News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2016 » Кулун тутар » 12 » Мииринэй оройуонугар 2016 сыл бастакы кыбаарталыгар биэнсийэ орто кээмэйэ – 22 тыhыынча, орто хамнас – 87 тыhыынча солк буоллулар.
Мииринэй оройуонугар 2016 сыл бастакы кыбаарталыгар биэнсийэ орто кээмэйэ – 22 тыhыынча, орто хамнас – 87 тыhыынча солк буоллулар. | 08:32 |
09.03.2016 16:01 ИА «Yakutia24/Якутия24».
Бырааhынньыктар бyттyлэр. Олунньу ый хамнаhын дуома барыта, «там» да гыммакка, аска бараахтаата. Хайыахтара баарай, дьон олус кыра хамнастаах буолан, ыйтан ыйга диэри, биирдии солкуобайыгар тиийэ энчирэппэккэ суоттаан олорор. Биир ыйга биир эрэ киhиэхэ, кyнyс остолобуойга аhаан абыраналларыгар, ортотунан, 3.500-4 тыhыынча солк, оптуобуска эмиэ соччо барар эбит. Холбоон – 8 тыhыынча солк! Онно эбэн кэбис, хомуунаалканы, уоту-кyyhy, Интернети, суотабайы, парикмахерскайы, ыраас ууну, таксины, эми-тому. Оттон бородуукта?! Кыра хамнас «кулута» буолар аhыытын-ньулуунун!
Аны билигин оччугуй да хамнастаах yлэ татым. Эн дьону лыгыччы симиммит эргэ «ПАЗ» оптуобуска симиллэн, yлэлиир сиргэр кэлэн, ону-маны «мукулайдаабыта» буолан,хамнас дуома ыла ылаҕын.
Ый тyмyгэр ылар хамнас, саарбахтаама, эмиэ олус «чараас». Эрэл суох. Ол иhин дьон, тиийимэккэ-кыаммакка, хастыы да yлэ «кулута» буолар. Ону да булар дьон булар. Хастыы да yлэнэн сылдьар киhини «тулуйар» тойон-хотун сэдэх.
Ааспыт сыл тyмyгyнэн Саха сиригэр нэhилиэнньэ нэhиилэ тиийинэн олоруутун орто кээмэйэ, 15.500 - 16.000 солк. буолла. Ол тyгэнигэр ким ханна, хайдах-туох усулуобуйалаах олорорун тургутар оруннаах.
«АЛРОСА»: Хамнас да, бириэмийэ да баар!
2016 сыл бyтyyтyгэр Саха сирин саамай улахан промышленностаах тэрилтэтэ - «АЛРОСА» орто хамнаhын 110 тыhыынча солк. тириэрдэр былааннаах.
«АЛРОСА» 2014, 2015 сылларга, yлэhиттэрин хамнастарын Саха сирин бyддьyетyн yлэhиттэрин хамнастарын yрдэпиттэрин кытары холоотоххо, икки-yс бyк улахан бырыhыаннаахтык yрдэтэлээтэ. «АЛРОСА» yлэhиттэрин 2014 сыл бyтэhигин орто хамнаhа 97 тыhыынча диэн отчуоттаабыта. Оттон 2016 сылга индексация суотугар, хампаанньа 105 тыhыынча орто хамнастаах иhэр. «АЛРОСА» орто хамнаhа 2016 сыл бyтyyтyгэр 110 тыhыынча буолуохтаах. Сyрyн производство орто хамнаhа yhyс кыбаарталга индексацияны барыахтаах. Ол курдук хамнас yрдээhинигэр инфляция тэтимэ 2016 сылга олоххо киирэр, уот, хомунаалка, уматык иhин тарыып улаатыыта булгуччу аахсыллар. 2016 сылга «АЛРОСА» бэйэтин yлэhиттэригэр, дойдуга сыана ыарааhынын кэмигэр, хамнастарын yрдэтэр быраабылатын «булгурупппата». Былырыын тарыып(«тарификация») улаатар барыла ылыныллыбыта.
Оттон икки сыл анараа ылыныллыбыт Кэллэктиибинэй дуогабар чэрчитинэн, yлэhиттэргэ хамнас yрдэтиитигэр дьарылталаах суоллар ыйыллыбыттара.
Саамай улахан хамнастаах – шахтердар!
Шахталарга анаан быhыллыбыт бэрээдэк иитинэн, 10-тан 15-кэ, 15-тэн 25-кэ тиийэ дьону салайар биригэдьиирдэр, хамнастарыгар эбии, ый аайы ботуччу бириэмийэ эбинэллэр. Быраабыла сиэринэн, шахтер анал киниискэлээх. Yлэ бэрээдэгин куруубайдык уонна yгyстyк кэhэр тyгэнигэр, бу киниискэтиттэн толуон ойу тардыллар.
Туох эмит дьиэк, сыыhа-халты иhин ыстараап быhыытынан, хамнаhыттан тутар буоллулар. Шахтер эбэтэр байытааччы yлэ хаамыытын тупсарар этии киллэрдэ(«рационализаторство») да хамнаhыгар бириэмийэ(«стимулирующай») эбиллэр. 2016 сылга yлэ харыстабылын тутуhуу уонна промышленнай куттал суох буолуу иhин «МИР» рудник шахтердарыгар бириэмийэ ананар буолла. Ол эбэтэр, шахта усулуобуйатыгар yлэ тарыыбын ыстаапкатын, бастакы эрэсэрээтин, кээмэйэ.
Бу – ботуччу харчы! Yлэ миэстэтин сыныйан тургутуу(«Специальная оценка условий труда») кэнниттэн быhаччы алмаас хостооччулар барыыhырдылар.
«АЛРОСА» yрдyнэн бэриллэр 13-с хамнас, ордук чуолаан, сyрyн производство подразделениеларыгар улаатан турар.
Ол эбэтэр, бонус, шахта уонна шахтаны тутуу yлэhиттэригэр ордук бойомнук бэриллэр.
Сэниэтийбит, балаhыанньатын лаппа тупсарбыт киhинэн, кyн бyгyн, ортотунан, 150-180 тыhыынча хамнастаах, 60-80 тыhыынча биэнсийэлээх киhи ааттанар. Манна эбэн кэбис бэртээхэй усулуобуйаны. «АЛРОСА», yлэhиттэрин босхо тиэйэр, босхо кэриэтэ аhатар, сынньатар, эмтиир. Босхо «спецовка», yyт.
30 тыhыынча хамнас – Мииринэйгэ кыра
45, 50 тыhыынча хамнас – промышленноска кыра. Оттон ыйга 20-30 тыhыынча хамнастаахтар балаhыанньаларын, хайдах да инникигэ эрэллээх диир кыах суох. Бу маннык хамнаска сылдьыы – дьадайыы! 15-18 тыhыынча иhин сарсыардаттан киэhэ хойукка диэри «миккиллэр» эдэр, эрчимнээх дьонтон дьиксинэбин.
Хаарыан бириэмэни, сэниэни халтайга барыылларыттан. Доруобай, чэгиэн эдэр уолаттар оробуочай идэ ылан силиэсэрдиэхтэрин, элиэктриктиэхтэрин, ыраах эриэйстэргэ суоппардыахтарын туох мэhэйдиирэ буолла?!
Yлэлиир буоллаххына, yрдyк хамнаска эрэ yлэлиэххэ наада этэ. Бу кылгас олоххо yчyгэй, битэмииннээх аhы аhаан, тиэхиньикэлэнэн, бэртээхэй дьиэлэнэн, уhаайбаланан, араас эгэлгэ сирдэринэн дьаарбайан сэргэхтик-интэриэhинэйдик олорортон ордук туох баара буолуой?! Харчы баар – хамнатар кyyс! Бэйэтин харытынан дэлэгэй хамнастанар киhиэхэ, билигин, туох барыта кыаллар.
Кыра хамнаска сылдьаргыт - хара балыыр, бэйэ кэскилин сарбыныы.
Быыкаайык хамнаска куруук сылдьыбыттар биэнсийэлэригэр тахсан баран, суланыы, харах уута былаастаах олороллор. Соннук нэгэй кыра, хобдох аныгы биэнсийэ! Хамнас ыраатан турар. Мииринэйгэ «стимулирующай хамнас» уонна ботуччу академическэй чаастар суоттарыгар, бэл сорох учууталлар, 130-180 тыhыынча хамнастанар буоллулар! Оттон федеральнай тэрилтэлэртэн yбyлэнэр тэрилтэлэр, улахан эргинэр ситимнэр, логистика, суол-иис боппуруостарын кытары сибээстээх тэрилтэлэр, орто хамнастара 130 тыhыынчаны «yктээбитэ» балачча кэм буолла.
Эппиэттиир хамнастаах дьон, билигин yптэрин-харчыларын урбаан, хамсаабат баай, аахсыйа, биэксэл, паай гыналлар.
Кыбартыыра атыылаhаллар, уhаайбаланаллар, чааhынай дьиэ тутталлар. Тиэхиньикэ туhунан этэ да барыллыбат.
Дьэ, Мииринэйгэ байбыт дьон, ханна дьиэ атыылаhыахтарын туоххаhыйаллар эбитий?
Эдэр ыччат да, саастаах да дьон да саамай туоххаhыйар, дьулуhар сирэ – Иркутскай, Новосибирскай, Краснодар, Москва, Санкт-Петербург куораттар.
Ол эбэтэр, Арассыыйа баай, бигэ балаhыанньалаах куораттара. Мииринэй оройуонугар олохтоох саха дьоно «материкка» барыылара yксээтэ.
Холобур, Орелга, Новосибирскайга, Иркутскайга. Кэнники бородуукта, табаар, хомунаалка сыаната чэпчэки, кыhыннара быдан сылаас, Казань, Уфа куораттары биhирээтилэр.
«АЛРОСАттан» биэнсийэлээх киhи, «материкка» нус-бааччы, тоттук олорор кыахтаах. Ханна да «бытархай» yлэ булуна сатаан мучумааннаммакка.
Сыл ахсын «материкка», Мииринэй оройуонуттан ортотунан алта тыhынча киhи букатыннаахтык олохсуйа барар(сэттэ тыhыынча киhи кэлэр).
Ол эрэн Орелга эбэтэр Новосибирскай, Иркутскай, Улан-Удэ куораттарга олорон, Мииринэй уонна Ленскэй оройуоннарыгар «уунан» yлэлээччи эмиэ yгyс.
Мииринэй куоратыгар эрэ 11 тыhыынча биэнсийэлээх дьон баара биллэр. Олортон 5 тыhыынчата уруккуларын курдук yлэлии сылдьаллар. Мииринэй оройуонун yрдyнэн, уопсайа 21 тыhыынча биэнсийэлээх баар. Ити – 73 тыhыынча нэhилиэнньэлээх улууска балачча улахан сыыппара.
Мииринэй куоратыгар 5 тыhыынча биэнсийэлээх киhи, ханна да барбакка, Мииринэйгэ чаардаан хаалбыт дьон.
«Материкка» барыахтарын, ыччаттара манна yрдyк хамнастаахтар. Ыччаттарбыт холкутук yлэлиилэрин туhа диэн, биэнсийэлээхтэр, сиэннэрин биэбэйдииллэр, астарын бэлэмнииллэр, дьиэлэрин-уоттарын, даачаларын, массыыналарын бэрийэллэр.
Оттон Саха сиригэр 980 тыhыынча нэhилиэнньэлээхпититтэн – 268.603 биэнсийэлээх!
Ити курдук биэнсийэлээх ахсаана 2014 сылга - 3.260, 2015 сылга – 7.500 киhинэн элбээбит.
Ааспыт сыл тyмyгyнэн, Саха сиригэр биэнсийэ орто кээмэйэ – 15.659 солк. буолбут.
Мииринэй оройуонугар 2016 сыл бастакы кыбаарталыгар биэнсийэ орто кээмэйэ – 22 тыhыынча, орто хамнас – 87 тыhыынча солк буоллулар.
Саха сирин ханнык да биэнсийэлээхтэриттэн, «АЛРОСАттан» тахсыбыт киhи биэнсийэтэ быдан yрдyк.
Оттон идэ ыараханын содулугар, эбэтэр «Профзаболеваниенан» тахсыбыт киhи биэнсийэтэ таhыччы улахан. 70-80 тыhыынча солкуобайга биэнсийэ холкутук тахсар.
Бу – карьер суоппардара, yyттyyр-чyyччэйэр станок машинистара, шахтердар, буортулаах химия эттиктэрин кытары yлэлээбит дьон.
Биэнсийэлээхтэр элбэхтэр
34 тыhыынча нэhилиэнньэлээх Мииринэй биэнсийэлээхтэрин баhыйар yгyс бырыhыана кимиилээхтик yлэлии сылдьаллар.
Промышленностаах оройуон буолан, шахтердар, авиатордар, ЫБМК (МЧС) байыастара, ВГСЧ («Хайа быыhааччылара»), хайа альпинистара эрдэ биэнсийэлэнэллэр(45 саас).
Аны «материктан» манна кэлэр дьон баhырхай хамнас эрэ туhуттан буолбакка, эрдэ биэнсийэлэнээри кэлэллэр.
Мииринэйдэр биэнсийэлэрэ харгыстамматыгар, туох ирдэнэригэр сyбэ-ама бэриллиитигэр, олохтоох биэнсийэ управлениетын кыhамньылаах yлэтин бэлиэтиир оруннаах. 2015 сыл ахсынньытыгар саамай сyрyн боппуруостарбытыттан биирдэстэригэр – «Электроннай хааччыйыыга» киирдибит.
Мииринэйгэ МФЦ, «Одно окно» боппуруоhа дьэ быhаарылынна.
Билигин дьон «Сайт госуслуг», «Личный кабинет застрахованного лица» диэн туохтарын билиэх курдук буолулар. Холобура, биэнсийэлэнэр кэмэ тиийэн кэлбит киhи, эбэтэр хайыы-yйэ биэнсийэлээх, Биэнсийэ пуондатын порталыгар «Личный кабинет» арыйар кыахтаах.
Биэнсийэлээх киhи «Госуслуга» Интерниэт саайтыгар «Единая система идентификации и аутентификации» (ЕСИА) диэни барыахтаах. Тус бэйэтин «кэбиниэтигэр»(«Личный кабинет»), биэнсийэлээх туох баар бырааба, биэнсийэ бааллара ырылыччы сурулла сылдьаллар.
Интернетынан yлэ ньымаларыгар, дьыаланы кыайбакка олорооччу сол да элбэхтэр.
Уопсайынан, электроннай ньыманан отчуоттары, Саха сирин 35 улууhуттан, 13 эрэ биэнсийэ управлениета сатаабыт.
Билигин да Мииринэй оройуонугар биэнсийэни сорох дьон Буоста дьиэтигэр уhуннук уочараттаан ылар.
Сорохторго биэнсийэ карточкаларыгар тyhэр. 2016 сыл бастакы ыйдарын туругунан, Мииринэйгэ биэнсийэлээхтэр 77 бырыhыаннара былаастык карточканан ылаллар.
Аны манна биир «ноолоох».
Арассыыйа биэнсийэтин пуондата бааннары кытары, былаастык карточкаларга харгыс буолбатын туhугар, тустаах дуогабардары тyhэрсиэхтээх.
Биэнсийэлээх быраабын билэр дуо?
Уhук Хоту дойдуга сыhыарыллыбыт сиргэ (Мииринэй, Нерюнгри) yлэлээбит киhи 20 сыл ыстааhа – биллэр суол. Дьахталлар - 50 саастарыгар, эр дьоннор – 55 саастарыгар биэнсийэни ылар кыахтаахтар.
Дьэ ону баара Арассыыйа кэккэ бэлиитиктэрэ биэнсийэлээх сааhын yрдэтиэххэ, хотугу кээпписиэннэри суох гыныахха диэн дьону буккуйаллара куттаталыыр. Yлэлиир дьон биэнсийэлэрин страховой чаастарын, накопительнайдары «ноордоон» эрэллэрэ мунчаардар.
Аны, сылга холбоон, 1 млн. солкуобайтан элбэх хамнастанар, сол да yлэлии сылдьар биэнсийэлээх дьону «тутар-хабар, хааччахтыыр» этиилэр сатараатылар.
Хамнастаах дьон, ордук Мииринэй оройуонугар толорулар.
Оттон №400-дээх федеральнай сокуон тыа сиригэр олорор дьоннорго, биэнсийэ кээмэйин yрдэтэргэ дьаhал таhаарбыта дуона суох эбиллии эбит.
Салгыы барыахха. «Страховойа суох» кэм (аармыйа, дэкириэккэ олоруу, кыамматы харайыы) 6 сылга диэри уhатыллан турар.
Бу кэми биэнсийэ ыларгар, толору ыстаас курдук аахтарыахтааххын.
Биэнсийэни «толорутук» туhанарга 30 баал ирдэнэр дииллэр.
Ол туhугар толору ыстаастаах буолуохтааххын.
Аармыйа кэккэтигэр сулууспалаабыттар баалларын ылыахха. Хас биирдии сулууспа сыла – 1,8 баал. Икки сыл – 3,6 баал. Хас биирдии баал – 120 солкуобай.
Бу манны Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр икки сыл тириппит-хоруппут киhи быhыытынан, «хара» балыыртан атыннык ааттаабаппын.
Оттон Саха сиригэр yлэлээччилэри, чуолаан промышленность тэрилтэлэрин, баахта ньыматыгар, 100 бырыhыан киллэрэргэ дьулуhуу баарын билинэр уолдьаста. Оннук ньыма ниэп-гаас тэрилтэлэригэр быдан барыыстаах. Олору кытары, былаастарбыт уопсай тылы була иликтэр, ол эбэтэр кинилэр санааларын хоту сылдьаллар.
Сирбит баайын хостуур ниэптээньиктэр, газовиктар хамнастарын, бырабыытылыстыбабыт хомуур статистика дааннайдара гынан турар.
Ол тyмyгэр, Саха сиригэр орто хамнас 54 тыhыынча диэн, чунуобунньуктар хас отчуоттарын аайы киэн туттан туран дакылааттыыллар. Олус сотору Саха сиригэр орто хамнас – 60 тыhыынча диэн уруйданыы, куоhурданыы буолуо.
Онтон тус дьыалатыгар, норуот олус ыараханнык, улаханнык дьадайан олорор. 388 тыhыынча киhи yлэлиир эбит тyгэнигэр, 35 тыhыынча киhи туох да дьарыга суох!
Бу дьон баhыйар yгyс бырыhыана – эдэр, дьэттэригэр сылдьар дьон. Аны официальнай статистика бу сыыппаралары аччатара буолуо диэн эрэммэт санаа эмиэ «кымыстыыр». Саха сирин устун билигин «муода» буолбут «хартыынаны» хаарыйыым. Ол курдук, дьахтар «килиэп» булара, yлэтэ суох эр дьон дьиэлэригэр лигиччи олороллоро yксээтэ.
Бу маннык быhыы-майгы, тыа улуустарыгар элбээтэр элбээн иhэр. Онно мин, тyгэнинэн туhанан, эппитим-тыыммытым ыраатта. Мииринэй, Ленскэй, Ньурба оройуоннарыгар промышленноска, баахта ньыматыгар холонор уолдьаста диэн. Билигин да бириэмэ баар кыахтаах уоланнарга.
Маннык усулуобуйа баарын билинэн туран, олохтоох былаастарбыт, дьокутааттар норуот интэриэhин, дьыалатыгар харыстыыллара уолдьаста.
Станислав Алексеев. Мииринэй к.
|
Category: Социалка, пенсия, жилье |
Views: 1530 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 90 Ыалдьыттар (гостей): 90 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|