Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » Кулун тутар » 2 » Более 4,5 млн рублей получил от государства якутский фермер, допустивший падеж скота
Более 4,5 млн рублей получил от государства якутский фермер, допустивший падеж скота
08:31

Тыа хаһаайыстыбатын граннара ханна баралларый?

Среда, 02 Марта 2016 00:53
64af9b51534b03030626bc82af7f801cБүгүн, “ветеринардар группаларыттан” төлө көтөн тахсыбыт иэдээннээх хаартыскалар Саха сирин үрдүнэн тилийэ көттүлэр: саахха батыллыбыт сүөһүлэр, өргөлөммүт ходуул, күөрэ-лаҥкы муоста, өлө дьүдьэйбит сүөһүлэр сордоохтор...

Былыр-былыргыттан өбүгэлэрбит  сүөһүттэн аһаан-таҥнан олордохторо. Төрүт олохпут укулаата  ол тула эргийдэҕэ. Билигин кэлэн хороҕор муостааҕы, хороҕор муоһа хаалыар диэри дьүдьэтии, тыыннаах дууһаны моруу гынааһын, кыайан көрбөккө хоргутуу, өлөрүү туһунан сурах  - саха саҥалааҕы этин салаһыннарар, куйахатын күүрдэр.

Социальнай ситимҥэ тарҕанар кэпсээнинэн, Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгэр, былырыын  Белолюбскайдар дьиэ кэргэттэрэ кэтэх хотону тэрийэргэ диэн ТХМ  3 мөлүйүөннээх граныгар тиксибиттэр. Грант кимиэхэ бэриллэрин-бэриллибэтин ырыта барбаппыт, улахан моһуоктаах, ылбычча киһи тиксибэт дьыалата.

Ветеринардар анаалыс ылаары кэтэх хаһаайыстыба хотонугар киирэн баран туох да үлүгэрдээҕи көрбүттэр: “Уопсайа 44 сүөһүлээхтэриттэн 29-а хаалбыт, уоннааҕылара өлө сыталлар үһү”, - дэнэр. Олохтоохтор оннук “үһүтүн” эмиэ бигэргэтэллэр: “Саахтара тахсыбатаҕа ырааппыт, хотоно муостата суох, сүөһүлэрэ иһинэн-таһынан босхо сылдьаллар, хотоно аһаҕас. Былырыын онноогор кыра хотонун сааҕын таһаарбакка 18 сүөһүтүн өлөрбүтэ”...

Былырыыны быһа эмиэ Мэҥэҕэ, Уус Алдаҥҥа сыаналаах омук ынахтара саахтарыгар батыллан туралларын туһунан улахан айдаан тахсыбыта. Хотон тутуута, сүөһү атыылаһааһына барыта улахан үп-харчы. Ол үп-харчы халлаантан босхо кэлбэт – барыта бюджет харчыта тыырыллан кэлэр.

b50bf8bd6a2f44ff0c0f8e8faaf5d412Граны биэрбит министиэристибэ “бэриллиэхтээх” эрэ харчыны биэрэр оруолуттан тахсан, дьиҥинэн, былырыыҥҥы айдаан да кэнниттэн оройго охсунан, субсидия, грант биэрэр фермердэрин бэрэбиэркэлиэхтээх, кэтээн көрүөхтээх этэ. Хайдах, туох быһыылаахтык бу киһи бюджет харчытын бэлэхтэтэн баран, үлэлээн-хамсаан эрэрий диэн. Босхо харчы – бу оттон республика, дойду олохтоохторо төлөөбүт нолуокпут этэ буоллаҕа, син көлөһүмүтүн тоҕон үлэлээбит хамнаспытыттан тутуллубут нолуок буоллаҕа. Ону ити курдук тыыннаах дууһанан мэнэйдэһэн, сордоох сүөһүлэри кэбилиир диэн... аньыыта сүрүн баҕаһын.

Саханы саха дэппит, тымныы уораан байҕал хоонньугар сылаас тыыммытын уһаппыт сүөһү барахсаны, ама да аныгы сиэр-майгы харчыга кыбыллыбытын иһин, итинник моруу гынар – кэһэтиилээх, иэстэбиллээх буолуо эбитэ ини.  

Хонтуруол баар буолуохтаах. Хонтуруол! Бюджет харчыта ханна да халтай бараммакка,  туһааннаах сыалыгар туттуллуохтаах. Этэбит да – син биир халыйбытын курдук халыйа турар.

Миниистирбит дьоппуон сиригэр баран буора суох үүнээйи үүннэриитин “уопутун атастаһа” сылдьар. Саха сиригэр сир-буор суоҕун курдук. Ити айылаах сүөһүлэр бэйэлэрин ноһуомнарыгар буккуллан тураахтыыллар. Сылгы, ынах сааҕа – бэлэм экологическэй уоҕурдуу, хата ону туһаҕа таһаарарга “уопут атастаһыах” этэ.

Уопсайынан, минииистирдэрбит урут-уруккуттан омук сирдэригэр тахсан “уопут атастаһан”  да биэрээхтииллэр. Ордук тыа хаһаайыстыбатын миниистирдэрэ күннүүллэр. Ол түмүгэр ньиэмэстэр курдук үлэһит буоллубут дуу, монголлар курдук эппитин-аспытын переработкалыырга үөрэннбит дуу, кытайдар, дьоппуоннар курдук салгыҥҥа үүнээйи олортубут дуу? Тыабыт хаһаайыстыбатын туругуртубут дуо? Тоҕо эрэ көстүбэт эбээт.

Саха дьоно сүөһүнэн аһаан-таҥнан олоруохтаахтар диэн политиктар тыҥаларын күүгэнэ бараныар диэри айдаараллар. Көрөҕүт эбээт- саха барыта сүөһүнү иитэр, көрөр-истэр кыаҕа да, баҕата да, сатабыла да суох. Барыларын күүспүтүнэн тыаҕа олордо, олохтуу сатыыр кыаллыбат. Саханы барытын сүөһүгэ төнүннэрэ сатааһын табыгаһа суох политика - популизм.

Сүөһү иитиитинэн дьиҥнээхтик баҕарар  эрэ киһи  дьарыктаныахтаах. Оттон баҕалаах уонна сатабыллаах хаһаайыттар – аҕыйахтар. Ити биһиэхэ эрэ буолбатах, аан дойдуга барытыгар итинник көстүү бара турар: тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьон сылын аайы аччыы тураллар. Куораттар кэҥииллэр, куоратчыттар элбииллэр – тыа сирин олохтооҕо аччыыр, үөс сиргэ көһө элбиир. Естественнэй – сайдыы сокуонунан барар процесс.

Тыа хаһаайыстыбатын букатын эһиэххэ диэн эппэппин. Баар буолуохтаах, ол гынан баран хайа да идэҕэ профессиональнай таһым ирдэнэрин курдук, сүөһү көрүүгэ, иитиигэ эмиэ быстах харчы – грант, субсидия туһугар “кылам гынан” ааһар дьон буолбакка, дьиҥнээхтик сүөһү көрүүгэ идэтийбит дьон үлэлиэхтээхтэр. Граннары, субсидиялары  билсиинэн-көрсүүнэн, кэпсэтиинэн тыырбакка, бэйэлэрин үлэлэринэн бэлиэр дакаастаабыт хаһаайыстыбалары ордук чорботон  өйүөххэ диэн этэбин.

Аны ТХМ ити харчы тыырбыт хаһаайыстыбаларын, маннык айдаан эрэ кэнниттэн “ирдэһиэх, накаастыах” буолан сааммакка эрэн, харчы биэрбит күнүттэн, хайа ааныттан бэрэбиэркэлээн киирэн барыахтааҕа. Дьиҥнээхтик бу фермер дьыалатынан дьарыктанар дуу, эбэтэр халлааны таһыйа сылдьар дуу?

Буолар буолбат омук сирдэринэн  айаннары, хоту сиргэ барсыбат “уопут атастаһыылары” тохтотон, үөрэхтээхпин-үөрэҕэ суохпун диэн бардымсыйыылары тохтотон – бэйэҕит сиргитин, хаһаайыстыбаҕатын бэрээдэктээҥ диэн тыа хаһаайыстыбатын чиновниктарыгар анаан баҕа санаалаахпын.
***
Макаар Ыстаппаанап,Бүлүү к.
Источник: aartyk.ru

Минсельхоз готов инициировать дело по жестокому обращению с сельхозживотными

20160301042105
SakhaLife.ru
Комментарий Минсельхоза РС(Я) об информации в мессенджере «Whats app»
В мессенждере «Whats app» распространены фотографии с изображением погибшего крупного рогатого скота в коровнике. Как указывается в сообщении, данный коровник принадлежит БЕЛОЛЮБСКОЙ (И.О. не указано) из села Батагай Усть-Алданского улуса. Также в сообщении отмечается, что Белолюбская является участником «Гранта Минсельхоза».
20160301042105-1-560x420
Министерство сельского хозяйства и продовольственной политики РС(Я) проводит конкурсы на получение гранта в рамках двух программ «Поддержка начинающих фермеров» и «Развитие семейных животноводческих ферм».
20160301042106-1-560x420
Ответственность за санитарное состояние коровника, физическое состояние скота несет непосредственно само К(Ф)Х (ИП), получившее грант. Хозяйство обязано соблюдать зоотехнические требования содержания и кормления крупного рогатого скота.
20160301042106-560x420
Министерство в данное время проверяет достоверность информации. В случае подтверждения факта гибели скота из-за несоблюдения зоотехнических норм, министерство инициирует организацию комиссии по делу жестокого обращения с сельскохозяйственными животными.
20160301050946-560x420
Все потенциальные участники конкурсов на получение грантов должны понимать, что заниматься сельским хозяйством (разведением скота, лошадей, скороспелой живности) – это не перепродажа товаров, а работа с живыми организмами. Отрасль требует определенных знаний, каждодневного труда, моральной и материальной ответственности за состояние животного.
Источник: Пресс-служба министерства сельского хозяйства и продовольственной политики РС(Я)

3 марта, 17:35

Более 4,5 млн рублей получил от государства якутский фермер, допустивший падеж скота

Эксперты полагают, что глава крестьянского хозяйства халатно отнесся к своим обязанностям
Якутск, 3 марта, YakutiaMedia. Субсидию в размере 4 млн 532 тысячи рублей получило в качестве государственной поддержки крестьянское хозяйство Петра Сивцева, где на текущей недели от истощения пало 15 голов крупного рогатого скота. На сегодняшний день средства фермером освоены почти на 50%. Официальных итогов проверки комиссии регионального минсельхоза еще нет, однако, эксперты ИА YakutiaMedia уверены, что имеет место обыкновенная халатность.
Напомним, 1 марта по мессенджеру WhatsАpp стремительное распространение нашли фотографии массовой гибели крупного рогатого скота в одном из коровников села Хомустах Усть-Алданского улуса. Проверка подтвердила, что на крестьянском хозяйстве Петра Сивцева действительно погибло 15 единиц КРС. Была названа и предварительная причина – истощение. Ревизия также выявила, что крупный рогатый скот, в том числе 18 голов, приобретенные за счет средств гранта, были помещены на зимовку в недостроенный коровник.
В распоряжении редакции ИА YakutiaMedia оказался документ, который раскрывает сумму гранта. В начале июня 2015 года индивидуальный предприниматель Петр Сивцев защитил проект на развитие семейной животноводческой фермы. Общая стоимость проекта, который предусматривает строительство и оснащение коровника на 100 голов, а также закупку животных, составила 7,554 млн рублей. Министерство сельского хозяйства и продовольственной политики РС (Я), с учетом ходатайств районного УСХ и главы Батагайского наслега, пошло навстречу предпринимателю и выделило грант перекрывающий большую половину расходов по проекту – 4,532 млн рублей. Остальную сумму фермер должен был закрыть за счет собственных и заемных средств. Согласно порядка предоставления гранта фермер должен был освоить средства до июля 2017 года.
Эксперты ИА YakutiaMedia уверены, что главная причина смерти животных – халатность со стороны руководства фермы. По их мнению, несмотря на то, что ответственность за санитарное состояние коровника, физическое состояние скота несет сам фермер, должен быть и контроль со стороны кураторов проекта – администрации Батагайского наслега и районного управления сельского хозяйства.
В министерстве создана рабочая комиссия под руководством заместителя министра Семена Потапова, которая в настоящий момент командирована в Усть-Алданский улус. В ее состав также вошли ответственные специалисты министерства, представители Департамента ветеринарии РС(Я), Управления Россельхознадзора по РС(Я).
Между тем, очередное ЧП произошло в Сунтарском улусе. 114 голов крупного рогатого скота едва не погребло заживо в результате обрушения коровника. По предварительным данным, в селе Сунтар под тяжестью снега рухнул новый арочный коровник. Лишь чудом ни одна корова не пострадала. Сотрудниками местной пожарной части крупный рогатый скот эвакуирован в другой коровник. На месте работает комиссия, проводится проверка обстоятельств происшествия.
ССЫЛКИ ПО ТЕМЕ:
Минсельхоз Якутии: 15 коров пали от истощения
Более 100 голов скота едва не погибло под рухнувшей крышей коровника в Якутии
Причины массовой гибели скота выясняют в Якутии

Подробнее: http://yakutiamedia.ru/news/society/03.03.2016/493119/bolee-4-5-mln-rubley-poluchil-ot-gosudarstva-yakutskiy-fermer-dopustivshiy-padezh-s.html
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 1764 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Кулун тутар 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
 123456
78910111213
14151617181920
21222324252627
28293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 87
Ыалдьыттар (гостей): 87
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024