Россия альтернативнай народнай правительствотын председателя, «Патриоты России» партия лидерэ Геннадий Семыгин ити туһунан бу курдук этэр «…– По оценкам экспертов, уже каждому четвертому россиянину требуется квалифицированная психиатрическая помощь. Безответственность государства держит нацию в состоянии постоянного стресса. Оттого у нас столько душевнобольных и маньяков… рост алкоголизма , наркомании». Эдьигээн оройуонугар чинчийии түмүгүнэн 340 олохтооҕуттан 10 эрэ киһи доруобай.(Сообщения ТВ.НВК. 30.11.2015г).
"При отсутствии справедливости, что такое государство,
как не простая разбойничья шайка...? И они (разбойники)
представляют собой общество людей, управляются
начальствами, связаны обоюдным соглашением, делят
добычу по установленному закону. Когда подобная шайка
потерянных людей достигает таких размеров,
что захватывает города и страны и подчиняет
своей власти народ, тогда открыто получает название
государства".
Блаженный Августин (+ 430 н.э.) Бу тыһыынчанан сыллар усталарыгар иҥсэ-обот, госудаарыстыба диэн өйдөбүлү кытары сыһыаннаан дьон өйдөбүлэ төһө уларыйбытын бу, христианскай философияны терүттээбит киһи тылларыттан сыаналаа! Общество бу ыарыытын сымнатар, бохсор соҕотох күүһүнэн, норуокка гражданскай өй-санаа сайдыыта, сүрүн маасса интэриэһинэн былааспыт салайтаран үлэлиир балаһыанньата тулҕадыйбаттык олохтонуута .
Олунньу 4 күнүгэр 2014 сыл Ил Дархаммыт өрөспүүбүлүкэ парламенын иннигэр «…И всерьез рассчитывать на успех можно лишь в том случае, если власть сумеет создать условия для самореализации граждан, сформировав комфортную для этого среду … повышения мотивации каждого члена общества, к более качественному и производительному труду, нацеленного на повышение конкурентоспособности и ответственности за конечный результат» диэбитэ истэргэ үчүгэйэ сүрдээх этэ эрэ диирбитигэр тиийэбит. Былаас үлэһит киһи нус-хас үлэлииригэр «комфортнай усулуобуйаны» тэрийдэ дуо? СүөЬү ,сир боростуой үлэһитин, үлэтин түмүгэ, кинини кэнэҕэски өртүгэр тахсыылаахтык үлэлииригэр көҕүлүүр дуо? Хомойуох иһин суох! Ол оннооҕор сокуон бырыйыагар да киирбэтэх, төттөрүтүн хас ыстатыйа аайы «түһээн түүлүгэр да баттаппат» правительство быһаарар, көрөр диэн буолбут.
Бас-баттах барбыт чиновник хонтуруолуттан босхолонор чинчи көстүбэт. Московскай уобалас Общественнай палататын экономикаҕа, инвестицияҕа, энергетикаҕа, транспортка, ОДЬКХ-5а кэмитиэтин бэрэсэдээтэлэ Иван Стариков этэрин курдук дьаЬанар тоҕо табыллыбатый: «…необходимо отказаться от дальнейшего построения вертикали власти. Это абсолютно неэффективная архаичная модель. Сейчас нужно делегировать полномочия вниз: субъектам, муниципалитетам, отраслевым союзам. Эти предложения необходимо очень остро ставить перед властью, так как ответы на вопросы, а также механизмы их решения бизнес выработает гораздо тоньше, чем чиновник, сидящий в кабинете».
Сокуоммут бырайыагын хара саҕаланыаҕыттан «…стат.1…создания условий…» диэн кэлтэйдии баһылаан олорор балаһыанньаларын былаас тоһоҕолоон бэлиэтээбитин курдук суруллубута да киһини дьиксиннэрэр. Демократическэй обществоҕа олоробут диибит. Эрдэ тоҕо эрэ саҕаланыытыгар син цивилизованнай дойдуларга курдук «…закон регулирует отношения…» диэн тэн бырааптаах субъектар сыһыаннаһыыларын билинии баар буолуохтааҕын курдук суруллубута ээ. Демократия (от геч. Demos-народ, kratos- власть) норут былааһа, бу төрүт сокуоммугар эмиэ сурулла сылдьар. Боростуой үүтү, эти оҥорооччу уонна да атын , бу тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын сокуонугар ханан эмэ да кыттыгастаах, сыһыаннаах субъектар, былаас эмиэ, тэҥ уонна кеҥул принциптэригэр эрэ олоҕуран сыһыаннаһыахтаахпыт.
Бу тэрилтэ рекомендациялыырынан хайа баҕарар оҥоһуллубут табаар нормальнай сыаната (цена а не стоимость) кини оҥоһулларыгар таһаарыллыбыт бары ороскуоттарын, батарыытын(торговые операции) уонна сөптөөх барсы биэриэхтээх расчетун киллэрэн туран оҥоһуллуохтаах диэн. 2014 сыл саҕаланыытыгар буолбут республика тыатын хаһаайыстыбатын табаары оҥорооччуларын форумугар Горнай оройуонун баһылага Никита Никитич үүт тутуллар сыанатын нэһилиэнньэ аҥаардас атыылаһар дьоҕурунан (спрос) кээмэйдээн эрэ этэ сатаабыта киһини дьиксиннэрэр.
Бүтүн цивилизованнай аан дойду «спрос» уонна «предложения» икки ардыгар тахсар «конфликтнай» кеөстүүлэри судаарыстыба өттүттэн күүскэ орооһо, быһаарса олороллор. Ол да иһин бу салааҕа судаарыстыба көмөтө байыаннай кистэлэҥнээҕэр күүскэ араҥаччыланарын, туһааннаах специалистар чорботон бэлиэтиир буоллулар.
РФ экспернай институтун генеральнай директорын солбуйааччы Андрей Нещадин «Общей основой ценеобразавания АПК зарубежных стран является приведения соответствие закупочных цен на с/х продукцию общественно необходимым затратам на его производство и реализацию» диэн бэлиэтиир. Биһиги «рыночниктарбыт» курдук аҥардас «спрос» эрэ «сыананы» быһаарыахтааҕын курдук, кураанах куолунан эрэ дьарыктамматтар.