19 марта, на 89-м году жизни скоропостижно скончался народный писатель Якутии, поэт, прозаик и переводчик Семен Титович Руфов.
Гражданская панихида состоится 22 марта в 11.00 в Государственном театре оперы и балета Республики Саха (Якутия) имени Д.К. Сивцева-Суоруна Омоллоона, сообщает управление по работе со средствами массовой информации администрации главы и правительства Республики Саха (Якутия).
Справка:
Семен Титович Руфов родился 5 декабря 1927 г. в Верхневилюйском улусе. Окончил библиотечное отделение Якутской культпросветшколы, Литературный институт имени А.М. Горького.
Работал заведующим отделом в газете «Эдэр коммунист» и журнала «Хотугу сулус». Печатается с 1955 г. Первая поэтическая книга «Сядь рядом, поговорим» вышла в 1959 г. Имеет десять поэтических и несколько детских книг. Его очерки, рассказы, воспоминания, эссе и рецензии сгруппированы в отдельных изданиях. Поэзия Семена Руфова лирична, ей свойственен светлый юмор. Мастер эпиграмм. Его юмор и сатира собраны в книгах «Юморина» (1998 г.) и «Зыр-зыр» (2002 г.).
Семен Руфов – талантливый переводчик. Широко известен как переводчик на якутский язык сонетов В. Шекспира и поэмы Ш. Руставели «Витязь в тигровой шкуре». Успехи его, как переводчика, доказывает книга «Звездное небо» (1998) – антология поэтических переводов поэта.
С.Т. Руфов является заслуженным работником культуры России и РС (Я), лауреат литературных премий имени Эрилика Эристина и «Алаш» Республики Казахстан.
С 1962 г. – член Союза писателей СССР, с 1991 г. – Союза писателей РС (Я).
Награжден медалью «За доблестный труд в годы ВОВ 1941 – 1945 гг.».
Источник:
News.Ykt.Ru
Ыксаабаппын
(К. Д. Уткин кэриэһигэр)
Былыт нөҥүө өттүгэр,
Тохсус халлаан үрдүгэр
Доҕотторум көттүлэр -
Утуу-субуу сүттүлэр,
Манна энчи бүттүлэр ...
Онно көҥүл сылдьаллар -
Ойон-тэбэн ылаллар,
Кыраттан да үөрэллэр,
Дьоҕустан да чэпчииллэр,
Кыһалҕа диэни билбэттэр -
Кыыһырбаттар -хомойботтор,
Кырдьары кырыыс диэбэттэр,
Баары суох оҥорботтор,
Ыалдьан-хайаан мунчаарбаттар -
Ынчыктаан да ылбаттар.
Ыллаабаттар-оонньооботтор,
Ытаабаттар-соҥооботтор,
Кимиэхэ да ымсыырбаттар,
Кимтэн да көҥөөбөттөр,
Өһүргэнэн кыынньыбаттар,
Өстүйэри өйдөөбөттөр...
Амтан диэни билбэттэр -
Арыгыны испэттэр,
Аһаабаттар-сиэбэттэр -
Аччыктаатым диэбэттэр,
Байар туһунан санаабаттар -
Үлэлии-хамсыы сатаабаттар.
Көҥүл олох, көҥүл санаа!
Өлбөт анал үйэ саас!
Үчүгэйэ диэн наһаа!
Ол эрээри дьэ накаас -
Дөйөн хаалбыт курдуктар,
Кими да ким да таптаабат,
Кыыһы уураан уҥматтар,
Оҕо төрөөн ытаабат,
Кистии-саба сипсиһии,
Кэлин илэ билсиһии,
Умсугуйан уһуутуу,
Улугура куустуһуу,
Оботтоохтук уураһыы,
Уҥа-таала таптаһыы -
Умнуллубут дойдута,
Онно эбит, быһата!
Манна сиэри тутуһан
Хараллыбыт өлүктэр -
Онно отой туһунан
Курдат көстөр күлүктэр
Курдук буолар эбиттэр!
Аһаабакка, таптаспакка,
Туохтан да долгуйбакка
Таах сибиэ сылдьыыһыкпын ...
Тугун сүрэй! Ыксаабакка
Тохтуу түһээт барыыһыкпын!
Саныырбынан олоруум:
Сайын буһуум, кыһын тоҥуум,
Баҕар, намтаан муунтуйан
Харыс хаалыым, сүөм түһүүм,
Баҕар, үрдээн улуутуйан
Өрө дайыым, үөрүүм-көтүүм,
Ийэ сирим бэрсибитин
Күөрчэх, мунду, сугун сиэм,
Олохпор туох тиксибитин
Олус сэргиэм-кэрэхсиэм!
Онон Сирбин сирбэппин,
Ордук баарын билбэппин!
Кэбиис-кэбис - ыксаабаппын:
Доҕотторбун сайыспаппын .....
Сэмэн РУФОВ. Тохсунньу, 2016 с.
Семен Руфов
Күн тахсарын күүтүөххэ -
Күлэ-сырдыы көрсүөххэ,
Мэлдьи өрө көрүөххэ,
Мичээрдиэххэ, үөрүөххэ.
Үчүгэйи өйүөххэ-
Үөһии-үөһэ үтүөххэ,
Куһаҕаны өһүөххэ-
Кумаҕынан көмүөххэ.
Халыҥ хаарга,чээл күөххэ
Хааман күүһү түмүөххэ,
Өрүү биири өйдүөххэ:
Өссө хаамса түһүөххэ!
Туоруур чааска-сүһүөххэ
Тура сылдьан сүтүөххэ!
Эбиэт иннинэ уола Валерийдыын Уус Алдан Чэриктэйигэр музей көрө тахсыбыттар. Эбиэт кэннэ оҕолору кытта көрсүһэ баран иһэн охтон хаалбыт...
[16:51, 19.03.2016] +7 984 107-84-88:
Бүгүн эбиэт кэнниттэн Саха Республикатын народнай поэта Семен Титович Руфов биһиги кэккэбититтэн туораата...
[10:16, 20.3.2016]
:
Сүһүөҕэр туран барда, охтубата да тобуктаабата да, накыс гыммыта ону аҕаа наһаа ыарахаҥҥын тур диэбитим ону миигин кууспута мин кинини кууспутум оннук куустуһан туран бараахтаата. Таһырдьа оскуола оҕолорун кытта көрсүһүүгэ баран иһэн.
[: Уола Валера
РУФОВ СЕМЕН ТИТОВИЧ –
олохтон сүппэт!
Санаа күүһэ модуна
Үгүс дьону сөхтөрдө,
Һаарын Киһи эмискэ
Үөһэ көттө, өрө дайда!
Өлөр - өлүү кэлэрин,
Хайдах кинини ыларын,
Хантан Кини таайбытай
Эгэлгэлээн хоһуйбутай?!
Тиит мастан суоруллубут
Улуу Бэйээт накыс гыммыта
Россия үрдүнэн ньиргийдэ
Айыы Сирин аймаата.
Саныаҕыҥ, ахтыаҕыҥ Кинини
Ыралаах улахан Киһини
Лиҥкинии көтөрүн түүйүөҕүҥ,
Дьылҕатын таайбытын сөҕүөҕүҥ.
Айыы Сирин Кини таптыыра,
Нарыны-кэрэни кэрэхсиирэ.
Сүтүкпүт олус да улахан,
Үгүһү Киниттэн өрүү да күүтэрбит.
Туораата дуу олохтон тура сылдьан,
Тохтоото дуу бу сиргэ букатын
Эйиэхэ, миэхэ, биһиэхэ мэлдьитин?!
Доҕорбут, Убайбыт, Сүдү Киһибит -
Уйбатах сүһүөҕэр дугунан
Олохтон сүппэтэ, турбутунан хаалла!
Дьөгүөр Бөтүрүөп
Дьокускай к. 21.03.2016 с.
ААРЫМА ТИИТ СУУЛУННА
(Норуот суруйааччыта Семен Руфов сырдык кэриэһигэр)
КУБУЛҔАТТААХ БУ ДЬЫЛГА,
КУЛУН ТУТАРГА УОН ТОҔУСКА
ПОЭЗИЯ ААРЫМА ТИИТЭ
ТИИТЭБИСПИТ СУУЛУННА.
СҮДҮ КИҺИ ТУОРААТА,
УЛУУ БЭЙИЭТ СУОХ БУОЛЛА.
ЫТЫК КЫРДЬАҔАС БАРДА,
СҮРЭХ АҺЫЫНАН ТУОЛЛА.
БАРЫ ЧУГАС ДЬОНУГАР
КУТУРҔАММЫН ТИЭРДЭБИН,
БАРБЫТ УҺУН СУОЛУГАР
СҮГҮРҮЙЭРБИН ЭТЭБИН.
КИҺИТТЭН ЭРЭ УРАТЫ
КИҺИ КИҺИТЭ ЭН ЭТИҤ,
ЫПСАР ҮЙЭ ТУХАРЫ
ЫТЫКТАННЫН КЭРИЭҺИҤ.
ҮӨРЭ- КӨТӨ КӨРСӨРГҮН
ӨРҮҮ СУОХТУОМ, БИЛЛЭН, МИН,
ИСТИҤНИК МҮЧҮҤНҮҮРГҮН
ИТИИ ЧЭЙГИН, КҮӨРЧЭХХИН,
АҔА КУРДУК АЛАМАЙДЫК
АЛААДЬЫЛААХ ТОҺУЙАРГЫН,
АЙЫЫЛАРДЫЫ СЫП- СЫРДЫК
АЙАР- ТУТАР ДУУҺАҔЫН.
ӨЙБӨР ТУТУОМ КЫРДЬАҔАС
БӨДӨҤ ХОЛКУ КУОЛАСКЫН,
САНАА КУРДУК САЙАҔАС
САҤА ХОҺООҤҤУН ААҔАРГЫН.
УМНУОМ СУОҔА БЭЙЭҔИНЭН
ДОЙДУГАР ЫҤЫРБЫККЫН,
ХАҺАН ДА ӨТӨРҮНЭН
АНЫ БУОЛБАТ СЫРЫЫБЫТЫН.
КИНИГЭБИН СҮРЭХТЭЭҤҤИН
КИЭН ТУТТАБЫН, КИҺИРГИИБИН,
КУМИР БУОЛБУТ КИҺИБИН
КУРУУК САНЫАМ ЭЙИГИН...
УЛУУ УБАЙ БАҔАРАРА
ИККИ СОЙУУС ХОЛБОҺУОН,
БИИР СОМОҔО ТУТУҺАН
САХАНЫ ТУРУГУРДУОН.
АРАЙ БИИР ҮТҮӨ КИЭҺЭ
ТУОЛЛАР КИНИ КЭРИЭҺЭ,
ЭППИТ ТЫЛЫН ТИҺИГЭ,
БАҔА САНАА- БИҺИГЭ.
КЭРЭ КИҺИ КЭС ТЫЛА
ТУОЛАР ИНИ ХАҺАН ЭРЭ.
СУРУЙААЧЧЫ, ИҺИТ ТУЛА,
ЭТЭ ХААЛЛА ЭРЭНЭ...
ХОҺООҤҤОР ДА АХТАРГЫНЫЫ
ӨТӨ КӨРБҮТ КУРДУККУН,
КҮНҮ КҮҮТЭ СЫЛДЬАҤҤЫН
КҮЛҮМ- ТҮГЭН ОҔУННУҤ.
ААРЫМА ТИИППИТ, СУУЛУННУҤ,
ААР ТАЙҔАҔЫН АЙМААТЫҤ.
АЙЫЛҔАҤ ТУЛА ЫТЫЫР,
ЫТЫК КЫРДЬАҔАС, БЫРАСТЫЫ.
ОМУК УОЛА. 20.03.2016 с.
ТУЙМААДА.
[09:09, 20.3.2016]
:
Улуу Убайбыт кэриэһигэр.
(Семен Руфовка)
Убай эппитэ оруннаах буолбутун,
Уолдьах курдук дуу туолбута дьиктитин-
"Сүһүөххэ сылдьан, сүтүөххэ,"- диэбитэ,
Соһуччу үлүгэр илэ кэлбитэ.
Суох буолла ытыктыыр чулуу бэйээппит,
Сүгүрүйэр үтүөкэн кэрэ киһибит.
Эмискэ кэлбит соһумар сурахтан,
Сүрэх курутуйар, уйулҕа хамсыыр.
Күһүнүн көрбүппүт хоһоон ааҕарын,
Көрбөккө өйүттэн хостоон ыларын,
Сөхпүппүт олус, кэрэхсии үөрбүппүт,
Сөҕүмэр талаанын бүттүүн түөрбүппүт.
Сааһырбыт киһиэхэ өйгө тутарын,
Сонеты,хоһоону тэҥҥэ өйдүүрүн.
Эдэр дьоннорго алгыһын эппитин,
Эҕэрдэ тылларын чуолаан тиэрпитин.
Убай бардаҕа, хоһооно хааллаҕа,
Бар дьоҥҥо, дойдуга кэриэс буоллаҕа.
Үйэҕэ аата ахтылла туруоҕа,
Өйгө-санааҕа өрүү да сылдьыаҕа.
Сыралыма-Альбина.Кырыкый. 19.03 2016с.
[09:35, 20.3.2016]
:
Урдук Урун Айыы анаан,
Уруукап тэлкэлээх туэрэзэ,
Уэскуур олох уэскэзэ буолан,
Уэьээ-Булуугэ тэрээбутэ.
Хотугу саха омук сурэзэр,
Хомозой хоьооннорунан,
Хомуурунньуктара илгийэр,
Хабыр тымныыны сылытан.
Уус-уран уустук тыллара,
Уйан куттаазы уьугуннарда,
Угуйар уьулуччу ыралара,
Утаппыт иэйиини ханнарда.
Сурэзэр сэнпут санаалара,
Сиэлэр аттыы кынаттардаах,
Сахалыы тыыммыт саналара,
Сэргээн сэгэтэр куттардаах.
Модун тылыгар дайдаран,
Мунура суох ыраах куйаарга,
Мохсозол кыыллыы сапсынан,
Мэлуйуэн сулустарга бардаза.
( кутуэппут Семен Руфов кэриэьигэр )
Эркэн
19.03.16
Саха народнай поэта Семен Руфов оҕолоругар, сиэннэригэр, Саха сирин бары олохтоохторугар
SakhaLife.ru
Барыбыт өйбүтүгэр-санаабытыгар соһумар, ыар сүтүк буолан, саха литературатын классига, талааннаах поэт, прозаик, тылбаасчыт, Россия Федерациятын уонна Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Республикатын, Казахстан уонна Чувашия Республикаларын литератураҕа бириэмийэлэрин лауреата, Орто Халыма улууһун уонна төрөөбүт Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо Семен Титович РУФОВ күн сириттэн барда.
Бэйэтин айымньытыгар хоһуйбутунуу – хотугу тыйыс сиргэ үөскээн-сириэдийэн үүммүт, олох эндирэ-эриирэ үлтү мускуйан, тыала-хахсаата быһыта сынньан киил эттээбит, модун таһаалаабыт аарыма, кырдьаҕас тиит маһа барахсан, төрөөбүт-үөскээбит тапталлаах Сахатын сирин хаарыан кырыһыттан тиһэх түгэнигэр тиийэ тардыһа, тулуһа сатаабыт тиһэх силиһэ тулуйбата…
Өр сылларга буулаабыт ыарыыга бохторон суорҕаҥҥа-тэллэххэ сөҥө сытан буолбатах – бэйэтэ санаабытын, баҕарбытын курдук үлэ-айан үөһүгэр, дьонун-сэргэтин ортотугар, уруу тардыһа, аймах тамалыһа, улуу талаанын, бастыҥ айымньытын сахатын дьонугар сэргэхтик тарҕата, үллэстэ сылдьан.
Саха саҥалаахха, кини айымньытын аахпыт-таптаабыт бары омуктарга, сээркээн–сэһэн тылын-өһүн истибит, олоххо–үлэҕэ тулхадыйбат дьулуурун сөхпүт, үтүө, айылгы майгытын ылыммыт, иҥэриммит дьоҥҥо барыларыгар — бүтүн норуотугар сырдык, умнуллубат өйдөбүл буолан.
Төрөөбүт норуотун, аан дойду литературатын эйгэтигэр бэйэтин ураты, бэлиэ суолун-ииһин хаалларан.
…Дьоно-сэргэтэ, бүтүн Саха норуота кини тиһэх баҕатын толорон, оҕо эрдэҕиттэн олоҕун арахсыспат аргыһын, тапталлаах кэргэнин аттыгар, төрөөбүт Бүлүүтүн кытылыгар мэҥэ бэлиэ туруоруохтара.
Төрөөбүт норуотун олоҕун, ыра санаатын, тапталын туойбут хаарыаннаах поэт үтүө аата саха тыллаах баарын тухары уостан сүтүө, умнуллуо суоҕа.
Источник: Саха Республикатын Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ А.Н.ЖИРКОВ.