News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2016 » Олунньу » 26 » Олохтоох “оракул” куоттарбыт уонна түспэтийбит кэмнэрэ
Олохтоох “оракул” куоттарбыт уонна түспэтийбит кэмнэрэ
09:33
Олохтоох “оракул” куоттарбыт уонна түспэтийбит кэмнэрэ
Четверг, 25 Февраля 2016 12:36
Ил Түмэн биэс мунньаҕын тухары, Сунтаар улууһуттан талыллан 23 сылын дьокутааттыыр Александр УАРОВ “Аартык.руга” интервью биэрэн кэбистэ.
Кэпсэтиини “сууйбакка-тараабакка” баары баарынан тиэрдэбит:
- Букатын “оракул” буолан бүттүҥ?
- Тугу этэҕиний?
- Солкуобай түһүүтүн, дуоллар тахсыытын сибикилииргин этэбин.
- Ити “сибики” буолбатах, дириҥ билиигэ олоҕурбут бэйэм санаам, - диэн баран Александр Сергеевич көлүөһэлээх кириэһилэтинэн сыҕарыттан остуолугар ыга тардынна.
- Туох кэпсээн-ипсээн баар?
- Бугун мунньахтаан олоробут. “Проект стратегии планирования социально-экономического развития Республики Саха (Якутия) до 2030 года...
- ... ырааппытын.
- Һэ-һэ... “с определением основных направлений до 2050 года” докумуону дьүүллэстибит,- остуолугар сытар халыҥ паапка хаҕыҕар суруллубут суругу доргуччу ааҕан биэрдэ.
- Урут итинник ырааҕы хабар былааннаах этибит дуу?
- Кэниэчинэ.
- Туолан иһэр?
- Билигин аан дойду балаһыанньата уларыйда. Дойду үрдүнэн ылыныллыбыт (паапкатын иһэн арыйан ааҕар -аапт. ) “Стратегия социально-экономического развития Российской Федерации до 2030 года” докумуону таһынан, эмиэ итинник бырайыак Уһук Илин сайдыытыгар аналлаах баар. Бу докумуоннарга олоҕуран Саха республикатын сайдар стратегията оҥоһуллар. Мин ити бырайыагы бүгүн кириитикэлээтим.
- Ноо!
- Тоҕо диэтэххэ, бүгүн Россия социальнай-экономическэй сайдыытын парадигмата аан дойдуга тахса турар уларыйыылары “кыайан көрбөт”. Аан дойду наһаа түргэнник уларыйар. Биһиги итини ситэн көрбөппүт, уларыйа охсубаппыт. Сайдыылаах дойдулар – АХШ, Германия, Япония экономикалара аныгы технология сайдыытыгар олоҕурар. Биһиэнэ буоллаҕына – сырье эрэ биэрэр таһымынан сылдьар. Урут “сырьевой придаток” быһыытынан үчүгэйдик олорор кыахтаах этибит. Билигин балаһыанньа отой уларыйда. Урут 1 баррель ньиэп 100 дуоллар этэ, билигин – 30-40 дуолларга диэри түстэ.
- Онон?
- Экономикабыт сайдар сүрүн укулаатын уларытыахха наада. Экономика сайдарыгар икки сүрүн “кит” баар: инновация – билигин муодунай тыл
- Ким да өйдөөбөтүн курдук “муодунай”.
- Иккиһэ, киһи арыый өйдүүр тыла – инвестиция. Холобур, Кытайга экономикаларыгар инвестиция 55 бырыһыанын ылар, Японияҕа – 45, АХШыга- 40. Оттон Россияҕа 20 бырыһыан. Ити кээмэйин үрдэтиэххэ наада.
- Тула санкция бөҕө буола турдаҕына, ким биһиги экономикабытыгар инвестициялыай?
- Бэйэбит. Дойду бэйэтин стабилизационнай фондаларыттан инвестициялыахтаах. Резервнэй уонна благосостояние фондаларыттан.
- Резервнэй?
- Аата эрэ “резервнэй”, ол фонда син биир тыытылла турар. Уонна экономика диверсификацияланыахтаах , индустриализация барыахтаах. Олус бөдөҥ производствоны тэрийии туһата суох. Дьоҕус уонна орто урбааны сайыннарыахтаахпыт. Секьюритизация кредитных портфелей барыахтаах.
Дьокутаат киһи тыла тостуох тиэрминнэринэн “импортозамещение”, “синхронизация”, ”, “НЭП”, “конкретные глобальные задачи”... – быһатын, тугу эмэ ситиһэргэ аарыма сыалы туруорар наада, ону ситиһэргэ араас “–ция”, “-ие” бөҕөтө ыытыахтаахпытын кэпсээтэ. Чаас аҥаарын кэриҥэ экономика араас ымпыгынан-чымпыгынан эрдэн-чалбаан баран, арыый бэтэрээ соҕус тиэмэҕэ тиийдибит:
- Химсобуоту оҥоро сатаатыбыт дии.
- Дьэ, эрэ.
- Ити бырайыакка атын сөптөөх сири булуохтаах этибит.
- Ону?
- Сөптөөх сири буларга республика, федеральнай киин, ДФО саламтата – Трутневтаах эҥин бары бииргэ үлэлиэхтээхпит.
- ?
- Кырдьыгынан эттэххэ, сарсын – бензин, сэлээркэ сыаналаныа суоҕа. Саудовскай Аравия дойдуларыгар 1 лиитир ыраас уу 1 лиитир уматыктааҕар икки төгүл сыаналаах. Хоту улуустарга, Киин, Бүлүү, Илин Эҥэр улуустарга – промышленность атаҕын угуо суохтаах.
- Промышленноһа суох хантан харчыланабыт?
- Тохтоо, онно баран иһэбит.
- Ээ сөп, доҕор.
- Саха сиригэр кластердары тэрийиэххэ наада. Ити ааттаталаабыт улуустарбытыгар төрүт дьарыгы – таба, сылгы, сүөһү иитиитин тэрийэри таһынан, айылҕаҕа содула суох “Бриллиантовай хочо” – тааһы чочуйар ТОР тэрийиэхтээхпит. Иккиһинэн, туристическай ТОР баар буолуохтаах. Ити барыта сайдар кыахтаах.
- Уоппут, оттукпут, уматыкпыт сыаната – чочуйар тааспыт себестоимаһыгар охсор, барыһа суох диэн этэ дии?
- ГРЭС-2 үлэҕэ киириэ дии.
- Оччоҕо электроэнергия сыаната түһэр?
- Кэниэчинэ! Промышленностан, орто кластерга - “Кангаласс” ТОР баар буоллун, айылҕаҕа содула аччыгый. Өстүөкүлэ оҥорор туох улахан буортулаах буолуой? Алмааспыт хостоммутун курдук хостоно турдун. Өссө таас саппааһа отут сылга диэри баар дииллэр. Ньурбатааҕы ГОК, Анаабырдааҕы ГОК үлэлии турдуннар, тыыппаппыт – нолуоктарын биһиэхэ төлүү турдуннар. Арҕаа кластерга – гааспыт-ньиэппит (Ленскэй, Мииринэй, Таас Үрэх) баар. Соҕуруу – Алдаҥҥа, Нерюнгрига, дьэ онно, ити промышленнай объектары хото тутуохха сөп этэ. Химсобуоту эмиэ.
- Нууччаларга?
- Даа-даа. Үөрэ-көтө онно тутабыт. Инники сайдар былааммытын, урут “пятилеткалар” диэн бааллара дии, ол курдук биэс сылынан – туох ханна, хаһан оҥоһуллуохтааҕын барытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ барытын былаанныахтаахпыт. Оннук эрэ буоллаҕына сөбүлэһэбин, билиҥҥи декларативнай суруйууга сөпсөспөппүн.
- Инньэ диэн эттиҥ?
- Этэн буоллаҕа.
- Арктиканы баһылыыр былааны туох диэтиҥ?
- 2050 сылга диэри Арктиканы тыытар наадата суох.
- Путин сөбүлэөэр?
- 30 сылга диэри кэтэһэллэр, ол баҕас чуоккай. Арктиканы сайыннарарга атомнай станциялары да тутуохтарын сөп. Тыал, күн, уу күүһүн туттан энергия ылыахха сөп. Аан дойдуга оннук уопут хара баһаам.
- “Арктиканы сайыннарыы” диэҥҥэ федеральнай киин атын өйдөбүллээх буолуо, биһиги олорор усулуобуйабытын тупсарар эрэ соруктара суох буолуо эбээт.
- Россияны барытын сайыннарыы соруга турар. Арктиканы сайыннарыыга сүрүн хамсааһынынан – судоходствоны сайыннарыы барыахтаах, хотугу муора суола сөргүтүллүөхтээх.
- Кэлбит хараабыллар тугу эмэ тиэнэн барыахтаахтара буолуо дии?
- Ыраас мууһу тиэйэн илтэхтэринэ куһаҕан үһү дуо?
- Ээ...
- Ыраас иһэр уу проблемата аан дойдуга кыайан быһаарыллымаары турар. Планетарнай боппуруос буолла.
- Ньиэптээҕэр?
- Кэниэчинэ. Европа иһэр уута суох олорор. Туох баар күөллэрэ, өрүстэрэ буорту буолбуттара ыраатта. Дьоппуоннар эрэй бөҕөнөн сири дьөлөн ууларын ылаллар. Иһэр ууну ылыах этибит дииллэр. Итиэннэ биһиги наар сирбит киэҥинэн киэн туттабыт. 3,5 мөл. кв км. сирдээхпит диэн. Оттон итинтэн мэччирэҥ, киһи туттар сирэ аҕыйах ээ - 30 тыһ. кв км эрэ. Табаны, сылгыны, сүөһүнү иитэргэ сирбит хаарчахтаах: 1 сүөһүгэ 4 га наада. ол аата билигин баар сүөһүбүтүн, сылгыбытын балтараа эрэ төгүл улаатыннарар кыахтаахпыт. 300 - 450 тыһыынчаттан элбэтэр кыахпыт суох. Тыаны кэрдэн саҥа сири таһаарар кыахпыт суох. Ойуур – федеральнай бас билии.
- Сир боппуруоһугар тиийбит буоллахпытына “ 1 габытын” тыытыахха.
- Саҥа сокуон сүрүн соруга - босхо сир түҥэтигинэн мэҥиэлээн Уһук Илиҥҥэ дьон ахсаанын элбэтэ сатааһын. Столыпин саҕана үс сылга Хабаровскайынан, Владивостогунан 4 мөл. киһи кэлбитэ. Уһук Илиҥҥэ 9 субъекка 9 мөлүйүөн киһи баара, билигин 6, 5 мөл. киһи хаалла. Ол гынан баран, былыргы курдук сиринэн мэҥиэлээн дьон ахсаанын элбэппэттэрэ буолуо. Ити мин санаабынан.
- Саха сиригэр сир ылаары дьон бөҕө тоҕо анньан кэлиэ суоҕа дуо?
- Ким кэлиэй? Уонна сокуоҥҥа “бастаан олохтоохтор ылаллар” диэн дии.
- Сокуон бүтэһиктээхтик ылылла илик буолбатах дуо?
- Суох, бастакы ааҕыытын ааста. Иккис ааҕыытыгар Ил Түмэнтэн 5-6 бэрэстэбиитэл бараары сылдьар. Биһиги баҕабыт диэн биир: сир баайдаах сири, мэччирэҥи, булт сирдэрин, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар уонна ураты харыстанар сирдэри – биэримиэххэ диэн. Саха норуотун интэриэһигэр киирэр сирдэр түҥэтиллиэ суохтаахтар диэн туруорсабыт.
- Ылыныахтара?
- Сороҕун ылыныахтара дии саныыбын. Мин сурук бэлэмнии сылдьабын.
- Кимиэхэ?
- Медведевкэ.
- Ууратаары тииһэн эрэллэр буолбатах дуо?
- Партия саламтатыгар. Партиялары кытары дуогабардаһыыга Неверов киирэ сатыыр.
- Ээ, “сирбит” бүтэн партиялар куомуннаһыыларыгар тиийдибит?
- Оннук. Госдумаҕа “ЕР” фракциятын салайааччыта Васильев 225 уокурукка барытыгар кандидат туруорабыт диэтэ. Онон куомуннаһыыны утарда.
- Оттон дьиҥинэн “куомуннаһаллара” , сүнньүнэн, сөп буолбатах дуо?
- “Сөп” диигин дуо?! Норуот быыбарга кыттар, быыбардыыр быраабын – Конституциянан мэктиэлэммит быраабын кэһии буолар! Биһиэхэ президент, парламент да былааһа буолбатах, норуот былааһа!
- Оксиэ...
- Үчүгэй дойдуга – Америкаҕа (АХШ) холобур, дьон быыбарга олус көхтөөхтүк кыттар. Билбэккин дуо?
- Сылдьыбатаҕым.
- Путин бэйэтэ ирдээн турар: балаҕан ыйдааҕы быыбар саамай демократичнай, чиэһинэй буолуохтаах диэн. Дьэ, дьиҥнээх киирсии буолуоҕа!
- Дуо?
- Оо, ол аата “эсердэри” өйүүгүн дуо-а? (чөрөс гына түһэр – аапт. )
- Миигиттэн тутулуктааҕа буоллар бэрт этэ да, Кириэмил сыҥааҕа ордук ыйааһыннаах буолуо – ким этэр да ону “талар” инибит. Уонна, оттон праймеризкэ регистрацияламмыт дьоҥҥут...
- Достойнайдар киирэн иһиэхтэрэ буоллаҕа.
- Холобур?
- Куприянов.
- Ленин проспегын таһынан кинини дьон билиэ?
- Данчикова?
- Испииһэгинэн бардаҕына, “адмресурс” кыһалыннаҕына.
- Аныгы күһүҥҥүтэ билиэ, чэ...
- Ким кыттара буоллар эрэллээхтик кыайыа этэй?
- ...Айсен Николаев ылыах этэ.
- Ону?
- Буолуммат.
- Партия бирикээстээтин?
- Барарыгар тиийэр.
- Аныгыс Ил Дарханынан кими көрөҕүн?
- Ким билиэ баарай. Нууччаны даҕаны аҕалан олордуохтарын сөп. Оччоҕо дьэ...
- ...Уруйдуур буоллахпыт. Штыровы хайҕааччыбыт дии.
- Штыров диэн таһымнаах киһи этэ буоллаҕа. Ханнык эмэ чолохойу олордуохтара дии. Мин саныахпар, дьиҥнээхтик саха норуотун туһугар ис-хаан кыһаллар киһинэн Александр Николаевич Жирков буолар.
- Ама дуу, атыны этэриҥ сатаммат буоллаҕа.
- Мин хаһан баҕарар саныыр санаабын туруору этэр, биир позициялаах киһибин. Сыыһа дии санаатахпына кими баҕарар аһаҕастык кириитикэлиэхпин сөп.
- Пахай, оччотугар дьокутааттыыр болдьоҕуҥ бииринэн бүтүөхтээҕэ эбитэ буолуо?
- Суох дьэ, холобур, мин президент быыбарыгар Штыровы, биир дойдулаахпын Акимовы утары үлэлээбитим. Оннук эмиэ баар этэ. Сунтаар, Горнай, Кэбээйи, Өлүөхүмэ улуустарыгар – Саха сиригэр саха президенэ баар буолуохтаах диир санааттан Тумууһабы аҕытаассыйалаабытым.
- Онтон Штыровы сырыһыннара хайҕаабыта диэн эмиэ баара.
- Штыров АТР дойдуларын экономическэй форумугар тыл этэрин истэн баран “сөпкө тыл эттэ, сөптөөх боппуруостары көтөхтө” диэн эппитим. Штыров тугун-ханныгын, таһымын кэлин биллэҕим дии.
- Өр баҕайы былааска сылдьар киһи дьиҥ олохтон тэйэр?
- Суох. Мин саҕа тыа сирин кэрийэр дьокутаат ахсааннаах буолуо.
- “Кэрийэр” уонна “олорор” диэн олох атын-атын буоллаҕа.
- Оннук буолбатах. Мин 7000 киһини приемнаатым.
- Сунтаар улууһа барыта кэлэн ааспыт.
- Атын улуустартан эмиэ сылдьаллар. Сүбэлэтэллэр, көмө көрдүүллэр. Барыларыгар кыаҕым тиийэринэн көмөлөһө сатыыбын. Онон норуоттан тэйбэппин.
- Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах гражданина буоллуҥ?
- Бүлүү улуустарын барыларын бочуоттаах гражданинабын.
- Омунай.
- Дьоҥҥо көмөбөр махтанан иҥэрэллэр.
- “Уаров рестораҥҥа киирэн: “Мин киммин билбэккит дуо?!” – диэн “сураһарын” кэпсээччилэр.
- Урут иһэр эрдэхпинэ, холуочуйан баран оннук гыммытым.
- Аата сүрүн...
- Ээ, оттон наһаа оннук оруо маһы ортотунан буолбатах буоллаҕа. Культурнайдык...
- Симик баҕайытык: “Мин кимминий...?”
- Һэ-һэ...
- Билигин оннук гыммаккын?
- Хайа муҥун? Кырдьан түспэтийдэҕим дии.
- 23 сыл тухары дьокутааттаан төһө бэйэҕэр туһанныҥ: мал-сал, сиэр-майгы...
- Отой суох. Эмээхсимминээн биир дьиэлээхпит, биир даачалаахпыт... тугу туһаныахпыный... уолум барда...
- Мистикаҕа итэҕэйэҕин?
- Суох. Мин бастакы үөрэҕим физик, иккиһим – экономист. Красноярскайга баран кэллим ээ. Онно 78 саастаах 7-с ыҥыырыылаах мунньаҕар дьокутааттыыр киһилээхтэр. Тыа хаһаайыстыбатын курируйдуур, олус активнай киһи...
- 78 сааскытыгар диэри дьокутааттаатаххытына иэдээн дии. Аныгыскыга эмиэ тураҕын?
- Ээ суох.... Америкаҕа 90-гар диэри сенатордыыллар. Уопут уонна профессионализм эрэ наада. Сааһа билбэт.
- Биир өттүнэн, сахалар дьокутааттаан да, чиновниктаан да үүнэр-сайдар кыахтара кыараҕас баҕайы. Сүүрбэ сылы быһа биир миэстэни сүүрбэ буолан манаһаллар. Федеральнай былааска дуу, атын үөс сирдэргэ дуу үүнэн үлэлии бараллара буоллар бэйэ-бэйэбитин наһаа кыдыйсыа суох этибит ээ?
- Сөпкө эттиҥ. Миигин Михаил Ефимович бэйэтин кэмигэр Госдумаҕа ыыппыта буоллар, атын да дьону салгыы үүннэрбитэ буоллар олох атын хартыына буолуох этэ. Кадровай политиканы уонна приватизацияны сыыһа ыыппыта диэн былырыын “Саха сирэ” хаһыакка ыстатыйасуруйбутум дии. Аахпатаҕыҥ да?
- Хаһыат аахпаппын ээ. Ол Таҥараны тоҕо кириитикэлиигиний?! Уонна оттон кадровай боппуруоска кини саҕа киһи үлэлээбитэ суох ини. Салҕааччылар суохтара диэн этиэххэ сөп буолуо?
- Ельцинниин үчүгэй кэмигэр федеральнай былааска сахалары киллэриэхтээх этэ. Ол кэмнэргэ. Бородины кэпсэппитин курдук. Хаһан баҕарар бэйэҥ таһымҥар үүнэр перспектива баар буолуохтаах. Чеченнэри, башкирдары, татаардары көрүҥ ээ – барытыгар бааллар.
- Оттон билигин сахаларга салгыы үүнэр перспектива баар дуу?
- Билигин суох. Кэмэ атын. Тоҕоостоох кэми куоттардахпыт дии.
***
Aartyk.Ru
Источник: aartyk.ru
Category: Власть Правительство Ил Тумэн |
Views: 1631 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 118
Ыалдьыттар (гостей): 118
Кыттааччылар (пользователей): 0
Комментарии
Астына аахтым.
Астык киЬи эбит ити Уаровтара.
сөптөөх диэбит! Ама дуу?
Тустуу эрэ баран корор дииллэр атын дойдуларга.