News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[223]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[376]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[41]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[122]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2016 » Тохсунньу » 15 » "Байанай" хоһоон күрэҕэ Уопсай балаһыанньата
"Байанай" хоһоон күрэҕэ Уопсай балаһыанньата | 12:23 |
"Байанай" хоһоон күрэҕэ
Уопсай балаһыанньата
1.1. Байанай, булт, балыктааһын туһунан
республикатааҕы хоһоон күрэҕэ СР Президенин
дьаһалынан олохтоммут “Булчут күнүн” уонна
“Литература сылын” тэрээһиннэрин иһинэн ыытыллар.
Күрэх сыала-соруга
2.1. Күрэх сыала-соруга – булчуттары, балыксыттары,
нэһилиэнньэни уонна үүнэр көлүөнэни уус-уран тыл,
хоһоон нөҥүө көтөргө-сүүрэргэ, хамсыыр-харамайга, ийэ
айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаҥҥа үөрэтии;
2.2. Өбүгэ саҕаттан үтүө үгэстэрдээх сиэри-туому
тутуһар булт култууратыгар сыһыарыы, булчут уонна
балыксыт үрдүк аатын чиэстээхтик өрө тутууну көрдөрүү;
2.3. Сиэрдээхтик бултааһын уонна балыктааһын
романтикатын, мүччүргэннээх сырыыларын, көрдөөх
түгэннэрин арыйыы;
2.4. Билиҥҥи саха литературатыгар саҥа ааттары
арыйыы, сонун суруйуулары киллэрии, суруйар
дьоҕурдаах дьону көҕүлээһин.
Күрэх тэрийээччилэрэ
3.1. Күрэҕи тэрийэллэр уонна ыыталлар:
1. «Илгэ» ИДь («Байанай» булчуттар
уонна балыксыттар сурунааллара);
2. СР суруйааччыларын сойууһа
(Бэрэссэдээтэл И.В. Мигалкин);
3. СР Булт хаһаайыстыбатын Департамена
(Салайааччы Н.Н. Сметанин);
4. СР Айылҕа харыстабылын министерствота.
(Миниистир С.М. Афанасьев).
Кыттааччы усулуобуйата
4.1. Күрэххэ сааһыттан, үлэтиттэн хааччаҕа суох
республика ханнык баҕарар олохтооҕо кыттар бырааптаах;
4.2. Ыйыллыбыт балаһыанньаҕа сөп түбэспэт,
атын ааптартан үтүгүннэриллибит, эрдэ бэчээттэммит
айымньылар ылыллыбаттар уонна көрүллүбэттэр.
4 . 3 . Киирбит хоһооннор рукопистара
төннөрүллүбэттэр, ырытыллыбаттар уонна «Байанай»
сурунаал бас билиитигэр, итиэннэ салгыы бэчээккэ
туһанарыгар хаалаллар. Хоһооннор ахсааннара
хааччахтаммат. Улахан жанрдар: поэма, олоҥхо, уһун
оһуохай көрүллүбэттэр;
4.4. Хоһооннор А-4 халыыптаах лиискэ 14 шрифтээх
бэчээтинэй буукубаларынан бэчээттэммиттэрэ уонна
электроннай варианынан ылыллаллар. Ааптар толору
аата-суола, псевдонима, аадырыһа, сааһа, үлэтэ уонна
контактнай телефонун нүөмэрэ ыйыллар.
Кыайыылаахтары бэлиэтээһин,
ыытыллар болдьоҕо
5.1. Күрэх түмүгүнэн нууччалыы уонна сахалыы
1-2-3-с миэстэлэргэ биирдии сыаналаах бириистэр
туттарыллыахтара;
5.2. Кыайыылаахтар уонна бастыҥ хоһооннор
“Байанай” сурунаалга, республика киин бэчээтигэр,
итиэннэ “Илгэ” ИДь кыһата таһаарар кинигэтигэр
бэчээттэниэхтэрэ, ырыа айааччыларга мэктиэлэниэхтэрэ
5.2. Хоһооннору 2016 сыл кулун тутар 30 күнүгэр
диэри Курашов уулусса 46, 36 офиһыгар ылабыт. Телефон
(8-411) 35-56-86, е-мail: bayanay@mail.ru
Тэрийэр хамыыһыйа.Введите сообщение
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 2352 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 1 Ыалдьыттар (гостей): 1 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|