News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2016 » Тохсунньу » 17 » Оскуолаҕа харчы хомуйуутуттан сиэттэрэн аныгы общество сыаннаһыгар тиийэ
Оскуолаҕа харчы хомуйуутуттан сиэттэрэн аныгы общество сыаннаһыгар тиийэ | 08:41 |
Оскуолаҕа харчы хомуйуутуттан сиэттэрэн аныгы общество сыаннаһыгар тиийэ
Воскресенье, 17 Января 2016 01:28
Буоларын курдук, үөрэх дьылын устата төрөппүттэртэн харчы хомуйуу барар. Оскуола фондата, кылаас фондата, оскуола юбилейа, учебник атыылаһыыта, өрөмүөн кыһалҕата, бырааһынньыктар, бэлэхтэр-туһахтар, аһа-үөлэ, уута-хаара... хара баһаам. Этэргэ дылы, төрөппүт мунньаҕа: киириитэ - босхо, тахсыыта - төлөбүрдээх.
КӨРДӨРҮННЬҮК ОЛОХ
Уонунан сыллар усталарыгар, күннээҕинэн олорууну өрө тутар арҕааҥҥы идеология, биһиги обществобытыгар өтөн киирбитин түмүгэр, урукку үгэһирбит сиэр-майгы, өй-санаа сатарыйда. Күн бэҕэһээ тыаттан көһөн киирбит сахалар, сахаҕа буолуохтааҕар нууччаларга да атыҥыранар, “гламур” олоххо кыттыһан умса-төннө түстүлэр. Баайы-дуолу, бэйэ кыаҕы сиэри таһынан көрдөрө сатааһын, биир күнүнэн киэптээн-хааптаан олорорго дьулуһуу, олоҕо суох атын өйү-санааны соҥнооһуҥҥа кыттыһар, буккуһар буоллулар. Арҕааҥҥы сыаннастарынан инфекцияламмыт ыарыһах обществоҕа маргинальнай өй-санаа баһыйда.
Оскуола, хомойуох иһин, общество сыаннаһа уларыйбытын кэрэһэлиир биир “чаҕылхай” көстүүтүнэн буолла. Билигин оскуоланы төрөппүттэр үксүн билии ылар сир курдук көрбөккө, бэйэ амбициятын, кыаҕын-күүһүн дакаастыыр сир курдук ылынар буоллулар. Оҕолор оскуолаҕа үөрэнэ буолбакка, бэйэ бэйэлэрин тургутуһа баралларын курдук санаа баһыйда: таҥаһыттан-сабыттан саҕалаан, үөрэнэр тэрилигэр, гаджетыгар тиийэ.
Хас биирдии кылаас “Вацапка” хайаан да кырата икки группалаах буолар. Биирэ - учууталлаах, биирэ – учуутала суох. Сорох ийэлэр сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри “Вацапка”, быһаччы үөрэх туһунан буолбакка, бэйэлэрин санааларын атыттарга соҥнуур “үөрэтэр-такайар”, “сыаналаах санааларын” этэр-иһитиннэрэр трибунаҕа кубулуттулар. Куоталаһа-куоталаһа оҕолорун, бэйэлэрин , олохторун-дьаһахтарын үрдүк материальнай таһымнарын туоһулуур хаартыскаларын хото угаллар. Олох билбэт дьонноругар ити курдук “рекламаланалларын” улахаҥҥа уурбаттар, төттөрүтүн табыллыылаах дьон уобараһын айан “статуспутун” үрдэтинэбит диэн өйдөбүллээхтэр.
Урут сахаҕа оҕо ситэ-хото илигинэ харыстаан аатын да эппэт буолаллара. Дьон тыла иҥиэ, хараҕа хатаныа диэн мээнэ кэпсии-ипсии сылдьыбат буолаллара. Оттон билигин уларыйбыт сыаннастаах олохпут, “биллибэт-көстүбэт” буолла да, ол аата “табыллыбатах” киһи буолар диэн өйдөбүлгэ тиэртэ. Ол иһин төрөппүттэр, ордук эдэрдэр, социальнай ситимнэргэ хас биирдии хамсаныыларын барытын хаартыскаҕа түһэрэн киэҥ публикаҕа олохторун “аһан” иһэллэр. Монитор нөҥүө олорон кыахтаахтарын, табыллыбыттарын кэпсээн “имитэн-хомутан” көрдөрөллөр, тылларын босхо ыыталлар. Оннук көрдөрүнньүк олох буолла. Дьиҥинэн, сирэй-сирэйгэ көрсөн бу дьону кытары билистэххэ, сорохторо олох симик, киһи хараҕын утары көрбөт сэмэй буолаллар. Ол бэйэлэрэ күннэтэ интернеккэ “социальнай мааска” кэтэн дьорҕоотторо киирэр.
ТУЛА - КУТТАЛ
Аныгы киһи тымыра, ньиэрбэтэ барыта күүрэ сылдьар. Бэйэ иннин эрэ көрүнүү муҥутаан турар үйэтигэр – киһи бэйэтиттэн ураты кимиэхэ да эрэммэт кэмэ кэллэ. Тула – куттал. Ол куттал төрөппүт уйулҕатыгар улаханнык дьайда.
Аныгы төрөппүт оҕотун туһугар куттала туох да кээмэйэ, баһа баттаҕа суох үлүннэ. Ол онно террорист саһан сытар, бу манна маньяк сөрүөстэн турар, итиннэ ханна эрэ өлөрүөхсүт, халабырдьыт хаама сылдьар, атах балай ытырыык ыт сүүрэр, бииргэ үөрэнэр мэник оҕото маныыр... тула куттал! Бүгүн-сарсын ким кэлэн оҕоҕун атаҕастаан барыан билбэккин, ол кутталыттан өйгөр оҕустарыаххар диэри айманаҕын. Государство буоллаҕына, куттала суох буолууну эйиэхэ да, оҕоҕор да хааччыйар кыаҕа суох. Ол иһин тула кутталга олорор төрөппүт туох баар күүһүнэн, сатабылынан оҕотун бэйэтэ билэринэн көмүскүү, өстөөх, өһүөн олохтон хаххалыы сатыыр. Онто үксүн сиэри таһынан, омуннаахтык тахсар. Сырса сылдьан сыыҥын сотуу, батыһа сылдьан суолун солоон биэрии, оҕо оннугар олоҕу олоруу... онтон соһуйуохпут эбээт, кэлин, хантан маннык сыппах, киһи этэринэн эрэ сылдьар эр киһи тахсыбытай диэн. Итинник “тепличнэй” усулуобуйаҕа улааппыт оҕо, бу айылаах омук бөҕөтө хотоҕостуу субуллар кэмигэр, омук ньургуннарын, сытыыларын кытары хайдах күрэстэһэн, туруулаһан күн анныгар бэйэтин миэстэтин булуой, дьонун, оҕолорун иитиэй?! Бу маннык иитиллибит уолаттар омук-норуот дурдата-хаххата буолуохтара дуо?
ОСКУОЛА ДЬАҺААҔА
Оскуолаларга харчы хомуйуута эмиэ “оҕобун атаҕастаабатыннар” диэн санааттан төлөбүр, толук буолар. Ол иһин төрөппүт дьиэ кэргэнин сиэбиттэн, төһөнү да ирдээтиннэр быһа тутан биэрэ сатыырга дьулуһар. Бастакытынан – харчы биэрбэтэхпинэ оҕобун туора көрүөхтэрэ диэн, иккиһинэн – дьонтон хаалсымаары.
Төрөппүт саныыр: “Кылааска харчы хомуллубутаҕына – учуутал мөҕүллэр, учуутал мөҕүлүннэҕинэ – төлөөбөтөх төрөппүт оҕото мөҕүллэр”. Итинник гынан, кыайан төлө туттарбат биир иигэ киирэн хаалабыт: харчы хомуйууны – оҕобут көмүскэлин курдук ылынабыт. Үөһэ эппиппит курдук, аныгы төрөппүт оҕотун туһугар куттала туох да кэмэ суох улахан. Онон туһанан төрөппүтү саҥата суох босхо үлэһиккэ кубулута сатааһын эмиэ баар. Холобур, оскуола, кылаас, көрүдүөр сууйааһына-сотооһуна, кырааскалааһына, өрөмүөнэ. Бу – төрөппүт үлэтэ буолбатах. Манна анал хамнастаах, эбээһинэстээх техническэй үлэһиттэр бааллар. Ол үлэһиттэр толоруохтаах үлэлэрин төрөппүккэ босхо сүктэрии – коррупцияҕа майгылыыр. Син биир харчы көрүллэрэ буолуо дии, ол ханна барар?
Учууталлар бэйэлэрэ этэллэринэн, тыа оскуолаларыгар харчы хомуура, күһэлэҥ үлэ бэрт сэдэх. Харчы хомуура буолар да эбит буоллаҕына – төрөппүт төлөөбөт, эбэтэр бэрт эрэйинэн биэрэр. Ол аата, дэриэбинэҕэ олорор төрөппүт оҕобун атаҕастыахтара диэн куттала суох, эбэтэр кыра. Дэриэбинэҕэ киһи бары бэйэ-бэйэтин билсэр, “ханна эрэ маньяк манаан турара буолуо” диэн куттаммат, оҕо хаһан баҕарар ханна баҕарар соҕотоҕун сылдьыан сөп. Ол иһин төрөппүттэр наҕыл буолан, харчы хомууругар “бэриммэттэр”.
ҮӨРЭХ – БОСХО
Орто үөрэхтээһин биһиги дойдубутугар босхо дэнэр. Ол аата үөрэх тээбиринигэр, оскуола өрөмүөнүгэр, кумааҕыга, оргтехникаҕа барытыгар сөптөөх харчы көрүллэр. Ол ону Покровскай куорат оскуолатын дириэктэрэ Владислав КАПИТОНОВ “Саха” НКИК биэриитигэр сиһилии кэпсээн турардаах.
- Оскуолабытыгар 390 оҕо үөрэнэр. Мин директордаабытым бэһис сылыгар барда. Олу тухары биирдэ да төрөппүттэн оскуола кыһалҕатыгар диэн харчы хомуллубатаҕа, - диэн кини кэпсиир. – Хас биирдии оскуолаҕа, нэһилиэнньэтиттэн көрөн, үөрэнээччи ахсааныгар норматив быһыллар. Ол нормативка олоҕуран учебникка да буоллун, канцтоварга, оргтехникаҕа, ол кырааскатыгар, кумааҕытыгар тиийэ, миэбэлгэ, сууйар-сотор тээбириннэргэ, мыылатыгар-күүгэнигэр, оскуола өрөмүөнүгэр кытары – барытыгар федеральнай, республиканскай, муниципальнай бюджеттэртэн үп көрүллэр. Сыл ахсын оскуола дириэктэрдэрэ оскуолаҕа туох ирдэнэрин эрдэттэн былаанныыллар, докумуон бэлэмнииллэр (план финансовой деятельности). Ол былаанынан оскуолаҕа сылын аайы харчы тыырыллар.
Төрөппүт оскуолаҕа харчы биэрэр да буоллаҕына – барыта баҕа хоту оҥоһуллуохтаах. Күһэлэҥэ суох. Уонна төһө харчы биэрэрин төрөппүт бэйэтэ быһаарыахтаах.
Юристар этэллэринэн, харчы хайаан да счет нөҥүө ааһыахтаах. Ол иһин оскуолаларга Попечителлэр сүбэлэрэ туспа юридическай регистрациялаах, счеттаах буолуохтаахтар.
Уопсайынан, оскуола уонна төрөппүт сыһыана барыта баҕа өттүнэн барыахтаах, икки өттүттэн өйдөһүүнэн, сүбэнэн.
***
Парасковья НИКАНОРОВА,
“Аартыкка” анаан.
Источник: aartyk.ru
|
Category: Образование и наука. Школа. Детсад |
Views: 1755 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 5 Ыалдьыттар (гостей): 5 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|
Комментарии