News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
Право, закон
[323]
Экономика и СЭР
[839]
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
Коррупция
[862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
Социалка, пенсия, жилье
[277]
ЖКХ, строительство
[132]
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра
[240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
Промышленность
[43]
Нефтегаз
[284]
Нац. вопрос
[284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
Дьикти. О невероятном
[183]
Выборы
[661]
Айыы үөрэҕэ
[93]
Хоһооннор
[5]
Ырыа-тойук
[23]
Ыһыах, олоҥхо
[102]
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
История, философия
[239]
Тюрки
[76]
Саха
[153]
литература
[42]
здоровье
[465]
Юмор, сатира, критика
[14]
Реклама
[7]
Спорт
[123]
В мире
[86]
Слухи
[25]
Эрнст Березкин
[88]
Моё дело
[109]
Геннадий Федоров
[11]
BingHan
[4]
Main » 2016 » Ыам ыйа » 5 » Иван Иванович Слепцов 2003 сылтан экэниэмикэ билимин хандьыдаата диэн буолар. Ол аата, учуонай истиэпэннээх.
Иван Иванович Слепцов 2003 сылтан экэниэмикэ билимин хандьыдаата диэн буолар. Ол аата, учуонай истиэпэннээх.
17:31
*Билим бэрдин биэтэ´э эбэтэр ыччакка хайдах холобуру к³рд³р³бµтµй?
“£´µ³” бала´а±а дорооболору²! Ким м³ккµ´µ³ баарай, ыччаты иитииттэн ордук суолталаах ³´µ³ боппуруос а±ыйах буолуо. Ыччаты иитии, µ³рэтии, буолаары буолан, саха омукка нохто суолталаах тыа сиригэр аналлаах каадырдары бэлэмнээ´ин.
Былыр былыргыттан биллэр дьыала, ыччаты, туох-ханнык иннинэ, бэйэ холобурунан иитэр куолу. Холобур курдук эттэххэ, уоруйах тугу да кэпсээбитин и´ин, уорарга µ³рэтэр. Тыл, биллэрин курдук, “у²уо±а суох” — тугу ба±арар “остуоруйалыахха” с³п. Оттон бу ки´и кими эрэ µ³рэтэргэ санаммыт буолла±ына, кини олоххо дьайыылара, “кытта кырдьыбыт кыдьыга”, ол эбэтэр, уорар холобура µ³рэх буолар.
Хомойуох и´ин, саха омук бу Орто дойдуга сµрµн тирэ±инэн буолар тыа сирин уонна тыа ха´аайыстыбатын салайар, сµрµннµµр ситиммит дьон-сэргэ ортотугар б³рµкµтэ суох аптарытыаттаа±а кистэл буолбатах. Холобурун эттэххэ, тыа сирин сайдыытыгар сыллата ту´уланар миллиардынан µп дьо²²о-сэргэ±э тиийбэккэ ту´ааннаах министиэристибэ, “сиэмэх а²аардаах” тэрилтэлэр тула эргийэ сылдьар диэн бигэ ³йд³бµл баар. “Хоруупсуйа уйатын” тула. Ону бигэргэтэр бы´ыы-майгы, уорбалыахха айылаах тµгэн, му² саатар, ти´игин быспакка тахса турар.
Бэйэбит да±аны “бил ба´ыттан сытыйыыта” ха´ан да быстыбатыгар дьулу´ар курдукпут. Ол курдук, “Кыым” ха´ыакка оччотоо±у тыа ха´аайыстыбатын миниистирэ Иван Слепцов “аан дойдуну ар±аран” кэмиэрсийэлии сатаабытын ту´унан Владимир Степанов дири² хорутуулаах ыстатыйаларын умна илик буолуохтааххыт. Дьэ, билигин Калмыкия кэккэ дьонун кытта сибээстэ´иэх эрэ кэрэх, Иван Слепцов ту´унан араас “кэрэ-бэлиэ” тыллары бары истиэххэ с³п. Буолумуна, Саха сирин суотугар “чоппууска баабырыкатын” туттара сыспыт, онуоха уйдаран харчыларын кураанахха укпут дьон хайдах сы´ыаннаах буолуохтара
этэй. Ол и´игэр саха омукка барытыгар. Бы´ата, боппуруос турар: маннык дьо²²о ыччаппытын иитиини итэ±эйэрбит т³´³ с³бµй-с³рµ³стµгэ´ий диэн.
Мин санаабар, “саа тэбиитигэр чуга´атар” кутталлаах. Хата, борокуратуура тохтотто — судургутук эттэххэ, Саха сиринээ±и тыа ха´аайыстыбатын академиятын (ДьГТХА) ректорын быыбардаа´ын хаамыыта “хоруупсуйа сытынан к³ст³³х сиртэн а²ылыйар” диэн.
Биллэрин курдук, онно сµрµн хандьыдаатынан Нерюнгритаа±ы к³т³р баабырыкатын урукку дириэктэрэ, ³р³спµµбµлµкэ тыатын ха´аайыстыбатын урукку миниистирэ Иван Слепцов буолар.
¥с т³б³л³³хт³р
Ки´и барыта “т³б³тµн олоруутунан” учуонай буолан т³р³³б³т. Ки´и барыта ыччаты µтµ³±э, сырдыкка у´уйааччы буолбат. Ки´и барыта атыы´ыт-урбаанньыт дьо±урдаммат.
Ол эрэн хара ба´аам ки´и “учуонай аатын ыларга”, тµ³´µн охсунарга бэлэмин аа´ан, ол ту´угар тугу да кэрэйбэт. Хара ба´аам ки´и ыччакка µтµ³ холобур буолуон ба±арбытын и´ин, “аньыы-хара баттаа´ына” диэн баар, онно бырааптаахпын дии санаабат. Хара ба´аам ки´и к³н³тµнэн байыан-тайыан ба±арбытын и´ин, баламат µгµс µлэ диэн баар, онон бµддьµ³т суотугар “кэмэрсээнниири” ордорор.
Дьэ, сорох дьон бµ µс “т³б³нµ” µ´µ³ннэрин кэтэ сатаан эрэйдэнэллэрэ баар суол. Былахы курдук ыста²алыы сылдьан. Манна ытыран к³р³н, итиннэ ыстаан ылан...
“Сµппµт” дьиссэртээссийэ
Мээнэ ки´и Арассыыйа Тыатын ха´аайыстыбатын министиэристибэтин тирэх µ³рэ±ин кы´атын салайбат, — кэккэ ирдэбил баара ³йд³н³р. Холобур, Тыа ха´аайыстыбатын академиятын устаабыгар суруллубутунан,
кини учуонай истиэпэннээх (билим хандьытдаата, дуоктара) уонна учуонай сололоох (бэрэпиэссэр, доцент) буолара ирдэнэр этэ. Этэ диирбитигэр тиийэбит.
Иван Слепцов ректор э. т. кэлээтин кытта хапса±ай ба±айытык устаапка уларытыы киллэрэ охсоллор: ректор учуонай истиэпэннээх ЭБЭТЭР учуонай сыбаанньалаах буолуохтаах диэн. Иккиттэн биирэ. Ол эбэтэр, билим хандьыдаата буолла да бµтэр, µрдµк µ³рэх кы´атыгар µлэлээн миккиллибит уопута да суох буоллун, кы´ал±а кыра диэн буолбут. Бы´ата, ааспыт сµµрбэттэн тахса сыл устата Арассыыйа экэниэмикэтин эспит “эффективнэй менеджердэр” бириинсиптэрин туту´уу барбыт — сура±а, харчыны булар дьо±урдаах µ´µ, онтон ордук туох нааданый диэн. Биллэн турар, борокуратуура бу тµгэни кытта с³пс³сп³т³х, “онно суох” уларытыы бы´ыытынан сыаналаабыт.
Иван Иванович Слепцов 2003 сылтан экэниэмикэ билимин хандьыдаата диэн буолар. Ол аата, учуонай истиэпэннээх.
Ол эрэн “сир тµннµгэ-µ³лэ´э” тобулла±ас кэмигэр олоробут. Холобур, аан дойдуну иичэхэй-баачахай эргийбит Интэриниэт ситимигэр, ханнык да бибилэтиэкэ электроннай базатыгар И.И. Слепцов дьиссэртээссийэтэ к³стµбэтэ. Саараама! Бэл, туох баар бары дьиссэртээссийэлэр эксэмпилээрдэрэ хайаан да хараллыахтаах сирдэригэр — Арассыыйа судаарыстыбаннай бибилэтиэкэтигэр! (Российская государственная библиотека — РГБ)
Дьэ, дьикти бы´ыы-майгы — хайдах чуо бааччы киниэнэ сµппµт бэйэтэй. Холобур, кинини кытта биир кэм²э к³мµскээбит ки´и дьиссэртээссийэтэ баар...
Бэйэ “хаа´ытыгар”
Дьиссэртээссийэ суох, оттон «Влияние потребительской кооперации на социально-трудовую сферу северных регионов России» автореферат баар — РФ Бэрэсидьиэнин аннынан Арассыыйа судаарыстыбаннай сулууспатын академиятын (РАГС) µлэ±э уонна социальнай бэлиитикэ±э кафедратыгар суруллубут µлэ. Титульнай лии´игэр “бэйэм суруйдум” диэн бигэргэтэн Иван Слепцов илии баттаан эрилиппит.
Автореферат 2003 с. олунньу 18 кµнµгэр тар±атыллыбыт, дьиссэртээссийэни к³мµскээ´ин кулун тутар 18 кµнµгэр барбыт. Барыта орун оннугар курдук.
Баар бала´ыанньаны кытта били´иннэрэр с³п. Ол курдук, РФ Бырабыыталыстыбатын 2002 с. олунньу 30 кµнµнээ±и уураа±а маннык диир: «Диссертация должна быть написана единолично, содержать совокупность новых научных результатов и положений, выдвигаемых автором для публичной защиты, иметь внутреннее единство и свидетельствовать о личном вкладе автора в науку. Предложенные автором новые решения должны быть строго аргументированы и критически оценены по сравнению с другими известными решениями». Са²аны айбатах буолла±ына, му² саатар, тус бэйэтин тылын-³´µн тиэрдиэхтээх диэн.
Оттон автореферат диэн тугуй? “Авто” диэн сы´ыарыы диссертант тус бэйэтинэн суруйбут диэн мэктиэлиир — “ааптар бэйэтэ” диэбит кэриэтэ. Манна дьиссэртээссийэ сµрµн идиэйэлэрэ, та´аарбыт тµмµктэрэ суруллаллар, туох са²аны арыйбыта, эппитэ-тыыммыта, µлэ т³´³ суолталаа±а чопчуланар.
£сс³ биир тыын суолталаах тµгэн. Ааптар туора дьон µлэтин, этиитин, идиэйэтин ту´анар буолла±ына, хайаан да кинилэр ааттарыгар, µлэлэригэр сигэниэхтээх. Бу булгуччулаах, ханнык ба±арар учуонай аатын-суолун бигэргэтэр бы´ыы. Онтон атын буолла±ына, сахалыы-махалыы эттэххэ, уоруу, атыннык эттэххэ, плагиатство курдук сыаналанар.
Билэр дьон Иван Слепцов авторефератын са²а арыйбахтаан и´эн саарбахтаатылар. Ол курдук, диссертант µлэтин бµтэ´ик сирэйигэр ыйыллыбыт ыстатыйалара, бырабыыталыстыба µ³´э этиллибит уураа±ын ирдэбилинэн, саатар, биир рецензияланар сурунаалга эбэтэр анал та´аарыыга бэчээттэниэх тустаах этилэр. Тутулуга суох испэсэлиистэр кэтээн к³р³лл³рµн курдук — методология ³ттµнэн ал±астар уонна бассыыбайдаа´ыннар (албыннаа´ыннар) тахсыбаттарын ту´угар. Оттон И.И. Слепцов икки ыстатыйаны киллэрбитэ, РАГС хомуурунньуктарыгар эрэ бэччэттэммиттэр. Бы´ата, µлэ РАГС и´игэр о²о´уллубут, µлэ тиэмэтинэн ыстатыйалар РАГС и´инэн бэчээттэммиттэр, µлэ РАГС и´игэр
к³мµскэммит.
Дьиссэртээссийэ билим а´а±ас эйгэтигэр тахсыбатах, бэйэ “хаа´ытыгар” буспут буолан тахсар.
Хаачыстыба ту´унан
“Хаа´ы” хаачыстыбатын тута этиэххэ с³п: саарбах. Холобур, автореферат 8 сирэйигэр “¥лэ сµрµн ис хо´ооно” диэн бала´а±а диссертант чинчийиилэрин сµрµн тµмµктэрэ бэчээттэниэхтээхтэр. Онно ааптар потребительскай кэпэрэтииптэ´ии µлэтэ-хамна´а социальнай оруолун кытта хардары-таары биир ситимнээ±ин ырытар. Ол тµмµгµнэн кэпэрээссийэ араас к³рµ²э тус-ту´унан уратылаа±ын, социальнай ³ттµнэн туох ту´алаа±ын, хайдах дьайыылаа±ын, сабыдыаллаа±ын ырытан табылыысса о²орбут.
Омос к³рд³хх³, И.И. Слепцов кэпэрэтииптэ´ии хаамыытын бэркэ аттарбыт диэххэ с³п этэ да±аны, 2001 с. буолан ааспыт “Кооперация — самобытность в новом тысячелетии” кэмпириэнсийэ матырыйаалларыгар оччотоо±у Центросоюз бэрэссэдээтэлэ В.Ф. Ермаков ыстатыйата баар («Деловой вестник «Российской кооперации» сурунаал, 12 №-рэ, 2001 с. ахсынньыта). Онно бэриллибит табылыысса, до±оттор, µµт-µкчµ Слепцов табылыыссатын курдук. Атына диэн, кыралаан кылгатыллыбыт уонна Ермаков табылыыссата т³гµрµгµнэн эргитиллибит.
К³н³тµнэн этиэххэ наада, Ермаков би´иги ки´ибититтэн хайдах да устар кыа±а суох, кини µлэтэ икки сыл эрдэлээн бэчээттэннэ±э. Оччотугар би´иги ки´ибит µтµгµннэрбит буолан тахсар дуо?
Салгыы, 16 сирэйгэ дьон-сэргэ дьадайыытын уодьуганнаа´ы²²а кэпэрэтииптэ´ии хайдах ту´алаах буолуо±ун ырытыы барбыт. “Ырытыы барбыт” диэн олус дор±оонноох этии буолуо. Манна ³р³спµµбµлµкэ бырабыыталыстыбата уонна Потребительскай уопсастыбалар сойуустарын икки ардыларыгар сы´ыанна´ыыга оло±уран, кэпэрэтииптэ´ии ха´аайыннаа´ын эрэ буолбатах, улахан социальнай суолталаах тэрээ´ин, дьадайыыны утары охсу´ууга к³дьµµстээх ньыма диэн дири² ис хо´оонноох тµмµк о²о´уллубут уонна “Потребительскай кэпэрээссийэ социальнай миссиятын схемата” бэриллибит.
Бэрт да бэрт диэ±и, эмиэ µ³´э этиллибит сурунаал 11 ¹-рэ бы´а тµ´эр. «Самобытность потребительской кооперации: опыт и проблемы управления» билим-практическай кэмпириэнсийэ эрэкэмэндээссийэлэригэр баар “Борьба с бедностью” схеманы санаа курдук уларыта тутуу
барбыт. Сµрµн ³йд³бµллэр, тутаах тµгэннэр хайдах баалларынан сылдьаллар — барбах онон-манан “устуруустаммыттар”.
Судургу со±ус ³йд³бµллээх, дьорохой туттуулаах учуонай буолан биэрбит — дьи²нээх ааптардарга сигэнии сыта да суох.
Идэтийбит дьон этэллэринэн, ити эрэ буолуо дуо, Иван Иванович элбэх ааптар матырыйаалларыттан, учуобунньуктарыттан туох да муо±а-чуо±а суох бµтµн апсаастарынан устар ки´и буолан биэрбит. Эмиэ ханнык да сигэниитэ суох. Холобур, Шихвердиева А.П., Макаренко А.П., Шкарлупина Г. уонна да атын ааптардар матырыйаалларыттан.
Туох да диэбит и´ин, И.И.Слепцов дьиссэртээссийэтэ дьо´уннаах “µ³рэтиини” эрэйиэн с³п дииллэр. К³´µннэ±инэ.
Ким сµбэтэй?
Хомойуох и´ин, ха´ыат бала´атыгар барытын си´илии батарар кыаллыбат. Арай Интэриниэт ситимигэр симэр с³п этэ. Ээр-сэмээр чугастаа±ы саайтары кэтии сылдьаары² эрэ.
Чэ, буоллун, µлэ µлµскэнигэр дьон матырыйаалын и²эринии кыралаан баар буоллун да±аны, — µтµ³ дьыала ту´угар харах симнэ ылыныахха с³п. Биирдэ баран эттэххэ, идиэйэ эгэлгэтэ салгы²²а таах уста сылдьар дииллэр, ону Уйбаан Слепцов т³б³т³, ба±ар, кимнээ±эр ыраастык, хаартыска±а тµ´эрэр кэриэтэ устара буолуо...
Ол эрэн сµрэ бэрт. Дьэ, учуонай туох тµмµгµ ылаары, этэргэ дылы, “му²ур ханнынан сири тыырарый”, — µлэ б³±³нµ µлэлиирий, эрэй б³±³нµ к³р³рµй? Дьон эппитин хатылаары дуо?
И.И. Слепцов ыыра ырааппатын му²а сытар эбит. Туох гынаары “диссертация” диэн ааттанар ууну-хаары эрдиэххэ с³бµй — ханнык эрэ мунньах эрэкэмэндээссийэлэрин ³р сыллаах µлэтин тµмµгэ о²остоору дуо? Буолаары буолан, эмиэ этиллибит сурунаал чэрчитинэн? Дьээбэ±э атын да сурунаалы хасы´ан к³рµ³ эбит.
Иван Слепцов автореферат 17 сирэйигэр кэпэрэтииптэ´ии “социальнай миссиятын олоххо киллэриигэ уонна ха´аайыннаа´ын к³дьµµ´µн µрдэтиигэ” диэн ааттаан аан дойдуга биэрбит сµбэлэрин к³рд³хх³, “Самобытность потребительской кооперации: опыт и проблемы управления” Арассыыйатаа±ы билим-практическай кэмпириэнсийэ эрэкэмэндээссийэлэрэ илэ бэйэлэринэн сылдьаллар!
Му² саатар, кэтирэппэтэх-дири²эппэтэх буолла±а — лаппа кылгаппыт эрэ.
Тµмµк кэриэтэ
Уопсайынан, тыа ха´аайыстыбатыгар каадыры талыы-та²ыы хайда±ый? Бу ыйытыгы арыый уларытан биэрэр с³п: харчылаах сиргэ, харчы ханна барара чопчу биллибэт эйгэтигэр каадыры аттарыы хайдах барарый?
Кэнники сыллары кэтээн к³р³р эбит буоллахха, туох эрэ аньыылаах-харалаах, ол эбэтэр “кµрµчµ³ккэ” сылдьар дьону миниистиринэн туруоруу барар дуо?
Слепцов Нерюнгритаа±ы к³т³р баабырыкатын дириэктэрэ, ол эбэтэр бµддьµ³т суотугар “кэмэрсээннээн” кэлбит ки´и. “Ол дойду” µлэтин-хамна´ын тула бэрэбиэркэ тµмµгµнэн “Кыым” да±аны, “Ваше право” да ха´ыаттар суруйан тураллар. Интэриниэт ситимигэр, чуолаан, SakhaNews саайтан булан аа±ыаххытын с³п. Оттон Артемьев дьупулуомун ту´унан боппуруос былыр µйэ±э к³т³±µллэ сылдьыбытын, ама, каадыры аттарааччылар билбэттэр µ´µ дуо?!
Суолласта, сураста, сурукка тистэ — СУР.
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1935 |
Added by: uhhan1
Ааҕыылар
Баар бары (online): 91
Ыалдьыттар (гостей): 91
Кыттааччылар (пользователей): 0