News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2016 » Ыам ыйа » 25 » Киһикэйдэр.Тимин Боотур (номох)
Киһикэйдэр.Тимин Боотур (номох) | 10:12 |
Киһикэйдэр.Тимин Боотур (номох)
Бу номоҕу Конон Леонтьевич Кириллин - Дьөөкүү Куонаан.(Түбэй олохтооҕо) тылыттан Сунтаар биллиилээх фольклориһа Георгий Евгеньевич Федоров 1972 сыллаахха суруйбут. Ол суруйбутун 1985 с. Василий Саввинов устубут. Ону эрэдээксийэлээн М.А. Акимов, ийэбинэн бу кэпсэнэр дьон быһаччы удьуордара, көмпүүтэргэ түһэрдим.
Киһикэй
XVII үйэ саҕаланыытыгар (Сунтаар) Ыгыатта үрэх үрдүгэр Милэкэ олорботуттан икки көс бэттэх Киэҥ Күөл сыһыытын кытыытыгар Киһикэйдэр диэн бэрт сэниэ ыаллар олорбуттар. Кинилэр үс уолу улаатыннаран киһи оҥорбуттар. Улахан уол Үчүгэй киһи, хос аата Тимин Боотур диэн, боотур үөрэҕэр үөрэнэн улахан күүстээх-уохтаах киһи буолан тахсыбыт. Орто уол – Алта Тарбах – хаҥас илиитигэр алта тарбахтаах төрөөбүт. Аччыгый уол Хандакыап сааһын ситэн ойох ылар кэмигэр сылдьыбыт. Сөбүн ынах-сүөһү ииттэн, онно эбии бултаан-алтаан, аһаан-сиэн бэйэлэрин ииттинэн, этэҥҥэ буруо таһаарынан олорбуттар.
Киһикэйдэр улахан булчуттар, киэҥ нэкээлээх, ыраах ыырдаах кыанар-хотунар дьон буолан булт талыытын эрэ бултууллар, түүлээх эгэлгэтин хаһааналлар эбит. Киһикэйдэр хаһаастара киэҥник сураҕыран биллэрэ үһү.
Киһи аймах олоҕун сиэринэн аччыгый уол Хандакыап Милэкэ Быһыттааҕар олохтоох Далаас кыыһа Чааркааннаах диэни ойох ылаары билсэ кэлэр-барар буолбут. Ол сылдьан биир сайын сүтэн хаалбыт. Убайдара көрдөөн сири-дойдуну киэптии эргийэллэр, улаханнык эрэйдэнэллэр. Ити сылдьан уол өлө сытарын Быһыттаах кэриититтэн булаллар. Өлбүт төрүөтүн быһаараары бидилээн көрбүттэрэ, быарын быһа анньан өлөрбүттэр. Ким өлөрбүтүн кыайан быһаарбакка уолу өлбүт сиригэр араҥастаан кэбиһэллэр.
* * *
Тимин Боотур быраатын өлөрбүт киһини көрдөөн онон-манан эргийэр да булбат. Туораттан атын дьон сылдьыбыт сибикилэрэ биллибэт. Иккис сайыныгар Хочо, Милэкэ икки ардыларыгар Хопчоҕой Таас үрэҕин үрдүгэр кумахха аһара улахан суоллаах ат суолун оҥкулун булан, ону батыһан иһэн биир сиргэ уот оттуллубут кулуһун оннун көрөн тохтуур, чинчийэн көрөр. Кулуһун оннун кытыытыгар анньыллан турар кылгас суон үтэһэ төрдүгэр хаан хатан хаалбытын чуолкайдык быһаарар. Бу дьикти киһи тобоон ааспыта көстүбүт, оччотооҕу үгэс быһыытынан, үтэһэ хааннаах буоллаҕына хаан тохтуулаах көрсүһүү буолуохтааҕа халбаҥнаабат барычыай буолара үһү. Тимин Боотур оччону билэн-көрөн баран дьиэтигэр төннөн кэлэр уонна тугу көрбүтүн дьонугар кэпсээн биэрэр.
Тимин Боотур кэпсээнин бүтэрэн баран дьоһуннанан олорон кэриэс тылын этэр: “Мин бырааппын киһи киэнэ атамаана өлөрбүт буолуохтаах, олус ыраах олохтоох киһи буолбатаҕа буолуо. Онон, бырааппын өлөрбүт киһини иэһин ситэн, иккиттэн биирбит буолуор диэри сонордоһон көрүөм. Онон икки ыйынан эргиллибэтэхпинэ күүтэ-кэтэһэ сорунаайаҕыт”, – диэн, хайдах-туох олороллорун сүбэлээн-амалаан кэриэс тылын этэн баран сарсыарда сындалҕаннаах ыар айаҥҥа турунар.
Тимин Боотур Хочо сиригэр-уотугар тиийэн ээр-сэмээр сылдьар, сэһэннээҕи кытта сэһэннэһэр, сыымайдыыр. Ити курдук балачча өр сылдьар.
Биир үтүө күн кини көрдүүр киһитигэр маарынныыр, аһара улахан уҥуохтаах, күүһүн муҥура биллэ илик Модьукаан уола Килэк Боотур Наахараҕа олорор сураҕын истэр. Килэк Боотуру уйар ураты улахан аттаах эбит, онон Таас үрэхтээҕи ат суола киниэнэ буолуон сөбүн өйдөөн, киниэхэ барарга быһаарынар.
Килэк Боотур аарыма улахан туруорбах дьиэҕэ олорор эбит. Дьиэ тас өттүттэн көрдөххө, онтон-мантан кэлэр киһини кэтиир анал хаххалаах лаабыстаах. Дьиэ түгэх өттүнэн субуруччу барар күүлэлээх, оттон ойуур өттүнэн куотар хаххалардаах, кэпсииллэринэн, өссө харабыл киһилээҕэ үһү.
Тимин Боотур хас да түүн-күн манаан лаабыс үрдүгэр турар харабыл киһи суох буоларын күүтэр. Арай, биир түүн ол киһи суох буолбутун көрөн, сэрэнэн дьиэҕэ үөмэн киирэр. Хаҥас диэки утуйар ороҥҥо Килэк уот өттүгэр, ойоҕо улаҕаа диэки түлүк ууларыгар утуйа сыталлар. Киһи киирбитин билбэтэхтэр.
Тимин Боотур киһитэ ханан куотуон сөбүн үчүгэйдик үөрэтэн баран, утуйа сытар киһиэхэ хара быарын дьөлө түһэрдии туһаайан баран, оччотооҕу үгэс быһыытынан “Киһикэй улахан уола Тимин Боотур бырааппын өлөрбүккүн иэстээн кэлэммин өс-саас ситиһээри сүллүүлээх сүрэххэр үҥэн эрэбин” диэн бэйэтин биллэрэн баран хара быарын курдары, өрөһөлөрү-сүрэхтэри ибили анньан хоолдьугун уҥуоҕар тиийэн батыйата иҥнэр.
Килэк Боотур сырдык тыына быһыннаҕа ол. Ойоҕо сарылаабытынан олоро түспүтүгэр Тимин “эн миигиттэн куттаныма, өстөөхпүн өлөрдүм, саастаахпын сарбыйдым, иэспин-суолбун ситтим. Бу өлүөхсүт икки сыллааҕы сайын мин дойдубар тиийэн аччыгый бырааппын өлөрөн кэлбитэ. Эн миэхэ өһү-сааһы санаама. Итинтэн ураты туох да куһаҕаны оҥоруом суоҕа” диэн баран тахсан барбыт. Кэлин “Килэк Боотур киһиттэн ураты көрүҥнээҕин иһин, хайдах сүрэхтээх буолар эбит диэн сүрэҕин хостоон көрбүтүм – сүрэҕэ кулун сиэлин курдук түүлээх этэ” диэн кэпсиирэ үһү.
Тимин Боотур уонна халабырдьыттар
Арай биирдэ Дарбаҥныыр диэн хотугу Дьаархан оҕонньорунан сирдэтэн үс биллибэт киһи хотуттан талыы кэлбиттэр. Ол саҕана Милэкэҕэ киһи элбэх эбит. Кинилэр талыы иһэр дьону билэннэр Киһикэйдэргэ тыллабыр киһи ыыталлар. Онуоха Тимин Боотур сэп-сэбиргэл тэринэн күөн көрсө, күрэс былдьаһа утары барар.
Ыаканай маарын хоту өттүнээҕи бэс чагдаҕа ол дьону утары көрсө биэрэр. Сирдьит оҕонньор кэнниттэн үс толуу киһи атынан хаамтаран дьалыһытан иһэллэр эбит. Тимин Боотур сирдьит оҕонньорго утары хааман тиийэн охсон эрдэҕинэ анарааҥҥыта “тоҕойуом, өлөрүмэ” диэбит. Маныаха Тимин “өлөрүмэ диэбит буола-буолаҕын” диэт сутуругунан оҕонньор атын сүүһүн дьөлө охсон өлөрөн кэбиһэр. Онтон били дьону өйдөннөрөр бокуой биэрбэккэ ыстанан тиийэн үһүөннэрин аттарыттан суулларыта тардыталаан, батыйа иэдэһинэн дэлби таһыйтаан баран “Киһикэй уолаттарын килбиэннээх хара киистэрэ бу баар! Уура сытар уоттаах саһыллара бу баар!” дии-дии илиилэрин былчыҥын батыйа уһугунан тырыта сотуталыыр. Бу кэннэ дэлби кырбанан кыаммат буолбут дьону аттарын үрдүгэр албанныы быраҕаттаан баран кэлбит сирдэрин диэки үүртэлээн кэбиһэр уонна хойут даҕаны бэлиэ буоллун диэн аарыма улахан бэһи батыйанан сирэйдии суоран кэбиһэр.
Өлбүт аттаах сирдьит оҕонньор туран куотан хаалбыт. Итинтэн ыла Ыаканай маарын чагдата билиҥҥэ диэри “Суорбут Бэс” диэн ааттанан турар.
Нөҥүө сылыгар Тимин Боотур Дьаархаҥҥа Дьаҥхаады диэн чугас билэр доҕоругар күүлэйдии барар. Оччотооҕу дьон “ымыыбыт” диэн ааттаан ох сааларын, тайыы батыйаларын илдьэ сылдьаллара үһү.
Сарсыныгар эрдэлик тиийэн ыалын кытары ирэ-хоро кэпсэтэ олордоҕуна таһырдьаттан үс киһи көтөн түһэллэр да Тимин Боотуру үөс батааска биэрбэккэ үөл мас сүлүгэһинэн үлтү кырбаан дөйүтэн түһэрэллэр. “Былырыын бу илиигинэн биһигини кэбилээбитиҥ, аны биһиги кэбилиибит, аны бу илиигинэн туттаргын көрүллүө” дии-дии биллэрик орон чампарыгар тарбахтарын уура-уура илдьи сынньаллар уонна өллө диэннэр орон анныгар үҥкүрүтэн баран, сэргэҕэ баайбыт атын холбонон дойдуларыгар төннөллөр.
Тимин Боотур өр соҕус сытан тыын киллэрэн өйдөнөн барар. Дьаҥхаады оҕонньорго аһаан-сиэн күүс ылынан, атын, саатын уларсан өстөөхтөрүн эккирэтэр. Куоппура үрэҕин туораан Нуучча мунна диэн хайа чагдатыгар, Хомустаахтыыр суол төрдүгэр ситэ баттыыр уонна атын сэтиилэнэн иһэр киһини оҕунан ытар. Илиитэ кыайан таба туппакка, оноҕос анарааҥҥы киһини ыҥыырын бүргэтин, көмүс курун курдары ытан иэнин иҥииригэр хатанар. Ол киһи холбонон иһэр атын көнтөһүн быһаҕынан быһа баттыыр уонна куоппуттар. Тимин бэйэтин атын үрдүгэр түһэн баран ыһыытыы-ыһыытыы сырсан туманнатар да сиппэт. Илиитэ кыайан туппатын, ытыалаһар кыаҕа суоҕун билинэн төннөргө күһэллэр. Хотулар “Тимин Боотур өлбөт үөстээх киһи эбит” диэн иккиһин эргиллибэтэхтэр.
Кырдьан олорон
Тимин Боотур күн соҕотох Чуочахаан диэн кыыстааҕа бэйэтин дойдутун киһитэ Дьоруо Дайах диэн аатырбыт быһый, күүстээх, булчут киһиэхэ ойох тахсыбыт. Тимин Боотур күтүөтүн аахха олорон бүдүгүрэ кырдьан, икки кулгааҕынан истибэт буолан улам дьаарайан барар.
Кыһын хаар халыҥаабытын кэннэ, Дьоруо Дайах ыала киһини кытта урут бэлиэтээбит эһэтин арҕаҕын тайана тахсаары тэринэр. Маны оҕонньордоро курдары сэрэйэн, анал атын ыҥыырданан, батыйатын ылан күтүөттээх ыалын кэннилэриттэн атын миинэн батыһар. Эсэһиттэр арҕах чугаһыгар, бүө баанар сирдэригэр тохтообуттарын кэннэ, оҕонньор дьонун кытта сүбэлэһэ, кэпсэтэ барбакка батыйатын ылар да арҕах диэки буурдаан адаҥхастана турар.
Көрдөхтөрүнэ, алдьанан хаалбыт сутуруотун быыһынан буутун этэ туртаҥныыра үһү. Оҕонньордоро арҕах айаҕар тиийэр, арҕах бүөтүн батыйатынан көҥүтэ силэйэн кэбиһэр уонна “Килэкий улахан уола Тимин Боотур кэлэн турабын, тойон сытаҕын дуу, хотун буолаҕын дуу, тахсан көрүс” диэн ордоотуур. Эһэ сулбу ойон тахсан эрдэҕинэ батыйатынан сүрэххэ курдары анньан киэр эһэн кэбиспит. Ити Тимин Боотур тиһэх бултааһына эбит, тиһэх-тиһэх курдук, аарыма салаҕай эмис кыыл үһү.
“Кэнэҕэс кэпсэл, кэриэс буоллун, хойуккку дьон ааппын ааттаан ахтар буоллуннар, үтүө киһи өлбөт-сүппэт бэлиэтэ буолан туруохтун” диэн Киэҥ Күөл үрдүгэр аҥаар өттүгэр дьабалаах баай тиити дьаба өттүнэн чарааһата суоран баран муос оноҕоһунан дьөлө ыппыта үһү. Ол дьөлө ытыллыбыт үүттээх тиит 1941 сыллаахха диэри турарын, дьөлө ытыллыбыт сирэ сымала буолан бүөлэнэн хаалбытын көрбүтүм” диэн кэпсиир Конон Леонтьевич Кириллин оҕонньор.
Үөһэ суруллубутун курдук, Тимин Боотуртан Чуочахаан кыыс төрөөн Дьоруо Дайахха кэргэн тахсыбыт. Оҕоломмуттарын туһунан сурах суох.
Тимин быраата Алта Тарбахтан Түбэй Дьаархан, Ыгыатта, Түбэй, Сиэйэ, Кутана нэһилиэктэрэ ууһаан-тэнийэн олороллор. Кини уолаттара Лэһиинчэ Антон уонна Лахачаан. Лахачаан үс ойохтооҕо үһү: төрүт ойоҕо Туос кыыһа Чуохаан Силик, одьулуун ойоҕо Өлөҥ үрдүгэр олорбут, тардыылык ойоҕо Налгаах Ыгыатта үрэх чугаһыгар Кириэстээх элгээн үрдүгэр олохтообут.
|
Category: История, философия |
Views: 1461 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 91 Ыалдьыттар (гостей): 91 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|