Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » Ыам ыйа » 28 » Көҥүл тустууга Россия чемпионатыгар араллаан төрүөтэ. Маннык тустуу наада дуо?
Көҥүл тустууга Россия чемпионатыгар араллаан төрүөтэ. Маннык тустуу наада дуо?
08:00

Көҥүл тустууга Россия чемпионатыгар араллаан төрүөтэ. Маннык тустуу наада дуо?

Көҥүл тустууга Россия чемпионатыгар араллаан төрүөтэ. Маннык тустуу наада дуо? Суббота, 28 Мая 2016 01:58
Дьокуускайга буола турар көҥүл түстүүгэ Россия чемпионатын бастакы күнэ үгүс көрөөччүлэри хомотто. Дьон санаата икки аҥы хайынна.

Аҥаардара - саха бөҕөһө, Саха сирин хамаандатын хаппытаана Виктор ЛЕБЕДЕВ кыайда дииллэр, аҥаардара – тустуу спорда сытыйбыта илэ көһүннэ диэн кэлэйии бөҕөтүн кэлэйдилэр...

***

Араллаан төрүөтэ - Дагестан бөҕөһө Исмаил МУСУКАЕВ Виктор ЛЕБЕДЕВЫ кытары киирсиитэ 4:3 ахсааҥҥа хотторбутуттан сылтаан таҕыста. Анарааҥҥылар да, бэтэрээҥҥилэр да хапсыһыы кэнниттэн сутуруктарынан киирсэн истэхтэринэ ОМОНнар тохтоттулар. Дагестаннар “балыйдылар” диэн салгыы киирсэртэн аккаастаннылар. Россия тустуутун федерациятын чилиэннэрэ санаалара эмиэ атын-атын буолла.

РФ спордун миниистирэ Виталий МУТКО  дагестаннар салгыы тустартан аккаастаммыттарын “сиэрэ суох” диэтэ, оттон РФ тустууга федерациятын чилиэнэ Феликс ПРЕМИЛЬСКЭЙ федеральнай СМИгэ “Дагестан бөҕөһө кыайбытын сыыһа судьуйалаатылар, хапсыһыыны судьуйалаабыт састаабы барытын туораттыбыт, МУСУКАЕВ салгыы Рио-де-Жанейроҕа барар олимпийскай путевка иһин син биир киирсиэ” диэн эттэ. ПРЕМИЛЬСКЭЙ тылын-өһүн “Коммерсант” сайта бэчээттээтэ. Оттон бу издательскай дьиэ хаһаайына - олигарх Алишер УСМАНОВ, гимнастикаҕа дойду хомуур хамаандатын кылаабынай тренерэ Ирина ВИНЕР кэргэнэ. УСМАНОВ омугунан узбек.  Бу киһи аата тоҕо ааттаммытын аллараа быһаарыахпыт.

Көрөөччүлэр аҥаардара, эппиппит курдук, ордук спорка сыһыаннаах өттө – ЛЕБЕДЕВ кыайда, өссө “кинилэр орулаатахтарын аайы” диэн кыйаханнылар, онтон атыттара – олох эрдэттэн кэпсэтиллибит турнир эбит диэн “Триумфтан” тахсан бардылар.

***

Спортсменнар сүүмэрдэммит хамаандаҕа киирэллэрэ, миэстэлэһэллэрэ туспа расценкалаах дииллэр. Степан Сивцев “Саха” НКИК-гар интервью биэрэригэр, “сэрэбиэй оҥоһуллубут”, ким кыайыахтааҕа эрдэттэн кэпсэтиллибит, атыыламмыт судьуйалар “көрөн туран балыйалларын” хаста да этэн турардаах. Ол иһин да бу турниры дьон "чиэһинэйэ суох күрэс былдьаһыы" диэн сыана быстаҕа.

***

Спорт уонна нарктик

Улахан спорт – улахан харчы. Күрэхтэһии төһөнөн таһымынан үрдүк да, соччонон криминальнай диэн этэллэр. Улахан спорт киһи доруобуйатын алдьатар, кээһэтэр буолбута ыраатта. Мэтээл туһугар спортсменнар ытыһынан араас анаболиктары ыйысталлар, допинг-хонтуруолу албынныыр араас эмтэри иһэллэр. Подпольнай фармацевтика силигилии сайдыбытын туһунан, Дьокуускай спортивнай саалаларын алҕаска да өҥөйбүт киһи истиэн сөп.

УСМАНОВ наркобизнеһи кытары сибээстээҕин туһунан суруйан аҕай биэрэллэр. Хас да сыллааҕыта Дьокуускай оҕо спортивнай оскуолатыгар Москваттан художественнай гимнастика тренерэ үлэлии кэлбитин уруйдаан-айхаллаан көрсөн турардаахпыт. Эчи, тренербит аата-суола, чыына-хаана да элбэҕэ, эбиитин Винери кытары тэҥҥэ үлэлээбит уопуттааҕа! Дьэ, оҕо бөҕөтө сылдьан кумахтатан испитэ баара... сотору соҕус ол тренербит наркотигы атыылаан тутуллубут сураҕын истибиппит.

Винер дьүөгэтин кыыһа Дьокуускайга тренеринэн кэлэн баран наркотикка тутуллубутун кэннэ хаста да дьыаланы тохтотоллорун туруорсан кэпсэтэ сылдьыбыта биллэр.

***

Узбекистан, Киргизия, уопсайынан, Орто Азия, Кавказ өрөспүүбүлкэлэрэ Афганистантан киирэр наркотик суолун айаҕар тураллар.  Наркобизнес муҥутуур сайдан турар сирдэрэ.

Арассыыйаҕа наркоман ахсаана күн-түүн балысханнык эбиллэн иһэр. Регионнарга сүлүһүннээх дьаат туоннанан кэлэр буолла диэн Госнаркоконтроль өрүү иһитиннэрэр этэ. Бу наркотигы тарҕатыыга, чуолаан спортсменнары туһаналлар диэн федеральнай хаһыаттарга суруйуулар эмиэ тахсаллар.

Кэлиҥҥи кэмҥэ Саха сиригэр синтетическэй наркотиктар оскуолаларга тарҕанан бөҕө эрэллэр. Кылаас кылааһынан ол-бу сүлүһүнү тардар диэн Дьокуускайдааҕы 2-с №-дээх оскуола оҕолоро бэйэлэрэ кэпсииллэр.  

Сир-буор аннынан иһиттэххэ, наркотиктары "спортивнай мафия" тарҕатар. Холобур, соторутааҕыта саха оскуолатыгар наркотик атыылаан тутуллубут оҕону спортивнай секцияҕа сырыттаҕына “вербовкалаабыттар”  диэн кэпсииллэр. Ким да "спортивнай мафияны" (учууталлар, төрөппүттэр, дириэктэрдэр) сибээстэһиэхтэрин баҕарбаттар  - куттаналлар, онон айдааны таһаарбаттар диэн биир төрөппүт кыһыйан биһиги редакциябытыгар суруйан турар.   

Тустууну Кавказ омуктара баһылаан олороллор. Бу дьон былыр-былыргыттан мэнэйдэһэ, эргинэ үөрэммит омуктар. Үөһэ ахтыбыппыт курдук, Кавказ Афганистантан киирэр наркотик суолун биир улахан тоҕойо. Онон, спортсменнарынан, чуолаан баһылаан-көһүлээн олорор спорт көрүҥнэригэр – тустууктарынан наркотигы тарҕатарга туһаналлар буолуо суоҕа дуо? Хас биирдии миэстэ бэйэтэ прейскураннаах буоллаҕына, баҕар, бачча чемпиоҥҥа бачча “өҥө” диэн этиэхтэрэ суоҕа дуо?

Былырыын Семен СЕМЕНОВ диэн Казахстан хамаандатыгар  тустар саха уола Иркутскай суутунан наркотикка тутуллан улахан спортан туоратыллыбыта. Бу уолу көмүскээн Ил Түмэн депутаттара кытары ыҥырыы суруйбуттара. Ол гынан баран спортсмен эмиэ иккистээн түбэспит диэн буолбута. Ол аата факт баар буоллаҕа.

Дьэ, бэйэ норуотун дьаатынан сутуйуу ынырык да дьаабы... 

***

Спорт –криминальнай аҥардаах эйгэҕэ кубулуйда диэн бары кэриэтэ билинэллэр. Элбэх харчы хамсыыр эйгэтигэр барытыгар криминал араас суорда түбүлүүр үгэстээх, ала-чуо спорт онтон ордубута буолуо диир саарбахтардаах.

Саамай коррумпированнай көрүҥүнэн күүс-уох (силовой) көрүҥнэри ааттыыллар. Япончик, Михась, Мансур диэн аптарытыаттар, чуолаан, бу көрүҥтэн “тыыллан-хабыллан” турбуттара дииллэр. Силовой көрүҥ кэнниттэн футбол криминальнай испиэһэккэ иккис иһэр. Футбольнай турнирга элбэх кирдээх хаппытаал “ыраастанара” биллэр.  УСМАНОВ, АБРАМОВИЧ. Онтон да атын олигархтар футбольнай кулууптар  активтарын атыылаһаллара элбэҕи этиэн сөп.

Спорка сүрүн харчы "сууйуута" Фондаларынан барар.  Фонда харчыта хамсыырын ким да хонтуруоллаабыт. Төһө баҕарар харчыны уган "сууйан-тараан" таһаарыахха сөп. Ол иһин даҕаны былааска чугаһаабыт спортсменнар араас Фондалары аһан эрдэхтэрэ.

Судаарыстыба таһынан, араас  улахан корпорациялар, хампаанньалар спонсор быһыытынан уонунан мөлүйүөнүнэн дуоллары спорка угаллар. Ол харчы ханна, хайдах туттуллара отчуоттаммат, чопчу суумата этиллибэт даҕаны.  Бу айылаах күрүөтэ суох хаһааҕа ким күөлэһийиэн баҕарыа суоҕай?

Арассыыйа спортивнай эйгэтэ кыайан үлэлээбэт буолла диэн түрүлүөн түһэрэ сатааччылар бааллар, суохтар буолбатах.  Ол гынан баран ол дьон саҥата хайалар быыстарыгар ой дуораана сүтэринии сүтэн-иҥэн хаалар.  Бу бэҕэһээҥҥи хапсыһыыны көрбүт сорох дьон: эрдэ кэпсэтии курдук тусталлар, омугунан буолбакка, Олимпиадаҕа Россия аатын көмүскүөхтээх кыахтаах спортсмен тахсыахтааҕа, сирэйэ-хараҕа суох балыйыы олох сыыһа диэн кыһыйдылар.

Бу маннык силовой көрүҥнэр коррумпированнай уонна өтөрүнэн көнөр кыахтара суох буоллаҕына, сахалар тоҕо харчы бөҕөтүн бу көрүҥнэргэ тэбиибитий? Омуктартан биһиги дьоммут эт-хаан күүһүнэн син биир баһыйтараллар, миэстэ туһугар тугу толук уурабытый? Ол кэриэтин эргиччи барыстаах интеллектуальнай спорт көрүҥнэрин тоҕо сайыннарбаппытый? Саахамыты уонна дуобаты? Миэстэ атыылаһан ылбатар да, саатар өйбүт хойдуо этэ буоллаҕа.

***

Бүөтүр АРЫЫЛААХАП,
Aartyk.Ru


Тиһэҕэр: Өтөрдөөҕүтэ Турцияҕа тустууга аан дойду чемпионатыгар туроктар көрдөрөн туран балыйаннар бу дойдуга аны улахан түһүлгэ ыытартан аккаастаммыттара. Билигин Дьокуускайга маннык улахан тэрээһин ити айдаан кэнниттэн аны буолуо дуо?

Источник: aartyk.ru
 
Category: Спорт | Views: 1916 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Ыам ыйа 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
      1
2345678
9101112131415
16171819202122
23242526272829
3031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 19
Ыалдьыттар (гостей): 19
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024