News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[225]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[378]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2016 » Муус устар » 8 » Барыыһап барахсан харчыны халты харбатан,быйылгы дьылга үптэнэр буолбуппут....
Барыыһап барахсан харчыны халты харбатан,быйылгы дьылга үптэнэр буолбуппут.... | 09:51 |
http://forum.ykt.ru/viewtopic.jsp?id=3952187 ^0^кытыыСаха Активный пользователь 31 марта 23:21
...Ил Дархан баһылыктар мунньахтарыгар биллэрбитинэн быйылгы бааһынайдарга анаммыт көмө харчы Арассыыйаттан кэлэрэ тохтообут быһыылаах...
Бата5айдар сэттэлии мөлөйүөҥҥэ сүөһүнү хайдах көрөллөрө Эһэлиирэп саайтыгар киирбит хаартыскаларга хобулга ыйана сытар ынахтары көрөн баран Миитэрэй остуолу таһыйбыт:"Республике Саха финансовое вливание для фермерских хозяйств отменить!".
Хата үөрүүлээ5э диэн Якутия диэн кутурукпутун ахтыбатах.Сахалары син билэр буолан эрэллэр.Аны би би си туох диирэ буоллар.
Написать ответ
кутурукпут суппутугэр хомойдун ини? Бэчээллээн буокка бабаарыскайдыыр буолуохтааххын, ээ-э?
Ответить А.Гаврильева
Ээ... ити кеме харчыны саца тэринэр дьоццо биэрэннэр эЬиннилэр. Дьицнээхтик кемелеБуехтэрин ба5арбыттара буоллар 10 сылтан итэ5эЬэ суох уонна 50-тан элбэх суоЬулээх хаьаайыстыбаларга биэриэхтэрэ этэ буолла5а... Биир еребулгэ, Техтургэ тахса сылдьан, оннук хаЬаайыстыбаны керен-сэргээн кэлбитим... Эт буолар колмык боруодата ынахтары а5алан кере-харайа сылдьаллара. Онтукалара тереен - ууьаан ырааппыттар этэ. Барыта, биллэн туран, кредит буолла5а. 18 ыйынан толору ыйааЬынын ылар боруода эбит. Аны биэлэрин ыы сылдьаллара...
Ити, саца ынах керееччулэргэ диэн, таах харчыны уллэстии буолла5а... Еруу ускайдыы уерэммит дьон уонна билсиинэн субсидияны туцэттэ сылдьыбыт дьон ,"бэйэлэрин" дьонноругар туцэтэн , хаарыан кеме буолуох убу мэлиттэхтэрэ. Ити уб-ас дьицнээхтик улэлиир дьоццо тиийбитэ буоллар... Тыа хаЬаайыстыбата илэ бородууксуйаны ирдиир эйгэ буолан кестен кэллэ5э... Атын эйгэ5э, итинэн ыллахха, теЬелеех уб-харчы ускайдаммыта буолла... image
Ответить А.Гаврильева
Бу хаартыска5а туЬэрбиппин ыытабын... Аны сир боппуруоЬа туран эрэр диэн хаЬаайын сэЬэргээбитэ. Сорох мэччирэцнэрин хайа сах кимнээх эрэ ылбыттар игин эбит. Ол докумуоннарын эккирэтиЬэ сылдьаллара... Дьицнээхтик, айдаана суох, дьыаланан дьарыктанар дьоццо улэ куестуу оргуйа турар буолла5а...
Ответить
Дьиннээхтик ис сурэхтэриттэн ылсан улэлиир фермердэр да тэриллиилээх хаьаайыстыба сахабыт сиригэр ахыйахтар быьыылаах билиннилэр уксулэрэ баар суоьулэриттэн хайдах гынан урдук бородууксуйаны ылабыт диэн толкуй суох быьыылаах хата ол оннугар приписканы кыайа туталлар быьыылаах уонна хайдах гынан бюджет харчытын муччу туттаран ылалларыгар хата тоболорун аьара улэлэтэр буолбуттар хонтуруол суот учуот диэн отой ыыра эстибитин туьуттан, Маннык дальше барар буоллахына тыабыт хаьаайыстыбата тобуктуурун ааьан эстэр кутталга киирэр кутталлах,
охотник
Уот харахха эттиҥ, тыалар жулик буолбуттар, эттэрэ-үүттэрэ айахха баппат сыана.
Хата новосибирскай, алтай уо.д.а быраттыы уобаластар аһатан абырыыллар, олорго грант, субцидия ыытар киһи быдан туһалаах буолуо эбит.
Куорат
Урут да тэриммиттэр балай да харчыга тииһиммиттэрэ баар суол олох туохха да тииһиммэтэх буолбатахтара. Сүөһү турар киһитигэр турар, биэрэр киһитигэр биэрэр .Улахан сыраттан сүөһүнү көрөҕүн. Уо саха сирин соҕуруу дойдуну кытта тоҕо тэнниигит.Бэйэбит киэнэ биллэн туран сыанатыгар эппиэттэһэр.Соҕоруу дойду этэ амтана да суох олох эрэһиинэ курдук. Арыыта эмиэ оннук маргаринтан тох да итэҕэһэ суох. Онон тыа сирин киэнэ олох сыанатыгар эппиэттэһэр
Ответить А.Гаврильева
Куорат, Онтон хаЬаайыстыба сайдан истэ5инэ былаас еттуттэн ейебул, тас - уе5эр дойдуларбытыгар, балай урдээн иЬэр ээ... Атахха турбут хаЬаайыстыбаны сайыннарыы дойдуга да, дьон да улэлээх буоларыгар уонна бородууксуйа да элбииригэр кедьууЬэ быдан буолуох этэ буолла5а дии. Икки суусчэкэ ынахтаах, суустэн тахса сылгылаах хаЬаайыстыба холо 20 ынахтаах, саца тэринэ сатыыр хаЬаайыстыбаттан, ацардас ахсаан еттунэн, 10 тегул баЬыйар кыамталаах буолар буолла5а дии. Манна быдан элбэх улэЬит илии, наада буолар. Тутуу да еттунэн, от- мас да булуутугар уонна ситэринэн да иЬэригэр. Ол 300-чэкэ тебелеех хаЬаайыстыба САХА СИРИН баайа буолан дьону улэтэ суох хаалларыа дии саныыгын дуу... УлэЬит дьону ейуур кэм кэллэ дии саныыбын. Бу хаЬаайыстыба мин айма5ым да, билэр да дьонум буолбатахтар. Аттыларыгар былыргы тутуу баарын кере сылдьан, ал5аска, тохтоон туьэрбитим... Ба5ар билэр дьонун хайгыы сатыыр дииргит буолуо...
Александра
Мин мэлдьи се5е саныыбын
ити Минсельхозка ама да тугу да кыайан ситэрэн толкуйдаабат дьон олороллоро буолуо дуо? диэн
Мин биир билэр киьим с нуля хотон туттан, сайылык тэринэн, суеьу атыылаьан(хотоннорун эьэргэ уонна суеьулэрин тебетун лаппа аччатарга санаммыт ыалтан) куоракка олорор квартиратын залог ууран туран кредит ылан ХАЬААЙЫСТЫБА тэриммитэ(тэринэ сатаабыта диэххэ).
Билигин онтукайа эстэр кутталга киирдэ, бааннара кредитын ирдээннэр, ыксаан, хаьаайыстыбатын барытын атыылыы сатыы сылдьар.
Киьи хомойор(( Ама улэлээбэтэ диэхпит дуо? Со5отох киьи холугар баьаамы улэлии сатаата да, билигин аны доруобуйата айгыраан(ити хаьаайыстыбатын проблематыттан диэтэхпитинэ сыыспаппыт буолуо)
Билигин ол ылбыт кредитын эрэ теннере сатыыр меккуеругэр сылдьар.
Быйанг
Ынах иитээччилэр, Ханнык эмит сылаас соҕус сиргэ сир арендалаан ооно көһөн баран хаһаайыстыбалырн тардан кэһиэ этилэр. Манна үчүгэй, элбэх ынах аһылыга да суох, кыһыммыт да уһуна бэт. Онтон бэйэлэрэ, бэйэлэригэр иитиэн баҕар дьоннор иитиннин э.. өлөн хааллахтаына бэйээтэ эрэ хомойор, элбэээтэхтэринэ үөрэр.
Постоялец
Хотоннору метолоконструцияан, базальтовай утепительлаах, стеклопакет түннүктэрдээх, ууга уокка канализацияҕа холбомут гына тутуохтарын. Сайын да буоллаҕына ынахтар хотонноруттан тахсыахтарын баҕар балыуор дылы удобствалардаах,роботизированнай астодойкалардаах гына. Россия атын сирдэригэр маннык хотоннор элбэхтэр дии..
ылдьыыс
буруйдаах ветеринар ватсапист диэтэхтэрэ
Кини барыта айдааны тардан
Ол бэриллибит харчыны Баата5ай нэьилиэгин чааьынай суеьу керееччулэригэр биэрбиттэрэ буоллар ити биир киьи хотонунаа5ар дэлэй бородууксуйаны биэриэ этилэр
ПАВЛИНА
оннук. Сымыйанан харчы сииллэрэ тохтуо. Инсэтиттэн иэдэйбит диэн итини этэллэр ини.
хомусырыата
Маны ааҕыҥ: http://gallery.ykt.ru/galleries/Komuzalar/2016/04/04/2062729_0.jpg
Александра
Белолюбская хата санаатын туьэрбэккэ(туох да буолбата5ын курдук) унуруун Моска5а тиийэн мас тардыьан бастаан эрэрэ дии...
Куорат
Ветеринар ыйыталаһан абыранаары гыммыта уот кутаакы вапсап устун субуруйа турдаҕа ээ.
Хаччы а5ыйах буо
Подвели дьиэтэ5э дьи,биир оттунэн эмиэ да соп курдук буолар.
хех
Ветеринар письменно отчет туhэриэхтээ5э, уонна фотоаппаракка , телефоцца буотах. Короче глупость сморозил, видимо неопытный сапсиэм.
Сүөһүлээх.
Сүөһүлээх дьон айылҕа содулуттан сирэ суох хаалан баран сир көрдүү сатыыллар да көстүбэт. Хата ол оннугар сүөһүтэ суох дьон сирдээхтэр ол дьонтон арендалаан оттооҥ дэһэллэр. Ону ол дьонуҥ "мин сирбин арендалаа" диир, "икки от тахсар сирин оттоон ыл уонна биир атах эттэ аҕал" диэҕэ. Ол кэриэтин атах эккэ оттоммут оту атыылаһар барыыстаах буоллаҕа. Ол кэриэтин сүөһүнү эспит көнө буоллаҕа. Дьэ сүөһүлэниэн баҕалаах дьону салайааччыларбыт, ил түмэммит бэйэлэрэ атахтыыллар. Тэрээһиннээх хаһаайыстыба тэрийэ сатыыллар уонна ол тэрилтэлэрин бэйэлэрэ атахтаан бонкуруот ыытан баран үлүнэгэрдээх харчыны симэлитэллэр. Тэрээһиннээх хаһаайыстыба үлэһиттэрэ хата сууттамматыбыт диэн үөрэн күлүктэригэр эрэ имнэнэллэригэр тийээхтииллэр. Дьэ оннук.
^0^кытыыСаха
Бэ5эһээ ЫНБЫКАА5А эдэр бааһынайдары мунньан кэпсэтэ олороллор этэ.
Онно тос курдук тойон киһи баарын көрөн төлөпүөнүнэн ыйытааччы буоллум:
-до5оттоор,кэпсээҥҥит истэргэ бэрт ба5айы да,Ил Дархаммыт ааспыкка айдааннаах .аһыы ас сыта тунуйбут баһылыктар мунньахтарыгар этэн турара;-"халлаантан түһэр хаарыан харчыны хаартысканнан харгыстаттыгыт,батсаабынан буораттыгыт,энтириниэттээн эстигит.Эһэлиирэп эһиги үҥсэҥҥит бааһынайдарга барыахтаах субсуудьуйаны,Саха сиригэр сотон кэбистэ!"- диэн бэркэ сэтэрэээн эрэрэ.Ону туох дииргит буолуой?
Онно туран Ньукулай Ылдьыыс бутуллан килэп-халап гынан ылан баран,өрүһүнэн маннык диэн саҥалаах буолла;
-"Ээ , ону Барыыһап Маскуба5а тиийэн Эһилиирэптиин кэпсэтэн быйыл көҥүллээтилэр,онон бааһынайдарга харчы баар"
Ответить Буттэ5э дьи
Этиллибитэ дьи ини раздувайдаан скандал оноруман дьиэн,тосолоох элбэх хаччы кэлэн исэн отказка бардай,крайняй бэйэбит буоларбыт биллэр буо,сайдыы бо5о барыахтаа5а таах хаалла,техника инин,бэйэ бэйэни сиэсэр дьонно киксинэрэн баран буттэхпит дьи, куса5аны ба5арар дьон ону маны со5уруу унсэн,ытыс сотуута.
Куорат
Дьэ эйдэнуэхтэрэ буоллага. Бэриллибит харчыны мээлэ туттуохтара суога.
Аны мээлэ тубэьиэх ону маны ыытыахтара суога вапсап устун.
Дьэ бэриллэр уп туьалаахтык наадалаах дьонно тиийиэ,ылыахтара .
Медеведев маладьыас сопко бобто.Ол комо харчы наадыйар фермердарга син биир тиксибэт.
Куорат
Бобуллубута сеп. Наадалаах дьонно кырдьык тиксибэт син биир.
пенсионер
Я считаю что господдержка обязательно нужна, тем кто занимается протзводством мяса и молока. Цены на энергоносители растут, соответственно себестоимость также повышается. Субсидии на молоко и мясо остаются прежНими. Сх предприятия банкротятся. Господдержка идет фермерским хозяйствпм. Думаете они решают проблемы безработицы. Зарплата не начисляется, работник заболеет, его проблемы. Фермер работает на себя. Государство дает миллионные гранты для фермеров, которые в будущем и не собираются возвращать в буджет в любом случае. При отказе главы фермерского хоз-ва, хоз- во просто закроется. В случае с сх предприятием, где имеется устав, коллективный договор, изберут другого руководителя. Неужели в министерстве сх хозва не понимают этого.кому следует оказывать поддержку.
Ответить кытыыживучий
Бу куорат дьонугар саха тыла төбөлөрүгэр өйдөнөрө күчүмэ5эйдэрдээх
курдук.ситэтин нууччалаан көрүүм. важный чин МСХ господин Попов Н.И. в прямом эфире НВК сказал ,что только благодаря личной просьбе БЕА,господин Медведев в этот раз, простил крестьян Якутии за гибель скота и не стал снимать субсидии в этом году.Так что,вам уже нечего злорадствовать над крестьянами.
Ответить nicon
кытыысмердящий, Барыысап маладьыас аа-а, туох дии саныыгын, киристийээннэр эстиэхтэрин быысаабыт
нам
эьэлиирэп наьаабыспат ини норуот харчытын 14 чыыьылага суолдьут быьа эпииргэ тахсыахтаах онно боппуруоста биэрин
пенсионерка
Я не злорадствую. Обидно за действительно работающих людей. Фермер от силу пять лет отработает, потом продаст дом, поголовье и в город переберется. Спасибо господдержке. Лучше помоги Сх преприятиям. У них и надзорных органов побольше. Постоянно контролируют начисление и выдачу зарплаты работнику. Субсидируйте ГСМ, электричество, камен уголь, коль цены на молоко, мясо не поднимаете. Из за впшей политики банкротятся хозяйства, работающие десятками лет.
123
суолдьуттаах эьэлиирэп баар буолан тыыннаах олоробут
nicon
тэриллиилээх хасаайыстыбалар биллэриилэрэ хасыакка, бассаапка толору, улэсиккэ наадыйабыт, ыанньыксыт, саах тасаарааччы, от киллэрээччи наадалар... аарыма хотоннору туталлар, сохуруу суесулэри ахалаллар, улэситтэрэ буоллахына суох - ким даа хотонно босхону эрэ урдунэн улэлиэн бахарбат. Билигин хотонтон Маскыаба ыраах, Ил Тумэн дьокутаата буолуон остуоруйалаах олонхо
рядовой
ТУОХ БУОЛЛАР диэтиҥ???
кытыыживучий
Хантан Барыыһап көмөнү,Эһэлиирэп баппа5айыттан ньылбы тардыай?
Кыайбатын билэр буолла5а.Хата ол иһин Маскуба5а Үрүҥүтаптыырыскай Хаачаны үлтү көбүөлээн ытаппытынан илдьэ барбыт.
Кипиэмилгэ тиийэн Эһэлиирэпкэ киирэннэр араастаан сордоно сатаабыттар.Киһилэрэ туох да иһин үс сүүс мөлүйүөннээх мөһөөччүк үрдүттэн түспэккэ баттыы олорор үһү;
- Дойдуга кирииһис кэллэ,кэппиэйкэ кэмчи буолла,эһиги мөлөйүөнүнэн ылан баран балбаахха соһо5ут,буруо оҥорон бур5ата5ыт.Бэркэ буоллар кыбартыыра,дьиҥэр буоллар дьиһиип ылан байа5ыт.Сэмэнтээл сүөһүнү сиэтигит,халмыык ына5ы хоргуттугут,*****тырыый ына5ы а5ыйаттыгыт
Суох!Олох харчы ,суох!
- Оо .Миитэрээй,аны ити хатыланыа суо5а, мантан ыла сэмэнтээли сэргэхситиэхпит,холмогуору хомуйуохпут,халмыыгы харыһыйыахпыт.
Арай *****тырыыйы айаруобуһунан а5алыахпыт суо5а.Харчыны харбаатаххпытына харыстыыр буолуохпут,үбкэ тигистэхпитинэ үгүөрүтүк үтүйүөхпит,үтүө5үн умнуохпут суо5а.
- Суох! Суох диибин буолбат дуо? Сахалар нуучча тылын өйдөөбөккүн дуу.
-чэ Миитэрэй , арай маннык гыныах,бу дьахтардыын ити харчылаах куулу тардыһан көрүҥ.Сатаан ньылбы тардан ылбата5ына,хайыахпытый,хоту диэки хойбоҥноһуохпут .илин диэки иҥнэҥнии,дьиэбит туһунан төннө туруохпут.
-Һэ мин Эһэлиирэп ааттаах,эр киһи элээмэтэ буолла5ым ,ити хачыйбыт хотугу чукча дьахтарыгар куулбун былдьаттахпыный.Чэ, ыл биирдэ эрэ тардыһабыт,уонна барыҥ,үлэ-хамнас бө5ө миигин күүтэн турар.- диэн баран куул муннугун Хаача5а туттарбыт.Үрүҥүтаптыырыскай кууллаах харчы кулгаа5ыттан харбаат Эһэлиирэби ньылбы тардан түһэрбит.Киһитэ кытара-кытара кытаахтаһан куулун ыһыктыбакка дьахтар кэнниттэн соһулла сылдьыбыт.
Дьэ кытаанах ырычаахтаһыы буолбут! Биирдэрэ кирииһис кэмигэр харчытын харыһынан хара5ын симэ-симэ куулун хам тутан соһуллубут,дьахтар саха бааһынайдарын харчыта суох хаалларбыт буруйугар,харсыттан тахсан , Эһэлиирэби соспутунан таһырдьа ыстаммыт,ыҥыырын өрө5өлөөбүт айаас курдук тыбыыра-тыбыыра тардыбыт.Былдьаһааччылар балаата хоһугар баппакка,Барыыһабы батыһыннарбытынан Кириэмил кирилиэһин аахпытынан таһырдьа тахсан бырах бардылар.Хайалара да харчылаах куулу ыытар санаата
суох!
Хаача хам туппутун хамнаппакка Боробуускай боруота ааныгар диэри Эһэлиирэби соһон тирилэтэн тиэрпитигэр,киһи эрэ буоллар Эһэлиирэп кыһыл болуоссакка хаамсар кыйма курдук дьон хара5ар, дьахтарга состорорутуттан кыбыста санаата5а дуу,күүһэ өһүллүбүтэ дуу, куулун ыытан кэбиһээт,кэнниттэн дьөгдьөрүйэн испит Барыыһапка эргиллэн эттэ;
- Чэ,сах салаатын.быйыл ыллыгыт.Эһиил дьэ саарбах.
Онон син ,Барыыһап барахсан харчыны халты харбатан,быйылгы дьылга үптэнэр буолбуппут.Билигин ол да сөп. Эһиилги бил баһын ким сиирин билигин үлэһэр соччо сатала суох.
Ответить
Ответ на тему: Ил Дархан баһылыктар мунньахтарыгар биллэрбитинэн быйылгы бааһынайдарга анаммыт көмө харчы
|
Category: Юмор, сатира, критика |
Views: 1769 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 2 Ыалдьыттар (гостей): 2 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|