Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » Тохсунньу » 13 » былаас бүтүн системата коррупцияланан бүппүтүн бу Ил Дархаммын быыбара көрдөрдө.
былаас бүтүн системата коррупцияланан бүппүтүн бу Ил Дархаммын быыбара көрдөрдө.
19:42
Саха сиригэр быыбары тэрийии ис дьиҥэ
 
Мин быыбар туһунаан суруйарга былааннаммытым да, хайдах да санаам буолбатаҕа туох эрэ тиийбэт курдук этэ.
Билигин син тугун эрэ булбут курдук сананабын. Ол эбэтэр хантан илиилэнэн, атахтанан тахсарын чуолкайдаабыт курдукпун. Итилэри барытын быыбарга сирэй кыттыбыт киһи буоларбынан эрэ өйдүөхпүн сөп эбит.

Верховнай Совет ыһыллаатын кытта Ил-Түмэн быыбара биллэриллибитэ манна киирсэн кыайбыппын балыйбыттарыгар оччотооҕу быыбар сокуонугар олоҕуран Верховнай Суутка ааһыммытым. Билиҥҥи суут председателэ саҥа анаммыт Горева пенсияҕа тахсар киһини анаан көрдөрбүтэ уонна суут кэнниттэн пенсияҕа ыыппыта. Ол аата оччоттон саҕалаан күн бүгүҥҥэ дылытын быыбардар былаас туһатыгар бараллар. Итиннэ даҕатан эттэххэ кэлин да быыбардарга кыайбытым иһин кыайтарбыт аатырбытым. Ону салгыы сууттаспатаҕым, сүрүн биричиинэтэ саха олохтоох оҕолоро буолалларынаан уонна былаас туруорбутунаан этэ.

Манна дьиктитэ баара быыбардааччылар бары кэриэтэ эйиэхэ биэрдибит дииллэрэ, олуһун муодаргыыллара уонна хомойоллоро. Дьэ билигин кэлэн өйдөөтөххө оччоттон саҕалаан былаас бүтүн системата коррупцияланан бүппүтүн бу Ил Дархаммын быыбара көрдөрдө. Ону ситиһэргэ адьас биир да киритиигэ киирбэт тэрилтэтин, сахалыы эттэххэ бэйэлэрин илиилэригэр ылан олороллоругар сытар эбит. Ол Москваттан ананар Центральнай Избирательнай Комиссия (КИК) председателэ уонна солбуйааччылара буолаллар. Манна Кривошапкин сүрүн оруолу ылбыта чуолкай. Ону сэргэ коммунист Михайлов. Билигин коммуниспын дэнэр Власовы аныырга туруорсалларын Москва сөбүлэспэт курдук.

Ордук быыбары ыытыыга, дьиҥэр сокуонугар Россия курдук үчүгэй сокуоннаах аҕыйах государство баар. Ол быыбар сокуонун тутуһуннарар уонна хоптуруоллуур биир ситим Россияҕа ЦИК буолар. Биһиги быыбардааччыларбытын бу сүүрбэттэн тахса сыл устата республикабытыгар телевизорга кэпсээнинээн балайда үчүгэй соҕус олохтоох Кривошапкин салайан кэлбитэ буолар. Дьиҥэр демократияны олоххо киллэрии киниэхэ Россия государствотын аатыттан сүктэриллибитин билбэт буолуо дуо билэн бөҕө буоллаҕа дии...

Манна сороохтор этиэхтэрэ биир Кривошапкин тугу да быһаарбат диэн. Онно соҕотох киһи республикаҕа ЦИК (КИК) председателэ буолан Россия аатыттан быыбардар чиэһинэйдик барыыларын мэктиэлиир. Быыбардар

чиэһинэйдик барыыларыгар норуот аатыттан талыллар дьоннор бары тэҥ бырааптаах буолууларын хааччыйар ЦИК (КИК) буолар.
Манна биир холобуру аҕаллахха, быыбарга агитацияҕа главалар уонна депутаттар хайа да өттүнэн кыттыбаттар уонна быыбардааччылары кытта кандидаттар көрсүһүүлэрин биир тэҥник тэрийэр диэн суруллар. Төһө элбэх көрсүүһүлэри былаас таптыыр кандидиттарыгар тэрийбиттэрэ буолуой. Оттон ону утары турбут кандидакка хата сылдьыбат гына дьаһайбыттара элбэх буоллаҕа.

Аны нагляднай агитацияҕа киирдэххэ дуоһунастаах дьону кытыннарар түбэлтэтигэр сокуонунан кандидат уһуллар диэн ЦИК эбээһинэһигэр ыйылла сылдьар эбээт. Дьэ ол оннугар былаас туруорбут дьонугар төһөлөөх элбэх кээһилэр оҥоһуллуннулар, бэл куорат мээрэ ыксаан бэйэтинэн Ил-Түмэн депутатка кандидатын агитациалаабыта биллэр. Маннык түбэлтэлэргэ ЦИК ханнык да үҥсүүнү күүппэккэ дьаһал ылыахтаах диэн ыйылла сылдьар.
Маны таһынаан сыл устата босхолонон үлэлиир ЦИК үлэтэ барыта ыйылла сылдьар эбээт. Холобура быыбар иннинэ быыбар сокуона биһиги республикабытыгар икки тылынан икки ыйтан эрдэ (ол аата төһө баҕарар эрдэ сыл иһинээн) бэчээккэ таһарыахтаах буолаҕына тоҕо эрэ ону көрбөтөҕүм. Бу ЦИК сокуон быһыытынаан эбээһинэһэ эбээт.

Дьэ ол оннугар былаас сөбүлээбэт дьонугар буолар буолбат дьыалаҕа, сууттар эрэ быһааралларын курдук бириэмэлэрин былдьыыра мэлдьэх буолбатах.
Дьиҥэр ону эмиэ сатабыллаахтык салайаллар. Сууттаһа сырыттаххына бириэмэ барар, быыбардааччылар да умнан бараллар, олох иннин дьиэки устан иһэр буоллаҕа. Дьэ ол иһин ким да өйүгэр баттатан да көрбөт Киин Избирательнай Комиссия (ЦИК) быраабын уонна эбээһинэһин хайдах толорон иһэрин туһунан. Оноон туһанан салалта бэйэтин үйэтин уһатынар. Атын кадрдары киллэрбэт уонна киллэрэ да сатаабат.

Бу инниттэн биһиги быыбардар сокуон быһыытынаан барыыларын хааччыйыыга КИК (ЦИК) сокуонугар көрүллүбүт эбээһинэстэрин толоруутун кытаанах ирдэбилгэ туруоруохтаахпыт. Регионнарга ханна ЦИК (КИК) үлэлэрэ үчүгэй сиригэр коммунистар кыайдылар. Былаас партията туох да үҥсүүнү киллэрбэтэ. ЦИК (КИК) үлэһиттэрин уларытыы туһунан туруорбата.

Маннык түбэлтэҕэ хайа партия чиҥ кыахтаах киһини туруордаҕына кыайар. Бу госдума быыбарыгар ол көстүө этэ биһиги КИК (ЦИК) үлэтин кытаанах хонтуруолга ыларбыт буоллар.

Москва маны көрбөт буолбатах көрөн олорор, ол иһин олохтоох былаас рекомендациалаабыт коммунист Власовы бигэргэппэт.
Итинээн сибэстээн уйаларыгар уу киирэн, ити соҕуруу оройуоттарга быыбар барыыта син бэрээдэктээх соҕус быһылаах.

Ол салгыы хонтуруолун бэрээдэктиир туһугар “За честные выборы” хамсааһын тэриллэрэ бары республика хамсааһыннарын уталыйбат соруктара буолар. Хамсааһын хас нэһилиэктэн саҕалаан республикабытыгар тиийэ тэриллиэхтээх.

Фонд содействие честных выборов тэриллиэхтээх. Манна Советын председателинээн Седалищев буолуохтаах дии саныыбын. Фонданы үбүлээһин бары быыбарга кыттар партиялар быыбарга көрүллэр үптэрин биэс бырыһыаннарын саха сууммалаах үбүнэн бу фонданы үбүлүөхтээхтэр. Фонда хайа партия киллэрбитин эбэтэр киллэрбэтэҕин хаһыатынаан оччоттуохтаах. Маны таһынан биллэн турар чиэһинэй быыбарга баҕарар дьоннор көмөлөһүөхтээхтэр.
Маны бүгүҥҥү уонна бэҕэһээҥҥи салалтаны үөҕээри эбэтэр үөхтэрээри суруйбаппын, инники ыччаттарбыт тустарыгар туруорсабын.

Сокуону кэһии маассабайдык таһаарыллар буолла. Ол төрдө туспа сокуоннаах ЦИК (КИК) буолар. ЦИК (КИК) сокуоннара балайда чочуллубуттар уонна сроктаахтар. Ону быыбардааччы уонна быыбарга кыттааччы билбэттэринээн туһанан былаас ЦИК (КИК) председателин уонна солбуйааччыларын бэйэтин туһатыгар туһанарын тохтотуллуохтаах.
Василий Винокуров – ЕР чилиэнэ.
 
Category: Выборы | Views: 1401 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 93
Ыалдьыттар (гостей): 93
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024