«Правительство Республики Саха (Якутия) передало в 1988 году АК АЛРОСА крупный пакет акций «Саханефтегаза», чтобы был другой крупный инвестор. Причем передала только на доверительное управление, т.е. этот пакет акций оставался государственной республиканской собственностью». М.Е.Николаев уонна В.М.Власов республиканы салайан олороннор итинник дьаһалынан «Саханефтегаһы» быыһыы сатаабыттар курдук. «В ноябре 2001 года В.Штыров, тогда президент АК «АЛРОСА», решил продать этот пакет «ЮКОСу». Республика (государство) бас билиитин В.Штыров тоҕо чааһынайга атыылыы сатаата? Ити сыл ахсынньыга, Москва көкөттөрө Саха сирин баайын эрэйэ суох ылаары, кинини президент оҥорорго былааннаабыттар, онуоха элбэх харчы наада буолбут. Атыылыыры М.Николаев, В.Власов уонна кинилэр чугас дьонноро, солбуйааччылара утарбыттар да пакет син биир «ЮКОСка» тиксибит, кини «Саханефтегаз» хаһаайынынан буола түһэр
Олохтоох киһи, норуот дьокутаата диэн туһанаары. «А.Максимов отказался быть марионеткой в руках боссов»ЮКОСа». Не будем судить об истинных мотивах А.Максимова, посмотрим на факт – «Саханефтегаз» начал выпутываться из-под ходорковской кабалы. Причем, самые ценные активы «Саханефтегаза» были постепенно переведены под другие структуры – прежде всего под ОАО «Сахатранснефтегаз», 100% акций которого тогда были в собственности Республики Саха (Якутия)». Итинник ырылыччы сурулла сылдьар.
Оттон бу суруйуу киһи болҕомтотун хайдах тарпат буолуоҕай: «Августе 2007 года компания «Роснефть» приобрела право требования к «Саханефтегазу». Общая сумма составила 2,8 миллиарда рублей. В тот же месяц акционеры «СахаНГ» во главе тем же Штыровым провели закрытое совещание с целью увести активы от кредиторов. Руководителю А.Н.Максимову был предложен специальный план. Через некоторое время Максимов, разобравшись в ситуации, обратился с письмом к Штырову, в котором сообщал о готовяшемся преступлении. В течении двух недель он был уволен со своего поста. Следом начался насильственный отьем бизнеса у Максимова братьями Магомедовыми при помощи Штыроав и МВД».
Ыстатыйалар, ааттарыттан да тойонноотоххо, элбэх чахчыларга олоҕуран, сытыы тылынан суруллубуттара туһааннаахтары кырдьык да ууга-уокка түһэрбитэ чуолкай. Холобур, «Аллах над Якутией», «Республика распродана», «Якутская земля. Кому она принадлежит?», «Новое предательство Штырова», «Могильших республики», «Царь проиграл поэту», «С приходом Штырова Якутия растеряла всю свою самостоятельность», «Штыров с Грабцевичем довели республику до банкротства», «Как у субъекта отбирают собственность», «Айсен Николаев пытается скрыть факты коррупции», «Семейные дела кандидата в президенты РС(Я) Айсен Николаева» о.д.а. элбэҕи этэллэр.
Кинигэҕэ ахтыллар, Штыров куомуннаахтарын Омаровы, Гуцериевы, Магомедовтары, Сафиевы, Бестоловы, Билаловы, Айдаровы, Поляковы онтон да атын үгүстэри манна ырытар көдьүүһэ суох, кинилэр бары кэриэтэ кыраныысса таһыгар куота-саһа сылдьар аатыраллар. Арай биир куомуннааҕа Отар Маргания сибилигин да күннүү сылдьар эбит: Никита Михалков алмаас чочуйар «ЧенПром-Даймонд» фирматын хааччыйар. Бэчээккэ маннык суруллубут: «Михалков через своего давнего приятеля Отара Маргания, который является теневым куратором «АЛРОСА», договорился о прямых поставках драгкамней …». Сахабыт сирин алмааһа биһиэхэ туох да сыһыана суоҕун биир туоһута буолбатах дуо, бу?
Ити туохтан саҕаламмыта кинигэҕэ эмиэ сурулла сылдьар. «Х. Омаров и О.Маргания с самого начала ставили цель сделать объектом своего рейдерства не только субъект Федерации, но и государственную компанию АК «АЛРОСА», используя ИГ «АЛРОСА». Инвестиционнай группа (ИГ) Штыров быһаччы кыттыылаах тэриллибитин туһунан кинигэҕэ баар. Оттон маны туох диигит: «Общество думало, что «плохой» Кудрин якобы хочет забрать АК «АЛРОСА», а «доблестный» А.Штыров ему сопротивляется . Но на самом же деле это было только видимость «борьбы»; Итини биһиги хантан билиэхпит баарай, В.Штыров республиканы көмүскээн москвалары кытта мөккүһэрин курдук саныыр буоллахпыт. Кыратык уруккуга төнүннэххэ, ити сылларга биһиги И.Шамаев салалталаах куораппыт болуоссаттарыгар миитиннэри, пикеттэри тэрийбиппит, кыһыны, тымныыны аахсыбакка. Тоҥон-хатан миитиннээн кимиэхэ туһалыырбытын билбэт буоллахпыт.
Арай И.Шамаев дьиҥ иһин бэйэтэ билэн эрдэҕэ. Кини биирдэ тоҕо эрэ бэрт суһаллык Москвалаабытыгар биир миитини бэйэм салайан турабын. Билигин кэлэн Штыров оччотооҕу хамаандата миитини куруутун көҥүллүүрүн, Шамаев көҥүлү бэрт дөбөҥнүк ыларын сөҕөбүн. Кинигэҕэ: «5 ноября 2005 года В.Штыров прилетел из Тель-Авива в Москву. Несколько дней ушло на согласование планов. 7 ноября 2005 года, в годовщину памятной встречи 2001 года в кудринской вилле на Рублевско-Успенском шоссе, А.Кудрин, В.Штыров, О.Маргания и ряд лиц ударили по рукам. И работа закипела. 7 ноября 2005 года В.Штыровым была дана команда организовать сбор подписей в его поддержку… 8 ноября 2005 года В.Штыров подписал секретный протокол по полной сдаче позиций Республики Саха (Якутия) по АК «АЛРОСА». 8 ноября 2005 года была организована республиканская инициативная группа по сбору подписей в поддержку Президента Республики Саха (Якутия) В. Штырова…».
Били А.Жирков солбуйааччыта О.Макиенко Украинаҕа быһылаан буолбутугао О.Балабкина буола охсубутун курдук. Хаһыаттар суруйбуттарынан. Оттон П.Алексеев төһө да араспаанньатын уларытан Е.Борисовка чугаһаатар түмүк оҥорон илии баттаабытын мэлдьэһэр кыаҕа суох. «Горизонт-РТ» сокуону кэһэн халаммытын туһунан «Якутск вечерний» хаһыат дириҥник ырытан өссө 2008 сыллаахха «Бомба» для Председателя правительства Якутии?» диэн ыстатыйаҕа суруйбута. Онно маннык баар: «Итого 24% акций, проданных частной компании за 24 тысячи рублей, обошлись Якутии, в 546,4 млн. рублей, которых бюджет просто не увидел». Онон ити харчы бюджекка киирбэтэх, ханна барбыта биллибэт. Н.Седалищев маны чуолкайдыырга туруорсарын Е.Борисов сөбүлээбэтэх. А.Алексеевы, эбэтэр «Якутск вечерний» хаһыаты сууттаабатах ээ, кыайыам суоҕа диэтэҕэ дуу?
Үсүһүнэн, Магомедовтарга гааспытын туран биэрбиппитин сымыйа дииллэр эбит. Ити туһунан суруллан ахан биэрдэ, туоһу да докумуон толору. Холобур «Якутгазпрому» атыылааһыҥҥа икки «Славия» (икки ООО «ПИТ» курдук) баара суруллар. Уоруйахтар дьону муннарар ньымалара буоллаҕа дуу? Манна Саха сирин баайа чааһынай илиигэ тиксиитэ эмиэ былааннаммыт куомуннаһыы түмүгэ буоларын республика иһигэр саарбахтыыр киһи суоҕа буолуо. В.Штыров куурсун салгыыбын диир Е.Борисов республика гааһа суох хаалыытыгар кыттыгаһым суох диэн дакаастыыра уустук. Кини көмөлөһөөччүтэ Станислав Платонов диэн киһи эрдэ күөһүн өрүнэр, суоһурҕанар курдук, Седалищев дакаастыахтаах диир. Мин Е.Борисов бэйэтэ элбэҕи дакаастыахтаах, ыраастаныахтаах диибин.
Холобур, манныктарга эмиэ хоруй биэрдэҕинэ эрэ дьон астыныа: «Также осталась за кадром информация, опубликованная в газете «Туймаада уоттара» и ряде местных интернет-сайтах. В этих материалах рассказывали об истории с «Торглайном», об уголовном деле, возбужденном против Айсена Николаева и Егора Борисова, а также о подозрительных связях супруги Айсена Сергеевича, как заместителя председателя правления «Алмазэргиэнбанка», с подконтрольными ей кредитными кооперативами»; «В августе 2008 под федеральным контролем на экс-председателя правительства, а ныне действующего президента РС(Я) Егора Борисова было заведено уголовное дело №49234 по ч. 5 ст.33 и ч. 4 ст.160 за пособничество в растрате, то есть в хищении денежных средств в особо крупном размере».
Аппараата уонна көмөлөһөөччүлэрэ дэлби хаайан, тылларыгар киллэрэн Н.Седалищевы сууттуурга санаммыт. Тулалыыр дьоно прессаны хам тутарыгар көрдөһөллөр үһү, ону кини баҕарбат эбит. Баҕардаҕына хам тутуох курдук тылласпыт. Арассыыйаҕа цензура бобуулааҕын, санааны аһаҕастык этэр сокуонунан көҥүллэнэрин бэйэтэ да, ол дьоно да аныаха диэри билбэттэрин курдук тахсар.
Кинигэҕэ журналист В.Нифонтов маннык тыллары суруйбута баар: «Хорошие слова – за последнее время глава Якутии научился говорить много красивых и правильных слов. Но что еще кроме пустого сотрясания воздуха стоит за его словами? На мой взгляд, ничего. Если Егор Борисов в деле борьбы с коррупцией хочет «действовать наступательно и последовательно», то начинать, по моему мнению, ему нужно… с себя». Бу тыллар 2013 сыллаахха суруллубуттара, онтон сыалай үс сыл ааста, ону көмөлөһөөччүтэ С.Платонов көрөн олорбут, сууттаспакка. Тоҕо?