэ эрэ быыгабар ылбытым, ону да саҥа үлэбин саҕалыырым саҕана.

- Эйигин оннооҕор тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлии сылдьыбыт курдук суруйбуттар дии? Юрист киһи ол хайдах аграрник буолан хаалбыккыный?

- Семен Гаврильевич Жирков диэн саха омук биир номоххо киирбит кырдьаҕаһа баар, оччолорго Уус Тааттаҕа Петр Алексеев аатынан совхоз директора этэ, кини миигин билсэн, үөрэтэн көрөн баран бэйэтигэр юрисконсульт үлэтигэр ыҥырбытыгар сөбүлэспитим.

Уһулуччулаах салайааччы, чаҕылхай киһи этэ. Киниттэн ылыммытым элбэх – дьону кытары биир тылы буларга, уустук ситуациялары хайдах намырытарга, дьон кыһалҕатын өйдүүргэ үөрэппитэ. Саха омук тыатын дьоно туох-ханнык олохтоохторун, туох ыра санаалаахтарын, олоххо анаарыыларын дириҥник онно өйдөөбүтүм.

- Эйигин эмискэ Үрдүкү суукка судьуйа буолан хаалбыт курдук суруйбуттар. Ол хайдах ылаат да итинник дуоһунаска тиксиэххэ сөбүй?

- Бу этэр сурукпут кырдьыга суоҕа итинтэн да көстөр.

1987 сыллаахха ыраах Орто Халымаҕа барыаҥ дуо диэбиттэригэр, сөбүлэһэн тиийэн, судьуйанан үс сыл үлэлээбитим, онтон үрдээн, тыа оройуоннарын ортолоругар нэһилиэнньэтин ахсаанынан саамай бөдөҥ Мэҥэ Хаҥалас улууһун суутун салайан олордохпуна, промышленнай оройуоннартан саамай улахан суолталаах Мирнэй оройуонугар эмиэ сууту салайтара ыыппыттара.

Онон судьуйа үлэтигэр улахан опыт мунньунан баран, Николай Нифонтович Каратаев ыҥырыытынан 1994 сыллаахха Үрдүкү Суукка үлэлии кэлбитим, 1999 сыллаахха Россия Президенын Ыйааҕынан Үрдүкү Суут бэрэсэдээтэлин солбуйааччынан, гражданскай дьыалалары кэрэр коллегия бэрэсэдээтэлинэн анаммытым, 2008 сыллаахха талыллыбыт болдьоҕум бүтэн тохтообутум, онтон ыла судьуйалыыбын.

 
ХАРА ИСПИИҺЭККЭ КИЛЛЭРБИТТЭРЭ

 - Арбитражнай суут председателинэн тоҕо кыайан анамматаххыный?

- 2001 сыллааха республикабыт президенин быыбарыгар айдааннаах суут бөҕөтө буолбутун өйдүүрүҥ буолуо.

Ол саҕана мин гражданскай коллегия председателэ этим.

Михаил Николаевы быыбартан устарга күүскэ туруммуттара, ону суутунан устубатахпыт.

Уонна Кремль туруорбут киһитин Вячеслав Штырову икки төгүл быыбартан Үрдүкү Суут сокуон быһыытынан сөптөөхтүк устубута.

Онуоха Москваттан кэлбит дьоннор миэхэ киирэ сылдьан аһаҕастык сааммыттара «Үлэҕиттэн устуохпут, үйэ саас тухары хара испииһэккэ киирдин» диэн.

Үлэбиттэн устаары сылтах көрдүү сатаан баран, булбатахтара. Ол оннугар хара испииһэккэ кырдьык киллэрбиттэр этэ – ол иһин Москваҕа кыайан ааспат этим. Арбитражнай суукка эрэ буолбакка, председатели солбуйааччы иккис болдьоҕугар эҥин кандидатурабын туруорбутум.

- Ол хара испииһэккэ бааргын билэр эрээри тоҕо киирсэр этигиний?

- Хас биирдии бэйэтин убаастанар киһи халбаҥнаабат ис принциптэрдээх буолуохтаах, мин Вячеслав Штырову быыбартан сокуоннайдык устубутум, ол иһин мин суолум сабыллыа суохтаах диэн кытаанах өйдөбүллээх этим, суут систематыгар, дьоммор-сэргэбэр өссө да туһалыыр кыахтаахпын, ону хам баттыа суохтаахтар диэн санаанан салайтаран туруулаһар этим, аһарбаттарын сэрэйдэрбин да.

Москваҕа мунньахха хас биирдии кандидат киирэн, тыл этэн, боппуруостарга эппиэттээн, бэйэтин таһымын, бэлэмин көрдөрөр. Онно хас сырыы аайы миигин элбэх киһи сэргиир, өйүүр этэ, ону Россия Президенын админстрациятын бэрэстэбиитэлэ, Үрдүкү Суут салалтата наар хам баттаан аһартарбаттахтара уонна мантан Штыров администрацията эмиэ күүстээх утары үлэни ыытара.

Системаны утары барар – ыарахан да буоллар, санаам холку, тиһэҕэр диэри кииристим, санаабын булгуруппатылар диэн.

- Эйигин ити уголовник Козийы кытары ыкса сибээстээх этэ диэн суруйбуттарын туох диигиний?

- Итинник урут эмиэ суруйан тураллар, ону суруйбут хаһыаттар бары силиэстийэ түмүгүнэн бу дьыалаҕа мин эмсэҕэлээччи буоларбын ыйан туран опровержение суруйбуттара, онон сымыйатын билэ-билэ ити суруйуу аҥардас холуннарар сыаллаах таҕыста. Оннооҕор олох туох да онно суох мин следоватэллии сылдьан маҕаһыыны халаабытым курдук суруйбуттар, киһи сөҕөр эрэ, суруйбут дьон ньэгэйиттэн, ньүдьү балайыттан. Ааһа баран, Гитлер «Майн кампф» кинигэтигэр суруйбутунан салайтараллар дуу диэн саныыбын ээ: «Чем чудовищнее ложь, тем люди охотней верят» - диэн. Чэ, ити кинилэр бэйэлэрин ычаларын, кэмэлдьилэрин көрдөрөр.

ПОЛИТИЧЕСКАЙ ДЬЫАЛАЛАР

 - Билинни суукка «политическай» быһаарыылар элбэхтэр дуо?

- Быыбар – политика. Онон быыбарга сыһыаннаах дьыалалар бары – дьиҥинэн ыллахха, политическай курдук буолан тахсан кэлэллэр. Оттон хас быыбар аайы уонунан суут буолар үгэстээх – кандидаттар бэйэ-бэйэлэрин утарыта киирсэллэр, конкуреннарын уста сатыыллар. Сууттаһыы – политика арахсыспат аргыһа, сайдыылаах демократиялаахпыт дэнэр дойдуларга эмиэ хас быыбар аайы суут бөҕөтө буолар.

- Бу кандидаты булгу устаҕыт диэн дьаһал кэлээччи дуо?

- Тус миэхэ бэйэбэр ким да инньэ дии сорумматаҕа. Итинник ыйыыны олох ылыммаппын бары бэрткэ билэллэр, ол иһин сэрэнэллэр этэ.

Уонна хайа да улгум судьуйа көһүннэҕинэ да, син-биир сокуону тутуһа сатыыр, онон оруо маһы ортотуттан булан устан кэбиспэт. Сокуон кырдьык кэһиллибит буоллаҕына эрэ устар. Ити, атын өртүттэн ыллахха, кандидаттар бэйэ бодолорун тардыналларын ирдиир, быыбарга кэһиилэри аҕыйатар, опыттаах политиктар быыбарга үчүгэй бэлэмнээх тиийэллэр, тугу да улаханы кэспэттэр. Итиннэ сытар – сууттаһыы биир үтүө соҕус өртө. Ол да иһин уонунан сыллар усталарыгар сууттаһан, Арҕааҥы дойдуларга быыбардарга кэһиилэр син аҕыйаатылар.

- Куоластааһыҥҥа кэһиилэр баар буоллахтарына, суут тоҕо быыбар түмүгүн көтүрбэтий?

- Сокуон оннук.

Судургутук быһаардахха, холобура Петров Сидоровтааҕар 100-чэ куолаһы ордук ылар.

Сидоров сууттаһар уонна суукка куоластааһыҥҥа кэһии баара, 10-ча киһи куолаһын аахпатахтара көстөн кэлэр.

Ол эрээри ити 10-ча куолаһы аахтахха да, син-биир Петров Сидоровы ырааҕынан кыайбыта өйдөнөр буоллаҕа, ол иһин суут Сидоровка аккаастыыр, быыбар түмүктэрин көтүрбэт.

 
МАКСИМОВ ДЬЫАЛАТА

 - Максимов дьыалата политическай дуо?

- Холуобунай дьыалата, биллэн турар, экономическэй.

Ол эрээри Афанасий Максимов киирсии үгэнин саҕана Ил Түмэн депутата, ол аата политик этэ.

Дьыаланы тэрийэргэ сайабылыанньа биэрбит Штыров эмиэ политик, республика президенэ этэ буоллаҕа дии.

Онон политиктар киирсиһиилэрэ буолан, ити дьыала син-биир политическай ис хоһооннонон тахсар.

- Максимовы буруйа суох дуу, буруйдаах дуу диэн дьон дэлби мөккүһэр. Оттон эн санааҥ?

- Суут бүтэ илик, онон сыана быһарым сатаммат.

Уопсайынан, хайа баҕарар судьуйа коллегаларын быһаарыыларын ырыта сылдьара олох табыллыбат.

- Россия Үрдүкү суута икки төгүл Максимов туһатыгар быһаарыылары тоҕо ылыммыта буолуой? Кириэмилтэн эҥин эрийбиттэрэ буолуо дуо?

- Кириэмил ол аайы эрийэ сатаабатаҕа буолуо ээ.

Урут Максимов дьыалатын Василий Яковлевич Зыкин диэн биллэр судьуйа көрбүтэ, бэйэтэ Калугаттан кэлбит киһи. Биирдэ кэпсэтэ сылдьыбытым, философ-судьуйа эбит, нуучча норуота кырдьыктаах суут туһунан үйэлэр тухары ыраламмытын дууһатынан, сүрэҕинэн ылыммыт, ол баҕа санаанан салайтарар киһи эбит дии санаабытым.

Судьуйалар бары бэйэ-бэйэлэрин син үчүгэйдик истэллэр-билэллэр. Ол Зыкин туһунан олус чиэһинэй, бэйэтин санаатынан, сокуонунан дьүүллүүр киһи диэн өйдөбүл олохсуйбута ыраатта.

Онон Зыкин ити Максимов дьыалатыгар сокуону эрэ көрөн, тутуһан быһаарыы ылбыта чуолкай диэн сабаҕалыыбын.

Иккис быһаарыыны Алексей Викторович Шамов ылыммыт, Россия Үрдүкү суутугар кэлбитэ ыраата илик, эмиэ нуучча куоратыттан кэлбит киһи, кэпсииллэринэн, бириинчик, сыныйан көрөр, сокуону бэрткэ билэр киһи. Онон эмиэ сокуон хараҕынан көрөн быһаарбыт буолуохтаах.

 
ЕРЕМЕЕВ ДЬЫАЛАТА

 - Алексей Еремеев дьыалатыгар дьон санаата билигин да ытылла сылдьар дии? Кинини Егор Борисов орооһон эрэ босхолоотулар диэн өйдөбүл олохсуйан эрэр. Ону эн туох диэ этигиний?

- Егор Афанасьевич ити суругар Алексей Еремеев буруйа суох, онон босхолонуохтаах диэн этиллибэтэх, сокуону кытаанахтык тутуһан, дьыаланы сөптөөхтүк көрөр туһунан көрдөһүү сурук этэ. Араас көрдөһүүлээх сурук элбэх киирээччи, онон судьуйалар итинник суруктарга олус кыһаллааччылара суох. Хас да төгүл төхтүрүйэн туран ити дьыала чахчы киччэллээхтик үөрэтиллэн Еремеев буруйа суоҕа, төттөрүтүн күүскэ туруорсан элбэх ыччаты дьиэлээбитэ-уоттаабыта суутунан толору дакаастанан турар.

- Оттон били Эргиэн дьиэтигэр сыалай этээһи ылбыттар диэн баара дии?

- Ол этээс туһунан суут уурааҕынан салайтардахха, атыыласпыт дьон харчыны анал фондаттан иэс ылан баран кэмигэр бырыһыанын төлөөн туран төннөрбүттэр, ол иһин дьыаланы куорат суутугар иккистээн көрөллөрүгэр ол эпизоды устубуттар этэ. Бюджет харчытын тыыппатахтар диэн суут быһаарбыта. Онон ити дьайыыга холуобунай буруй састааба суох, этическэй эрэ өттүгэр боппуруос үөскүөн сөп курдук, ол да мөккүөрдээх.
 

ЖУРНАЛИСТАР – ТИҺЭХ ТИРЭХ БУОЛААЧЧЫЛАР

- Баҕарбатаргын да, бэйэҥ ис санааҕын утары баран, сокуону тутуһан суут уурааҕын таһаарааччыгын дуо?

- Элбэх буоллаҕа.

Сороҕор, кими-эмэ искэр аһына дуу, биһирии дуу саныыгын, ол эрээри сокуон олох чопчутук ыйар буоллаҕына – хайыыр да кыах суох.

- Холобурдуоҥ дуо?

- 2002 сыллаахха Вячеслав Штыров «Якутия» хаһыат кылаабынай редакторын Олег Емельяновы үлэтиттэн туох да биричиинэтэ суох устан кэбиспитэ.

Олег Новомировиһы элбэх киһи ытыктыыр, биһириир этэ.

Миигин Штырову утары быһаарыы ылыныа диэн саныыллар эбит этэ, быыбар дорҕооно ааһа илик да буолан. Оттон мин дьыаланы ылан көрбүтүм – Штыров туох да төрүөтэ суох Емельяновы ууратар толору бырааптаах эбит, сокуоҥҥа ол туһунан анал ыстатыйа ол саҕана киирбитэ.

Хайыахпыный, суут уурааҕын Штыров быһаарыытын туһатыгар ылынарга тиийдэҕим дии, сокуоҥҥа олоҕуран.

Кэлин санаатахха, ити Емельяновка туһалаабыт эбит. Үлэтигэр хос төннүбүтэ да буоллар, син-биир уһатыа суох этилэр.

Оттон Штыров бэйэтэ Емельяновы сокуон өртүнэн сөпкө да буоллар, сиэр-майгы өртүнэн сыыһа устубутун өйдүүр буолан, ону мүлүрүтэн, «Неделя Якутии» диэн оччолорго олус кэрэхсэбиллээх хаһыаты тэрийэрин өйөөбүтэ, оттон кэлин «Якутия» медиа-холдинг генеральнай директорынан анаабыта.

- Журналист Емельянов туһунан кэпсээнтэн сылтаан, ыйытыам этэ: журналистар тустарынан эн уонна атын судьуйалар санааҕыт хайдаҕый?

- Судьуйалар барыларын аатыттан этэр кыаҕым суох. Оттон билэр коллегаларым үксүлэрэ журналистар сороҕор общество тиһэх тирэҕэ буолаллар эбит диэн кэпсэтээччибит, хайдах да кыайан дьүүллэммэт, буруйга-сэмэҕэ тардыллыбат тойону-хотуну арай бэчээт эрэ нөҥүө ыраас мууска таһааран тиэрэ быраҕаттаан, кимнээх буолалларын көрдөрүөххэ сөп диэн. Ону ситиһэр хорсун журналистар биһиги норуокка бааллара үчүгэй буоллаҕа.

- Оттон критикалыыр матырыйаал таҕыста да «сакаас» диэн айдаан буолааччы дии?

- Быраатым Иван политик эрэ буолбатах, журналист, кини кэпсииринэн, оннооҕор Москваҕа журналистар 90% бэйэлэрин баҕаларынан сытыы матырыйааллары суруйаллар диир.

Хайа баҕарар профессияҕа идеал баар буолааччы – холобура, дьону кырдьыктаахтык дьүүллүөм этэ, буруйа суоҕу араҥаччылыам, буруйдааҕы уодьуганныам этэ диэн санаалаах киһи – идеальнай судьуйа. Дьиҥнээх олоххо идеалга сөп түбэһэр уустук да буоллар, судьуйа үксэ ити идеалга дьулуһар диэн саныыбын.

Син ол кэриэтэ, идеальнай журналист хорсун буолуохтаах, кырдьыгы суруйуохтаах, үтүөнү көмүскүөхтээх, мөкүнү саралыахтаах буоллаҕа дии. Онон аһара барбыт дьону ис сүрэхтэриттэн абааһы көрөн, атаҕастыммыттары аһынан, бэйэлэрин принциптэригэр тирэҕирэн суруйар журналистар син элбэх буолуохтаахтар диэни кытары сөбүлэһиэм этэ.

Мин санаабар, дьиҥнээх сакааска суруллубут матырыйаал аҕыйах буолуо, олору киһи аахтаҕына син сэрэйэр.

 
КИМ САКААСТААБЫТА СЭРЭЙИЛЛЭР

 - Эн тускунан матырыйаал оччоҕо сакаас дуу, хайа-эрэ киһи ис санаатыттан суруйбут дуу?

- Миигин хайа-эмэ дьыалаҕа сыыһа сууттаата, кырдьыгы тутуспата, кими-эмэ атаҕастаата диэн суруйбуттара буоллар толкуйдуом этэ.

Онтубут баара, ааспыт үйэ 70-с сылларыгар үлэтин хаста да уларыппыт этэ, рецидивист Козийы билсэр этэ диэн сымыйанан суруйбуттарыттан сылыктаатахха, сакаас буолара көстөр.

Ыстатыйа түмүгэр миигин республика Үрдүкү суутун председателэ Горева миэстэтигэр турунума диэн охсуоланыы, суоһурҕаныы баара эмиэ ону кэрэһилиир.

- Горева ол барыахтаах дуо?

- 70 сааһын туоллаҕына судьуйа уурайыахтаах. Онон Людмила Тимофеевна 2017 сылга бараары сылдьар. Кини миэстэтигэр конкурс кэлэр сылга биллэриллэрэ күүтүллэр.

- Оттон эн кини миэстэтигэр кандидатураҕын туруоруммаккын дуо?

- Бэйэм эмиэ 70 сааһым буолара чугаһаата, онон суох буоллаҕа.

- Эйигин кытары тэҥҥэ хаарыллыбыт республика Үрдүкү суутун председателин солбуйааччы Александр Седалищевы эмиэ Горева миэстэтигэр конкурент курдук көрөр буоллахтара дии?

- Оннук. Дьоһуннаах, опыттаах судьуйа, элбэҕи кэтэһиэххэ-эрэниэххэ сөп. Эдэр саастаах, тыа сиригэр төрөөбүт, промышленнай оройуоҥҥа улааппыт, республика олоҕун-дьаһаҕын бары хайысхатын үчүгэйдик билэр киһи, ити дуоһунаска дьулуһар да буоллаҕына омнуота суох курдук. Ол да иһин кинини холуннарар араас ыстатыйалар тахсыталаан эрэллэрэ буолуо.

- Ол аата, Горева оннугар ананыан баҕарар атын ким-эрэ конкурент буолуон сөптөөх диэбит дьонун эрдэттэн бултаһа сатыыр буоллаҕа дии?

- Итинник сэрэйэр оруннаах буолуон сөп.

 

САХАЛАРЫ ХАБАХХА ТЫЫННАРБАТЫННАР

 - Суукка уһуннук үлэлээбит киһи кэтээн көруугунэн – дьон майгыта-сигилитэ алдьанан иһэр дуу, суох дуу?

- Киһи ис дьиҥэ былыр-былыргыттан уларыйбат, арай туруга, тыла-өһө, өйө-санаата хамсыы сылдьыан сөп – эпохатыттан тутулуктанан. Уу-чуумпу кэмнэргэ майгы-сигили да намыын буолар, будулҕаннаах кэмнэргэ – ытыллар, холоруктанар.

Мин көрдөхпүнэ, дьон үксэ урут да, билигин да үтүөнү-мөкүнү, кырдьыгы-сымыйаны, кэскиллээҕи-быстаҕы ырыҥалыыра, өйдүүрэ, сыаналыыра уларыйбата, отуора алдьаммата.

Ол эрээри хайа баҕарар улахан долгун күүгэннээх буоларыныы, араас саарбах дьон күөрэс гыммыта көстөр, олор долгун үрдүнэн саба халыйбыт курдук көстөннөр, сыыһа өйдөбүл үөскүүр быһыылаах – майгы-сигили сатараата диэн.

- Суут практикатыттан көрдөххүнэ, сахалар бэйэ-бэйэбитин наһаа сиэһэр курдукпут дуу?

- Ити хайа-баҕарар омукка баар.

Саамай түмсүүлээхтэринэн сураҕырар еврей омуктар дойдуларыгар Израильга хаһыаттарга, форумнарга ынырыктык бэйэ-бэйэлэрин сэнэһэллэр, тэпсиһэллэр, кыраһаллар эбит – ол туһунан элбэх дьонтон истибитим.

Чеченнэр эмиэ түмсүүлээхтэринэн аатырар омуктар, оттон бэйэлэрин истэригэр уустарынан арахсан, күөнтэһии, өстөһүү, өлөрсүү үлүгэрэ буоллахтара дии, арай ону билигин Кадыров хам баттыы сытар.

Сахалар бииргэ түмсэн туора дьону сонордууллар, бултууллар диэн биир улахан силовик салайааччы Москваҕа үҥсэн суруйбутун биһиэннэрэ булан бэчээккэ таһааран тураллар этэ дии, соторутааҕыта.

- Саха омук ортотугар атааннаһыы баар дуо?

- Көннөрү норуокка улахан хайдыһыы суох, политиктар ортолоругар баар. Оттон хайа баҕарар политик аймах-билэ, атас-доҕор дьонноох, олор күөнтэһиигэ тардыллан хаалаллар, форумнарга эҥин быстан биэрбэт айдааннарын, суланыыларын «норуот хайдыста» диэн курдук көрөллөрө буолуо.

- Норуоту сомоҕолуу сатаан тахсаллар дии мэлдьи? Ол тоҕо кыаллыбатый?

- Омук дьылҕатын быһаарар тыын суолталаах боппуруостарга эрэ норуот сомоҕолоһор буоллаҕа.

Оттон быстах быыбардарга энин «сомоҕолоһуу» диэн – ол атын.

Биһиэхэ итинник искусственнай «сомоҕолоһуу» суоҕа үчүгэй буолбат дуо? Татаардары холобурдуур сыыһа – онно хам баттааһын кытаанаҕа буоллаҕа дии, Көмүс Ордаттан саҕалаан историческай традициялара да оннук. Оттон Чечняҕа олох хабахха тыыннара сылдьаллара ама бэрт буоллаҕай?

Ол чеченнэр курдук буолуохтааҕар, бу билиҥҥи курдук тус-туспа санаалаах, тус туһунан анаарыылаах олорбуппут быдан ордук.

Хам баттамматах күүстээх ис конкуренция баара хайа да омукка туһалаах – ол олох да, история да биир туспа сокуона, наукаҕа «внутривидовая конкуренция» диэн өйдөбүл баар. Ити сахалар ис конкуренциябыт улаханын «бэйэ-бэйэни сиэһии» курдук сыаналыыр сатаммат. Ити инники сайдыы философиятын сүрүн сокуона: «Борьба и единство противоположностей» - диэн.

 САХА – ХАДААР ОМУК

 - Саха атын омуктартан майгыта уратылааҕа суукка көстөөччү дуо?

- Сахалар хадаар соҕус дьоммут.

Таспытыгар мэлдьи таһаарбатарбыт да, онтубут араас ситуацияҕа биллэр-көстөр, оттон сууттаһыы – үксүн экстремальнай ситуация, онон ырылхайдык тахсан кэлэр.

Саха сирин курдук тыйыс айылҕалаах сиргэ, холобура, былыр-былыргы курдук бултаан-балыктаан эрэ, эбэтэр Хоту дойду эйгэтигэр сөп түбэһэр таба хаһаайыстыбатынан дьарыктанан олорордооҕор сүөһүнү иитэн, тордоххо буолбакка, дьиэ-уот, ампаар, хотон туттан олорор быдан элбэх сыраны-сылбаны, дьулууру-сындааһыны эрэйэр. Ону ураты соҕус характердаах, өһөс майгылаах, атыннык эттэххэ, хадаар соҕус омук эрэ кыайа-хото тутуон сөп эбит.

Оннооҕор, ынахпыт-сылгыбыт да майгыта эмиэ оннук. Соҕурууттан кэлбит боруода ынахтааҕар дьиҥнээх саха ынаҕа майгыта уустук буолар диэччилэр, сатаан табан көрөр-истэр наада үһү. Сэрии саҕана фроҥҥа хас да уон тыһыынча саха сылгытын илдьибиттэрэ, олор үлэһит, тулуурдаах эрээрилэр, куһаҕан майгылаахтар, сыыһа тутуннуҥ да – ытыраллар, тэбэн саайаллар үһү диэн кэпсииллэригэр – «Сахалар эмиэ оннук буоллахпыт, итиник майгылаах эрэ харамай Хоту сиргэ тыыннаах хаалар, ууһуур-тэниир» диэтэхпинэ, нууччалар сөбүлэһээччилэр.

- Онтубут политикаҕа эмиэ биллэр эбит дии ол аата?

- Оннук.

Холобур, быыбарга хотторон баран, сахалар өр умнубакка, аахса сатыы сылдьаллара эмиэ итинтэн ситимнээх.
 

САХАЛАРГА ИТЭҔЭЛ НААДА ДУО?

 - Айыыны-таҥараны итэҕэйэҕин дуо?

- Советскай атеистическай иитиилээх киһи, биллэн турар, Христос таҥараны итэҕэйэрбэр ыарахан, итэҕэли утарабын диэн буолбатах.

Оттон айыыны, сиэри-туому тутуһууну, саха төрүт итэҕэлин ылынабын. Айыы диэн, мин-санаабар, майгы-сигили, ис турук тирэҕэ буолар: үтүөҕэ дьулус, сырдыкка талас, куһаҕаны тумун, хараҥаны ылыныма диэн.

Итинник тирэх, тутул хайа баҕарар омукка, киһиэхэ булгу наада, ол иһин былыргыттан араас итэҕэл үөскээн тэнийдэҕэ.

- Сахаларга итэҕэл суох дуо?

- Религия суох, итэҕэл баар, Айыы үөрэҕин сөргүтүү бара турар да – ону дьиҥнээх религия буолуо диир уустук, ол наадата да суох.

- Ол аата сахалар религията суох омукпут? Ол куһаҕан дуу, хайдах дуу?

- Бу XXI үйэҕэ религиялаах эрэ омук чэчириир диир сыыһа буолуо.

Наука балысханнык салгыы сайдар, технологиялар наһаа түргэнник уларыйаллар, информация быһыты көҥү көппүт байҕал уутун курдук кутулла турар.

Онон религиялаах буолбакка, төрүт итэҕэлгэ олоҕурбут моральнай-этическай бөҕө тирэхтээх, тутуллаах, буолар ордук буолуо. Онон Айыы үөрэҕэ биһиэхэ тэнийэрэ, өйбүтүгэр-санаабытыгар дириҥник иҥэн киирэрэ сөптөөх курдук көрөбүн.

- Айыы үөрэҕин тарҕатар дьоннуун алтыһааччыгын?

- Аар Айыы ойууна Владимир Алексеевич Кондаковы кытары уһуннук доҕордоспуппут, мэлдьи кэпсэтэр, сүбэлэһэр, мөккүһэр этибит.

Кини барбытын кэнниттэн, итинник темаларга ирэ-хоро санаа атастаһар киһим суох курдук.

- Доҕотторуҥ, ол аата, юристар эрэ буолбатах эбиттэр дии?

- Сууттан-сокуонтан олох ыраах доҕотторум ордук элбэхтэр.

Бу сир үрдүгэр саамай чугас доҕотторум Алквиад Исидорович Иванов, Илларион Георгиевич Федосеев буолаллар, саха саарыннара, киһи гиэнэ бастыҥнара этилэр, хомойуох иһин билигин суохтар.

Олимпиец Роман Михайлович Дмитриевтыын олус тапсан доҕордоһон сылдьыбыппыт, билигин кини эмиэ бу дойдуга суох.

Доҕотторбун олус суохтуубун, улаханнык тулаайахсыйдым, ол эрэн олох сокуона буоллаҕа, саас ылан истэҕин аайы сүтүк элбээн иһэрэ.

Олимпиец Александр Николаевич Ивановтыын, биллиилээх юрист Алексей Михайлович Ефимовтыын, мындыр өйдөөх, эҕэлээх тыллаах Афанасий Афанасьевич Федоровтыын доҕордоспуппут олох ыраатта, кинилэри таһынан истиҥ сыһыаннаах, биир өйдөөх-санаалаах атас-доҕор дьонум элбэхтэр буоллаҕа, кинилэр өйөбүллэринэн, көмөлөрүнэн күүстээхпин, барытын тулуйабын дии саныыбын.

СОРГУЛААХ ДИЭН СӨПКӨ ЭППИТТЭР

- Кэпсэтиибитин туох диэн түмүктүө этигиний?

- Мин судургута суох, элбэх түһүүлээх-тахсыылаах олоҕу олорон ааһан эрэбин, элбэх холуннарыыны, эккирэтиһиини туораатым, өссө да тохтуур санаалара суох эбит, итини барытын тулуйарбар сүрүн күүс дьиэ-кэргэним дии саныыбын, кэргэним, оҕолорум, сиэннэрим тапталлара, кинилэр ити ыарахаттары барытын бииргэ тулуйсаллара улахан күүс-көмө буоллаҕа дии.

Ити тахсыбыт ыстатыйа биир өйдөбүлүн кытта сүүс бырыһыан сөбүлэһэбин. Миигин «соргулаах» («везунчик») диэн эппиттэр, дьэ ити олус сөптөөх сыанабыл.

Таптыыр идэбин таба талан 40 сыл устата олус астынан, ис сүрэхпиттэн кыһаллан үлэлээтим, наадалаах кэмҥэ бэйэм өйдөбүлбүнэн салайтаран сахам омугун туһа диэн улахан күүстэри кытта утары турууластым, кэннибинэн кэхтибэтим, күүстээх туруктаах дьиэ кэргэннэнним, олус халыҥ, биир сомоҕо аймах-билэ дьонноннум, дьон гиэнин бастыҥын кытары билистим, бииргэ алтыстым, ыкса доҕордостум, олох аһыытын-ньулуунун барытын амсайдым, өлөр-тиллэр мүччүргэннээх түгэннэртэн Үөһээ айыылар көмөлөрүнэн төлүтэ көппүтүм да элбэх, онон толору дьоллоох олоҕу олорон иһэбин дии саныыбын, өссө да олорбохтуур, үлэлиир-хамсыыр санаалаахпын. Уонна дьэ бэрт кылгастык бу сиргэ уларсык кэлэн ааһар киһиэхэ өссө туох наада буолуой!

***
Прокопий ФЕДОРОВ,
Aartyk.ru

 

Комментарии 

#1
правда или непр 04.01.2016 13:38
авда? Зачем ускользать от ответа? В последней очернительной статье много фактов приведено. Если правда, добровольная отставка, а не ожидание дня варенья Горевой.
#2
Далбар 04.01.2016 14:16
Игорь Игнатьевич а5ыйах саха судьуйалартан саамай сахалыы толкуйдаахтара, сиэрдээхтэрэ дии саныыбын. Маннык дьон суут систематыгар хайаан да баар буолуохтаахтар, кинилэр биьиги кемускэлбит.
#3
Мичик 04.01.2016 15:22
Игорь Игнатьевич курдук сахалыы махалыы токкуйдаахтара эбитэ буоллар бары сууппут үлэһиттэрэ.Саха лартан биир бастыҥ киһибит.
#4
Дьэ эрэ! 04.01.2016 15:44
Бэрт кэпсэтии эбит.
Судьуйа киЬи итинник тыллаага-естеег е, толкуйдаага буолуо дии санаабат этим.
Онтубут оннук дьон баар эбит дуу?
Атын суолунан барбыта буоллар, биллэр политик буолуо хаалбыт эбит быЬыылаах.
#5
Ясен пень 04.01.2016 15:50
О "правде или неправде" небось написал сам автор или заказчик той "очернительной" статьи?
Интервью-то на якутском языке, а реплика - на русском, значит, либо маргинал(ка), либо не саха написал(а).
Ту статью я тоже читал - впечатление было, что случайно наступил на ..., а тут прочитал - понравилось.
Видно, что автор и заказчик той статьи и этот Николаев - совершенно разные люди: как шакалы и лев.
#6
Матрена 04.01.2016 16:02
Даа... Учей матырыйаал тахсыбыт до5ор! Маннык дьонноох буоллахпытына омукпут сайдыа этэ буо!
#7
Сылаҥ 04.01.2016 16:30
Игорь Игнатьевичка киһи ытыктыыра, сэҥээрэрэ кини куруук ыраас аһа5ас, чиэһинэй буолар. Манна ол бэйэтэ уларыйбатах тус бэйэтин кытта кэпсэтэ олорор курдук ыраастык чуолкайдык тахсыбыт. Саатар куолаһын тембра кытары иһиллэргэ дылы.
#8
Читатель 04.01.2016 16:55
Черного кобеля не отмоешь добела )
#9
Миисэ 04.01.2016 17:01
Бу киһи туһунан элбэхтэ истибитим. Кырдьык, тыла өһө лоп -бааччы эбит. Суруналыыс да ону бэркэ сүһэн ылбыт.
#10
Ага 04.01.2016 17:03
Не отмоешь тебя
Поэтому не воняй тут, маргинал, для таких, как ты - есть собачья площадка, иди туда и там завывай, "Читатель"
А тут люди разговаривают, а не собаки
#11
Историк 04.01.2016 18:17
Ханнык ба5арар омукка норуот сис дьоно (цвет нации) диэн ейдебул баар буолааччы. Оннук дьон баар буолан ол норуот сайдар, иннин диэки барар. Кинилэр уелээннээхтэриг эр биэрэр-уерэтэр чопчу ейдебуллэринэн, ыраа5ы тэЬэ керер дьо5урдарынан дьон-норуот салайтарар. Биир оннук киЬинэн Игорь Игнатьевич буолар. Уонна хаЬан ба5арар оннук норуотун туЬугар инники кирбиигэ сылдьар киЬиэхэ куЬа5аны ба5ара сатааччы дьон мэлдьи баар буолааччылар, история кердерерунэн.
#12
Сэпкэ этэгин 04.01.2016 18:20
Инники куеццэ, охсуЬууга сылдьар киЬиэхэ охсуу уксэ кини урдугэр туЬэр.
#13
Сэмэн 04.01.2016 18:50
Талантливый человек талантлив во всем!
#14
Кенг 04.01.2016 19:09
Ханна тахсыбытый ол "очернительнай " ыстатыйа? Ону керен баран тэгнээн керуеххэ баара. А так саха тутар-хабар систиэмэ5э улэлээбит дьонноро пенсия5а эрэ та5ыстахтарына саха буолалларын ейдуур идэлээхтэрэ киьини эрэ кэлэтэр. Судаарыстыба туьугар омуктарын умнан туран погон, звание, хамнас, премия, пенсия бе5е ылан баран дьэ кэлэн Саха туьугар кыьаллыбыт, тириппит-хорупп ут кинилэр буолан хаалаллар - кэпсээннэриттэн .
#15
Кент 04.01.2016 19:28
Оттон судьуйа погона да суох батта?
Ыстыырабы энин утары турбут киЬи эбит дии?
Уонна ол "тутар-хабар" киЬилиин итинник улуу дьон догордоспотого буолуо - олимпиецтарбыт (Дмитриев, Иванов), ученайдарбыт (Алкивиад), айыы ойууна Кондаков энин.
Онон мээнэ орулаама
Оттон ол ыстатыйаны кербетегум эрээри саагы булан аагыах санаа суох, оттон эн кердее ээ, кэмэлдьин оннук буоллагына
#16
Кенг 04.01.2016 19:35
Туох айылаах орулаатын? Ыстааннар ыытан кэбиьээйиккин, аьара ыгыллан. Мин бу киьи диэн чопчу ыйбаккабын, уопсайынан судаарыстыба туьа дии-дии кеннеру дьону тууннэри-куннэр и ыххайар дьону эппитим дии. Судьуйалар ол систиэмэ саамай бутэьик, бириигэбэр таьаарар дьон буолбатах дуо? Ол прокурор, полиция, СЭС, налоговай бары да погоннаах, бобор-хаайар сулууспалаахтар ы кытта почти биир систиэмэ - суут диэн. Бары да кэриэтэ юрист уерэхтээх буолаллар. Онон сымыйаннан миэхэ бааьыма. Арааьа эмиэ "юрист" быьыылааххын.
#17
Кент 04.01.2016 19:47
Айа дуу, того бу орулаан турдун, киЬи санаатын эттэгин аайы?
Бэйэн погоннаагын эбитэ буоллар - дьэ сурдээх "тутар-хабар" буолуох киЬи сылдьагын дуу, бэйэн погоннааххын дуу быЬыылаах, киэЬэ аЬыырдаах киЬи чугаЬаабат эрэтэ сылдьагын быЬыылаах.
Оттон ол система дьоно кырдьан баран интервью энин биэрбиттэрин кере иликпин, багар тубэЬэн кербетегум буолуо, багар анаан була сылдьан аахпатым буолуо.

Туох да диэ - бэйэн "погон" сылдьагын быЬыылаах, кими да итэгэйбэт, тута буруйдаан барар, "тэнниэххэ наада" энин дииргиттэн, бу мин эйигин утары "чыып" диэн кырбанан барбыппыттан сылыктаатахха.
#18
Кенг 04.01.2016 20:19
Мин Николаевы тус бэйэтин хаарыйбата5ым, уопсай тутар-хабар идэлээх дьон пенсия5а эрэ та5ыстахтарына Саха туьугар кыьаллыбыт-муьэ ллибит буолалларын эппитим. Онно эн кыйаханан ыстааннар ыытыаххар диэри орулаатын буолбат дуо? Погоннаах диэнтэн еьургэнэн аны миэхэ онтукайгын сыбыы сатаатын дии. Уорганнарга улэлээбит дьон майгылара биллэр. Хаьан эрэ "Бравый солдат Швейк" диэн дьоьуннаах кинигэни аахпыттаахпын. Онно биир аппыьыар баар, поручик Лукас диэн. Омугунан чех, ол гынан баран погоннаах киьи буоларын быьыытынан оччотоо5у судаарыстыбанна й тылынан - немецтии эрэ кэпсэтэр, чех саллааттарын кытта. Ол гынан баран биирдэ эмэтэ, иэйдэ5инэ-куойд а5ына: "ребята, ведь я тоже чех, но об этом никому!" - диир идэлээх этэ диэн. Бу по памяти суруйдум, ол гынан ейдебулэ ити курдук этэ. Ол аайы саха погоннаахтарын санаан ылааччыбын, сонньуйа. Чэ, эн кеннеру киьи буоллаххына аьара еьургэнимэ. Умнан кэбис.
#19
Сылаҥ 04.01.2016 20:23
Бээ, Игорь Игнатьевиһы сирэй билэбин. Ити саныыргыт курдук буолбатах киһи. Дууһалыын ыраас, чиэһинэй, көнө, чахчы үтүө майгылаах киһи киһилээхпин диир киһитэ. Кэпсээнигэр ханнык да эбии, көгүрэтии, тупсарына сатааһын суох. Көстүбэт. Кини дьону дуоһунаһынан дуу, толорор эбээһинэн араарбат идэлээх. Киһиэхэ киһилии үтүө майгыны ыраас суобаһы үрдүктүк тутааччы.
Атын кимиэхэ эмэ хомойбут буоллаххытына кининэн таһаарбаккытыга р көрдөһөбүн.
#20
людмила 04.01.2016 22:07
учугэй,кырдьык даганы аьагас кэпсэтии буолбут.судьуйа лар маннык интервью биэрэллэрин аага иликпин,обычно кинилэр сабыылаах дьоннор/закрыты е от общества люди/.Горева того биирдэ да интервью биэрбэтий?сэттэ уончалаах эмээхсин эбит дии.хаьан тронуттан арахсар?ор да буолла олорбута,дьону олордо олордо.
#21
Ылдьаа 05.01.2016 00:56
Хотуннара республика суутун аптарытыатын барытын ниже плинтуса туьэрдэ. Бу да киьи то5о оннук буолбутун билэн олорор буолуохтаах. Аьа5астык эппэтэ ейденер. Дьоьуннаах киьи буолара тылыттан-еьуттэ н кестер. ШВА-киоскеры кытары тутуьан кербутэ да элбэ5и этэр. Ити дьахтар олоруон кэриэтин бу киьи олорто буоллар эр киьи эр киьи курдук улэлиэх эбитэ буолуо. Дьахтар сатаан салайбата. Билэр дьон кэпсииринэн заказ бе5етун хачыгыраччы толоро олорор былаас хамначчыта дииллэр. Ити бу киьиэхэ кутурээбит Козийдарын кытары хата ити хотуннара чугас истиц сыьыаннаах табаарыстыылар этэ диэн коммунистар да, атын да дьон эмиэ кэпсииллэр этэ. Тыала суохха мас хамсаабата ини. Уопсайынан бу хаарыан киьи потенциалын толору туьаммакка кырытыннарбытта р диэн ейдеетум. Суут самныбыт аптарытыатын планкатын арыый да ендетте курдук
#22
marusyayakutsk 05.01.2016 00:59
Тогда Николаев Иван - журналист политик-его родной брат?
#23
Лукетрин 05.01.2016 03:53
Игорь Игнатьевиьы кытта кэпсэппит журналистка барга Махтал! Бу маннык Саха саарыннара баар буоланнар, саха норуота баччага кэллэхпит.Бу кырдьык Максим Кирович Аммосов курдук олус ейдеех, киэц билиилээх, олус улахан политик буолуохтаах киьи сааьыран эрэр эбит.Маннык керуулээх, бэйэтин норуотун дирицник билэр дьоннору улахан турук боппуруостарга субэьит оцостуохха наада. Мин етер аахпатах т кэпсэтиини ааган астынным. Игорь Игнатьевич, этэццэ сылдьан ессе да улэлээ хамсаа, дойдун, норуотун туьугар туьалаах сокуоннары туруулас, доруобай чэгиэн сырыт, чугас дьонуц бары этэццэ сылдьан эьигини арацаччылаатына р!
#24
молодец 05.01.2016 06:59
Игорь Николаев очень компетентный судья и как человек. Давно его надо было во главе Верховного или Арбитражного, хотя бы городского судов. Даже не знающему человеку как то он располагает доверие и уважение, он не пройдоха
#25
Уйбаан 05.01.2016 07:26
Уважаемый журналист, напечатайте интервью на русском языке

Источник: aartyk.ru
 
Category: Суд-закон.МВД.Криминал | Views: 1665 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 90
Ыалдьыттар (гостей): 90
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024