Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [261]
Суд-закон.МВД.Криминал [1279]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [398]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [553]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [154]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [276]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [221]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [669]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [375]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [154]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [92]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [22]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [237]
Тюрки [76]
Саха [152]
литература [41]
здоровье [463]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [121]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » Тохсунньу » 15 » Пенсия саҥа быраабылата Ким хамнаһа улахан уонна пенсияҕа хойут тахсар, ол барыыһырар.
Пенсия саҥа быраабылата Ким хамнаһа улахан уонна пенсияҕа хойут тахсар, ол барыыһырар.
12:34
Пенсия саҥа быраабылата
Ким хамнаһа улахан уонна пенсияҕа хойут тахсар, ол барыыһырар.

Ааспыт сыл устата дойду салалтата пенсионнай фондаҕа бүрүүкээбит кризистэн тахсар суолу көрдөөбүтэ. Дьүүллэһэн-дьүүллэһэн баран, дьэ биир түмүккэ кэллилэр диэххэ сөп.
2015 сылтан олоххо киирэр пенсия тиһигэр уларыйыы билигин үлэлии сылдьар дьону уонна 2015 сылтан үлэһит аатын ылар ыччаты таарыйыаҕа. Оттон пенсиялаахтар билигин ыла сылдьар пенсияларын ылыахтара. Кинилэргэ үөрүүлээх сонун. Олунньу 1 күнүттэн пенсия 6,5% үрдүөҕэ. Бу үрдээһиҥҥэ үлэ пенсиятын страховой чааһа, кырдьаҕаһынан тахсыбыт пенсия, инбэлиити­нэн пенсия уонна иитэр киһитин сүтэрбитинэн пенсия хабыллыахтара. Уопсайа 68 мөл. киһи пенсията үрдүө­ҕэ уонна манна 280 млрд солк. көрүллүөҕэ, диэн «Россий­ская газета» суруйар.

Пенсия тиһигэ уларыйыытыгар дьону долгутар боппуруостар

Пенсияҕа тахсар
саас үрдүөҕэ дуо?

Пенсия тиһигэр уларытыыны киллэрэр туһунан кэпсэтиигэ, бастатан туран, пенсияҕа тахсар сааһы үрдэтэр туһунан боппуруоһу туруорбуттара. Ол эрээри, пенсия±а тахсар сааһы үрдэтэри утарааччылар күүстээх туруорсууларынан, бу болдьох саҥа сокуоҥҥа уларыйбата. Ол эрээри, киһиэхэ хаһан пенсияҕа тахсарын бэйэтэ таларыгар кыах биэрбиттэр. Уопсайынан, урукку пенсия тиһигэр бары биир бырааптаах эбит буоллахпытына, билигин дьон кэнэҕэски пенсиятын туһугар төбөтүн үлэлэтиэн наада буолла.

Таайтарыылаах коэффициеннар

2015 сылтан үлэһит хас биирдии үлэлээбит сылын ыстааһын учуоттуур пенсионнай коэффициент диэн өйдөбүл киирэр.
Ол курдук, пенсияҕа тахсар сааһы оннунан хааллардылар. Биһиги Уһук Хоту сирбитигэр пенсияҕа дьахтар 50 сааһыгар, эр киһи 55 сааһыгар тахсар. 2015 сылга сокуон олоххо киирдэҕинэ, үлэ ыстааһа коэффициенынан ааҕыллар буолар. Бу коэффициент кээмэйин дойду салалтата олохтуур. Ол курдук, пенсияҕа төһөнөн хойут тахсаҕын да, соччонон пенсияҥ үрдүүр диэн формула киирэр. Ол эбэтэр, эр киһи 55 сааһын туолан баран, 60 сааһыгар диэри пенсияҕа тахсыбатаҕына, 5 сылыгар дойду Правительствота киниэхэ тахсыбатах сылыгар эбии бириэмийэ-коэффициенын ааҕар, ол онто пенсиятын кээмэйигэр эбиллэр. Ол эбэтэр 60 сааһыгар кини 55 сааһыгар ылыахтаах пенсиятыттан үрдүк пенсияны ылар буолар.

Формула маннык

Пенсия ананар сылыгар страховой пенсия = (фиксированнай төлөбүр х пенсияҕа хойут тахсыбыккыт иһин бириэмийэ-коэффициент) + ( пенсия ананар сылыгар страховой пенсия х пенсияҕа хойут тахсыбыккын иһин бириэмийэ-коэффициент) х биир сыллаах пенсионнай коэффициент кээмэйэ.
Холобура, үлэһит пенсияҕа тахсыахтаах сылыттан баҕа өттүнэн биэс сыл хойутаан таҕыстаҕына, фиксированнай төлөбүрэ 36%, страховой пенсията 45% улааталлар диэн пенсия саҥа тиһигин туһунан докумуоҥҥа суруллар.
Өскөтүн пенсияҕа тахсар сааһыгар пенсия анаппакка үлэлии сылдьар киһи бириэмийэ-коэффициена мантан тутулуктанар:
Төһөнөн үлэһит хамнаһа үрдүк даҕаны, оччонон кини кэнэҕэски пенсиятын кээмэйигэр дьайар сыллааҕы коэффициена улахан буолар.

Пенсия мунньуллар чааһын дьылҕата

Пенсия мунньуллар чааһа 2014-2015 сылларга үлэһит страховой чааһыгар ыытыллар буолла. Бу икки сыл тухары үлэһит киниэхэ мунньуллар чааһа наадатын- наадата суоҕун быһаарыахтаах. Норуокка «молчуннар» диэн аатынан биллибит пенсияларын мунньуллар чааһын пенсионнай фондаҕа сытыарар дьон, государственнайа суох пенсионнай фондаҕа эбэтэр салайар хампаанньаларга ыыталларын туһунан сайабылыанньа киллэрбэтэхтэринэ, кинилэр мунньуллар чаастарын бырыһыана страховой чаастарыгар бэриллэр. Оччоҕо үлэ биэрээччи 16% -нан быһыллыбыт страховой чаастаах пенсияҕа страховой усунуос угар. Мунньуллар чааһын хаалларбыт киһи кэнэҕэски пенсиятыгар үлэ биэрээччитэ 10%-наах страховой чааска олоҕуран усунуос төлүүр. 6%-на государственнайа суох пенсионнай фондаҕа эбэтэр салайар хампаанньаларга ыытыллар.
Экспертэр бэлиэтииллэр: тэҥ хамнастаах икки үлэһиттэн, пенсиятын мунньуллар чааһа суох үлэһит сыллааҕы пенсионнай коэффициена ордук үрдүк буолар.

Пенсияҕа тахсарга ирдэнэр ыстаас улаатар

2015 сылга диэри 5 сыл үлэлээбит буоллаххына, пенсияҕа тахсар бырааптааххын. Оттон 2015 сылтан саҕалаан сылын аайы ирдэнэр үлэ ыстааһын 1 сылынан улаатыннараллар. 2025 сылга 15 сыл үлэлээбит эрэ киһиэхэ пенсия ананар буолуоҕа.
Пенсия саҥа сокуонунан пенсия ааҕыытыгар армияҕа сулууспалаабыт, оҕону 1,5 сааһыгар диэри, инбэлиит оҕону уонна 80 сааһыттан тахсыбыт кырдьаҕаһы көрөн олорбут сыллар сыллааҕы коэффициент быһыытынан учуоттаналлар.

Сулууспалаабыт сылыгар – 1,8 пенсионнай коэффициент.
Бастакы оҕотун көрөн олорбут сылыгар – 1,8 пенсионнай коэффициент.
Иккис оҕотун көрөн олорбут сылыгар – 3,6 пенсионнай коэффициент.
Үһүс оҕотун көрөн олорбут сылыгар – 5,4 пенсионнай коэффициент.

Бэлиэтиир буоллахха

Үлэһит пенсиятын мунньуллар чааһын кээмэйэ кини эрэнэн туттарбыт государственнайа суох пенсионнай фонда эбэтэр салайар хампаанньата үбү төһө эргитэн улаатыннарбытыттан эрэ тутулуктанар.
Пенсия мунньуллар чааһыттан аккаастанан, бу кээмэйи пенсиятын страховой чааһыгар укпут киһи страховой чааһа сылын аайы, кыралаан да буолар, улаатар. Тоҕо диэтэххэ, государство инфляцияны сырсан пенсия страховой чааһын индексациялыыр эбээһинэстээх.

Пенсия саҥа быраабылата 2015 сылтан олоххо киирэр. 2015 сылга үлэтин саҕалаабыт киһи кэнэҕэски пенсията толору бу бэрээдэккэ олоҕуран ааҕыллар. Оттон билигин үлэлии сылдьар орто саастаах дьон 2015 сыл иннинээҕи страховой ыстаастара сыллааҕы пенсионнай коэффициенынан ааҕыллыахтара.

Сардаана КУЗЬМИНА.

Максим Гома, «Эрэл» государственнайа суох пенсионнай фонда директора:
— Пенсия тиһигэр уларыйыыны киллэрэр туһунан сокуону кылгас кэм иһигэр оҥорон ылыннылар. Уларыйыыны киллэрии сүрүн төрүөтүнэн пенсия фондатыгар үөскээбит дефициттэн сылтаан, билиҥҥи пенсияны төлүүргэ государство бюджетыттан үп ыыта олороллоро буолла. Бу кыһалҕаттан тахсаары 2014 сыл устата үлэһиттэр пенсияларын мунньуллар чааһын страховой чаастарыгар угар буоллулар. Дьиҥэ, бу үлүгэрдээх суума – 250 млрд солк.курдук. Онон пенсионнай фонда дефицитин эрэ буолбакка, дойду бюджетыгар ноҕуруусканы аччатар сыалтан бу быһаарыныыны ылыннылар.
Государственнайа суох пенсионнай фондаҕа мунньуллар чаастарын ыытар дьон төһө ночоотуралларый диир буоллахха, саҥа сокуоҥҥа хаһан эрэ бу харчыны төнүннэрэр туһунан этиллэр. Ханнык схеманан төнүннэрэллэрин билиҥҥитэ ситэрэн-хоторон быһаара иликтэр быһыылаах.
2015 сылтан государственнайа суох пенсионнай фондалар акционернай общество статуһун ылаллар. Урут коммерческайа суох тэрилтэ эбит буоллахпытына, кэлэр сылтан учредителлээх акционернай общество буолабыт. Ол биһиги үлэбитигэр туох да мэһэйи аҕалбат, төттөрүтүн, сыалбыт-сорукпут чопчуланыаҕа. 2014-2015 сс. пенсияларын мунньуллар чааһын государственнай пенсионнай фондаҕа сытыарбыт дьон быһаарыналларыгар кыах биэрдилэр. Онон толкуйдаан, ыраҥалаан көрөн баран, иккиттэн биирин талаллар – оннунан хааллараллар, оччоҕо мунньуллар чаастара страховой чаастарыгар көһөн биэрэр уонна мунньуллар чаас диэн бырыһыан кинилэргэ суох буолар. Эбэтэр государственнайа суох пенсионнай фонданы талан, мунньуллар чаастаах буолаллар.

САХА СИРЭ / Общество
Category: Социалка, пенсия, жилье | Views: 1421 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Тохсунньу 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 3
Ыалдьыттар (гостей): 3
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024