Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » Ыам ыйа » 20 » Олимпиец Александр Ивановтуун сэһэргэстим.
Олимпиец Александр Ивановтуун сэһэргэстим.
11:00
Александр Ивановтуун сэлэһииттэн

Олимпиец Александр Ивановтуун сэһэргэстим. Ааспыты санаан ол үтүө кэрэ кэмнэр сулустаах чаастарын, сахалар таптыыр көҥүл тустуубутун Олимпиада
үрдүкү чыпчаалыгар таһаарбыт улууканнаах учууталбыт Д.П.Коркин үлэтин миэтэтин билсээри киниэхэ үөрэммит элбэх улахан тустуу маастардарын кытары сыал-сорук туруорунан анаан-минээн кэпсэппитим. Кинилэр истэригэр: Көмүсчүт—Степан Попов, Александр Аргунов, Гаврил Каприн-Таатталар, онтон да атыттар.
Тастан көрүүгэ киниэхэ үөрэммит спорт уһулуччулаах маастардар тренердэрин күн бүгүнүгэр диэри ытыктыылларын, киниэхэ сүгүрүйэллэрин истэбин. Дмитрий Петрович тустуук уолаттар оскуоланы бүтэрэн ханна баҕарар тиийдэхтэринэ бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэн сатаан булан-талан дьону кытары наадаларын быһаарсан сылдьалларыгар үөрэппитин махтана ахталлар.

Олимпиецка боппуруоһум:

Корр. -- Александр Николаевич эн Д.П.Коркиҥҥа кэлбит бастакы кэмҥэр тугу эмэ сытыытык өйдөөн хаалбыт түгэннээххин дуо?
И.А.Н. --- Син биир атын оҕолору курдук сыгынньахтаата уонна эппин-хааммын туппахтаан, эргичиҥнэтэн көрөн баран: “Тугу да илдьэ кэлбэтэххин дии”,--диэтэ. Мин ону тыа киһитин быһыытынан Сунтаартан тугу эрэ кэһиибин кус-хаас, куобах, улар эбэтэр эт дуу, кэһиибин аҕалыахтаах эбит буоллаҕым дии санаан:“Суох тугу да аҕалбатым”,--диэтим. Кэлин билбитим олох да атыны мин тустууга туох да анал бэлэмэ суох кэлбиппин эппит эбит.
Корр. --- Оттон дьарыктарга бастакы соһуйа дьиктиргии көрбүт түгэниҥ?
Бастакы дьарыктар кэннилэриттэн миигин Дмитрий Петрович гиирэнэн, штанганан дьарыктанарбар хамсаныылар комплекстарын оҥорон биэрдэ. Биир ый
дьарыктаммытым кэннэ ыҥыран ылла уонна эппин-хааммын, былчыҥнарбын туппахтаан көрөн баран: “Сөп буолбут. Аны ити тимирдэргэ сааһыҥ тухары хаһан
да чугаһаама”, --диэн аны төрдүттэн бобон кэбистэ.

Корр. --- Дмитрий Петрович биһигини хаһан да мөхпөт этэ дииллэр. Ол гынан баран сүрдээҕин толлор этигит. Ону ханнык ньыманан кини ситиһэрэ буолуой?

И.А.Н. --- Кини оҕолору ыһыытыы, хаһыытыы мөҕө-этэ сылдьыбат этэ. Албаһы үөрэтэригэр даҕаны: “Бу албаһы бэркэ оҥорор эбиккин маладьыас”, --- диэн баран “Маннык оҥор оччоҕо өссө ордук буолуо”,-- диэн илииҥ, атаҕыҥ, корпуһуҥ балаһыанньатын уларытан биэриэ. Ону Бөтүрүөбүстэн хайҕаммыт киһи кини эппитин курдук албаһы көннөрөн оҥороору хатылааһын, кыһаллыы бөҕөтө буолаҕын. Кэлэр дьарыкка хайаан да ону салгыы билэ-көрө сатыыгын. Бөтүрүөбүс эмиэ салгыы итинник оҥор, маннык гын,--диэн үөрэтиэ онно сэмэлиир, мөҕөр тыллары туттубат. Кини ити ньымата эдэр бөҕөстөргө кыһамньылаах уонна эппиэтинэстээх буолууга ордук дөбөҥнүк үөрэтэрэ. “Бөтүрүөбүс хайҕаата эбиитин көннөрөн оҥорон биэрдэ”,--- диэн астынар салгыы үлэлиир санаа күөдьүйэр.

Корр. --- Мин биири сөҕөбүн. Тренердэр иитэр-үөрэтэр оҕолорун тустар истиилигэр, техникаларыгар, тактикаларыгар, айар фантазиялара олоччу биир
буочар буолааччы. Оттон Дмитрий Петрович уолаттара кыра улахан маастарыттан тутулуга суох албастарыттан саҕалаан тустар, истииллэрэ, тактикалара, тустар фантазиялара, толкуйдуур айар комбинациялара бэйэ-бэлэригэр төрүт майгыннаспаттар уонна киһи эрэ сөгүөх хас биирдии хамсаныылара наһаа үрдүк таһымнаахтар. Итиччэ үлүгэрдээх элбэх сүүһүнэн уолу итинник араас элбэх албаска, комбинацияҕа хайдах ньыманан үөрэтиэххэ сөбүй?


И.А.Н. --- Кини дьарыктара сүрдээх демократичнайдар. Тустуугу хара бастакыттан самостоятельностка үөрэтэр. Тустуук айар толкуйдуур дьоҕурун Дмитрий Петрович хаһан да күөмчүлээбэт. Хас биирдии оҕо толкуйа тус туһунан. Сүүс киһи сүүс араас санаа, диэбит курдук. Хас биирдии бөҕөс бэйэтин-бэйэтэ сатаан көрүнэригэр улахан болҕомтону уурар. Албастары үөрэтиигэ эмиэ биир оннук. Хас биирдии оҕо этин-хаанын сайдыыта тус-туһунан. Онно сөп түбэһиннэрэн хамсаныылара эмиэ тус-туһунан.

Дмитрий Петрович улуута дьэ, манна сытар. Кини хас бирдии тустуук оҥоруон баҕар этигэр-хааныгар барсар албаһын дьарыктар кэмнэригэр таба көрөн
талара. Дьарыкка бука бары араас албастарга син биир тэҥник дьарыктанарбыт. Оччотооҕуга аан дойду аатырбыт бөҕөстөрүн японец Осами Ватанэбэ, ...
итинник аатырбыт бөҕөстөр тустууларын киинэҕэ устан аҕалара уонна ону көрдөрөн үөрэтэрэ албастарын ырытара. Биһиги ону ким хайдах сатыырынан
чочуйарбыт эрчиллэрбит.

Дмитрий Петрович эппитим курдук онно кимиэхэ ханнык албас ордук барсарын сатаан булан талара уонна ону сүбэлээн ыйан-кэрдэн, анаан-минээн үлэлэһэн күүскэ чочуйан үрдүктэн үрдүк таһымҥа таһаарара. Оттон оҕоҕо барсыбат, сатаабат албаһын үөрэтэ сатаан бириэмэтин, күнүн дьылын бараабат. Ол түмүгэр ити этэриҥ курдук, ханнык баҕарар бэйэ-бэйэтигэр майгыннаспат тустуулаах бөҕөстөр иитиллэн тахсаллар. Тустуу спордун дьиктитэ, кэрэтэ, умсулҕана, киһини бэйэтигэр тардар ураты күүһэ итинник арыллан тахсан иһэр.

Корр. Александр Николаевич Чурапчыга Дмитрий Петрович үөрэнээччилэрэ култууралара үрдүгүн, сиэрдээхтэрин, киэҥнэрин-холкуларын сааһырдаҕым аайы
өссө ордук күүскэ бэлиэтии, ытыктыы көрөбүн. Чурапчы бөҕөстөрүгэр бааргыт ээ элбэх ССРС, аан дойду, европа, оннооҕор Олимпийскай медалистар. Ол
эрээри кинилэр бэйэ-бэйэлэрин икки ардыларыгар да, туора атын улуус бөҕөстөрүгэр да туох ситиһиилээҕиттэн тутулуга суох олус үрдүк таһымнаах
ытыктабылынан сыһыаннаһаллар. Аҕа саастаах бөҕөстөрү “Убаай”, диэн дириҥ убаастабылынан ыҥыраллар. Биһиэхэ дьиҥэр атын улуустарга: “Ээ, ол киһи
кими кыайбыт буолан...”,--диэх курдук өйдөбүлүнэн бырахсар табаарыстар эмиэ баар буолааччылар. Д.П.Коркиҥҥа, эһиги оскуола иитиллээччилэригэр итинник өйдөбүл суох. Хайдах, ханнык ньыманы туһанан итинник аһара үрдүк култууралаах, улахан сайдыылаах иитиини үөрэтэр бөҕөстөрүгэр Дмитрий Петрович биэрбитэ буолуой
?

И.А.Н. --- Дмитрий Петрович кини кэргэнэ Александра Семеновна тугу эппиттэрэ биһиэхэ суруллубатах сокуон. Хайа доҕоор тустуук, тустуу маастара, диэн улахан улуу киһи буоллаҕа. Тустуук буолуу, диэни мээнэ киһи ситиспэт. Тустуук улахан сайдыылаах, өйдөөх, үрдүк култууралаах, күүстээх эрэ киһи буолар. Онно иитэр, өйдөтөр ньымата Дмитрий Петровичка элбэх. Кини ханнык да балаһыанньаҕа биһигини кытары тэҥник сыһыаннаһара. Элбэхтэн биири бэлиэтиим.

Ханнык да улахан турниры кыай ССРС, аан дойду, европа чемпиона буолан кэл. Эрчиллэр оҕолоргун кытары биир өлүүгэ өлө сылдьар дьоҥҥунаан тэҥҥэ
тутара. Бу уол тугу эрэ ситистэ, диэн ойуччу тараҥнаппат буолара. Аны ол кыайан-хотон кэллэххинэ дьарыкка биирдии мүнүүтэ уон уолу кытары туһуннарар.

Күүстээхтэр бастакы оттон эйиэхэ талбыт хотторор, бэлэми ситэ бара илик киһи саамай кэнники турар. Тэҥнээхтэргиттэн саҕалаан солбуһан ол бүтэһик ситэ бэлэмэ суох уолга тиийиигэр олох быстан, эстэн тиийэҕин. Ол табаарыһыҥ эйиигин оҕолор бары көрөн турдахтарына көҥүл тырыта-тыытан, итиннэ-манна тамнаан кэбиһиэ. Бүттэҕиҥ дии. Ол кэнниттэн бииргэ үөрэнэр оҕолоргор улуутумсуйа, уруһуйдана сылдьыаҥ дуо. Барыбытын итинник тэҥнээн кэбиһэр ньымалардаах. Итинник ньымаларын улахан спортан баран сааһыран иһэн биирдэ арааран өйдөөбүтүм.

Корр. --- Буоллаҕа аны үрдүкү кылаас оҕолоро буоллун син биир оҕолор. Ордук холобура бу эн курдук куруук сбордарга сылдьар бөҕөс үөрэхтэрин хайдах ситиһэллэр. Ханнык баҕарар төрөппүккэ төбө ыарыыта буолбут таҥас-сап көрүнүүтүттэн саҕалаан араас кыһалҕа элбэх буоллаҕа. Онно оччоттоҕу модун ССРС ханнык баҕарар куоратыгар эбэтэр кыраныысса таһыгар сылдьар оҕо хайдах дьаһанар?

И.А.Н. --- Эппитим дии хас биирдии оҕо дьарыктарга эрэ буолбакка бэйэтин-бэйэтэ дьон сэргэ ортотугар сатаан көрүнэригэр улахан болҕомтону уурара.
Суумкабытын толору үөрэнэр тэтэрээттэрбитин, кинигэлэрбитин олоччу хаалаан кыра кылаастартан сүгэ сылдьарбыт. Баҕар Эмиэрикэҕэ тиий, баҕар Ирьаҥҥа тиий үөрэнэр суумкаҕын сүгэ сылдан дьарыктанаҕын. Сбордарга барыахпыт иннинэ учууталларбыт анал сорудахтары биэрэллэрэ. Кэллэхпитинэ бары учууталлар предметтэринэн сүрдээҕин кыһаллан, ис истэриттэн баҕаран туран биһигини кытары дьарыктаналлара. Аны бииргэ үөрэнэр оҕолорбут эмиэ биһигини кытары дьарыктаналлар. Онон үөрэх программатын син биир ситиһиннэрэллэр. Биллэн турар ыйы-ыйынан сборга сылдьар оҕолор таҥаспытын,
үөрэнэр тээбириннэрбитин олоччу бэйэбит көрүнэн, сааһыланан сылдьарбыт.

Бэйэни бэйэ көрүнүүтүгэр Дмитрий Петрович улахан болҕомтотун уурара. Ол үтүө түмүгэр кэлин олоххо норуот ортотугар тахсан да баран тустуук уолаттар сатаан бэйэтин көрүммэтэх, олоҕор дьонтон итэҕэс дьаһаммыт биһиги кэккэбитигэр этэҥҥэнэн суох. Аны биһиги ортобутугар ийэтэ эбэтэр аҕата суох эбэтэр түгүрүк тулаайах оҕолор кытары бааллара. Бука бары дэҥҥэ-оһолго түбэспиттэн уратылар ыал буолан оҕо-уруу тэнитэн эһээ-эбээ буолуу үрдүкү дуоһунаһын этэҥҥэнэн сүктүбүт. Александра Семеновна уонна Дмитрий Петрович Коркиннарга ити иһин улаханнык махтанабыт. Кинилэр олбуордара, дьиэлэрэ хаһан баҕарар биһиэхэ аһаҕас буолара. Арыт соруйан ыҥыран анаан-минээн иҥэмтэлээх аһынан оҕолору аһатар адьас улахан киһини кытары курдук тыл аҥаардаһан боччумнаан кэпсэтэр дэлэгэй, үтүөкэн майгылаахтара.

Корр. --- Александр Николаевич Дмитрий Петрович тустууну айан толкуйдаан тустарга сатаан үөрэтэрэ. Ону ханнык ньыманан ситиһэрэй?
И.А.Н. --- Чурапчыга Д.П.Коркин музейыгар киниэхэ үөрэммит уолаттар суруйбут үлэлэрбит түмүллэн сытар паапкалара баар. Ону көрөөр. Күрэхтэһииттэн кэллэхпитинэ ким кими кытта хайдах тустубутун, ханнык албаһы туһаммытын, куттаммытын кутамматаҕын, оҥорор албаһа төһө сатаммытын сатамматаҕын онтон да атын тустуу хайдах сайдан хааман испитин суруйтарара. Биһиги ону Бөтүрүөбүс сорудаҕа,-- диэн дьэ кыһаллан-мүһэллэн суруйуу, бичийии бөҕө буолабыт. Арыт онно араастаан фантазиялааһын, эбэн биэрии да баар буолара. Ол тустууну толкуйдаан айан сайыннаран тустууга эмиэ туһалаах буолар эбит. Онон бүппэт аны бииргэ сылдьыбыт киһиҥ тустуутун хайдах өйдөөбүккүн эмиэ суруттарара. Итинэн бадаҕа бэйэ-бэйэбитин хонтуруоллатар ньымата.

Түмүгэр бэйэ-бэйэбитигэр сэрэхтээхтик, дьиҥнээх убаастабылынан сыһыаннаһарбыт. Табаарыһыҥ хайдах тустубуккун, хайдах сылдьыбыккын Бөтүрүөбүскэ син биир суруйан биэриэ дии. Кэлин өйдөөтөххө ити иһэ истээх улахан муударай дьаһал эбит. Бэрээдэги да тутар иккис курдук саамай кылаабынайа бөҕөс толкуйдуур, тустуу хаамыытын толкуйдаан сатаан салайар, айар дьоҕурун сайыннарар.

Корр. Александр Николаевич эйиигин айан толкуйдаан тустуу маастара диэн аан дойдуга билинэллэр. Эн баяҥҥа, гитараҕа бэртээхэйдик оонньуугун. Ханнык баҕарар партияны толоруох иннинэ төбөҕөр толкуйдаан айан көрөн баран оонньуугун. Ити тустууларгар көмөлөһөрө буолуо дуо? Итиннэ хайдах үлэлииргин быһаарыаҥ этэ дуо?
И.А.Н. –- Боппуруоскун өйдөөтүм. Тустуук аан бастаан улахан артист буолуохтаах. Кини публикаҕа оонньоон көрдөрүөхтээх. Өссө кыра киһиргэс буолуон наада. Дьэ, оччоҕо элбэх албаһы оҥоруон наада. Аны ол албастар элбэх араас барыйааннаах, комбинациялардаах буолуохтаах. Син биир улахан горсмейстерга оонньотор партиятыганр дуобат, саахымат албастарын барыйаана элбэҕин курдук элбэх кэмбитнээссийэлэри үрдүк таһымҥа толкуйдуохтаах. Итинник көһүтүллүбэтэх албастан көмүскэниигэ, онно утары албастары оҥорууга, бэйэ атаакалааһыныгар, толкуйдаан айан бэлэмнэниэхтээх.

Аны ол олоччута кимиэхэ эрэ анаммыт сибээскэлээх буолуон наада. Импровизация дьэ итинтэн тахсан кэллэҕэ ити дии. Итини оҥорорго Бөтүрүөбүс хайдах тустубутуҥ туһунан суруттаран бөҕөс толкуйдуур, айар дьоҕурун олус бэркэ сайыннарар. Ол иһин ол суруттарарыгар эмиэ ити үөһээ эппитим курдук араастаан толкуйдаан, фантазиялаан эбэн биэрэн суруйарбыт. Ити аата кини самостоятельностка үөрэттэ. Дьэ итиннэ ити этэр музыканы айар, толкуйдуур, оонньуур дьоҕуруҥ эмиэ көмөлөстөҕө ити дии.

Аны дистанционнай тустуу диэн баар. Ыраахтан сылдьан эрэ толкуйдаан тустаҕын. Холобура бэйэҥ ыйааһыҥҥар тустар Алихвардиевы, Нарсуллаевы кытары
кинилэр хайдах тусталларын өйгөр оҥорон көрөн толкуйдуугун уонна ону утары толкуйдаан тустаҕын. Ол мэйиигэр суруллан хаалан хаалар. Онно былчыҥнарыҥ эмиэ бэлэмнэнэн сөптөөх сигнал ылар. Аны бу тустубут киһигин кытары аныгыс көрсүүгэр эмиэ олох атын тустууну толкуйдаан тиийиэххин наада. Кини эмиэ эйиигин үөрэтэр бэлэмнэнэр. Ону учуоттуур наада. Итинник тустуу, диэн хаһан да бүппэт дириҥ, киэҥ далай олох.

Итиннэ эйиигин билбэт тренер хайдах да көмөлөһөр кыаҕа суох. Кини эн олоххо проблемаларгын, дьарыктанар усулуобуйаҕын, күрэхтэһиилэргин бэрийэн
бэлэмнээн да биэрдэҕинэ ол да сөп. Атынын Бөтүрүөбүс биһиэхэ хайдах самостоятельно үлэлиири, толкуйдууру, дьарыктанары оҥорон биэрбитэ.
Билигин мин ол иһин тустар уолаттарга дистанционно туста үөрэниҥ, диэн сүбэлиибин. Биир икки албаска дьарыктаммыт киһи албаһа сатаммата да истиэнэҕэ баран түспүт курдук төттөрү тэйиэ да онон бүтүө дии. Билиҥҥи тустууга оннук бүтэллэр даҕаны.

Дьиҥэр билиҥҥи быраабыла албастары араас элбэх кэмбинээссийэлээн айан толкуйдаан тустар киһиэхэ олус үчүгэй быраабыла кэлэн турар.


Арамаан Дьөгүөрэп.
Category: Спорт | Views: 1927 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 21
Ыалдьыттар (гостей): 21
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024