Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » Муус устар » 22 » Дальнай Востокка уонна Сибииргэ үүнэр тиит мас силиһигэр ДКВ элбэх эбит. Аны онтон оҥорор буоллулар уонна рак ыарыытын эмтииргэ, киһи үйэт
Дальнай Востокка уонна Сибииргэ үүнэр тиит мас силиһигэр ДКВ элбэх эбит. Аны онтон оҥорор буоллулар уонна рак ыарыытын эмтииргэ, киһи үйэт
07:24
Өлбөт  мэҥиэ уута.
https://web.whatsapp.com/
Тиит мас силиһин утаҕа  (нууччалыыта-дигидрокверцетин, английскайдыыта-TAXIFOLIN)  быһыыта, били  сахалар остуоруйаларыгар кэпсэнэр, өлбөт мэҥиэ уута быһыылаах.Дигидрокверцетин  (кылгатан ДКВ) 1 граама 500-1000 доллар сыаналаах. Саамай сыаналаах эмтэргэ  киирсэр. ДКВ-ны японскай сакураттан, роза сибэккиититтэн улахан эрэйинэн оҥороллор,  ол иһин сыаналаах. Аан дойдуга баар баай дьон хайдах гынан үйэлэрин  уһатар туһуттан, төһө баҕарар харчыны  харыстаабат былааннаахтар. Олор ити ДКВ-ы ылан иһэллэр. Учуонайдар кэлин  билбиттэрэ, Дальнай Востокка уонна Сибииргэ үүнэр тиит мас силиһигэр  ДКВ элбэх эбит. Аны онтон оҥорор буоллулар уонна рак ыарыытын эмтииргэ,  киһи үйэтин уһатарга уонна даҕаны элбэх ыарыылары суох  оҥорорго тутталлар.

  Кыра сырыттахпына, аҕам оҕонньор  (мин кини 52 саастааҕар төрөөбүтүм) саас  ойуурга сырыттахпытына, тыллан эрэр тиит мутукчатын сиэтээччи. Амтана  саахардаах. Мутукча тыллан бүттэ даҕаны дабаххай, хатархай  амтаннанар. Киһи сиэбэт буолар. Саас-күһүн тиит силиһин  быһан эмээччибит. Ити эбит, тиит мас силиһин утаҕа. Ону биһиги  үөрэҕэ суох өбүгэлэрбит уруккаттан билэллэр эбит  (ким интернеттээх дигидрокверцетин туһунан ааҕыаххытын сөп).
  Дигидрокверцетин эттик эргэриитин оҥотторбот  (антиоксидант). Саамай суолталаах Р-витамин буолан, кислород босхо радикалларын  суох оҥорор, онон аскорбиновай кислота бары оруолун толорор  (биофлавоноид). Онон ДКВ киһи этэ-сиинэ араас ыарыыларга утарсарын,  вирустар киирэллэрин бобор кыахтаах. ДКВ маннык суолтатын 1950 сылтан  учуонайдар билбиттэр. Биллэрин курдук киһи бэйэтин этэ-сиинэ  Р-витаминнары оҥорбот.

Онон тастан, аһылыктан ылар. Ол курдук  аскорбинка элбэҕэ цитрусовойдарга, моонньоҕоҥҥо, дөлүһүөҥҥэ  уонна оҕуруот астарыгар бааллар. Саха сиригэр моонньоҕон уонна дөлүһүөн  эрэ син бааллар, онон тиит мас субата, силиһин уута уонна саҥа  тыллан эрэр мутукча тымыр кэҥииригэр, тымыртан сыаны ыраастыырга, мутация  баран эрэр клеткалары суох оҥорорго (рак ыарыытын утары), түөһэйбэттэн  туһалаахтарын былыргы саха эмчиттэригэр уруккаттан билэр эбиттэр. ДКВ  баара суоҕа 0,0001-0,00001% суурадаһына киһиэхэ туһаны  аҕаларын туһунан Нобелевскай бириэмийэ лауреаата Л.Полинг эҥин  суруйуулара баар.

Киһи итиччэ кыра ДКВ суурадаһынын аһылыгар  сөп буола-буола туттар буоллаҕына, сааһын 20-25 сыл уһатарын  туһунан ити учуонайдар суруйаллар уонна Россия Блохин аатынан  онкологическай киинэ ыытар чинчийиилэрэ ону туоһулуур. Аны диабет,  ньиэрбэ, аллергия ыарыыларын эмтииргэ үчүгэйдик тутталлар эбит. 

Онон ДКВ киһини эдэригэр түһэрэр, кырытыннарбат,  ыарытыннарбат уонна виирустары өлөрөр эмтэртэн биир саамай күүстээхтэрэ  буолар. Сыаната эмиэ ол курдук олус ыарахан. Онтон Саха сиригэр эдэр титириктэр  үүммүт сирдэрин «ычыкын» диэн куобахтыырга эрэ аттынан ааһабыт.  Кинилэри туспа ылан сыл аайы үүннэрэн эм оҥорор, харчы киллэринэр,  үйэбитин уһатар мааны титирик быһыытынан көрөр  кэм кэллэ.

  Тустаах быраастар этэллэринэн, ДКВ  радиациялаах уонна химическай киртийиилээх, электромагнитнай дьайыылаах сиргэ  олорор дьон астарыгар хайаан даҕаны баар буолара буоллар, үчүгэй  буолуо этэ дииллэр.

  Аны туран ДКВ тутууга күүгэннээх  бетон оҥоруутугар туттуллар. Ас промышленноһыгар мас арыыта, былык  кэнсиэрбэлэрэ, буһарыллыбыт астар (кондитерскай ас) өр кэм  туралларын 2-3 төгүл уһатар. Ханньаах, аргы уонна испииртэн оҥоһуллубут  аргылар амтаннырын тупсарар уонна өр туралларын хааччыйар. Дьахталлар  уос-тиис соттор кырааскаларыгар, ДКВ киһи этин тириитин араас сардаҥалартан,  ол иһигэр радиацияттан, микробтартан уонна вирустартан харыстыырын иһин,  сирэй, илии-атах тириитэ эдэр буоларыгар, мыччыстыы тахсыбатыгар, бары  сыаналаах кремнэргэ, маастарга, аэрозолларга тутталлар. ДКВ оннооҕор тиис  ыраастыыр боруһуокка (паста), харах эмигэр, элексирдэргэ, духууга уонна  одеколоҥҥа кытта туттуллар. Киһи клеткатын эдэригэр түһэрэрин,  хаан эргиирин күүһүрдэрин иһин. Кэлиҥҥи  кэмҥэ харчылаах дьон ДКВ-ны дьиэ кыылларыгар уонна балыктарга сиэтэллэр.  Астарыгар ДКВ баар буоллаҕына, боруода ынахтар иирбэттэрэ билиннэ.

  Россия онко быраастара маннык  суруйдулар: «ДКВ киһи тыынар органнарын, сүрэх-тымыр, хаан, тирии,  радиация ыарыыларын, түөһэйиини, диабеты, иммунодефициты,  аллергияны уонна аҕылааһыны эмтиир. ДКВ-ны туттан рак ыарыытын ылҕаан  суох оҥоруохха сөп» диэн.
  Дьиҥнээх өлбөт мэҥиэ  уута буолбат дуо?!


  Россияҕа Благовещенскай уонна  Новосибирскайга куораттарга тиит мас силиһин утаҕын ылар технология  оҥорбуттара хас даҕаны сыл буолла эрээри, американецтар курдук  ыраас гына ыларга тиийэ иликтэр. Былырыын Америка Сиэтл куоратыгар баар баан  Россия предпринимателларыгар шпунт оҥоро таарыйа тиит мас силиһин  утаҕын оҥорорго улахан кредит биэрэ сатаабыттара да, английскайдыы  саҥарар, маһы таҥастыыр технолог үөрэхтээх-тайдаах,  эҥкилэ суох киһи быһыыта көстүбэтэҕэ.

  Онон сахалыы нууччалыы төрөөбүт  тылларбыт быһыытынан саҥарар-иҥэрэр, онтон английскай уонна  китайскай тылларын олус үчүгэйдик билэр гына эдэр ыччаттары такыйар  кэм кэлбит. Оннук эрэ түбэлтэҕэ сахалар өлбөт мэҥиэ  уутун оҥорор кыахтаах дьоннонуохпут уонна Саха сиригэр олорон байыахпытын  сөп.
   Анатолий Чомчоев
Category: здоровье | Views: 1488 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Муус устар 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
252627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 8
Ыалдьыттар (гостей): 8
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024