Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » Олунньу » 9 » Бүгүн, олунньу 8 кyнyн сарсыардатын туругунан, «АЛРОСА» АХ аахсыйата 1 мөл. 750 тыhыынча, «АЛРОСА-Ньурба» АХ аахсыйата – 75 тыhыынча буоллу
Бүгүн, олунньу 8 кyнyн сарсыардатын туругунан, «АЛРОСА» АХ аахсыйата 1 мөл. 750 тыhыынча, «АЛРОСА-Ньурба» АХ аахсыйата – 75 тыhыынча буоллу
08:10

«АЛРОСА» аахсыйата эмискэччи улаатта

08.02.2016 15:46b0aa34f6-2774-4584-a2fe-d4d6838d8b03 ИА «Yakutia24/Якутия24». Экэниэмикэ дьалхаанын yгэнигэр «АЛРОСА» хампаанньа приватизацияланар тэрилтэлэр ахсааннарыгар киириитин сонуна элбэх киhини долгутар. Аахсыйа туhунан сэргээччи син баар буолла.
Баар да буолан диэхтээн! Алмаастаах ньурбалар хаарыан аахсыйаларыттан кэскиллэриттэн хайдах мэлийбиттэрин санаттахха, «ыарахан уруок» буолуохтаах этэ.
Ньурба дьоно аахсыйа сарсын хайдах сыаналаныан кыайан анаарбатахтар. Саха сирин экэниэмикэтин «туругурдар» туhугар диэн ньурбалар бырачыастыы да соруммакка баайдарын олорчу туран биэрбиттэр. Саха сирин былаастарын «сиикэй» эрэннэриилэрин истэн, «сииккэ сиэлээри, хаарга хаамаары».  

Эрэннэрбиттэрин курдук, кyyстээх уот да тарпатылар, гаас да тириэрдибэтилэр, ууну ыраастыыр ыстаансыйа, стадион, уhуйаан, эмп-томп киинэ да туппатылар. Туругурдар да санаалара суох! Уопсайынан Ньурбаны бырабыытылыстыба алдьархайын оттоойколоото. Аны кэлэн Бyлyy улуустара тулалыыр эйгэлэрин хоромньутугар кэлэр аахсыйаларын бакыатын, дуона суох бырыhыанын былдьатар кутталлаахтар.

Билигин хаалбыт «чыычаах тумсугар» холоонноох бырыhыаннара, син быыкаа да буоллар эбиилик. Аны, доллар улаатыытынан, эбиллэ турар. Аахсыйа – сыаналаах yп-харчы докумуона, баай-дуол туоhута. Аахсыйа быhаарыытын, сахалыы туруору тылбаастамматынан сибээстээн, хайдах баарынан тириэрдэбин. Ол курдук, аахсыйа сыаната, куурса, пуондалартан уонна бииржэлэртэн, тэрилтэ экэниэмикэтин туругуттан, быhаччы тутулуктаах.

Бу баайы туоhулуур докумуон улахан бииржэлэр атыыларыгар-тутууларыгар, 100-тyy аахсыйалаах лоттарынан атыыланар. Аахсыйа араас быhыылаах.
Сүрүннэрэ – «привилегированнай» уонна «боростуой» аахсыйалар. Дивиденнэрэ, ол эбэтэр, аахсыйаттан кэлэр ыраас барыыс, эмиэ араас. «Привилегированнайдарга», аахсыйа, эрдэттэн торумнаммыт бырыhыанынан быhыллар. «Боростуой» аахсыйаларга дивиденд, аахсыйалаах холбоhук, отчуоттаах сылга, ситиспит барыыhыттан тутулуктаах.

Аахсыйалар, «Именные» уонна «На предъявителя» буолааччылар. «Предъявитель» аахсыйалара, «АЛРОСА» yлэлиир кэллэктиибин иhигэр эрэ, бэриллэллэр.
«Именной» аахсыйалар, киhи ханна yлэлиириттэн, хантан сылдьарыттан тутулуктаммакка эргийэллэр. «АЛРОСА» кэтиир-тургутар Сyбэтэ, дивиденд yллэриитигэр, сыл тyмyгyнэн тосхойбут ыраас барыыhыттан 25-30 бырыhыанын аныыр.

Биирдиилээн сирэйдэргэ аахсыйа туhунан ахтыым
. Ол эбэтэр, аан бастакы, «АЛРОСА» аахсыйаларыгар эргиллэбин.

Сол, 1992 сыллаахтан ыла, хампаанньа биирдиилээн сирэйдэргэ аахсыйалара, Мииринэй уонна Ленскэй оройуоннарын тэрилтэлэрин yлэhиттэригэр, кими да матарбакка yллэриллибиттэрэ. Олбуор сиппийээччититтэн бухгалтерга тиийэ.

Сахалар олорор нэhилиэктэрин тумнубатахтара, аахсыйаны Арыылаахтан, Сyлдьyкээртэн Таас-Yрэххэ тиийэ ылыталаабыттара. Буор босхо!           
Хомойуох иhин, 90-с сылларга, саха дьоно, улахан промышленнай тэрилтэ аахсыйатын балысхан барыыhын дьаалайбатахтара. «Бу, туохха наадалаах yhyнyй?!» - дэспиттэрэ.

Ол тyмyгэр, Мииринэй, Ленскэй тыаларын yгyс дьоно, улахан баайтан матан тураллар. «АЛРОСА» аахсыйаларын сыаната, кэнники уонча сыл тухары, yрдyy-аччыы сырытта. 2009 сылга, «АЛРОСА» туhугар кириисис бyрyyккээн, аахсыйа сыаната киhи сонньуйар кэрдииhигэр тyспyтэ. 2009 сыл кyhyнyгэр «АЛРОСА» аахсыйатын иhин, бэркэ ыараан-чэпчээн, 30 тыhыынчаны эрэ биэрэр буола сылдьыбыттара.

2010 сылга ыксаабыттар биир аахсыйа - 35-40 тыhыынча солк. эрэ иhин тиэтэйбит курдук, атыылыы охсубуттара.
2011 сыллаахтан ыла хампаанньа yлэтэ арыый да тэтимирбитэ. Алмаас атыыта сэргэхсийэн, аахсыйа сыаната, дьэ сыыйа-баайы, «yрдyккэ быыралаабыта».
Мииринэй пуондалара аахсыйалары, yрдyк сыананан атыылаhар буолан хаалбыттара. Пуондалар эрэ буолуо дуо, араас чааhынайдар эмиэ «буолунайдык» эргиммиттэрэ.      Аахсыйаны атыылаhааччылар бyччyм-киччэм атыылаhааччылар интэриэстэригэр yлэлээбиттэрэ.  Дьон урут аахсыйаларын суhаллык батарбыттара «доргутуулаах» буолла.

Кyн бyгyн, «АЛРОСА» аахсыйаларын 13 бырыhыана – миноритарийдар гиэннэрэ. Онон ким аахсыйалары ботуччутук атыыласпыт – сол хаhаайын!
«АЛРОСА» 2011 сылга «сиикэй» алмаас сыаната 26 бырыhыан yрдyyр, аахсыйа сыаната эмиэ «yрдyккэ кыырайар» кыахтаах диэн биллэрбитэ.

Мин урут суруйталаан турабын: «Ыксыыр, аахсыйаны тyбэhиэх дьоннорго атыылыы охсор сатаммат» диэн. 2011-2014 сылларга Мииринэй, Удачнай, Айхал, Ленскэй биир аахсыйа иhин бастаан утаа - 300, 400, 500, 800 тыhыынча солк, онтон эмискэччи - 1 млн. солк. сыаналарынан атыылаhаллара.
2014 бyтyyтyгэр, биирдиилээн дьонтон атыылаhааччылар, биир аахсыйа иhин 1 млн. 200 тыhыынчаны биэрэр буолбуттара. 2015 сыл тохсунньу бастакы ыйдарын сыаната – 1 млн. 250-300 тыhыынча солк этэ.

Маннык yпкэ-харчыга Иркутскай, Улан-Удэ куораттарга, ипотеканан таас дьиэ, учаастак, оччугуй урбаан атыылаhан ахан биэрдилэр.
Мииринэйгэ 80-с сылларга кэлбит билэр киhим хайдах «киитэрэстээхтик» туттумахтаабытын холобурдуум.

Бу «табаарыс» 2009 сыллаахтан ылата аахсыйатын «балабыай» батарар чычырбас толкуйунан олорооччулартан хото атыыласпыт. Ол отут-биэс уон тыhыынча эрэ сыаналаах аахсыйата билигин – улахан хапытаал!
Угаайылаах эргиэмсик кириисис саамай бyрyyккyyр кэмигэр 1 млн 200 - 500 тыhыынча солкуобайга, «АЛРОСА» аахсыйатын атыылаталаан, долларга »таптайбыта».

2015-16 сылларга доллар «кыырайыыта» киниэхэ дьоллоох-соргулаах буолла. Кини байан-тайан Санкт-Петербург куоракка олорор. Билигин ПИФтары, хамсаабат баайы кытары yлэлиир.

Ити курдук аахсыйа yрдээбит харчытынан, yгyс киhи Арассыыйа атын куораттарыгар хамсаабат баайы, атын сыаналаах докумуоннары – биэксэлинэн, аахсыйанан атыыластылар. Мииринэй мындыр толкуйдаах дьоно былыр-былыргыттан харчыларын Москуба, Санкт-Петербург, Екатеринбург, Тюмень кэммиэрчэскэй бааннарыгар уураллар. Саха сиригэр суох, быдан yрдyк бырыhыаннарга, долларынан, евронан, депозитка «таптайалар».
ПИФтары, араас хабааннаах пуондалары кытары дьарыктаналлар. Билигин доллар сиэрэ суох yрдээн, уурунуулара «yллэкис» гынна. Онтуларын тутуу былдьаhан хамсаабат баай – дьиэ, сир учаастага, урбаан гыннылар.

Дьэ, бу маннык «сыыдамнык» дьон байаллар. Аахсыйаларын тиhэххэ диэри тута сыппыттар, ситигирдик, yп-харчы «амтанын» биллилэр.
Инникитин аахсыйалаахтарга yп хайдах ороскуоттанара биллибэт. Экэниэмикэ дьалхаана уонна саанкысыйа алмаасчыттарга хайдах дьайыахтара эмиэ «таабырын». Дивиденд, хайдах кээмэйдээх буолара, эмиэ биллибэт. Алмаастаах хампаанньа аахсыйатын сыаната, yyммyт 2016 сылга хайдах баран иhэрий диэн ыйытааччы yгyс.

Биллэрэбин: сыана эмискэччи ыараата диэн. Мииринэй куоратыгар, пуондалар, аахсыйа сыанатын, тэрилтэ приватизацияланар сонунун кытары баттаhа, балысханнык улаатыннардылар. Бүгүн, олунньу 8 кyнyн сарсыардатын туругунан, «АЛРОСА» АХ аахсыйата 1 мөл. 750 тыhыынча, «АЛРОСА-Ньурба» АХ аахсыйата – 75 тыhыынча буоллулар.
Бүгүн, олунньу 8 кyнyгэр, эбиэт иннигэр, 1 млн 800 тыhыынча иhин, субу атыылаhар кыахтаах дьон кытары баар буоллулар. Дьэ уонна сарсын балаhыанньа хайдах буолар?!
 
Станислав Алексеев, Мииринэй курат
 
Category: АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. | Views: 1312 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Олунньу 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
1234567
891011121314
15161718192021
22232425262728
29
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 14
Ыалдьыттар (гостей): 14
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024