Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » От ыйа » 3 » «АЛРОСА»: Аахсыйалаахтар мунньахтара буолаары турар
«АЛРОСА»: Аахсыйалаахтар мунньахтара буолаары турар
08:59

«АЛРОСА»: Аахсыйалаахтар мунньахтара буолаары турар

68a55f26-7deb-455a-93d0-d0aad54538e2 28.06.2016 12:21
ИА «Yakutia24/Якутия24». Алмаас уонна конъюнктураБу күннэргэ дойду араас муннуктарыттан Мииринэйгэ алмаастаах хампаанньа аахсыйалаахтара кэлитэлииллэр. Бэс ыйын 30 кyнyгэр «АЛРОСА» Мииринэй куоракка офиhыгар аахсыйалаахтар мунньахтара ыытыллыахтаах. Манан сэдиптээн, yлэ хайдах баран иhэрэ ырытыллар, дохуот-ситиhии, ороскуот ирэ-хоро тургутуллан торумнанар, чуолкайданар. Бастакы кыбаарталга, доллар куурсугар, конъюнктуратыгар олус табыллан, «АЛРОСА» 49,9 млрд солк. ыраас барыыhы ылла.

Ол эбэтэр, 2015 сыл бастакы кыбаарталыгар ситиспит ыраас барыыhын 2,2 бyк куоhарда. 2016 сыл отчуоттаах кэмин устата, «Moody,s» рейтинг агентствотын ырытыытынан, «АЛРОСА» хампаанньа быhыытынан yрдyктyк сыаналанна. Ыам ыйыгар «АЛРОСА» аахсыйалардаах хампаанньа дивиденнарын кээмэйэ – 15,390 млрд солк. бигэргэммитэ. Итинэн холобурдаатахха, экэниэмикэ кириисиhин кэмэ да буоллар, алмаастаах хампаанньа ситиhиилээхтик иhэр.
Ол эрэн, балаhыанньаны учуоттаан, ороскуоту таhаарбат курдук былааннарын торумнаатылар. 2016 сыл бастакы кыбаарталыгар алмаас хостооhун тула туруоруллубут соруктара, уларытыллан тураллар. 

Yлэ кыраапыга, алмаас батарыытыгар тахсыбыт уустуктары учуоттаан, бэлэмнэммит. Ол курдук, «АЛРОСА» бастакы кыбаарталга алмаас хостооhунун 2 бырыhыан кыччатта.  2016 сылга 37 млн. карааттан хостооhун улаатыннарыллыбат барыйаана баар. Хостооhун уонна батарыы икки ардыларыгар арыттаhыы баар буолла. Сыл тyмyгyн диэки балаhыанньа хайдах туруктаныа эмиэ биллибэт.   Кyн бyгyн манна сыhыаннаах мэhэй харгыстаабатын туhугар, туhааннаах миэрэлэр ылынылла тураллар. Манна судаарыстыба уонна чуолаан ГОХРАН кыттыстылар.

«АЛРОСА» туругун кyyhyрдэр былааннаах, судаарыстыба, ГОХРАН суотугар 5 млрд. долларга атыылаhарга бэлэмин биллэрбитэ. «АЛРОСА» АХ Кэлим батарар тэрилтэтэ алмааhы батарыыга Аан дойду экэниэмикэтин харгыстааhыныттан улаханнык сyyйтэрэ илик диэн бэлиэтиир оруннаах. Аан дойду кyндy таастары атыылыыр сyду ырыынага экэниэмикэ кириисиhигэр ылларан олороро мэлдьэhиллибэт. Алмаас атыылаhаллара биллэрдик кыччаата.
Ол да буоллар ырыынак «сууллубата». Балаhыанньаны Арассыыйа судаарыстыбата учуоттаан турар. Ол курдук омук атыылаhааччылара ГОХРАНтан, аукцион бэрээдэгинэн, быhаччы атыылаhар усулуобуйалара тэрилиннэ.
 
Бельгия уонна Индия ордук элбэх алмааhы атыылаhаллар
 
Алмааhы ханнык дойду ордук атыылаhар эбитий диэн оруннаах ыйытык баар. Аан дойду алмаастарын сyрyн атыылаhааччылара – АХШ, Кытай, Япония, Евросойуус, Израиль, Арабскай Эмираттар, Дубай. 2015 сыл туоhулаабытынан, Арассыыйаттан ордук кимиилээхтик алмааhы атыылаhааччыларынан Бельгия уонна Индия буолаллар эбит. Бельгия 2014 сылга 1,4 млрд. долларга алмаас атыыласпыт эбит тyгэнигэр, 2015 сыл yһүс кыбаарталыгар 15,4 млн карааты(1,6 млрд доллар) атыыласта. Оттон Индия эмиэ, алмаас чааhыгар «аhамньыта» yчyгэй эбит: 2015 сыл устата 1,5 млрд. долларга атыыласта.  Алмааска интэриэс 2010 – 2014 сылларга Кытайга yрдyy сылдьыбыта. Сылга 7 бырыhыан улаатар экэниэмикэлээх улуу Кытай, алмааhы, туох да харыыта суох, ылыах курдут туттуммута.  Кытай алмааска интэриэhэ улаата сылдьыбытын курдук, «хабахтыы» уоhунна.

Доллар, евро уонна юань курса арыттаhыылара манна улаханнык сабыдыаллаатылар. Итинтэн сылтаан, Арассыыйаттан алмаас атыытын, кытайдар лаппа кыччаттан, «АЛРОСА» туhугар соччото суох балаhыанньаны диэлиттилэр. 2013 сыл бастакы кыбаарталыгар Кытай судаарыстыбатын алмааhы эргитэр-урбатар салаатын эргиирэ - 3 миллиард доллартан тахса этэ. 2016 сыл бастакы кыбаарталыгар – 2,6 миллиард доллар Шанхайга баар алмаас бииржэтэ «иhийэн» хаалла. Гонконг атыытын-тутуутун Киинэ юань уонна сянганскай доллар АХШ долларыгар куурустара аччаабытыгар сэрэхтик туттуна быhыытыйда. Кытайдар биир кэм эрэбиллээх буолбатахтар, сyрдээх халбархай омуктар.

Алдьархайдаах эргиэмсиктэр, барыыстарын кичэйэн эрэ аахтахтарына сатанар. Кытай 2016-2026 сылларга Аан дойдуга атыыланар бирилийээн уон сэттэ бырыhыанын таах «ыйыстар» кыахтаныа диэн билгэлээбиттэрэ. Дьэ, хайдах буолаллар? Алмааhы, уруккутун курдук, Америка элбэхтик атыылаhар. Бэс ыйын yyнyyтyгэр «АЛРОСА» дэлэгээссийэтэ АХШка бара сылдьыыта, ону туоhулаата. Япония - алмааска эмиэ ураты интэриэстээх дойду. Кyндy тааhы атыылаhар кыахтаах дойдуларынан Европа судаарыстыбалара буолаллар. Онон, туох барыта, Антверпен, Нью-Йорк, Нью-Дели, Тель-Авив алмааhы атыылаhар Кииннэриттэн тутулуктаах.
«АЛРОСА» АХ Кэлим батарар тэрилтэтэ алмааhы батарыыга бигэ атыылаhааччылардаах буоларга кыhанар. Ол эрэн, барыта хайдах эрэ, бэлиитикэ «дуйдаах» буолан хаалла. Сэрэхэдийии баар.    
 

Алмаас сыаната доллартан тутулуктаах

                              
«АЛРОСА» доллар хайдах хамсыырыттан улахан тутулуктаах. Кириисис киниэхэ быйыл-былырыын эрэ буолбакка, 90-с сыллартан араастаан дьyhyн кубулуйан кэлэр.
1998 сылга дойдуга буолбут дефолт уонна доллар эмискэччи yрдээhинэ, барбах «сыыгыныы» олорбут «АЛРОСАны» «yллэс» гыннарбыттара. Иккис кириисис, быдан уодаhыннаахтык, 2008-2009 сылларга буолбута. Манна Арассыыйа судаарыстыбата 800 млн долларга алмаастарын атыылаhан эрэ, «АЛРОСАны» ыарахан балаhыанньаттан таhаарбыта.Билигин Аан дойдуга кyндy таастары атыылыыр сyдy ырыынак, доллар уонна евро хайдах «хамсаналларыттан» быhаччы тутулуктаах.
Алмаас сыаната 2012 сылтан ыла, 40 бырыhыан yрдээн, батарыыта сыыдамсыйа сылдьыбыта. Чочулла илик алмаас уонна бириллийээн сыаналара yрдyyр чинчилэммиттэрэ.   Алмаас сырьетын хостооhуну «АЛРОСА» 2013 сыллаахха 36,9 млн карат таhымыгар тиийэ улаатыннарбыта. Алмаастары уонна бирилийээнэри батарыы 4 млрд 945 млн. доллар буолбута. Бу 2012 сылтан 7,3 бырыhыанынан yрдyк этэ. Санатан эттэххэ: 1,27 карат – 0,25 грамм. Биир караат, Арассыыйа сыанатынан, 22 тыhыынча долларга атыыланар. Доллар yрдyгэ, хайдах да диэбиттэрин иhин», «АЛРОСА» туhугар олус диэн барыыстаах.
 
Бирилийээннэр – бары кэмнэргэ!
Алмаас – баай-дуол, киhи-аймахха сyдy сыаннас, харчы эквивалена, туоhута буолара тулхадыйбат. Алмааhы ханнык да табыгастаах батарыыны аныгы буккуурдаах бэлиитикэ «ытыйар» кыахтаах. Аан дойду аатырар киэргэлин атыытын-тутуутун yрдyгэр, монополиялар уонна олигархтар интэриэстэрэ баар. Хаппытаал, yп-харчы баалларын тухары, алмаас тулхадыйбат баай, сыаннас. Аан дойду баай дойдуларыттан бэрт элбэх тутулуктаах. Онон, Американы ахтарбыт yгyс.              
Америка, Антверпен (Голландия) куоракка алмаас Киинин, Шанхайскай бииржэни(Кытай), «Сотби» аукцион Дьиэтин кытары(Англия) ыкса сыhыаннаах. Дьыала атыы-тутуу кээмэйигэр уонна ким кимтэн атыылаhарыгар сытар.
Эргиэн аата эргиэн, алмааhынан дьарыктанар тэрилтэлэр сарсын туох диэн туруохтара биллибэт.
 
Эмиэ актыып боппуруоhа

 
Аны «АЛРОСА» билигин баар ис туругар киириэххэ. Хампаанньа кэскилин туhунан эттэххэ, билигин кини актыыптарын хайдах сyрyннyyрyттэн бэрт элбэх тутулуктаах. Актыыптарын далааhыннаахтык туhаныытын, батарыытын тyмyгэр, барыыс ылар сорук турар. «АЛРОСА» сорох актыыптарыттан босхолонор, табыгастаахтык атыылыы сатыыр дьyккyhyyтэ, 2013 сылтан ыла олоххо киирдэ. 2013 сылтан ыла, yгyс профильнайа суох тэрилтэлэр хампаанньа састаабыттан тахсан тураллар.
2012-13 сылларга, «Зарница» гостиницалар холбоhуктара, «Якутск» УТКЦ таhаарыллыбыттара.
2014 сыл, бэс ыйыгар, «АЛРОСА» «Иреляхнефть» собуотун, «Дулисьма» корпорация атыылаhан турар.
2015 сылга «АЛРОСА» страховкалыыр хампаанньата «СОГАЗка» бэриллибитэ.

«АЛРОСА-Вилюйгэсстрой», «АЛРОСА-Лена», «Никоновка», «Батамай», «Сунтаарцеолит», «АЛРОСА-Гаас» хампаанньаттан барбыттара.
Санкт-Петербурга баар бэрэстэбиитилистибэ сабыллыбыта. «АЛРОСА» баана – «Макбаан» тохтообута.

2016 сылга «АЛРОСА» ПТВС туhунан тэрилтэ буолла. Билигин Светлэй ГЭСин(«Бyлyy ГЭС-3) уонна Ангола сиригэр баар «Гидрошикапа» тэрилтэлэри табыгастаахтык батарыы соруга турар. Бу уларыйыылары, хайдах да «бэрт yчyгэй» диир кыах суох. Сарбыйыыны да ыл. Урут yчyгэй хамнаска сылдьыбыт дьон далбартан матыылара – эрэй. Оттон, профильнайа суох актыыптартан босхоломмот тyгэнигэр, бу тэрилтэ улахан иэстэргэ баттатан, букатын да монкурууттаан хаалар кутталлаах. Оччотугар, Мииринэй оройуонун кэккэ нэhилиэнньэлээх пууннарыгар сабыллыы суоhуур.
 
Социальнай мэктиэлээhиннэр
«АЛРОСА» аахсыйалаахтарын мунньахтарыгар соицальнай боппуруостар тумнуллубаттар. Кэллэктиибинэй дуогабар – бу Саха сирин ханнык да промышленнай тэрилтэлэригэр суох кэскиллээх тосхол. Бу – yлэнэн хааччыйааччы уонна yлэhит икки ардыларыгар барыыстаах сыhыаны чопчулуур-сааhылыыр сyрyн докумуон.
Манна yлэhиккэ туhааннаах быраап-кyyс, туох чэпчэтии баара, докумуоннарга ырылыччы сурулла сылдьар. Онон Мииринэйгэ Ленскэйгэ, Удачнайга да «АЛРОСА» yлэhитэ, атын тэрилтэлэри кытта холоотоххо, балаhыанньата ордук. КД сиэринэн, 2016 сыл кэлэр ыйга хамнас 10 бырыhыанынан улаатыннарыллыахтаах.  «АЛРОСА» Профалмаастаах. Онон, yп ытарчатын кэмигэр, хампаанньа yлэhиттэрин интэриэhин хайдах кыалларынан харыстыы сатаата. «Профалмаас» туруорсан, Мииринэй оройуонугар биэс дьыссаат, икки улахан таас уопсай тутулуннулар.

Профсойуустар дьаныhан туран киирсиилэрин тyмyгэр, Мииринэй куоратыгар 496 кыбартыыралаах 9-12 этээстээх дьиэлэр тиhиктэрэ тутуллан эрэр. «АЛРОСА» yлэhиттэригэр бастакы дьиэ yллэриллибитэ ыраатта. Манна ипотеканы туhаныахтара, уонна саамай кылаабынайа – дьиэлэнээччи алмаасчыттар, кирэдииттэрин ороскуотун хампаанньанан толуйтарар кыахтаныахтара.

2013 сылга yлэhиттэр эмтэниилэригэр 236 млн анаммыта. 2016 сылга бу сыыппара балтараа бyк улаатта. 2015 сылга «АЛРОСА» yлэhиттэрин Хара муора кытылыгар сынньаныыларыгар быйыл эмиэ элбэх харчы тыырылынна. Хампааньаларын yлэhиттэрин иннилэригэр социальнай мэктиэлээhиннэрэ уларыйбаттар. Куруук «чочуйулла» туралларын аныгы олох ирдиир.
«АЛРОСА» -  кэммиэрчэскэй, атыы-тутуу тэрилтэтэ, кyндy тааhы атыылааhынтан тутулуктаах. Онон, барыта судургу буолбатах.

Хампаанньа бигэ туругуттан Мииринэй, Ленскэй оройуоннарыгар, Саха сиригэр бэрт элбэх тутулуктаах. Моно-куораттар - Удачнай, Айхал, атын нэhилиэнньэлээх пууннар инники олохторо тунаархай. Алмаас сyyрбэччэ-отучча сылынан баранна да, балар сабыллар кутталлаахтар.

Онон кинилэр инникилэрэ, судаарыстыба хайдах дьаhаллары ыларыттан быhаччы тутулуктаах.

«Новай» сопхуос инникитэ долгутар
Бу сопхуос эhиннэ да икки тыhыынча нэhилиэнньэлээх Арыылаах, 400чэ киhилээх Сyлдьyкээр уурайалларыгар тиийэллэр. 396 yлэ миэстэтэ кyппyлyy барар.
Манна туhаайан, сахалар олорор «Новай» сопхуостарын туhунан хаhаайыстыбаннай актыыпка ыйытык киирбитэ. «Новайы» «АЛРОСАттан» таhаарыы боппуруоhа турбат диэн бэрисидьиэн А.Жарков эппитэ.  Алмааhы суортааhын-наардааhын тэрилтэтэ сарбыллыбат. Тырааныспар(МУАД, ЛАТП-1), АЛРОСА-авиация бигэ туруктаахтык yлэлии олороллор.

«Алмазнай кыраай» тэлэбиидэнньэ уонна уонна араадьыйа, оройуон хаhыата хампаанньаттан yбyлэнэр буоланнар, yп-ас чааhыгар сол да нус-хас, тот олоххо олороллор. КСК(культурнай-спортивнай комплекс) оннунан хаалла. Эмтиир-сынньатар санаторийдартан Кэмпэндээйи «АЛРОСА» эмтиир Киинигэр(Медцентр) бэриллибитэ.

Ити курдук, хампаанньаны кытары хайдах да диэбиппит иhин олохпут быhаччы сибээстээх.  Аны, хампаанньа алмаастаах кыраай киинин, оройуону тутан, авиацияны, суолларын-иистэрин, куораты сылааhынан, итии-тымныы уунан хааччыйан олорорун умнар сатаммат. Хомунаалкабыт букатыннаахтык сатарыйбатын туhугар, хампаанньа биэс сыл устата ПТВС тэрилтэни yбyлyyргэ мэктиэлээн турар.
Ити эрэ буолбатах. Холобур, саха ыччатын промышленноска сыhыарар сyдy эбийиэк – МПТИ ХИФУ куорпуhун тутуута эмиэ «АЛРОСА» yбyгэр-харчытыгар ыытыллар. Аны кyhyн киириэхтээх институт, туох баар миэбэлэ, тэриэбэтэ хампаанньа харчытыгар атыылаhыллар.
Онон «АЛРОСА» Мииринэй оройуонугар, Саха сиригэр, хайдах кыалларынан, табыгастаахтык эрэ сабыдыаллыырыгар эрэнэбит.   
Станислав Алексеев.  Мииринэй. 
Category: АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. | Views: 1379 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 80
Ыалдьыттар (гостей): 80
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024