Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » Бэс ыйа » 1 » Оботу-иҥсэни тохтоттохпутуна эрэ, инникилэниэхпит
Оботу-иҥсэни тохтоттохпутуна эрэ, инникилэниэхпит
07:27

Оботу-иҥсэни тохтоттохпутуна эрэ, инникилэниэхпит

http://sakhalife.ru/wp-content/uploads/2016/06/316a4306-269x166.jpgКоммунист-депутаттар, кэннинэн кэхтимэҥ!
Кыһалҕа. Саханы ити тыл хаттаан эккирэппитэ оруобуна 25 сыл буолла. Билигин эмиэ “кыһалҕаттан эрэ” дииргэр тиийэҕин. Бара сатаан уруккуну үгүс киһи ордорор буолла. Билиҥҥи уларыта тутааччылар (реформатордар) кыһыл тылларынан оонньуулларын истибиппит түмүгэр 222496 ынах сүөһүнү, 223824 төбө табаны сүтэрдибит.

Аҥардас 2015 сыл түмүгүнэн оҕолорбутугар иҥэмтэлээх үүтү биэриэхтээх 4761 ынах төбө уонна 8861 таба суох буолла!

Биһиэхэ бэйэбит эппит атыыга суоҕун кэриэтэ, үүт олох аҕыйах, таҕыстаҕына даҕаны көрбүтүнэн бүтэр. Ол оннугар маркеттарга самолетунан 5,5 тыһыынча километр, сиринэн 9000 километр ыраах тайаан сытар Белоруссия үрүҥ аһын маҕаһыыннарбытыгар ыһан кэбистэ!
Олохтоох бааһынайтан бородууксуйатын бюджет суотугар атыыласпакка, ыраах Амуртан аҕалабыт. Түмүгэ — 36700 үлэтэ суох киһи!
Тоҕо? Тэҥнээн көрүөҕүҥ?..
Советскай былаас салайан олорор кэмигэр тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ промышленность үлэһиттэриттэн хамнастара уонтан тахса бырыһыанынан үрдүк буолара. Тыа хаһаайыстыбата бэйэбит эппитинэн-үүппүтүнэн, сымыыппытынан олохтоох нэһилиэнньэни 80%-ҥа тиийэ хааччыйара, хортуопуйунан уонна хаппыыстанан — 90%.
Урукку бюджет харчытыттан тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларыгар 25% бырыһыаҥҥа тиийэ үп бэриллэрэ. Биир да киһи ордубакка хамнас аахсара. Ити билигин тиистэрин сааһын сууна үөрэммит “куһаҕан” Сэбиэскэй Сойуустарыгар!
Билигин хайдаҕый?
Кураанах бөһүөлэктэр, быраҕыллыбыт өтөхтөр, ынах маҥыраабат, сылгы кистээбэт, ыт үрбэт, бөтүүк хаһыытаабат. Дьон баар да буоллаҕына, ыччат суох… Ким тиэртэ манныкка? Ким эстэ үлэлээн тигинии, сайда олорбут бөһүөлэктэри?
316A4425
Республикабыт бары муннуктарыттан баар-суох мааны уолаттарбытын уонна кыргыттарбытын талан, Ил Түмэн диэн улаханнык ааттаммыт — или, эйэни түмүөхтээх — сирбитигэр депутат оҥортообуппут.
Ил Түмэн — сокуону ылынар үрдүкү орган. Парламеҥҥа Компартия 5 депутааттаах, “Сиэрдээх Россия” — 8, “Биир ньыгыл Россия” — 51, партията суох — 6.
Икки аҥар сыл устата Компартия фракцията биир лиитэрэ үүт сыанатын аан бастаан 32 солкуобайга дылы үрдэтэргэ этии киллэрбитэ, иккиһин — 36 солкуобайга, үсүһүн — 50 солкуобайга тиийэ. “Биир ньыгыл Россия” утарбыта. Биэ төбөтүгэр бэриллэр субсидияны 5000 солкуобай үрдэтэргэ этии киллэрбиппит, ааспатаҕа. Эмиэ “Биир ньыгыл Россия” утарбыта.
Ону таһынан авиабилиэт, квартира төлөбүрүгэр чэпчэтиини, онтон да атын элбэх норуот олоҕун чэпчэтэргэ туһаайыллыбыт уларытыылары киллэрбиппитин, куруутун куолас тиийбэт буолан, хаалан иһэр.
Билигин Сахабыт сирин тыатын хаһаайыстыбатын өрө тардыахтаах сокуон ылылынна. Кыһын биһиги, коммунистар, тыа хаһаайыстыбатын чөлүгэр түһэрэргэ туһуламмыт сокуон барылын туспа бэлэмнээн киллэрбиппит. Бэчээккэ тахсыбыта. Эмиэ куолас тиийбэтэҕэ.
Дьон олоҕун тупсарар инниттэн элбэх этиилэри киллэрэбит:
— аска-үөлгэ сыананы судаарыстыба хонтуруолга ылыахтаах;
— бюджеттан тыа хаһаайыстыбатыгар 10% итэҕэһэ суох үп көрүллүөхтээх;
— үбү тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга хото биэрэргэ, кинилэр материальнай-техническай базаларын чөлүгэр түһэрии;
— ГСМ (солярка, бензин, трактор, массыына арыыта) сыанатын аҥарын судаарыстыба суотугар уйунуу;
— тыа хаһаайыстыбатын уонна аһы-үөлү таҥастыыр тэрилтэлэригэр анаан гаас, электрическэй уот, коммунальнай өҥөлөр тарифтарыгар чэпчэтиилэри оҥоруу.
1H2R8844
Производствонан дьарыктанар тэрилтэлэр балаһыанньалара билигин хайдаҕый? Электричествоны туһаныы тариба Саха сиригэр 7 солк. 20 кэппиэйкэ (солк./кВт ч) тэҥнэһэр, оттон Иркутскайга — 95 кэппиэйкэ, Новосибирскайга итинтэн өссө аҕыйах. Тоҕо чэпчэкиний? Иркутскай уобалас губернатора, Новосибирскай куорат мэра уонна элбэх үгүс депутаттара — КОММУНИСТАР!
Бу тарифтары барытын олохтоох правительстволар ылыналлар. Толкуйдаан да көрдөххө, губернатор коммунист буоллаҕына, толорор Ситэриилээх былааһы эмиэ коммунистар салайаллар.
Ол түмүгүнэн ити регионнарга производствоны хото тэрийэн эрэллэр.
Оттон биһиэхэ “Якутскэнерго” салайааччытын хамнаһа ыйга 3,5 мөлүйүөн. Биһиги уокка төлүүр харчыбытын хамнас гынан сииллэр. Промышленность тэрилтэлэрин салайааччылара ыйга 4 — 5 мөлүөйүнү ылаллар. Ол оннугар бу тэрилтэ бэйэтин суотугар производствоны сайыннарбат.
Правительство отчуотунан көрдөххө, республикаҕа орто хамнас 51697 солк. тэҥнэстэ. Нэһилиэктэргэ, баҕар, баһылыгы кытта оскуола директора итиччэни ылара буолуо. Онтон атын араҥа дьон тоҕо итиннэ тиксибэттэрий?
Итини биһиги, коммунистар, олус үчүгэйдик ССРС саҕанааҕы көрдөрүүлэри кытта тэµнээн кэлбиппит, тэҥниэхпит даҕаны.
Хомойуох иһин, дьон кими да итэҕэйбэт буолла.
Салайааччылартан ирдэбил олус намтаата, суоҕун кэриэтэ. Ол эбэтэр кинилэргэ норуот эмиэ суох. Олөҕүн эрэ, тиллэҕин эрэ — бэйэҥ кыһалҕаҥ. Салайааччылары уларыт, да уларыт…
c7edb82e7aa204071648047d8614072e
Дьэ ол иһин Компартия модьуйар:
— тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар уонна ону аска-үөлгэ кубулутар хаһаайыстыбалар бюджеттан улахан көмөнү ылыахтаахтар;
— аччыгый уонна орто кээмэйдээх урбаанньыттар чахчы сайдар усулуобуйаларын тэрийиллиэхтээх;
— судаарыстыба үбүн ыскайдааһыны уонна уччутууну тохтоторго болҕомто ууруллуохтаах.
Источник: Петр АММОСОВ, Компартия Саха сиринээҕи салаатын идеологияҕа секретара, Саха Республикатын Государственнай Мунньаҕын (Ил Түмэн) народнай депутаата.
Category: Политика.Митинги. Пикеты. Партии | Views: 1629 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Бэс ыйа 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
  12345
6789101112
13141516171819
20212223242526
27282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 99
Ыалдьыттар (гостей): 99
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024