News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2016 » Олунньу » 3 » Көҥүл тустуу 60 сылынан
Көҥүл тустуу 60 сылынан
20:42
Көҥүл тустуу 60 сылынан
Саха сиригэр көҥүл тустуу тэриллибитэ быйыл 60 сылын туолар. Монреаллааҕы Олимпиаданы ССРС сборнай хамаандатын үс гыммыт биирин саха уолаттара хааччыйан үс мэтээли аҕалбыттара быйыл түөрт уон сыла. Ити кэрэ бэлиэ түгэннэри бэлиэтээн быйыл саха сиригэр Россия чемпионата ыытыллар . Онон көҥүл тустуу спордун сайыннарыыга ааспыты билиҥҥигэ тэҥнээн ырытан туох итэҕэстээхпитин көрдөнөн, сөхсүнэн саха норуотугар тапталлаах тустуубутун салгыы сайыннарыыга ханнык туох тэрээһин үлэ ситимэ наадатын син биир дьарыкка тустуу албаһын ырытар курдук ырытар, кэпсэтэр кэммүт үүннэ.
Ол да иһин РФ президенэ В.В.Путин: “Кириитикэни миигиттэн саҕалааҥ конструктивнай кириитикэ баар буолуохтаах”, диэбитэ. Биһиги ил дархаммыт В.В.Путин ити этиитин күн бүгүнүгэр диэри хатылыыр. Онон көҥүл тустуубутугар өссө үрдүк сайдыы наада, диир буоллахпытына бэйэбитигэр чуолаан спорду тэрийээччилэр, тренердэр, спорт ветераннара киритиичэскэй ирдэбил туруоруннахпытына сатанар. Мин биир бэйэм тустууттан тэйбитим ыраатта. Онон тустуу бастаан тэриллиитигэр ханнык үчүгэй үгэстэр баалларай? Ол билигин төһөтө хайдах толоруллар?--диэн санаабын быктарыахпын баҕардым.
Саха тустуута 1956 сыл тэриллээт тренердэр В.Г. Румянцев, Н.Н.Волков аҕыйах сылынан РСФСР чемпионнарын, призердарын таһаартаан үс саха үөрүүтүн, өрөгөйүн үрдэппиттэрэ. Бу тустуу страницаларын бастакы арыйсыбыт бука бары ытыктыыр тренербит, учууталбыт Н.Н.Волков ытык кырдьаҕас билигин да баар, тыыннаах республикаҕа көҥүл тустуу сайдыытыгар, Россия быйылгы чемпионата ыытыллыытыгар соргулаах ытык сүбэлэринэн кыттыһа олорор.
Тустуу сайдыытын бастакы түһүмэҕинэн В.Г.Румянцев, Н.Н.Волков иитиллээччилэрэ ССРС эдэрдэргэ чемпионнарын уонна ССРС үтүөлээх тренерэ Д.П.Коркин оҕолоро ССРС оҕолорго уонна эдэрдэргэ чемпионнарын уонна призердарын маассабайдык таһаартаабыта. 1969 сыл Илларион Федосеев оҕолорго аан дойдуга уонна саха сириттэн бастакы чемпиона, Семен Макаров үһүс миэстэ буолбуттара. Кинилэр Д.П.Коркин иитиллээччилэрэ манан саха тустуутун аан дойду түһүлгэтигэр бастакынан таһаарбыттара.
Д.П.Коркин иитиллээччитэ 1972 сыл Роман Дмитриев Олимпийскай чемпион буолар. Түөрт уон сыллааҕыта, 1976 сыл Монреалга үс уолбут: Роман Дмитриев, Павел Пинигин, Александр Иванов Олимпийскай мэтээллэнэн үс саха өрөгөйүн үрдэппиттэрэ. Дьэ, бу этэ биһиги көлүөнэ тустууктар эрэ буолбакка бүтүн саха норуотун сулустаах күннэрэ, чаастара.
Бу кэмтэн ылата түөрт уон төгүл Саха сирин ирбэт тоҥун үрүҥ баата маҥан хаар үллүктүү сабан ааста. Олус кылгас кэм иһигэр биһиги тустууктарбыт, улууттан улуу тренер Д.П.Коркин уонна тустууну бэртээхэй тэрийээччилэр Н.Н.Тарскай, Н.Н. Волков курдук уонна да атын бэртээхэй тренердэрбит хайдах маннык ситиһиигэ кэлбиттэрин тус бэйэм санаабынан ырытан көрүүм.
Бастатан туран оччолорго билиҥҥигэ холуйдахха тустуу сайдыытыгар систиэмэ төрүт атыннык үлэлээбит. Тустууну саха норуота наһаа күүскэ таптыыра, ытыктыыра. Тустууктар кыра да ситиһиилэриттэн саха норуота кыра оҕолуу үөрэллэрэ, көтөллөрө. Тренер, диэни халлаантан таҥара бэйэтинэн түһэн хаама сылдьарын курдук көрөр буоларбыт. Кини тугу эппитэ кумааҕыга суруллубатар да кытаанах сокуон буолара.
Иккиһинэн тустууну тэрийии систиэмэтэ ураты этэ. Бастаан оскуолаҕа уорааннах ыһыылаах-хаһыылаах күрэхтэһиилэр буолаллара. Онтон нэһилиэгин күрэхтэһиитэ күүтэрэ. Бу кэнниттэн хас эмэ отделениялаах собхуостар күрэхтэһиилэрин туораабыт чулууттан чулуу бөҕөс оройуон чемпионатыгар киирэрэ. Онон тустуу оҕолортон саҕалаан улахан дьоҥҥо тиийэ хабар маассабаһа сүрдээх киэҥ буолара. Дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо? Бэйэтин тустууга боруобаланан көрбөтөх саха суоҕа буолуо,--диэн. Ити түбэлтэҕэ айылҕаттан удьуор күүстээх дьон ыччаттара сиидэ хайаҕаһынан таммалаабакка үрдүкү таһымҥа тахсаллара. Онон номоххо киирбит былыргы дуулаҕа бухатыыр дьон ыччаттара улуу тустуук буолан уһаарыллан тахсалларыгар толору кыах баара. Итини билигин үрдүкү ситиһиилээх спорт ветераннарыгар суруллар кинигэлэргэ төрүччүлэригэр хайаан да дьоҥҥо-сэргэҕэ уос номоҕор киирбит күүстээх, кыанар дьон баар буолаллар. Онон оҕону тустуу спордугар уһуйар тренердэр удьуордааһыҥҥа уонна маассабаска болҕомтолорун күүскэ уураллара наада.
Үсүһүнэн энтизуаст тренердэр туох баар утуйар ууларын умнан туран айымньылаахтык үлэлииллэрэ. Кинилэр үлэлэрин норуот үрдүктүк сыаналыыра уонна ким тугу сатыырынан буор хаһааччыттан, салайааччытыгар тиийэ көмө буолаллара. Аны бу тренердэр сүрүн сыалларынан, соруктарынан талааннаах оҕолору булан тустууга такайан баран Чурапчыга Д.П.Коркиҥҥа салгыы үөрэттэрэ ыыталлара үтүө үгэскэ кубулуйбута. Сааһын сиппит эдэр ыччат Дьокуускайга үөрэнэ киирэр буоллаҕына Н.Н.Волков аатын ааттаабытынан киирэллэрэ. Бу улуу тренердэр кытаанах сиидэлэрин ааһан улахан күрэхтэһиилэргэ кыттыы, өссө ону ааһан улахан уорааннаах күрэхтэһиилэри кыайыы уол оҕоҕо үрдүкү айыылартан анаммыт улуу дьолун курдук буолара. Онтон саха сирин тустууну таптааччыларгар биир оннук улахан бэлиэҕэ киирэн уос номоҕор киирэллэрэ. Ол аата билигин тренердэр үчүгэй оҕолору сүүмэрдээн, бэлэмнээн Дьокуускайга УОР-га түмэр соругу туруоруохтаах эбиттэр.
Итинник санааттан тэптэрэн мин бүгүн бу ааспыт түөрт уон сыллааҕыта ситиһиллибит Монераллааҕы Олимпиада аҕалбыт үөрүүбүтүн тренердэр уонна тустууктар эрэ буолбакка бүтүн саха норуотун түмсүүлээх үлэтин түмүгэр ситиһиллибит бу аҕыйах ахсааннаах норуот улууканнаах кыайыытын курдук ылынабын.
Бу чаҕылхай ситиһиилэртэн ааспыт үйэ кыа хаанынан устубут революция, ол кэнниттэн хааннаах репрессиялар салгыы Гитлер сэриитин кэнниттэн сут сутурҕан сылларын ыар кыһалҕата ыган, айгыраан хам баттатан, куттанан олорор норуот: ”Биһиги да дьон эбиппит”, “Биһиги да ыччаттарбыт аан дойду ааттаахтарын кытары иэмэх мастыы тэҥҥэ эриһэр, үүнэр, сайдар, элбиир, кыахтаах эбиппит”, диэн үөрүүтүн өрөгөйө өссө ордук хас эмэ бүк үрдээбитэ. Онон тустуу саха норуотун аан дойдуга: “Саха диэн норуот баар эбит”,-- диэн эрэ билсиһиннэрбэтэҕэ. Саамай кылаабынайа биһиги норуоппутугар үрдүккэ-кэрэҕэ тардыһыыга, үлэни, олоҕу тэрийиигэ, наука улахан ситиһиилэригэр тахсар күлүмэх күүстээх өйү-санааны укпута. Оччотооҕу спортсменнар олоххо үлэни-хамнаһы тэрийиигэ, политикаҕа, наукаҕа, култуураҕа ситиһиилэрэ ону чахчы туоһулуур.
Тустууга ССРС спордун маастардара: Макар Макарович Яковлев ССРС үрдүкү сэбиэтин депутата, Валерий Колодезников ССРС үрдүкү сэбиэтин депутата, Максим Сибиряков саталлаах мындыр тэрээһиннэрэ эстэн олорор холкуостары байыппыта, Аммаҕа саҥа кырыс сири баһылаабыта, Илин эҥэр бары улуустарыгар Райсовет бэрэссэдээтэлинэн, ССКП райкомун сэкритээринэн үлэлээбитэ, Петр Попов СР спордун министринэн, Валерий Петров СР эмтиир Киинин генеральнай директорынан, Н.А.Гоголев педагогичкскай наука доктора ЯГУ проректора, Алквиад Иванов медицинскэй наука доктора, профессор. Бу испииһэк наһаа уһун онон ааҕааччы доҕорум бэйэҥ салгыыргар көрдөһөбүн. Итинник тустууктар Саха сиригэр айгыраан олорор олоҕу тутууга ханна баҕарар республика салалтатыгар тиийэ бастакы күөҥҥэ киирбиттэрэ. Дьэ, бу тустуу спорда киһи олоҕор суолтата үрдүгүн чаҕылхайдык көрдөрөр.
Аны атын сирдэн холобур ылан бэйэбит бүгүҥҥү ситиһиибитин онно тэҥнээн көрүөх. Биһиги көлүөнэ тустар кэммитигэр Дагестанецтар тустар таһымнара биһигиттэн намыһах этэ. Биһиги улуу тренербит Д.П.Коркин оскуолата кинилэртэн быдан үрдүк таһымнааҕа. Дагестанецтартан икки чаас эрдэлээн Роман Дмитриев Олимпийскай кыһыл көмүһү аҕалбыта. Кини кэнниттэн дагестанец Загалав Абдулбеков кыһыл көмүс мэтээлгэ тиксибитэ. Кинини биһиги Николай Захаровпыт баһыйарын туһунан номоҕу истэн билэбит.
Мин доҕорум РСФСР 1969 сыллаах рекордсмен чемпиона Аркадий Аманатов сирдээн, көмөлөһөн Махачкала, Грознай уо.д.а. куораттарынан икки аҥаар сылым дагестанецтар улуу тренердэрэ аан дойду биэс төгүллээх чемпиона, медицинскэй наука доктора, профессор Али Алиев эрчийэр иитэр оскуолатыгар ааспыта. Бу кэлин өйдөөн көрбүтүм оччолорго олимпиада призера, аан дойду чемпиона Нодар Хохашвили, ССРС үс төгүллээх чемпиона, аан дойду чемпиона, Олимпийскай призер Руслан Ашуралиев, үөһээ ыйааһыннарга аан дойду Олимпиада чемпионнара бырааттыы Сергей, Геннадий, Сослан Андиевтар уо. д. а. кавказ омуктара аан дойдуга аатырбыт тустууктарын кытары бииргэ эрчиллибит дьоллоох эбиппин. Биллэн турар элбэх омуктаах дагестанецтары кытары эн-мин дэһэн элбэх доҕоттордоммутум.
Кинилэр ыалдьытымсахтарын доҕор-табаарыс туһугар бэриниилээхтэрин олус үчүгэйдик билбитим. Кинилэргэ доҕор-атас буолан балачча атаахтаабыт, маанылаппыт да түгэннэрдээхпин онон мин чечен, ингуш, крузин о.д.а. элбэх кавказ омук чулуу уолаттарынаан биир хааһыны сиэн Али Алиев кытаанах оскуолатын ааспыт буоламмын эбитэ дуу? кавказ омуктарын олус улаханнык убаастыыбын, сүрдээх итиитик, истиҥник ахтабын. Кавказ хааннаах кими баҕарар көрсө түстэхпинэ билигин даҕаны сүрдээх түргэнник өйдөһөбүн, ис испиттэн астына-дуоһуйа сэлэһэбин.
Кинилэр кырдьык омук да быһыытынан бэйэ-бэйэлэрин, доҕотторун түһэн биэрбэт кытаанах ытык итэҕэллээх, бэрээдэктээх дьон. Ыалдьытымсахтарынан биһигини хас эмэ бүк баһыйар олус сэргэх, бэһиэлэй дьон.
Кавказ омуктарын итэҕэлинэн аҕа саастаах киһи өрүү ытыктанар убаастанар. Онтон кырдьаҕас дьон күлүктэрин быһа хаамыы эдэр киһини улахан буруйдааһыҥҥа тиэрдиэн сөп. Аксакаллар-ытык кырдьаҕас саастаах дьон этиилэрэ хайаан да ытыктанар толоруллар бэрээдэгэ ол дьоҥҥо баар. Ханнык баҕарар үлэҕэ, спортка үрдүкү ситиһиилээх эбэтэр саастаах киһи тыла ыйааһыннаах.
Кавказ омуктара тустууну ”Эр киһи спорда”, диэн спорт атын көрүҥнэриттэн олус үрдүктүк туталлар. Уулуссаҕа кырыымпаҕа оонньуу-онньуу ыллыы олорор аксакалларга-ытык кырдьаҕастарга кэлэн тустууктарын туһунан ыйыттахха ханнык спортсмен ханна туох күрэхтэһиини кыайбытын норуоттарын аатын үрдүктүк тутан, бэрткэ сэргэхсийэн киэн тутта этэн, кэпсээн биэрээччилэр. Олор үксэ ол сбордарга оччолорго биһигини кытары бииргэ сылдьар уолаттар буолаллара. Кинилэри кытары бииргэ сылдьаргын биллилэр да тута кинилэр киһилэрэ: “Оо, мой дорогой”, “Мой лучший друг”, “Настоящий мужик”, буолан хаалаҕын. Ол кэнниттэн астык кэпсэтии-билсии тимэҕэ икки өттүттэн төлө баран үөһэ тэстэрэ. Маанылааһыннар ыҥырыылар саҕаланаллара. Оннук кавказ дьоно бэйэлэрин дьонноругар, доҕотторугар, доҕотторун доҕотторугар-бассалларыгар дьикти үчүгэй сыһыаннаахтар, үгэстээхтэр. Онон мин кавказка ытыс үрдүгэр сылдьыбыт үтүөкэн түгэннэрим туһунан бэрт элбэҕи астына дуоһуйа кэпсиэхпин сөп. Оннук кэпсиэхтэрин сөп оччолорго кавказка күрэхтэһиилэргэ, сбордарга сылдьыбыт биһиги көлүөнэ саха ханнык баҕарар бөҕөстөрө.
Оттон бүгүн биһиэхэ хайдаҕый? Кырдьык ССРС спордун маастардарыгар, Олимпиецтарга анал бириистэр, чиэстээһиннэр ыытыллаллар онон чиновниктар үрдүттэн аҕа саастаах көлүөнэҕэ ытыктабыл убаастабыл баар, диэхтэрэ. Аҕа саастаах көлүөнэ спортсменнарга, тренердэргэ сыһыан хайдаҕый? Тустуук үрдүкү ситиһиигэ тахсыыта дьиҥэр мантан саҕаланар. Бу оҕону, ыччаты үрдүккэ кэрэҕэ угуйууга, тустуу курдук уустук спортка иитэр-үөрэтэр оруола сүрдээх үрдүк. Улахан ситиһиилэрдээх спортсменнарбытыгар сыһыаммыт хайдаҕый? Тоҕо эрэ мин кавказтары саныы олорон ити боппуруоска кэллэхпинэ бирээмэ тылым тардарга дылы гынар.
Доҕоттоор, оннооҕор аан дойду призердарын, чемпионнарын, Олимпиецтарбытын, Олимпийскай чемпионнарбытын республикаҕа хас эмэ сүүһүнэн тренер штаттаах олорон үлэтэ суох хастыы эмэ сыл сырытыннарабыт. Ким тойон буолбут ол аан бастаан Олимпиецтары үлэтиттэн үүрэр. Бу киһи ханна да үөйбэтэх-ахтабатах дьыалата. Итинник быһыыны таһаарбыт спорт салайааччыларын тута үлэлэриттэн муус ураҕаһынан үүрэр бэрээдэк баара буоллар даа.
Бастакы Олимпийскай чемпиоммут Роман Дмитриев сэттэ сыл үлэтэ суох сылдьыбыта. Билигин суох буолтун кэннэ төһө эмэ правительство уурааҕа тахсан көмүс уҥуоҕун эргитиитигэр харчы көрөн оҥоһуллуохтааҕа. Бэл диэтэр ити умнууга хаалла. Республикабытыгар спортивнай салайааччылар, тренердэр, көҥүл тустуу көрүҥүн спортсменнара, диэн бааллара дуу суоҕа дуу?
Бу дьаһалы олоххо киллэрии кинилэр сибэтиэй эбээһинэстэрэ. Эбэтэр ити харчы сыыһын ханна эрэ, кимнээх эрэ тылларын төбөтүгэр ууран туһана оҕустулар дуу? Ити боппуруоска спорт министерствота туох диирэ буолла? Бэл диэтэр Олимпийскай чемпиоммут Павел Пинигин эмиэ үлэтэ суох сылдьыбыт кэмнээх, Оттон аан дойду улууларын сөхтөрөн Улуу Пехлеван ааты ылбыт Александр Иванову саныы түстүлэр да спортивнай үлэһиттэрбит үлэтиттэн үүрэллэр. Оҕо, сиэн иитэр кыһалҕатыгар Олимпиецпыт сууттаһан үлэтигэр төннөр түгэнэ баар. Бу сааты-сууту көрбөккүөн.
Аан дойдуну сөхтөрбүт улуу дьоммутугар ханнык эмэ сибэтиэй өйдөбүл, диэн биһиги спорду салайааччыларбытыгар баар дуу, суох дуу? Ити кэнниттэн саха сиригэр спорду салайааччылар, көҥүл тустуу федерацията, тустуу спордунан сөптөөх таһымҥа дьарыктаналлар, спортивнай этиканы тутуһаллар, Олимпийскай хартияны билинэллэр, диэн чопчу этэр кыахтаахпыт дуо? Орто дойдуга киһи аймах историятыгар саамай үрдүкү ситиһиилэри аҕалбыт улуу дьоммутун муҥ саатар сааһырдылар, ытыктанар кэмнэрэ кэллэ, диэн ытыктааһын кинилэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэригэр сүгүрүйүү биһиги спортивнай үлэһиттэрбитигэр ити аата суох. Оччоҕо Саха норуота маннык спорт үрдүкү ситиһиилэригэр ханнык да сибэтиэй өйдөбүлэ суох дьону тоҕо дуоһунастаата, тоҕо аһара үрдүк хамнастаата?
Ханнык да улуу спортсмен хотторуута суох үрдүк таһымҥа тахсыбат. Хотторуу спортсмеҥҥа саамай кытаанах, аһыы, хабархай уруогу биэрэр. Ону этэҥҥэ туоруу, тулуйа үөрэммит эрэ киһи спортка үрдүкү ситиһиилэри ылар аналлаах. Ити көбүөр сокуона. Итинник түбэлтэҕэ биһиги ыалдьааччыларбыт култууралара хайдаҕый? Хотторуу түбэлтэтигэр бэл диэтэр үрдүкү ситиһиилээх спортсменнарбытыгар бэйэлэрэ тугу да сатаабат, өйдөөбөт аата “Хоттордо”, эрэ диэн олус хаҕыс тылларынан тамнааттанар түгэннэрэ баар. Оннооҕор сорох ардыгар спортивнай суруналыыстартан иһиллэн киһини сөхтөрөөччү. Итинник кытаанах ыарахан бары этэр курдук ууну-уоту ортотунан ааһан улуу кыайыыны ситиспит көҥүл тустуу дьиҥнээх таҥараларыгар биһиги сыһыаммыт өссө төгүл хайдаҕый?
Хайдаҕый муҥ саатар муҥутуур үрдүк ситиһиилэрдээх аан дойду чемпионнарыгар, призердарыгар, Олимпиецтарбытыгар, Олимпийскай медалистарбытыгар сыһыан. Тоҕо эрэ биһиги кинилэри кавказка курдук өрө туппаппыт ээ. Ситиһиибит да оннук. Ол да иһин билигин биһиги оҕолорбутун кавказ оҕолоро баһыйа тутар сурахтара иһиллэр.
Роман Дмитриев кавказка эбитэ буоллар сүдү улахан, күндү мрамор тааһынан көмүс уҥуоҕа эргитиллэн, кини аатынан уулуссалар, болуоссаттар, спортивнай тутуулар, куораттар да ааттаныахтарын сөбө. Оттон дьиэ кэргэттэригэр, оҕолоругар оһуобай болҕомто салалта өттүттэн хайаан да баар буолуохтааҕа. Оттон биһиэхэ хайдаҕый? Бука бары билэ-көрө сылдьабыт бэйэҕит дьүүллээҥ. Олимпийскай медалистарбытыгар маннык сыһыан кэнниттэн көҥүл тустуу спорда киһи олоҕор оруолун, суолтатын туһунан республикабытыгар сөптөөх таһымҥа эдэр ыччат ортотугар иитэр-үөрэтэр үлэ ыытыллар, диэн этиэххэ сөп дуо?
Тустуу методикатыттан
Аны тустууга дьиҥнээх тустуу күүһүн сайыннарар оҕоҕо мышечнай чувство-былчыҥ битин сайыннарыыга сөптөөх үлэ ыытыллар дуо? Бастакы тренердэрбит Д.П.Коркин даҕаны, Н.Н.Волков даҕаны оҕону тоҕо эрэ 12 саастарыгар диэри улахан күрэхтэһиилэргэ күрэхтэһиннэрэллэрин өйдөөбөт эбиппин. Мин ол тоҕотун билээри фикультурнай үөрэххэ үөрэнэр сылларбар интэриэһиргии сылдьыбыттаахпын. Ону специалистар оҕо 12 сааһыгар диэри тустууга улахан күрэхтэһиинэн күүстээх ноҕуруусканы ылыа суохтаах. Киһи этигэр-хааныгар көҥүл тустууга аналлаах былчыҥ битэ 12 сааска диэри күүскэ сайдар. Ити кэмҥэ диэри 10 сааһыгар оҕону спорт оскуолаҕа ылан тустууга күрэхтэһиннэрбэккэ атын тустууга бэлэмниир оонньуулары оонньотор, күүһүн хачайдыыр хамсаныылары оҥотторон көбүөргэ үлэлииргэ бэлэмниир барыстаах. Иккис курдук оҕо наһаа эрдэ күрэхтэһэн оскуоланы бүтэрэригэр тыына тахсан хаалбат. Саха киһитэ көҥүл тустууга 23-28 сааһыгар диэри толору ситэр. Онон сайдыы саамай чыпчаала ити сааска диэри туһуланан иитэр-үөрэтэр эрчиллии программата оҥоһуллар.
Тустуу араас албастарын кыайыыга анаан туһаныы араас тактика, албаһын арааһа кээмэйэ суох үгүс өрүттээх. Ону сатаан салайан хаамтарыы бөҕөс гроссмейстерскай суоттааһыннардаах, чаҕылҕанныы түргэнник барыстаах балаһыанньаҕа көһө охсорго бэлэм гына эрдэттэн чочуллубут албастардаах буолар. Онон тустуу муҥура биллибэт киэҥ далай, таайылла охсон биэрбэт кистэлэҥэ олус элбэх. Соччонон уустук уонна интэриэһинэй буолан спортсменнары, тренердэри, тустууну таптааччылары абылыыр сүдү күүһэ улахан.
Аны көҥүл тустууга биһиэхэ кыра ыйааһыҥҥа эрэ ситиһии кэлиэхтээҕин курдук өйдөбүлүнэн үлэ ыытыллара төрдүттэн сыыһа. Саха ханнык баҕарар ыйааһыҥҥа тустан үрдүкү ситиһиилэргэ тахсар кыахтааҕын бастакы көлүөнэ бөҕөстөртөн саҕалаан күн бүгүнүгэр диэри дакаастаабыт бөҕөстөрбүт элбэхтэр. Тустуу бары ыйааһыннарыгар тэҥ ойуччу болҕомтону, хайаан да уурар наада.
Эдэр сылдьан көҥүл тустуунан үлүһүйэ сылдьыбыт сылларбын санаан баҕар үлэлии, дьарыктана сылдьар доҕотторбор, эдэр дьоҥҥо наада буолаарай, диэн бэйэм тус санааларбыттан тустуу сайдыытыгар биир дьоһуннаах кэрэ бэлиэ кэмҥэ түбэһиннэрэн быктаран аастым.
Тустуунан дьарыктанар спортсменнарга, тренердэргэ, салайар үлэһиттэргэ бука барыгытыгар киһи олоҕо мутугунан быраҕар муҥур, бу олус кылгас кэмигэр орто дойдуга киһи аймахха үгүс үлэнэн бэриллэр бэриллэр бары дьолу-соргуну, ситиһиилэри, үрдүк өрөгөй кыайыыны, сирдээҕи тапталы, кэлэр кэнчээри ыччаккытыгар эргиччи өттүнэн баай талым ис хоһоонноох интэриэһинэй олоҕу көҥүл тустуу спорда бэлэхтииригэр баҕарабын.
Арамаан Дьөгүөрэп
Category: Спорт |
Views: 2051 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 9
Ыалдьыттар (гостей): 9
Кыттааччылар (пользователей): 0