News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2016 » Ыам ыйа » 5 » Ситэ сааһыламматах толкуй
Ситэ сааһыламматах толкуй | 14:03 |
Ситэ сааһыламматах толкуй
“Туймаада” хаһыакка (31.03.2016 г.) Василий Винокуров “Өр сыллаах толкуйум” диэн ыстатыйата тахсыбыта.
Тоҕото эбитэ буолла ааптар ыстатыйатыгар М. Сибиряков уонна И. Пономарев “Чурапчыттан төрүттээхтэр эрээри тыа сирин туһунан ыстатыйалара тус-туспалар… утарыта көрүүлээхтэр” диэбит уонна Сибирякобу өйөөбүт курдук, онтон Пономареву “баайсар” киһинэн ааҕан фермер хаһаайыстыбатын кэскилэ суоҕун ыйбыт. Салгыы 12-с ыҥырыылаах Үрдүү Сэбиэккэ дьокутааттаабытын ахтан, онно “тыа сириттэн Иван Николаевтыын иккиэ эрэ этибит, кыахпыт тиийэринэн туруорса сатаабыппыт, сопхуостары ыстарбатахпыт” диэн оруо маһы ортотунан саҥарталаабыт.
Дьиҥинэн оччолорго Үрдүкү Сэбиэккэ сүүстэн тахса дьокутаат, дьон киэнэ таһымнаахтара саҥа сокуон ылыллыытыгар, сүбэрэнитиэт оҥкула оҥоһуллуутугар саҥа олох сайдыытыгар балайда ситиһиилээхтик үлэлээбиттэрин дьон-сэргэ билигин умна илик. Кинилэр ортолоргугар тыа сириттэн силистэнэн-мутуктанан тахсыбыт Георгий Артьемев, Николай Андросов, Дмитрий Алексеев, Игорь Гаврильев, Дмитрий Ягодкин, Егор Секов, Филипп Охлопков, Дмитрий Горохов, Иван Горохов, Егор Егоров, Савва Кобяков, Семен Романов, Егор Ларионов, Василий Алексеев, Иван Матвеев о.д.а. ааттаталаан бара туруохха сөп.
Дьэ, ити. Сотору сүбэринитиэти ылбыппыт сүүс сыла туолуоҕа, онуоха норуот дьокутааттарын ааттарын умуннара сатаан “иккиэ эрэ этибит” сырыттахпытына улахан уоту оттубаппыт буоллаҕа. Ити бэйэлээх дьоммут сыраласпыт үлэлэрин бэйэҕэ иҥэринэр сааттаах уонна кыбыстыылаах быһыы буолуоҕа.
Салгыы аны бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Николаевка күлүк түһэрэргэ соруммут “Үрдүкү Сэбиэти өмүтүннэрэн суох гыммыта улахан политическай алҕас буоларын көрөбүн, ол кэнниттэн сыл иһинэн сопхуостары ыһыы буолбута” диэбит. Дьиҥэр укулаат уларыйан ырыынакка киириигэ хаһаайыстыба араас пуормалара баар буолалларын ааптар өйдүөн да сөп эбит, да ол кыаллыбатах. Урукку бириинсибинэн олорон хаалбыт. Хата хайаан бэйэтэ этэринэн актыыбынай дьокутаат эрээри Үрдүкү Сэбиэтэ ыһылларыгар өмүрэ олорбутай? Баҕар соһуйан куоластаабытын бэйэтэ да билбэккэ хаалбыт буолуон сөп. Аны тугу эрэ ситиһээри, мин үрдүбүнэн барбат “Дарбасов улахан утарсыылаах учуонай Сэбиэти ааһан наука кандидата буолбутум” диэн өттөйбүт.
Кырдьыгынан этэххэ ол үлэтэ хоту сиргэ үгэс буолбут салаалары (таба, сылгы иитиилэрэ) сайыннарыыга сыһыаннаах этэ, да олох намыһах таһымнааҕа. Ол иһин элбэх итэҕэстэрдээҕин сүбэлээн ыйбыппар өһүргэммитин өйдүүбүн. Итини бэрэпиэссэр, академик, оччолорго институт дириэктэрэ Е.Г. Егоров бигэргэтиэн сөп. Мин тус бэйэм салайан 16 аспираны уонна соискатели көмүскэппитим, ол иһигэр билигин наука
доктордара баалларынан киэн туттабын, онон диссэртээссийэ таһымын бэркэ диэн билэбин. Дьэ, аны киһибит “докторскайы суруйбуппун Дарбасовтаах хамаандалара көмүскэппэтэхтэрэ” диэн тыллаһан турбут.
Бастакынан ханнык да “хамаанда” суох, арай диссэртээссийэ Сэбиэтин иһинэн хамыыһыйа баар. Ол гынан баран ханнык да диссэртээссийэ хамыыһыйаҕа киирбэтэҕэ, ону ким да харахтаан көрбөтөҕө. Онон Винокуровпыт төрүт таһы-бааччы сымыйалаан кубарыппыт. Дьэ, ити. арааһа улахан учуонай киһи үтүрүллэ-хабырылла сылдьар курдук норуокка көстүөн баҕарар быһыылаах.
Дьэ, аны тугу сүбэлиирин көрүөххэйиҥ.
Арааһа кэлин хас да сыл устата наар биири хатылыырын эмиэ суруйбут. Ол сылгы хаһаайыстыбатын нэһилиэк таһымыгар тэрийиини сүбэлиир. Саатар онто да итэҕэтиитэ суох, учуонайбын дэнэр эрээри биир да суоттааһына, атыттары кытта көрөн тэҥнээн ааҕыыта, ылыллар дохуот кээмэйэ да көдьүүһэ да көстүбэт, эгэ мэхэньиисимнэрин ыйыа дуо. Суох. Боруоста үлүбээй пилотнай бырайыагы Ил Түмэнтэн көрдүүр эбит, ону өйдөөбөттөр үһү. Сөпкө гыналлар. Мин саныахпар итинник көдьүүһэ суох бырайыагы ким өйүөй?
Саатар баар суох илдьэ сылдьар үйэлээх үгэспитин – ынах сүөһүнү иитиини сайыннарбат үһү. Сахалар былыр-былыргыттан ынах сүөһүнү сылгыны кытта таба дьүөрэлэһиннэрэн сэргэстэһиннэрэн сайыннарбыттара. Онон биир бэйэм өйдөөбөтүм.
Түмүктээн эттэххэ, ааптар тыа сирин үлэһит дьонун бутуйар, сыыһа-халты этиилэрдээх, бэйэни арбанар хабааннаах ыстатыйаны таһаартарбыта хомолтолоох. Бэйэтэ этэр “өр сыллаах толкуйа” дөксө да ситэ-хото сааһыламакка сылдьар эбит. Дьэ, накаас.
Василий Дарбасов, экономика билимин доктара,
бэрэпиэссэр, Арассыыйа Норуодунай Фронун экономикаҕа
аналлаах экиспиэрэ.
4.04.2016 с.
|
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения |
Views: 1834 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 19 Ыалдьыттар (гостей): 19 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|