News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2016 » Ыам ыйа » 23 » 2019 сылга Ньурба аэропорда бетон балаhаланыахтаах
2019 сылга Ньурба аэропорда бетон балаhаланыахтаах | 17:09 |
23.05.2016 16:58
ИА «Yakutia24/Якутия24». Бу туһунан Ньурба улууhун баhылыга Борис Николаевич Попов иhитиннэрдэ. Кулуба этэринэн, бу барыл Москуба куоракка туhааннаах биэдэмистибэлэргэ тургутууну барар. 60-с,70-с сыллар кэмнэрин, Ньурба эргэ, мас аэропордун санаан кэлэбин. Вокзал соччото суох, самнархай этэ. Хата ол оннугар, «ЯК», «АН-2» салгын аалларын, «МИ» вертолет арааhа дьэ манна баара. Үлэ күөстүү оргуйара. 80-с сылларга Ньурба быыкайкаан да буоллар таас вокзалламмыта. 1994 сыллаахха Сунтаарга мас вокзаллара умайан, ол диэки барыахтаах «АН-24» көтөр ааллары, Ньурба пуордугар тyhэрэллэрэ. «Стыковкалаан», Ньурбаттан Сунтаарга суукка устата биир эрэ «АН-2-ны» сырытыннараллара. Баhаам киhи мунньуллара. Иhэ yллyбyтэ, 8-9 эрэ киhини ылар, эргэ аал туох кэлээхтиэй?!Хата, Ньурба авиационнай тэрилтэтэ бэйэтин ис риэйистэрин кыаммакка да олорон, Сунтаары кyн аайы хааччыйбытын, сылаас тылынан бэлиэтээн ааhыахха баара. Авиатордар ол ыарахан кэмнэргэ быыкаа уонна кэмигэр хаhан да кэлбэт хамнаска yлэлээбиттэрэ. Санатан эттэххэ, Ньурба авиаэтэрээтэ 70-с сылларга балтараа тыhыынча киhилээх улахан тэрилтэнэн биллэрэ. Пилоттара – сахалар, нууччалар, украинецтар, ньиэмэстэр этилэр. Сэбиэскэй Сойуус эстээтин кытары, Ньурба этэрээтэ улам аччаан, симэлийэргэ-уостарга барбыта.
Бyгyн, букатын сабыллан хаалбакка, аэропорт тигинэччи yлэлии олорор. Ньурба аэропорда Москубаттан салаллар, ФКП «Аэропорты Севера» састаабыгар киирэр.
Бyгyн мин Ньурба авиапордун ытыктабыллаах дьоннорун - салайааччы Степан Степанович Сафоновы уонна бэтэрээн-авиатор Михаил Афанасьевич Тихоновы кытары сэhэргэспиппин тосхотобун. Кэпсиир авиатор Степан Сафонов:
- Ньурба аэропордун бетон балаhатын тутуута олоххо киирэригэр yлэлиибит. Федеральнай таhымнаах « Уhук Илин уонна Байкаал эрэгэйиэнин 2018 сылга диэри сайдыыта» бырагыраамманан сиэттэрэн, пуорт бетон балаhатын тутуута барылга киирдэ. Ньурба улууhун уопсастыбаннаhа хас эмэ сылы-сылынан, ССРС кэмнэриттэн ылата, искусственнай бyрyйyyлээх(«бетон») балаhа баар буолуутун туhугар быыстала суох туруорсан кэллэ. Дьэ, билигин балаhыанньа уларыйыахча курдук.
Ньурба куоратыгар авиационнай балаhа кутуутун(1,8 биэрэстэ) барыл, судаарыстыбаннай чинчийиини(«Госэкспертиза») бэркэ ааста. Бырайыактыыр yлэлэр толорутук бардылар. Онон федеральнай, тус сыаллаах бырагыраамма олоххо киирэрин кyyтэбит.
- Степан Степанович, Ньурба аэропордун туhунан кылгастык кэпсиир билиhиннэрэр оруннаах буолуо.
- Ньурба аэропорда 1956 сыллаахха алтынньы 12 кyнyгэр тэриллибитэ. 192-с Холбоhуктаах авиаэтэрээт баар буолбута. Кэлин аэропорду кытары холбоммут Ньурба авиаэтэрээтэ диэн ааттаммыта. Сыала-соруга – чопчу хайысхалаах этэ. Ол курдук, алмаас хостооhунугар усулуобуйаны тэрийии, геология базатын тэрийии буолбута. Амакинскай, Ленинградскай, Московскай, Иркутскай эспэдьииссийэлэри, алмаас саппаастаах Бyлyy, Марха, Ыгыатта, Далдын, Анаабыр сyнньyлэринэн сырыыларын хааччыйыы киирбитэ. Урут, дьэ кырдьык, улахан авиаэтэрээт этибит. Мин манна, 1971 сыллаахтан ыла yлэлии сылдьабын. Сэбиэскэй кэмнэргэ Ньурба авиаэтэрээтэ, ПО-2, ЯК-12, АН-2, ЛИ-2, ИЛ-14, МИ-1, МИ-4 салгын аалларын кытары yлэлиирэ.
1966 сыллаахха авиаэтэрээт МИ-6 улахан вертолету ылбыта. 70-с сылларга, Кыhыл Сыырга гаас промышленноhа сайдан, Ньурба авиаэтэрээтигэр киирэр пуорт тэриллибитэ. Онон, алмаас, ниэп, гаас промышленноhын чинчийиигэ, тургутууга, Ньурба авиацията сyдy оруоллаах.
Кэпсиир 35 сыл лyеччyктээбит авиатор Михаил Тихонов:
- Степан Степанович эппитин курдук, алмаас уонна ниэп-гаас промышленноhын сайдыыта Ньурба авиациятын кытары ыкса сибээстээх. Ол оруолун бэлиэтээн, аналлаах тyмэл тэрийдибит. 70-с, 80-с сылларга Ньурба авиаэтэрээтэ ЯУГА («Якутское управление гражданской авиации») биир кыахтаах, элбэх хайысхалаах тэрилтэтигэр кубулуйбута. 16 вертолеттаах этибит.
Сyрдээх хорсун, уопуттаах лyеччyктэрдээхпитинэн киэн туттабыт. Ньурба авиатордарыттан, ССРС уhулуччулаах пилоттарынан, 270-с вертолет этэрээтин хамандьыыра Н.Бекурин, старшай штурман В.Ванин, МИ-6 хамандьыыра – С.Иванов буолбуттара. Сахалар авиация салаатыгар, сыhыаннаах омукпут. Ньурба авиаэтэрээтин yлэhиттэрин 40-ча бырыhыана(!) – саха уолаттара этилэр.
Ааттаталыыбын: үрдyкy кылаастаах вертолетчиктар – С.Иванов, Н.Кириллин, В.Пан-Си-Хэ, пилоттар – П.Борисов, С.Кырбааhап, Г.Алаанныырап, К.Иванов, М.Тихонов, А.Бубякин, талааннаах инженердэр – И.Иванов, В.Николаев, И.Ильинов, Ф.Марков, АСВС филиалын салайааччыта – И.Акимов, салгын аалларын хонтуруола – Н.Пан-Си-Хэ, авиатиэхиньиктэр – М.Пан-Си-Хэ, П.Семенов, пуортар салайааччылара – П.Сылгытов, А.Иванов, В.Охлопков, А. Павлов. Элбэх билиилээх, эппиэтинэстээх уолаттар yлэлээбиттэрэ.
- Михаил Афанасьевич, улуус кулубата Б.Н.Попов миэхэ бэрт сэргэх сонуну иhитиннэрдэ. Федеральнай барылга, Ньурба пуордун балаhатын бетоннаныыта киирбит. Бу маннык кэм кэлэрин ньурбалар бэрт тулуурдаахтык кyyттyлэр. Ньурба аэропуордун балаhата бетонунан бyрyллэр тyгэнигэр ханнык куораттарга айанныыр кыах баар буоларый?
- Ханна барытыгар. Дьокуускай, Мииринэй, Иркутскай, Красноярскай, Екатеринбург. «Бомбардьелары», «Ан-12» ааллары тyhэртиир буолуохтара. Бетон балаhа тутулунна да, ардах да хаар тyстyн, хаайтарыы диэн суох буолар.
- Барыта сатаннар, Ньурба эрэ буолбакка, Бyлyy Эбэ Хотун умнаhын олохтоохторо - бары да интэриэстээх дьыалабыт.
Станислав Алексеев. Мииринэй-Ньурба.
|
Category: Мэрия, районы, муниципалитеты |
Views: 1275 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 93 Ыалдьыттар (гостей): 93 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|