News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2016 » Кулун тутар » 4 » “ОЛОҤХО ТЫЛА - ИЙЭ ТЫЛ” республикатааҕы научнай-методическай форум кыттыылаахтарын РЕКОМЕНДАЦИЯЛАРА
“ОЛОҤХО ТЫЛА - ИЙЭ ТЫЛ” республикатааҕы научнай-методическай форум кыттыылаахтарын РЕКОМЕНДАЦИЯЛАРА | 08:21 |
“ОЛОҤХО ТЫЛА - ИЙЭ ТЫЛ” республикатааҕы научнай-методическай форум кыттыылаахтарын РЕКОМЕНДАЦИЯЛАРА
2016 сыл олунньу ый 18-19 күннэригэр Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр “Олоҥхо тыла – ийэ тыл” республикатааҕы научнай-методическай форум буолан ааста. Тэрээһин республикатааҕы Ийэ тыл декадатын иһинэн, Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин тэрилтэлэригэр биллэриллибит Ийэ тыл уонна төрүт үгэс сылын чэрчитинэн ыытылынна.
Форум ийэ тылы сөргүтэр, харыстыыр, сайыннарар аналлаах норуот тылынан уус-уран айымньыта – Олоҥхо тылынан-өһүнэн омук төрүт үгэһин, култууратын, устуоруйатын, итэҕэлин, философиятын, уйулҕатын, иҥэриммит билиитин чөмчөлүүр, иитии-үөрэтии тиһигэр киллэрии суолларын, ньымаларын чинчийэр, тобулар соругу туруоруммута.
Тэрийээччилэринэн «Үөһээ Бүлүү улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон, Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин управлениета, Саха Республикатын “Олоҥхо ассоциацията” общественнай тэрилтэтэ, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Олоҥхону билим-чинчийэр института, М.А. Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи республиканскай лиссиэй-интэринээтэ буоллулар.
Форум былааннаммыт үлэтин хаамыытыгар М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын чинчийэр институт, С.Н. Донской аатынан Саха Республикатын үөрэҕин сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт, Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын академиятын, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна искусство институтун преподавателлэрэ, научнай үлэһиттэрэ, Сунтаар, Ньурба, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Ленскэй, Эдьигээн, Мэҥэ-Хаҥалас, Уус-Алдан, Таатта, Кэбээйи улуустарын, Дьокуускай куорат, Хатас бөһүөлэгин орто оскуолаларын, орто анал үөрэхтэрин, оҕо саадтарын, култуура, спорт, музей, библиотека үлэһиттэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Форум Бастакы күнэ 14 хайысханан (олуктарынан) үлэлээтэ: “Олоҥхо тыла – ийэ тыл сүмэтэ”, “Олоҥхону үөрэтии, чинчийии, тарҕатыы, олоххо туһаныы билиҥҥи туруга”, “Олоҥхо педагогиката: омук үйэлээх кэскиллээх олоҕу, үтүө киһини кэрэһэлиир ньымаларын чинчийии, үөрэх-иитии тиһигэр киллэрии”, “Олоҥхо көмөтүнэн оҕону сиэрдээх майгыга иитии”, “Олоҥхону үгэс ньыматынан толоруу сүрүн оҥкуллара”, “Ийэ тыл саха историятын кэрэһитэ (этническэй история)”, “Ийэ тыл уонна Уус сатабыла”, “Саха төрүт итэҕэлин өйдөбүллэрэ уонна дьиҥ билиитэ”, “Оҕону-ыччаты иитиигэ норуот уйулҕатын үөрэҕин туттуу торумнара (этнопсихология)”, “Билиҥҥи кэм ирдэбиллэригэр олоҕуран оҕону-ыччаты иитии ньымалара”, “Саха төрүт хамнаныыта уонна олоҥхо”, “Аал Луук мас студия” духуобунай нэһилиэстибэни үйэтитиигэ үлэлэрэ”, “Олоҥхо – саха толкуйун, тыынын тирэҕэ”. Барыта 273 дакылаат-иһитиннэрии оҥоһулунна. Маны тэҥэ Олоҥхону 5-11 кылаастарга үөрэтиигэ аһаҕас уруоктар күрэстэрэ ыытылынна. «Сатабыл» быыстапка-дьаарбаҥкаҕа 98 уустар оҥоһуктара көрүүгэ турда. Тэрээһин бастакы күнүгэр барыта 649 киһи кыттыыны ылбыта бэлиэтэннэ.
Форум Иккис күнүгэр «Олоҥхо – Олох Оҥкула. Олоҥхо тыла – Ийэ тыл олуга» диэн тиэмэҕэ төгүрүк остуол ыытылынна. «Сатабыл» быыстапка-дьаарбаҥка, маастар-кылаастар салгыы үлэлээтилэр, оҕону-ыччаты кытта көрсүһүүлэр, лиэксийэлэр тэрилиннилэр, “Саха төрүт хамнаныыта” норуот хореографиятыгар аналлаах семинар буолла.
Республикатааҕы научнай-методическай форумҥа ааҕыллыбыт сүрүн дакылааттарга, иһитиннэриилэргэ, аһаҕас кэпсэтиигэ киирбит санаалары, этиилэри түмэн маннык РЕКОМЕНДАЦИЯЛАР ылыныннылар:
• Олоҥхону үөрэтиигэ саха интеллегенциятын өҥөтүн, туруорсубут боппуруостарын сааһылаан сырдатарга, ону научнай үлэҕэ туһанарга, анал методическай босуобуйаларга туспа олук быһыытынан киллэрэргэ.
• Олоҥхо тылын күннээҕи олоххо туһаныы үлэтин салгыы сайыннаран, кэҥэтэн киэҥ араҥаҕа ситимнээхтик тарҕатарга.
• Аныгы кэм олоҥхону утумнааччыларын удьуор-утумнарын үөрэтэн, анал программалаах олоҥхо оскуолаларын тэрийэри көҕүлүүргэ. Айар дьоҕурдаах толорооччу дьону өйүүргэ, сүбэ-ама биэрэр анал үөрэхтээхтэри сыһыаран үлэлэлэтэргэ.
• Тылы, үйэлээх үгэһи илдьэ сылдьааччы “аныгы кэм олоҥхоһута” өйдөбүл тула киэҥ ыҥырыылаах, сомоҕолоһуулаах республиканскай мунньагы тэрийэн ыытарга.
• Билигин баар олоҥхоһуттарга болҕомто ууруу, кинилэри истэр-сэргиир дьонноох эйгэлэри тэрийиини тиһигин быспакка ыытарга. Толорооччуларга ытыктабыл бэлиэтин көрдөрөр кэһии туттаран ыытар үгэһи сөргүтэргэ.
• Билиҥҥи кэмҥэ олоҥхону үүт-маас, үрдүттэн айар табыллыбатын бэлиэтииргэ. Ол оннугар олоҥхо үгэстэригэр олоҕуран айарга холонор толорооччулары өйүүр анал программаны оҥорорго.
• Олоҥхону толорооччуну иитэргэ тирэх өйдөбүллэртэн саҕалаан, фольклор кыра жанрдарыгар болҕомто ууруу ирдэнэрин тоһоҕолуурга, сөптөөх, ситимнээх өйдөбүл үөскүүрүгэр туһаайан үлэ барарын ирдииргэ.
• Олоҥхоҕо, ийэ тылга, төрүт үгэскэ, духуобунай култуураҕа аналлаах мунньахтар, тэрээһиннэри сахалыы тылынан ыытарга эбэтэр утуу-субуу, тута тылбаастары оҥорорго.
• Олоҥхону толорууга ордук уол оҕону үөрэтэр тоҕоостооҕун бэлиэтииргэ.
• Оҕону олоҥхону толоруу ньымаларыгар норуот тылынан уус уран айымньытын илдьэ сылдьааччы үөрэтиэхтээх, биитэр үрдүк таһымнаах анал үөрэхтээх специалист.
• Түөлбэ уос номоҕор сылдьар олоҥхоһуттарын толорор ньымаларын уратытын түмэн, ырытан (уус-уран ааҕыытын, ырыатын-тойугун, туттар-хаптар киэптэрин) үөрэтии олоҥхону толорууга сүрүн матырыйаал буоларын бэлиэтииргэ.
• Оҕо олоҥхону чинчийэр үлэтин тэрийии ньымаларын тобуларга, чопчулуурга.
• Оҕо, үүнэр ыччат ийэ тылынан саҥарар саҥатын сайыннарар, билиилэрин кэҥэтэр, интэриэстэрин тардар туһуттан социальнай сайтар нөҥүө тэттик сахалыы кинигэлэри, олоҥхолору, остуоруйалары, норуот үһүйээннэрин, таабырыннары, өс хоһооннору, номохтору матырыйаал оҥорон киллэрэргэ.
• Саха култуурата сүппэтин, симэлийбэтин туһугар сахалыы киинэ, мультфильм элбии туруохтаах, онуоха олоҥхо сюжеттарын, идеалларын дэлэйдик туһанары ситиһэргэ.
• Оҕо кыра эрдэҕиттэн ааҕар дьоҕура сайдарыгар дьиэ кэргэн сүрүн тирэх буолуохтаах, маныаха барҕа баай тыллаах олоҥхо тыла оҕо толкуйдуур, саҥарар дьоҕурун арыйар, сайыннарар кыаҕа үрдүгүн бэлиэтииргэ.
• Олоҥхо программата дьиҥ чахчы олоххо киирэригэр, ситимнээхтик үлэлииригэр култуура уонна үөрэх эйгэтин тэрилтэлэрэ ыкса, бииргэ үлэлэлэһэллэригэр.
• Билиҥҥи кэм ирдэбилигэр олоҕуран оҕону-ыччаты иитии проблемата дьиэ кэргэн туругуттан тутулуктаах. Онон телевидение, радио, хаһыат уонна интернет ситимин нөҥүө билиҥҥи оҕону сатабыллаахтык иитэр ыаллары киэҥник сырдатарга.
• Саха сирин нэһилэктэрин уонна улуустарын ааттарын нууччалыы сыһыарыылары туттан суруйууну уонна ону официальнай докумуоннарга туттууну сыыйа тохтоторго, бопсорго. Холобур, Суотту – Соттинцы, Нам – Намцы, Чурапчы – Чурапча уо.д.а.
• Олоҥхо форумугар уус сатабылыгар аналлаах олук баара оруннаах уонна туҺалаах эбит. Тоҕо диэтэххэ, саха оҥоҺугар кини историята, итэҕэлэ, натурфилософията, үгэҺэ, идэни кытта ситимнээх ийэ тыла – барыта сөҥөн сылдьар. Онон кэлэр тэрээһиннэргэ бу олугу олохтоохтук киллэрэргэ.
Саха Республикатын үөрэҕин тэрилтэлэригэр, төрөппүттэргэ, үөрэнээччилэргэ:
• Олоҥхону үөрэтии оскуола иннинээҕи саастаах оҕолортон саҕалыыр тоҕоостооҕун бэлиэтииргэ.
• Олоҥхону үөрэтиигэ анал информационнай технологиялары хото туһанарга.
• Хас биирдии оскуолаҕа олоҥхону истии, ааҕыы, толоруу киэһэлэрин ситимнээхтик тэрийэргэ.
• Хас биирдии үөрэх тэрилтэтин көмпүүтэрдэригэр сахалыы буукуба баар буоларын хааччыйарга.
• Олоҥхону үөрэтэргэ ФГОС чаастарыттан туһанарга.
• Олоҥхону оҕо эрэ буолбакка, дьиэ кэргэнинэн умсугуйуу, толоруу баар буоллаҕына олоҥхо иитэр-үөрэтэр кыаҕа үрдүүрүн бэлиэтииргэ.
• Оҕо киэҥ эйгэҕэ, дьон-сэргэ иннигэр сөптөөхтүк, таба, сайа саҥарар үөрүйэҕин сайыннарар анал лиэксийэлэри, тэрээһиннэри ыытарга.
• Саха үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит төрүт үгэстэрин сүтэрбэт инниттэн тыа, куорат оскуолаларыгар төрүт култуура уруоктарын булгуччулаахтык киллэрэргэ.
• Үөрэх кыһаларыгар «Удьуор утума» тосхолу (программаны) олоххо киллэрэн, оҕо-ыччат төрүччүтүн туһунан билиитин кэҥэтэргэ, дириҥэтэргэ.
• Оҕотугар анаммыт оскуола иитэр-үөрэтэр үлэтигэр төрөппүт ыкса кыттыһарыгар, көмөлөһөрүгэр.
• Саха 9 төрүт хамнаныытын сүрүн үөрэх программатыгар, физкультура уруоктарыгар киллэрэргэ.
• Оскуола переменатыгар саха төрүт оонньууларын көҕүлүүргэ (хабылык, хаамыска, остуол оонньууларын уо.д.а.).
• Оһуокай сайдар таһымын түһэрбэккэ оскуола сүрүн программатыгар киллэрэн ситимнээхтик үөрэтэргэ.
• Уол оҕону иитэр төрүт үгэстэргэ олоҕурар анал программалаах сайыҥҥы сынньалаҥ лааҕырдары тэрийэн үлэлэтэргэ.
• Орто сүһүөх үөрэнээччилэригэр "Олоҥхо уонна Алаас" сайыҥҥы үлэ уонна сынньалаҥ лааҕырдары тэрийэргэ.
Саха Республикатын култуура эйгэтин тэрилтэлэригэр:
• Саха итэҕэлэ диэн өйдөбүлү духуобунай култуура диэн өйдөбүлү кытта биир тэҥинэн өйдүүргэ, тарҕатарга.
• Харысхал – итэҕэл биир ытык өйдөбүлэ буоларын бэлиэтииргэ.
• Саха оһуорун-мандарын таҥаска, маска, муоска, туоска, тимиргэ туттарга суолтатын, теориятын сааһылаан өйдөөн баран туһанарга.
• Сергей Зверев “Оһуорун үҥкүүтүн” 9 алгыстаах хамнаныытын олоххо киллэрэн туһанарга, ити үөрүйэҕи тарҕатарга.
• Республика улуустарын Олоҥхо Дьиэлэрэ, Олоҥхо ассоциациятын филиаллара бэйэ икки ардыгар ситимнээх уопсай үлэни ыыталларыгар.
Саха Республикатын үөрэҕин министиэристибэтигэр:
• Олоҥхону оҕо саадыгар, оскуолаҕа үөрэтиигэ анал методическай үлэлэри салгыы бэлэмнииллэригэр, урут тахсыбыт, билиҥҥи кэмҥэ сэдэх буолбут методическай босуобуйалары саҥардан бэчээккэ таһааралларыгар.
• Саха тылын уонна литературатын үөрэтэр чааһа сарбыллыбакка эбиллэр суолларын тобулалларыгар.
• Эбии үөрэх чаастарыттан Олоҥхо программатынан уруокка 2 чаас көрүллэр кыаҕын тобулалларыгар.
• Саха 9 төрүт хамнаныытын сүрүн үөрэх программатыгар, физкультура уруоктарыгар киллэрэр хайысхалары булалларыгар.
• «Саха саарына Гавриил Колесов: 1. Саха олоҥхотун үйэтитиигэ сүҥкэн кылаата. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо толоруутун CD диискэтэ. 2. Сахалыы ырыа-тойук туһунан санаалар» диэн комплегы Саха Республикатын бары улуустарыгар, нэһилиэктэригэр (оскуола, оҕо саад тэрилтэлэригэр) тарҕатыыны тэрийэллэригэр.
Саха Республикатын култууратын уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтигэр:
• Республикаҕа баар Олоҥхо, Арчы дьиэлэрэ олоҥхоһуттаах, олоҥхоҕо уһуйааччылаах буолалларыгар үбүнэн хааччыллыбыт анал штат көрүллүүтүн быһаарарыгар (Сунтаар – Никандр Прокопьевич Тимофеев, Ньурба – Василий Иванович Иванов-Чиллэ, Үөһээ Бүлүү – Кирилл Никонович Никифоров, Бүлүү – Семен Иннокентьевич Иванов-Чочу Сэмэнэ, Мэҥэ Хаҥалас – Аркадий Михайлович Захаров, Тихонов Петр Максимович, Захаров Аркадий Михайлович, Чурапчы – Тарасов Николай Иванович, Нам – Кривошапкин Дмитрий Дмитриевич уо.д.а.).
• Республика улуустарыгар олоҥхоһуттары сырытыннаран, олоҥхону истии эйгэтин үөскэтэр тэрээһиннэри элбэтэригэр уонна ситимнээхтик олохтууругар.
• Олоҥхону үгэс ньыматынан толорууга анаммыт методическай электроннай босуобуйалары үбүлээн таһааралларыгар.
• Олоҥхону уһулуччу үрдүк таһымҥа толорооччулары өйүүр анал Гавриил Гаврильевич Колесов аатынан сылга биирдэ бэриллэр судаарыстыбаннай бириэмийэ олохтуулларыгар.
• «Саха саарына Гавриил Колесов: 1. Саха олоҥхотун үйэтитиигэ сүҥкэн кылаата. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо толоруутун CD диискэтэ. 2. Сахалыы ырыа-тойук туһунан санаалар» диэн комплегы Саха Республикатын бары улуустарыгар, нэһилиэктэригэр (култуура, музей, библиотека тэрилтэлэригэр) тарҕатыыны тэрийэллэригэр.
Саха Республикатын ыччат уонна дьиэ кэргэн политикатын министиэристибэтигэр:
• Оҕону сиэрдээх майгыга иитиигэ туһуламмыт сөптөөх ис хоһоонноох анал социальнай видео-роликтары көҕүлээн бэлэмнииригэр.
• Саха ыалыгар оҕону иитии үйэлээх үгэһин сөргүтэр анал программаны оҥороругар.
Саха сиринээҕи общественнай палатаҕа:
• Билиҥҥи кэм ирдэбилигэр олоҕуран оҕону-ыччаты иитиигэ анаммыт төгүрүк остуол тэрийэн ыытарыгар.
М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университетка, Саха Республикатын үрдүк, орто анал үөрэх тэрилтэлэригэр:
• Үрдүк, орто үөрэх кыһаларагыгар идэтиттэн тутулуга суох «Введение в эпосоведение» предметин киллэрэллэригэр. Онуоха Киргизия Госуниверситетын уопутун холобурга ылыналларыгар.
• Үрдүк үөрэх кыһаларыгар - гуманитарнай хайысхалаах анал үөрэхтээһиҥҥэ (Нуучча тыла уонна литература, Омук тыллара факультеттарга) "Эпос Олоҥхо" эбии чаастары киллэрэллэригэр.
• Орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар "Олоҥхо философскай ис хоһоонун" үөрэтиигэ талан ылан үөрэнэр куурстары (курсы по выбору) киллэрэрэллэригэр.
М.К. Аммосова аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет Олоҥхо билим-чинчийэр институтугар, РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын чинчийэр институтугар:
• Билиҥҥи кэм киһитэ олоҥхо ис хоһоонун, уустук, хомоҕой тылын өйдүүр гына, оҕолорго улахан да дьоҥҥо анаан Олоҥхо тылдьытын оҥороллоругар.
• Олоҥхо түөлбэ уратытыгар, поэтикатыгар, лингвокультурнай, когнитивнай хайысхалаах дириҥ чинчийиилэри ыыталларын көҕүлүүргэ.
• П.А. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун сахалыы кинигэтин элбэх тираһынан таһааралларыгар.
Саха Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр компанияҕа:
• Саха судаарыстыбаннай деятелэ И.Н. Барахов туһунан “Аал Луук Мас” студия анал биэрии бэлэмнээн таһаарыытыгар көмөлөһөрүгэр.
• Саха радиотын, телевидениетын биэриилэригэр анал кэми аттаран, олоҥхо, оһуокай ийэ, дархан этээччилэрин, толорооччуларын истиини олохтоохтук киллэрэригэр.
«Үөһээ Бүлүү улууһа» Муниципальнай оройуоҥҥа:
• Үөһээ Бүлүү олоҥхоһуттарын туһунан кинигэни бэчээккэ бэлэмнээн таһаарарыгар.
• Үөһээ Бүлүү улууһугар Олоҥхо дьиэтин тутуутун боппуруоһун көрөрүгэр.
• Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэригэр Олоҥхо киэһэлэрин тэрийэн ыытарыгар.
• Үөһээ Бүлүү улууһун олоҥхоһута Ф.Н. Тимофеев-Биэчэрэ “Түмэн Түүрэй Бухатыыр” бэчээккэ бэлэмнэммит олоҥхотун үбүлээн таһааттарарыгар.
***
Руслан АНИСИМОВ.
Источник: aartyk.ru
|
Category: Ыһыах, олоҥхо |
Views: 1642 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 97 Ыалдьыттар (гостей): 97 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|