News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2016 » Олунньу » 3 » Хамсатар күүс.
Хамсатар күүс. | 08:49 |
Хамсатар күүс.
Роман Барашков
РФ холбоһуктаах норуодунай фронун кыттыгас бэрэсэдээтэлэ, РФ обшественнай палататын сэкэрэтээрэ Александр Бречалов 2016 сыл тохсунньу 19 күнүгэр «Эксперт ONLINE» порталыгар биэрбит интервьютугар Саха Сирин обшественниктарын уонна республикабыт Ил Дарханын көрсөн баран бөрүкүтэ суох өйдөбүллээх барбытын ахтыбыт.
Республикабыт үрдүкү салалта кэлиҥҥи кэмнэ итэҕэһи-быһаҕаһзы, солуну атыны этиитин , онноо5ор биирдиилээн ситиһиилэри үксүгэр «инни-бүргэс» үрдүгэр түһэрэн сүгүн истибэт, эккирэтиһэн самнара, түһэрэ сатыыра үгэскэ кубулуйда. Бу курдук көстүүлэри аҕыйах кэмҥэ кэлэ сылдьыбыт тойон Бречалов бэлиэтии көрөн «. Но есть группа — слава богу, небольшая, которая любую критику, даже конструктивную, воспринимает как личную обиду. Мне кажется, это уже патология, и это беда для региона»диэбитэ үрдүкү былаас дьонун толкуйга түһэриэхтээх этэ.
Тыа сирин үлэһит дьонун кытары көрсүһүүлэргэ, истэр тухары дьон үүт, эт саынатын үрдэтии туһунан туруорсан кэллэ. Дьокуускай куорат депутата ,Ольга Саргыдаева ,төгүрүк остуолга т\м министра Александр Артемьевтан , экономическэй наука дуоктара , билигин Ил Дархаммыт Е.А.Борисов научнай үлэтигэр тыа хаһаайыстыбата Саха Сиригэр сайдарын наадатыгар кырата Республика бюджетын ороскуоттаах чааһыттан 15% ылыан наада, диэбитэ сокуоҥҥа төрүт быһыытынан киириэн сеп дуо?-- диэн сиэрдээх боппуруоһу биэрбит.
2015 сыл ахсынньы 17 күнүнээҕи Ил Түмэн ХХ пленарнай манньаҕар 2016 сыллааҕы республика бюджетын ороскуоттаах чааһын 172 млрд 612 млн солкуобайынан бигэргэппиттэр. Оччотугар улахан учуонай, билигин Ил Дархаммыт дакаастаабытынан Саха Сирин курдук экстремальнай географическай балаһыанньалаах сиргэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар кырата 9 млрд 300 млн буолбакка 25 млрд 891 млн солкуобай көрүллүөхтээх этэ. Ити бастакытынан.
Чэ буоллун Е.А.Борисов научнай үлэтэ кинигэ буолан 2001 сыллаахха тахсыаҕыттан элбэх уу-хаар устан аастаҕа.Арыычча сибиэһэй төрүккэ олоҕурабыт. 2014 сыл муус устар 22 күнүнээҕи №Пр-73-П5 буолбут тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын сокуонун оҥорор рабочай комиссия боротокуолун көрөбүт.
Манна рабочай комиссия мунньахтаан баран 1.1 пуунунан тыа хаһаайыстыбатын салаата сайдарыгар сыл аайы Республика бюджетын бэйэ дохуотуттан 15% көрөргө диэн ураахтаабыттар, ону бигэргэтэн Правительство Председателин солбуйааччы П.Н.Алексеев илии баттаабыт. Ол аата тыа хаЬаайыстыбатын салаата туруктаахтык үлэлииригэр 15-16 млрд солкуобайтан итэҕэһэ суох үп көрүллүөхтээх, диэн комиссия түмүккэ кэлбит, диэн өйдүөххэ сөп. Бу иккиһинэн.
Норуот туруорсуутун, Ил Дархаммыт бэйэтин научнай үлэтин уонна анаан минээн дьарыктаммыт правительственнай комиссия түмүктэринэн, норуот хаһаайыстыбатын бу салаатыгар ирдэбилгэ ырааҕынан эппиэттээбэт үп-харчы көрүллэн олорорун билэ-билэ бүтүн норуоту «сүрэҕэ суохтарынан» күтуүрүүрэ бука табыллыбата буолуо. Тойон Бречалов интервьютун бүтүүтүгэр «По-хорошему, глава региона должен быть сам заинтересован в конкуренции в общественно-политическом поле» диэбит.
Э.Б.Березкин СР тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар ПП.ГП аатыттан сокуон проегын автора. Кини ааҕарынан сылын аайы оннун булбат судаарыстыбы көмөтө тыаҕа дьон кылгас да уһун болдьоххо былааннанан үлэлииллэрин төрдүттэн суох оҥорор. Бу сокуон проегар көрүллүбүт үптэн 60% итэҕэһэ суоҕу табаары оҥорооччуга быЬаччы тиэрдии туһунан пуун быһыытынан киирбитэ кэрэхсэниэн эрэ сеп этэ. Бу пуун холобура биир киилэ үүккэ 72 солк субсидия ааҕылларын хааччыйыахтааҕа. Ити өссө 2016 с бигэргэтиллибит бюджет кээмэйинэн аахтахха.
Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар 2016 сылга былырыыҥҥы таһымтан ордуга суох үп көрүлүннэ. Дьиҥинэн таҥнары түһэ турар салааҕа болҕомто да уп-харчы да биллэр соҕустук көрүлүннэҕинэ түмүктэрдээх буоларын арыычча киһи барыта билэр суола. Э.Б.Березкин проегын анал статьята ыйарынан, муҥ сатаатар правительственнай комиссия №Пр-73-П5 түмүгүн курдук Республика бэйэтин дохуоттаах чааһыттан 15-16 млрд-тан 60% -на ол эбэтэр 9млрд 600 млн быЬаччы табаары оҥорооччуга көрүллэрэ буоллар ,оччоҕуна :
- на маточную голову КРС - 65тыс.руб.
- откормочное поголовье КРС - 16тыс.руб.гол. (мясного напр.)
- маточное поголовье лошадей. – 8тыс.руб.гол.
- голову оленей - 3 тыс.руб.
- выращивание зерновых культур – 7,6тыс.руб.га.
- выращивание кормовых культур- 5тыс.руб.га
- выращивание картофеля - 65тыс.руб.га
- выращивания овощей откр.грунт - 70тыс.руб.га
- выращивания овощей закр.грунт - 50тыс.руб.га
2013 муус устар 17 күнүнээҕи Саха Сирин аграрнай партиятын программатын туруорсуутун холкутук толорорго кыахтар үөскүөхтээхтэр этэ.
Билиҥҥи тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Артемьев , Амма оройуонун баһылыгынан олорон, 2014 сыл тохсунньу 29 күнүгэр Саха Республикатын Председателин бастакы солбуйааччыта Г.Вадюхин №1337-р дьаһалынан «О развитии сельского хозяйства в РС(Я)» сокуону оҥорор комиссияҕа чилиэнинэн ананан турар. Онон Александр Еремеевич аграрнай оройуон салайааччытын уонна комиссия чилиэнин быһыытынан икки сылтан ордук үлэлээбит киһи ити үөһээ ахтыллыбыттары чуолкайдык билэрин киһи саарбахтаабат. Ол эрээри депутат Ольга Саргыдаева олохтоох боппуруоһугар астыннарар эппиэти биэрбэтэҕэ хомолтолоох. Тоҕо ис турукпутун , дьиҥнээх толкуйбутун аһаҕастык этэртэн куттанабытый, дьоммутугар- сэргэбитигэр көмө –тирэх буолбаппытый?
Балык уу дириҥэр талаһарын курдук, киһи барахсан үчүгэйгэ кэрэҕэ талаһара кэмнээх буолуо дуо? Быыбар диэн боростуой киһи олоҕун таһымын тупсарарыгар соҕотох түгэн. Личностар историяҕа , дойду олоҕор оруоллара аһара улахан. Дэлэҕэ оннооҕор древнеримскэй поэт Вергилий «Выбирая богов – мы выбираем судьбу» диэбитэ билигин да суолтатын сүтэрбэт. Мин көрүүбэр республика да Россия да таһымыгар Э.Б.Березкинтэн атын политическэй да хаһаайыстыбаннай да өртүнэн толору эппиэттэҺэр киһи суох.
Тыа хаһаайыстыбатыгар 40-тан тахса сыл үлэлээбит киһи быһыытынан син элбэх киһини кытары алтыһан бу боппуруоска санаабын атастастым. Бэйэм үлэһит буолбут нэһилиэкпиттэн саҕалаан үрдүкү салалтаҕа тиийэ сүөһү, сир үлэһитин аанньа ахтыбат кини үлэтин уустуктарын өйдүү сатаабат киһи аҕыйаҕа суох, оһуоба илиилэринэн үлэлээбэтэх, кыра да буоллар салалтаҕа сылдьыбыт дьон ортотуттан. Эрнест Борисович курдук дириҥник хорутан өйдүүр уонна өйдүү сатыыр киһини көрсө иликпин.
Барашков Р.С. Дьокуускай куорат.
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1230 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 90 Ыалдьыттар (гостей): 90 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|