News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2016 » Олунньу » 2 » Мииринэй хайаны байытар кэмбинээтигэр
Мииринэй хайаны байытар кэмбинээтигэр | 15:31 |
02.02.2016 15:40
ИА «Yakutia24/Якутия24». 2016 сыл тохсунньутун туругунан, Мииринэй хайаны байытар кэмбинээтигэр 3.567 киhи yлэлиир. 2011-2013 cылларга манна 3.864 киhи баара бэлиэтэммитэ. Ахсаан аччааhына, yлэhит ахсаанын сорунуулаах сарбыйыы тyмyгэр таhаарылынна. 2012-2015 сылларга yлэнэн хааччыйыы, син, «сыр-мыр» баар эбит. Олунньу бастакы кyннэригэр Мииринэй ХБК каадырдарга отдела «ханнык да yлэ буларга эрэл суох», диэн иhитиннэрэр. «МИР», «Интер» рудниктар АБКларыттан быhаччы ыйыталаhа сырыппыппар, «бакаансыйа мэлигир» диэн бигэргэттилэр. Урукку сылларга холоотоххо, кырдьык, сарбыйыы «тэтимнээхтик» барар. Сарбыйыллыбыт yлэhиттэртэн эдэрдэрэ, ордук ирдэнэр идэлэргэ УКК иhинэн куурустары барарга кyhэллитэлээн эрэллэр.
Мииринэй хайаны байытар кэмбинээтин yлэтин 70 бырыhыана билигин шахта ньыматынан ыытыллар. 2016 сыл устата «МИР» рудник 1 мөл. туонна урууда хостуурга былааннанар. Итинэн сирдэттэххэ, МХБК, «АЛРОСА» алмаастарын 20 бырыhыанын хостуура былааннанар.
Суулба содулун туоратыы салгыы ыытыллар
МХБК бытархай таастаах сирдэрэ, («россыпные месторождения») бары да, сyргэйиллибиттэрэ ыраатта. Мииринэй куоратыттан чугас, №5-дээх алмаас байытар оччугуй баабырыка баара. Бу «техногеннай» дьаралыктаах эбийиэги 2004 сыллахха саппыттара. 2015 сыл ахсынньы бастакы кyннэригэр ыксаллаах быhыы-майгы тахсан турар. Урут бытархай алмааhы хостообут №5-дээх баабырыка «кутуруктарыттан», Ленскэйдиир суолга «чох» хара таастаах суулба кутуллубута. Дьону-норуоту улаханнык аймаан турар. Бу суулба миэстэтигэр быhылааны туоратыы yлэлэрэ салгыы ыытылла тураллар.
Yлэ тyмyктэнэрэ, оннун булуо билигин да ыраах. Кылаабынайа, сабыллыбыт баабырыка «кутуруктарыттан» (хвостохранилище) суулба кирдээх уута аны саас, сыккыс уутун кытары, Иирэлээххэ будулутан киирбэтин туhугар диэн yлэлииллэр. «Водораздельные галечники» бириискэ уонна МУАД суулба буорун кyрдьyyнэн уонна тиэйиинэн дьарыктаналлар. Сунтаардыыр, Ленскэйдиир айан суола, Иирэлээх yрэх салаа yрyйэтин бата, туора сиринэн барар. Суулба туhунан, «АЛРОСА» тулалыыр эйгэни харыстыыр отделын салайааччыта Надежда Лисс суруналыыстарга маннык биллэрэн турар: «Суолга yтэн кэлбит суулба буора радиологическай уонна токсикологическай куттала суох».
«ВГ» бириискэ
«Водораздельные галечники» бириискэ(салайааччы – А.Онищенко) балаhыанньата уустук. Сyрyн биричиинэ – дэбигис кэлэр бытархай алмаастар саппаастара энчирээбиттэригэр сытар. Хайа боруодатын хаттаан хаhыы ирдэнэр. 2015 сыл тyмyктэрэ yчyгэй да буолбуттарын иhин, уустук боппуруос yгyс. Тиэхиньикэ, тэриэбэ эргэрдэ, уматык сыаната ыарыыр. 2016 сылга икки «КСА» диэн ааттаах промприбордар, хайдах быhыылаахтык yлэлиэхтэрэй диэн ыйытык турар.
«ВГ» бириискэ былаана тулхадыйбат – 760 тыhыынча карааттаах алмаас. Онон Иирэлээххэ тyhэр yрyйэлэр алмаастарын, «Водораздельные галечники» салгыы тэлэкэлиир.
«Иирэлээх» дыраагалара «дайаллара» 70-ча күн хаалла
«Россыпь» алмааhын хостуулларын «уhун yйэтин» биричиинэтэ биир: урут сууйуллубут сирдэри хаттаан хаhаллар. Аны да, yйэ чиэппэрэ кэм курдук, бытархай алмаас хостуур кыах баар диэтилэр. 323 yлэhиттээх «Иирэлээх» бириискэтэ, бытархай алмаастаах кумах саппааhыттан быhаччы тутулуктаах. Манна yлэ дырааганы, кини аттыгар сытар «Горное» полигонын кытары ыкса сибээстээх. Иирэлээх yрэх, Оччугуй Ботуобуйа yрэххэ холбоhор сyнньyн бытархай алмаастарын ааспыт yйэ 60-с сылларыттан ыла хостууллар. «Иирэлээх» бириискэтэ турар, Алмазнай сэлиэнньэтин инникитигэр, туох эмит сырдык элээн син баар эбит диэн сылыктаатым.
Ааспыт 2015 сылга «Иирэлээх» бириискэтин yс дыраагата алмаастаах кумахтары хостооhуну 100,9 бырыhыан толорон, МХБК уонна «АЛРОСА» хаhаайыстыбаннай актыыптарыгар сэмэлэммэтэх. Бириискэ толору састаабынын yлэлиир. 2016 сыл сууйуу сезоныгар диэри кылгас кэм – баара эрэ 70-ча кyн хаалла.
Бириискэ №201, 202, 203 дыраагалара ааспыт сылга бэркэ yлэлээбиттэрэ. Саамай улаханнара, «эдэрдэрэ» - №203-дээх дыраага, болдьохтоох yлэ кэмин устата, 650 тыhыынча кууп кумахтары утумнарынан эргитэр кыахтаах. «Иирэлээх» бириискэ киинигэр – Алмазнайга, биир тыhыынча 680 киhи олорор. Манна икки 4-тyy кыбартыыралаах олорор дьиэ, 270 миэстэлээх оскуола, дьыссаат тутуллуохтара.
«МИР» рудник
Алмааhы сир анныттан хостооhун тэрилтэлэр – «МИР» уонна «Интер» yлэлиир болдьохторо араас. «МИР» инникигэ кэскиллээх, «Интер» саппаастара бyтэн эрэр. «МИР» туруупканы булбуттара 61 сыл буолла. Манна 1955-2001 сыллар устата алмааhы карьер ньыматынан хостоон, ССРС, Арассыыйа хааhынатыгар 17 млрд доллар суумалаах алмаас тосхоппуттара. Карьер 80-с сыллар бyтэhиктэригэр сир аннын уулара дохсуннук тахсыталаан, yлэтэ тохтоттулла сылдьыбыта. 9О-с сылларга «МИР» карьер сероводородтаах уутун дьалбарытыыга эмиэ yлэлээн барбыттара. 1998 сыллаахха саас ууну хачайдыыр носуостар аккаастаан, карьер эмиэ киhи киирбэт уута буолан хаалбытын, хадьыйбыттара. Ол сыл сайыныттан 2001 сыл кыhыныгар диэри карьер тохтобула суох yлэлээбитэ. Хас нэдиэлэ ахсын дэлби тэптэрии ыыталларын санаан кэлэбин. Карьер, куорат илин диэки сытар кыбаарталларыттан икки сyyсчэ хаамыылаах сиргэ сытар. Дэлби тэптэрдэхтэринэ, дьиэлэр тyннyктэрэ титирэстии, мэктиэтигэр, «ыттыын-кустуун» «ньахчас» гына тyhэллэрэ. Cероводород да сыта, оччолорго, «сытыганынан» тунуйара соччото суох сыт этэ.
2002 сылтан ыла «МИР» карьеры кураанахсытыы, ол эбэтэр «Сухая консервация» бырайыак yлэлээн барбыта. Ол шахта yлэтигэр бэлэмнэнии сyрyн барылынан буолбута. Ороhуоллаах кyрyлгэнинэн «илгистэр» карьер, алын кирбиитэ, сyyрбэччэ миэтэрэ yрдyктээх бытархай таас, кумах тибиллибитэ. Ити - 190 м кэрдиистэн – 152 м. кэрдиискэ диэри. Икки сыл устата 700-чэ тыhыынча кууп буор кутуллубута.
Бу эрэ кэнниттэн «ымыйбыт» сыт арыый да намыраабыта. 2003-2005 сылларга карьер анныгар мунньустар ууну, сир yрдyгэр таhаарар носуостар, утумнар баар буолбуттара. Карьертан yс сyyсчэ хаамыылаах сиргэ, шахта ньыматынан алмаас хостоору, икки умнастары хаhаттаабыттара. Биир биэрэстэ сир анныгар киирбиттэрэ.
Урууда эттигин «сырса», икки улахан кирбиилэри «ууннары тардыбыттара». -210, -310. «МИР» карьертан кимберлиттээх эттик хоту диэки барар. Ону таба тайанаары, туох да «тарабачыhан» туран yлэлээтилэр.
Ороhуоллаах уу киириитэ кyyстээх. Шахта «метегеро-ичерскэй» уулаах кирбиитин, атыннык эттэххэ, сир анныгар дэбилийэр кyрyлгэни кытары, уонча сыл устата халтай «охсуhа» сатаатылар. Сыаналаах тэриэбэ(«водоотлив») туруоран, 2015 сыл сайыныгар эрэ «буоhатын туппут курдуктар».
Кэккэ ыарахаттар баалларын yрдyнэн, «МИР» буhуруктаахтык yлэлии олорор. Бу 1955 сыллаахха «Улахан тайахтаах» yрyйэ сyнньyгэр арыллыбыт туруупка алмаастара аатырыахтарын аатыраллар. Биир туонна тааска 3 карааттан ордук алмаас тиксэр. 2015 сыл ыам ыйын 26 кyнyгэр «МИР» шахтатыгар 78,02 карааттаах алмаас булуллан турар. Харчытыгар таhаардахха, алмаас ырыынагын 2015 сыл кyhyнyн туругунан, 600 тыhыынча американскай доллар.
2016 сылга, «МИР» бырайыактаах таhымыгар тахсар тyгэнигэр, сылга 1 мөл.тонна урууданы хостуур кыахтаах. Манна, 2043 сылга диэри, алмаас хостонор кыахтаах дииллэр. Рудник АБКта – Мииринэй куорат биир дьоhуннаахай тутуута. »МИР» рудник начальнигынан Андрей Еремин yлэлиир. Дьону суукка устатыгар тохтобула суох аhатар улахан остолобуойдаах буолан, ыраахтан айаннаан иhэр да дьон тото-хана аhыыр кыахтаахтар, киирэргэр, пааспар эрэ наада. АБК буфеттаах, прачечнайдаах, 110 кВт лиинньийэтиттэн электроподстанциялаах, носуостуур, ыраас салгыны шахта кирбиитигэр yрэр тэриэбэлээх, гаас уматыгынан сылытар утумнаах, кэлимсэ промышленнай ситим.
«Интер» кэскилэ
«Интер» yлэтэ 2022 сылга бyтэрэ былааннанар.
Билигин алмаас yрдyк кирбиилэргэ уолдьаhан, карьер аннын саппаастарын хаhаллар, букатын тyгэххэ сытар «тымырдарга» киирэллэр. 2012 сылтан ыла «Интери» Игорь Дума салайар. «Интернациональнай» рудник сыл тyмyгэр «хайа yрдyгэр» таhаарар бородууксуйата уларыйбат – 500.000 тонна урууда. «Интер» хостуур алмааhын хааччыстыбата «киэргэл таастарга» киирсиhэр буолан, бу шахта yлэтэ «табаарынай бородууксуйа» чааhыгар барыларыттан ордук.
Бу диэн эттэххэ, «Интер», бэл диэтэр кириисистээх, 2009-2010 сылларга тохтобулга барбакка, тиhигин быспакка yлэлии олорбута. Ити курдук аатырбыт «Интер» аны алта-сэттэ сылынан, балаhыанньалаах олорор. «Интергэ» yлэлээбиттэр ханна бараллара, «МИРгэ», сир анныттан алмаас хостооhунуттан быhаччы тутулуктаах. «Интер» 2016-2022 сыл тухары, сыл ахсын, 500 тыhыынча туонна урууда «Хайа yрдyгэр» тахсарыгар хампааньа улахан интэриэстээх. Рудник, бу хаалбыт алта сылга туруктаах буолуутуттан, бэрт элбэх боппуруос тутулуктаах.
Орто хамнас – 90 тыhыынча солк.
2015 сылга, Мииринэй ХБКтын yрдyнэн, сyрyн бородууксуйа былаана сyyс бырыhыан туолла. Табаарынай бородууксуйа сyyс икки, хайа маассатыгар 100,3 бырыhыан таhымыгар тириэрдилиннэ. Кэнники мунньахха салгыы алмааhы хостооhун yлэлэригэр далааhыннаахтык yлэлииригэр чопчу сыал-сорук туруорулунна.
Холобурдаатахха, 2009 сылга орто хамнас - 39 тыhыынча этэ(бэл, 2008 сылга 40.000 солк. буола сылдьыбыта. Оттон, 2009 сылга, хампаанньа yрдyнэн кириисис бyрyyккээн, биир тыhыынчанан аччаппыттара). Билигин, орто хамнас – 90-тан тахса тыhыынча солкуобай. Биэс сыл устата, орто хамнас, икки бyктэн ордук yрдээтэ.
Тyмyккэ биири этиэм этэ. Экономиканы ырытааччылар сыанабылларынан, алмаас саппааhа кыччаатар да, Мииринэй ХБК «уhун тыыннаах» буолуо дииллэр. Ол аата, yлэ да миэстэлэрэ кэмиттэн кэмигэр тахсар кыахтаахтар диэн эрэл баар. Онон эдэр-чэгиэн дьон, Интернетинэн сирдэтэн, Мииринэй хайаны байытар кэмбинээт бакаансыйаларын билэ олороргут, баа буолуо суох этэ.
Станислав Алексеев, Мииринэй куорат
|
Category: АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. |
Views: 1311 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 114 Ыалдьыттар (гостей): 114 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|