News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2016 » Олунньу » 11 » Үрдүкү былаастартан үтүрүллүбүт Сунтаар улууһа
Үрдүкү былаастартан үтүрүллүбүт Сунтаар улууһа | 12:22 |
22.01.2016 12:14
ИА «Yakutia24/Якутия24». Саха сирин бастакы алмаастара булуллубут, номоххо киирбит мааны сирэ – Сунтаар сирэ кэп туонарын истэбин, хараастабын. «Ат тарпат аньыылаахтыы», yрдyкy былаастартан yтyрyллyбyтyттэн дьиксинэбин. Сунтаар улууhа 4 промышленностаах оройуон ыксаларыгар олорор ааттаах да, социальнай-экэнэмиичэскэй балаhыанньатынан ыарахан туруктаахтарынан буолар. Ону, бу улуус уопсастыбаннаhа, оройуон уонна Ил Тyмэн таhымнаах дьокутааттара, бу дойдуттан кииннээх салайааччылар да табатык анааран, дьоhуннаах миэрэлэри ылаллара буоллар диэн толкуйдарбын тириэрдэбин.Сунтаар улууhугар эдэр, кэскиллээх баhылык - А.Григорьев yлэлээн эрэр. Олус ыарахан, «нyhэр нэhилиэстибэни тутта». Онон, кини салайар кэмигэр, туох эмит «сырдык элээн» кэллэр диэн санаалаах суруйабын.
Нэhилиэнньэ ахсаана биллэ аччаата
Саха улуустарыгар, нэhилиэнньэ эбиллиитэ баар эбит тyгэнигэр, Сунтаарга улахан аччааhын бэлиэтэнэр. 1998 сыллаахха Дьокуускайга тахсыбыт география ыйынньыгын чахчытынан, Сунтаар улууhун нэhилиэнньэтэ 27,2 тыhыынча киhи буола сылдьыбыт. Бу иннинэ 29 тыhыынча этэ. Бикипиэдьийэ чахчыларынан, 2015 сылга, манна 23 тыhыынча киhи олороро бэлиэтэнэр. Холобур, 2002 сыллаахха, Кириэстээххэ 1.100 киhи олороро. Билигин, 800 киhи хаалла. Сэбиэскэй кэмнэргэ, Тойбохойго – 2 тыhыынчаттан тахса, Элгээйигэ – 3.500 киhи олоро сылдьыбыт буоллахтарына, бастакыга – 1.489, иккискэ – 1.980 киhини аахпыттар эбит. Дьон yксэ, Дьокуускайга, Хатаска, Тулагыга, Нам улууhугар, Нерюнгрига барыталыы тураллар. Иркутскайга, Новосибирскайга барыы эмиэ элбээтэ.
Сорохтор тыа дэриэбинэлэриттэн оройуон киинигэр – Сунтаарга киирэн, куоракка «куотар стартовай былаhаакка» курдук олохсуйаллар. Сунтаар сэлиэнньэтигэр 2015 сылга 9.803 киhи олороро бэлиэтэнэр. Маннык элбээhин, кырыыба дэриэбинэлэр эстиилэрин суотугар баар буолбута саарбахтамат. Саха сирин салалтата бу кытыы улууhу атарахсытар, туоратар бэлиитикэни салгыы ыытар балаhыанньатыгар, 2025 сыл диэки улуус уонча тыhыынча киhилээх эрэ хаалар кутталлаах.
Улууска нефтяниктары ким «сиэтэн киллэрдэ»?!
Биир да олохтоохтон ыйыппакка, дьон сокуоннай быраабар «силлээн-хаахтаан» туран. Арассыыйа ХК 358-с ыстатыйатын ааххайбакка. Ньиэп-гаас геологтара, биир да кэлтэгэй кэппиэйкэни улууска да, нэhилиэктэргэ да «дук» гымматтар. Гынар да былааннара суох. «Сургутнефтегаз», Кириэстээх уонна Тойбохой икки ардыгар, чинчийэр вышканы(«Экспло-разведочное бурение») туруоран, сири хастарбыта балачча кэм буолла. Аны билигин, Саха сирин бырабыытылыстыбата, «Газпром-Бурениеларга» уонна «Иркутскай ниэп-гаас хампаанньатыгар» «добуруо» биэрбит. Сунтаар дьоно ыраах тыаларга бултаан эбинэллэрэ уурайар буолла. Гаас-ньиэп кэллэ да булт, балык ханарыйара чуолкай. Холобур, тэнкэлэр, куокунулар, Быйакы, Бэтинчэ, Дьэрбэ, Yчyгэй, Арбанда yрэхтэр диэки, бу кыhын, тыалыы тахса сылдьан баран, «ытыстарын соттон» киирдилэр. Киистиир сирдэрин, вездеход-таанкалар, бульдозердар илдьи кэhэн кэбиспиттэр. Боруопуллары анньыталаан, тимир, оргул арааhын хаалларбыттар(Арассыыйа Холуобунай кодекса. 259. 260. 261. 262 ыстатыйалар.) Хара тыа барахсан «энэлийэргэ», эстэргэ барда. Гаастарга «сырдык суол тэлбит» салайааччыларбыт, норуоттарын туhунан саныы да барбатахтара хомолтолоох.
Алмаас харчытын атыттар апчарыйдылар
Саха сирин хааhынатыгар, «АЛРОСАттан», yлyгэрдээх элбэх сууммалаах нолуок кииирэр. «АЛРОСА» yбy-харчыны yллэрбэт, Саха сирин бырабыытылыстыбата «тыырар». Алмаас балым yбyн-харчытын, Саха сирин саламтата, норуокка биллэр-биллибэт пуонда дьаhалыгар биэрбитэ ыраатта.
Бyлyy Эбэ Хотун иэдээниттэн эмсэ5элээбиттэри, алаастара-yрэхтэрэ, эйгэлэрэ тыытыллыбатах, «наар имэрийиллэр» улуустары кытары холбоон, «уопсай хочуол» гынан, «абыраабыттар». Ол «уопсай хочуолтан», yп-харчы, тохтоло суох ханна суккулларын билэ олоробут.
Маннык сиэрэ суох, халы-мааргы сыhыан тyмyгэр, сунтаардар ылыахтаахтарын ылбатылар, туhаныахтаахтарын туhамматылар. Уонунан сыллар тухары, энчирээбит эйгэлэрин толуйуохтаах миллиардынан харчыларын былдьаттылар.
Бары кэскиллээх хайысхалартан – ыраас ууттан, гаастааhынтан, таас тутуулардаах кыбаарталлартан, ыччат микро-оройуоннарыттан, тупсарыыттан, суоллары кутууттан, тyргэн тэтимнээх Интернеттэн, аныгы «кэрдиис» сыыппаралаах тэлэбиидэнньэттэн, кyyстээх уоттан, тыа хаhаайыстыбатын уонна производствоны сайыннарыытан матарылыннылар. Бу маннык кэхтиигэ тириэрдии - Арассыыйа гражданнарын бырааптарын уодаhыннаахтык кэhиинэн буолар. Ханнык да уобаласка, кыраайга, национальнай эрэгэйиэннэргэ маннык, кэрээнэ суох быhыы-майгы таhаарыллыбат! Маны ханнык да сиэр-туом нуормаларын билиммэт быhыыттан атыннык ааттаабаппын! Сатаатахха, бу ааспыт сылларга Сунтаар улууhун дьаhалтата да нэhилиэктэр бырабыытылыстыбаны кытары ситэтэ суох yлэлээтилэр, нэhилиэнньэ ыарахатарын кыайан ситэ-хото тириэрдибэтилэр, быhаарбатылар. Биир холобуру кыбытыым. Таатта Баайа5атын кырачаана, Ил Дархан аатыгар, таас оскуола туттарарга туруорсан суруйбута, тутатына туолбута. Оттон Сунтаар олохтоохторун хас эмэ уонунан сылларга улахан туруорсуулара, ааттабыллара букатын ылыныллыбат!
Уу боппуруоhугар эмиэ баттаннылар
Саха сиригэр, «Ыраас уу» барыл yлэлиир ааттаах. 2012-2016 сылларга манна 1 млрд. 405,8 мел. сууммалаах yп тыырыллыбыта. Сунтаар улууhугар мантан «соххор солкуобай» тиксибэтэх курдук. Ууну ыраастыыр ыстаансыйа, улуус киинигэр, барт туомугар эрэ yлэлиир. Баара эрэ, 80 туонна ууну, суукка устата, ыраастыыр. «Водозабор» аныгы ирдэбилгэ эппиэттээбэт. Эгэ, ууну хачайдыыр утум, дэриэбинэлэргэ кэлиэ дуо?! Аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир уу ситимэ(водопровод) Сунтаарга суох. Ордук табыгастаах сирдэргэ, ыраас ууну ыларга, скважиналар хаhыллыбаттар. Онно харчы суох дииллэр. Бyлyy эбэ куп-кугас кирдээх уутун, чааhынай «бодобуоскалар» биир буочукатыгар 200 солк. харчы иhин бэрт эрэйинэн, кyyттэриинэн тиэйэллэр. Нэhилиэнньэ кыhын «болоорхой» Бyлyy мууhун уутунан эрэ олороохтуур. Сунтаар сэлиэнньэтин баара эрэ 4 бырыhыана тупсарыылаах(благоустроенное жилье). Сайдыы тэтимнээхтик кэлиэ саарбах. Манна 2015 сылы «Сунтаарга инновация сылынан» биллэрбиттэрэ, хайдах эрэ дьону кyлyy-элэк гыммыттыы олуона. Ханнык да инновация сыта да суох!
Кyyстээх уот мэлигир
220 кВт уот Мииринэйтэн Сунтаарга кэлбитэ быйыл алтыс сылын туолар(2010 сыл). Бу иннинэ эhиэхэ кyyстээх уот кэлэр сиригэр гаас наадата суох, «электроотопление» ордук диэн, чунуобунньуктар дьону нэгэйдик албыннаан тураллар. Ханна баарый?! Сунтаардар кyyстээх уоттарын лиинньийэтин, «хартыына» эрэ курдук, одуулуу олороллор. 220 кВт уот Сунтаар улууhун терyт хаппата, 273 биэрэстэ ыраах Аанньаахха тириэрдиллэн, «Транснефть», ниэп уматыгы Кытайга хачайдыыр ыстаансыйаларын эрэ хааччыйар. 2007-2012 сылларга, Саха сирин бырабыытылыстыбата, олорор дьиэлэргэ уотунан ититиниини киллэриигэ анал барыллаах курдук туттар-хаптар этэ. Онтулара, бу улууска, туга да туолбата! Аны билигин кyyстээх уоппут кыамтата тиийбэт эбит диэн «уhукта биэрдилэр». Холобур, Сунтаар сэлиэнньэтигэр, энэргиэтикэ ситимэ, тиэхиньиичэскэй ирдэбилгэ эппиэттиир кыахтаах буоларыгар, 60 МВт кыамталаах уот булгуччулаах.
60 МВттаах уокка икки трансформатордары тутуохха наада. Тута да сорумматылар. Бэл, эргэ, «тохто турар» «Сунтар-2» подстанция тэриэбэтин, ситэ-хото уларыппатылар. Бу барылы yбyлyyрy бырабыытылыстыба «наадалаах дьыала» диэбэтэх. Аныгы «Евротоп» хочуоллар, «Еврокон» кyyстээх уокка, трансформатордарга эрэ тигинэччи yлэлиэхтэр этэ. Оннук далбар манна суох. Оттон сунтаардар, 20 МВттарын, быстарыктыыр адьас кыаммат уоттарын кытары олорон хааллылар. Кыhыыта диэн, дьон чааhынай дьиэлэригэр, бэйэлэрин суоттарыгар, уотунан ититинии киллэрэллэр. Аны уот сыаната быыстала суох yрдyy турар. Оттон датаассыйа диэн баар этэ дии! Маннык «тиийбэт тирии, таппат тараhа» кэмигэр, былаастарбыт дьэллэмсийэн, 220 кВт кyyстээх уоту, Иркутскай уобаласка, «Полюс Золото» артыалларын хааччыйыыга ыытарга «сорунуулаах» yлэ ыытан, «тиритэ-хорута» олороллорун дьэ хайдах дии саныыгыт?!
Гаас хаhан да кэлиэ суох
Сунтаар улууhа хаарыаннаах тыатын чордоон, тулалыыр сирдэрин «истиэпкэ» кубулутан эрэр дойдулартан биирдэстэрэ. Билигин, биир массыына оттук мас(8 кууп) сыаната – 10-15 тыhыынча буолла. Кыстыырга, ортотунан, 4 массыына, ол эбэтэр 40-60 тыhыынча солк. ирдэнэр. Дьон, быста дьадайаннар, бэйэ бооччойуута «ТЭНнэри» тутталлар. Тохсунньу тоhуттар тымныытыгар ыксаан, уот ситимиттэн быhа холбоноллор. Дьэ олору, кэнники сылларга, Мииринэй Энергосбыта, тараччы тутаттаан, ыстарааптаан ахан биэрдэ. Бу тэрилтэ иннигэр, сунтаардар, «куртан-кур» иэстээх олороллор. Гаас уматык кэлэр кэскилэ суох. Сунтаар, Ньурба улуустарыгар гаас уматык кэлиитин боппуруоhун, ханнык да yрдyкy салайааччы, дьокутаат ыаhык гынарга соруммата.
Ньурба улууhугар, Накыын алмаастаах сиригэр гаас уматык Алын Бyлyyттэн тардыллара, 2016-2020 cылларга, былааннанар. Ньурба да, Сунтаар да бу гаастарыгар тиксэрии барылыгар хабыллыбатылар. Бырабыытылыстыба отчуоттарыгар, чунуобунньуктар, ньурбаларга, сунтаардарга, ханнык улуус «айхаллаахтык гаастаммытын», олус да уhуннук дакылааттаан салгыталлара. Соруйан, дьону кыынньыыр, элэк гынар курдук. Аны билигин, норуот хомойуутуттан-кэлэйиититтэн, абаккарыытыттан дьаахханан, «харах баайар» буоллулар. Бырабыытылыстыба отчуоттарыгар Сунтаартан, эбэтэр Бyлyy умнаhыттан кииннээх-хааннаах эрээри, иитиллибит улууhугар тугу да иэппэт, «кумахтан етyyнy хатар» кyдээринэ отчуоттааччылары ыыталлар. Саатар бу отчуоттарга, сунтаардар, «таас-дьyлэй», ньимиликээн буолан олороллоро кыhыылаах. Барытыгар «ээх» дии олороллор. Ол биллэр: Тугу эмит «дьыбардаахтык» этиэх-тыыныах киhини мунньахтарга киллэрбэт ньымалаахтар.
Сунтаар балыыhатын иккис уочаратын харгыстаатылар.
Бэрт элбэх эрэйинэн, Сунтаар таас барыйаанынан балыаhатын бастакы эрэ уочарата тутуллан турар.
Ону да бастакы уочаратын эрэ нэhиилэ «сордоон» бyтэрбиттэрэ. Балыаhа, бу иннинэ, 19 yйэ бyтyyтyгэр, Бордон кинээhэ Куртах туттарбыт эргэ дьиэлэригэр баара.
Эмчиттэр олус кытаанах усулуобуйалаахтар: киин улуустар таhымнарын кытары холоотоххо хааччыллыы тутах.
Саатар балыаhаны туппут сирдэрэ сэлиэнньэ уhуга – «Химия буолата». Оптуобус сылдьар ааттаах этэ да дьон сyгyн айаннаабаттар дииллэр.
Итинтэн сылтаан, таксистар, манна - «уордаах тойоттор»!
Кыра да бырааhынньыктарга, балыаhа диэки барартан батынан кэбиhэр идэлээхтэр.
Эмчиттэр, yлэлэригэр, «сыбаайбалыы сылдьар» ыттарга ытыртара сыhа-сыhа, сылдьаахтыыллар.
Сунтаар балыаhатын туhунан этиэм этэ кырдьыгы.
Манна, Саха сирин былаастарын, «тымныы» сыhыаннарын содулугар, аныгы эмтиир технология, аппаратура сол да мэлигирдэр.
Балыаhа, канализацията сатархай, туалеттара сyгyн yлэлээбэттэр. Уот сотору-сотору барарын солбуйарга аналлаах, «евро» таhымнаах генератор суох.
Ыарахан ыарыhахтары эппэрээссийэлииргэ манна услуобуйа мэлигир. Онон, бука диэн эмчиттэргитин ноордообоккут буоллар!
Саамай ыарахана, дьиэ-уот суох буолан эмчит кэлбэт.
Фтизиатр, уролог, травмотолог, онколог, инфекционист, стоматолог, педиатр, методист, узи, ЛОР, «семейнай», учаастак терапевт быраастара,2 акушер, 5 фельдшер, биир фармаколог - уопсайа отукка чугаhыыр эмчит тиийбэттэр.
Уопсайынан, Саха АССР тэриллэр кэмнэриттэн ыла, эмчиттэргэ аналлаах дьиэ-уот, Сунтаарга тутулла илик.
Ким, дьиэтэ-уота суох кэлэн уонча, сyyрбэ тыhыынча солк. иhин, «босхо кэриэтэ», yлэлиэй?!
Хаалыылаах Интернет
2016 сылга, 4-с кыбаарталга тyргэн тэтимнээх Интернет Мииринэйгэ кэлиэ диэн былаанныыллар.
Оттон Мииринэйтэн 224 биэрэстэ ыраах Сунтаарга, «оптоволокно» тиийэрэ «остуоруйа». Эрэл суох.
Билигин баар Интернет, Саха сиригэр саамай сыылба.
Бэл, Мииринэй гиэнигэр тиийбэт. Мобильнай Интернет «2G» диэннэрэ ханнык да Интернети кыайан арыйбат, судургу да файлы электроннай буостанан ыыппаккын.
Маннык хаалыылаах буолан, Сунтаар дьаhалталара, Дьокуускайы кытары электроннай докумуоннарынан «бырахсыылара» бытаан, олус эрэйдээх.
«Халба курдук мэлдьэхтээх» чунуобунньуктар дьэ маны туох дииллэр?
Тyмyк санаа
Тyмyк санаа туох да «сырдыкка» иэппэт. Суруналыыс быhыытынан, Саха сирин араас улуустарынан сырыттым. Ханнык улуус, орто баайыылаахтык олорорун, ханнык хаалбытын, туоратыллыбытын малтаччы этэр кыахтаахпын. Сунтаар улууhа – Саха сирин былаастарыттан туоратыллыбыт оройуон.
Былыргы, Саха сирин инники, сырдык кэскилигэр биллэр оруоллаах, 1764 сыллаахтан ыла, Уркуускай губернияны тилийэ биллэр дойдуну, маннык ыарахан турукка тириэрдии содула, сэтэ-сэмэтэ эмиэ ыарахан, тыйыс буолуон толкуйдуур уолдьаста. Кэм-кэрдии кyyппэт!
Станислав Алексеев. Мииринэй-Сунтаар.
бсуждение
Suntarez:
22.01.2016 14:34
Биhиги улууспутун ыараханнык ата5астаабыккыт ын Yрдyк Айыылар билэн, кэлэйэн олордохторо. Ханна эрэ 204 млн, ыhыах. Хас эмэ. млн. суумалаахха "молочнай поросеноктаах", кыhыл икралаах, кремнээх туортаах, хатыыстаах, "краснай дорожкалаах" корпоратив, благоустроеннай кварталлар, GPON интернет, газ босхо киллэрии, водовод. Оттон Сунтаарбытыгар- -разруха.
|
Category: Мэрия, районы, муниципалитеты |
Views: 1904 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 53 Ыалдьыттар (гостей): 53 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|
22.01.2016 13:09