News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2016 » Тохсунньу » 24 » Намнар сир сокуонун бырайыагар хайдах сыһыаннаахтарын Ил Дархаҥҥа, миниистирдэргэ толору көрдөрдүлэр.
Намнар сир сокуонун бырайыагар хайдах сыһыаннаахтарын Ил Дархаҥҥа, миниистирдэргэ толору көрдөрдүлэр. | 22:11 |
Намнар сир сокуонун бырайыагар хайдах сыһыаннаахтарын
Ил Дархаҥҥа, миниистирдэргэ толору көрдөрдүлэр.
Мин бэҕэһээ Намҥа, дархан нэһилиэнньэни кытары көрсүһүүтүгэр сырыттым. Мин көрбүппэр уонна быһар сыанабар итэҕэйэр инигит диэн эрэнэ саныыбын.
Намнартан биир эрэ киһи бу сокуон син биир олоххо киирэрэ буолуо, онон онно бэлэм олоруохха диэтэ. Сокуону биир да киһи айхаллаабата, ити темаҕа эппит дьон бука бары утардылар !
Дьон ону хаһыыран- ыһыыран эппэккэ, бэрт культуралаахтык, туохтан сөбүлээбэттэрин, тоҕо саарбахтатарын аргументированно быһааран туран этиннилэр.
Түбэ кырдьаҕаһа Петр Иванович Гуляев анаан- минээн кэлэн сири түҥэтии сокуона сыыһатын, онно олох сөпсөспөтүн аһаҕастык уонна кытаанахтык эппитэ. Дьон ытыһын таһынан сөбүлэһэрин биллэрдэ.
Сир общ. движение активистката Матрена Ядрихинскайа, дархан тохтоторун, сапсыйа сатыырын үрдүнэн сокуон бырайыагын итэҕэстэрин, общ.түмсүү ону утаран туох үлэни оҥоро сылдьарын олох турунан, кытаахтаһан туран кэпсээтэ. Кумааҕыларын көтөх муҥунан тута сылдьар, хас аргуменын туоһулаан иһэр докумуоннаах.
Уопсайынан, публичнай кадастровай картаны дьон арыйан, бэйэлэрин сирдэрин көрөн баран улаханнык аймаммыттар.Кадастрдаах сирдэрэ атын сирдэргэ, Кэбээйигэ тиийэ ыйылла сылдьаллар эбит.Ол оннугар Намҥа кураанаҕы көрдөрөн турар үһү. Бу маннык буоллаҕына докумуоммутун хаһан оҥотторон бүтэрбит биллибэт, доккментацияҕа сыыһа бөҕөтө , онно эбии оҥоруута 4-5 тыһыынча сыанаҕа турары дьон оҥотторор харчыта суох диэтилэр.
Хас этээччи утарарын, саарбахтыырын биллэрэрин иһин Егор Афанасьевич эһиги миигин күһэйэн этиттэрэҕит диэн туран кистэлэҥ куоһурун таһаарда. Сир боппуруоһугар 3 группаны тэрийэн үлэлэтэ сылдьабын, сокуон биһиэхэ чахчы куһаҕан өттүнэн дьайар диэн түмүккэ кэллэхпитинэ Конституционнай Суукка биэрэргэ анаан юристартан таҥыллыбыт группа үлэлэһиэ диэтэ.
Дьон ону биһирээн ытыс тыаһынан көрүстэ. Нам олохтоохторо утарсалларын чуолкайдык көрдөрөн баһылык ити хардыыны оҥорорго күһэлиннэ. Дьон настарыйыанньата, миэстэтиттэн саҥалар онно эмиэ олук буоллулар.
Химзавод ханна тутуллар диэн көнө ыйытыы киирбитигэр олох эппиэттээбэтэ.
Химзавод утары , Сир хамсааһыннары биирдиилээн политиктар кыараҕас көрүүлэринэн салаллан норуокка буортуну аҕала сылдьар хамсааһыннар диэн эттэ. Бу хамсааһыннар бастакыннан турунан дьону өйдөтөр үлэни ыыталларын, бу сокуон бырайыагын дьүүллэһиигэ уопсастыба, депутааттар, правительство болҕомтотун тарда сатаан тымныыга тахсан пикеттииллэрин, сокуон бырайыагар көннөрүүлэри оҥорон баран ону биэрээри хас ИТ, ГД депутатын эккирэтиһэллэрин , правительствоны, общественнай палатаны, ОНФлары кытары көрсө, кэпсэтэ сылдьарын, хас улуус аайы сиргэ аналлаах ватсап группалары арыйан дьону сырдатар үлэни ыыталларын, мунньах бөҕөтө тэрийэллэрин кэннэ кыратык да кыбыстан көрбөккө, "Дьону сиргитин ылыҥ диир оннугар плакат тута - тута тахсан тураллар " диэтэҕэ үһү!
Оннооҕор "Миигин бу көрсүһүүлэрбэр эккирэтэ сылдьаллар" диэн этэр, тыл этэр дьон хантан сылдьарын тоокколоһо олорбут киһи ити үлүгэр ыытыллар үлэни хайдах билбэт буолуоҕай? Билэр бөҕө буоллаҕа уонна көрдөрөн туран мэлдьэһэр!
Мин уолум Намҥа төрөөбүтэ, киинэ онно баайыллыбыта, кырдьаҕас дьонум онно олороллор, онон ити мунньахха этинэр уонна барар бырааптаахпын диэн барбытым. Туох эмэ диэн үөҕээри эккирэтэн тиийбэтэҕим.
Дархаммыт тылы этээри турар дьоҥҥо биэрэн баран онон мунньаҕы бүтэриэх буолбута уонна тоҕо эрэ бэйэтин эппит тылыгар турбакка эмискэ бүтэрэн кэбистэ, онон ыйытыыларбын кыайан биэрбэккэ хааллым.
Ол кэннэ балайда өр ватсапка кинини үөҕэллэрин туһунан кэпсээтэ. Эрдэ, хайа эрэ нэһилиэк баһылыга дьахтар дарханы көмүскээн сүрдээҕин саҥарбыта. Ол да буоллар сир сокуонун бырайыагар саарбахтыыра элбэх быһыылаах, министр ыйытыыларга хоруй биэрэр кэмигэр миэстэтиттэн олорон ыйыталаһара сүрдээх этэ.
Намнар маладьыастар, культурнайдык, улахан тыаһа- ууһа, айдаана - куйдаана суох сир сокуонун бырайыагар хайдах сыһыаннаахтарын Ил Дархаҥҥа, миниистирдэргэ толору көрдөрдүлэр.
✊✊✊
Сулустаана Мыраан.
|
Category: Земля. Недра |
Views: 1546 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 85 Ыалдьыттар (гостей): 85 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|