Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » От ыйа » 17 » Кураан уонна суол. кыьынны суолу оностууну кууьурдуеххэ
Кураан уонна суол. кыьынны суолу оностууну кууьурдуеххэ
17:46
Кураан уонна суол
 
Айылгабыт барахсан кэнники кэмнэргэ уларыйан иьиитэ балысханнык тургэтээбитин киьи барыта бэлиэтии керер буолла, ол курдук хаьан да харахтаабатах кетер да, кеппет да кыылларбыт элбээтилэр, кыьыммыт хойутаан кэлэр уонна ичигэс буолла. Быйыл саас билгэлээччилэр бары кэриэтэ кураан дьыл кэллэ диэбиттэрэ, бэчээт уонна араадьыйа да онтон хаалсыбатага, арай сорох керсубут уелээннээхтэрим кураан наьаа кэлбэтэ буолуо дииллэрэ, того диэтэххэ аан дойду урдунэн улахан (глобальнай) итийии кэлбитин учуонайдар да эппэтэллэр айылга уларыйыытын кэтээн керер агам саастаах дьон бары кэриэтэ билэллэр.

Айылгабыт сууьунэн мелуйуен сылларга олохтоммут бэйэтин сайдыытын сокуонунан кураан уонна угут дьыллар солбуьуллуулара ааспыт уйэ 90-нус сылларыгар диэри улаханнык уларыйбакка кэлбитэ, куну дьылы билгэлээччилэр ол сокуонунан салайтаран айылга уларыйыытын балайда бигэтик билгэлииллэрэ. Уйэ анаара анараа ертугэр кыьынын тымныыбыт 50-60 кыраадыстан туспэт этэ, сайыны быьа ууттан тахсыбакка сетуелуурбут, сайынын биирдэ эмэ этиннээх ардахтар туьэллэрэ, аны санаатахха кураан дьыллар эбит. Ол гынан баран кураан дьыллар кэннилэриттэн угут дьыллар кэлэллэрэ, айылга бэйэтин сокуонунан.

Кэнники отучча сылларга угут дьылларбыт олох тохтообот буоллулар, ол оннугар кураан дьылларбыт мэлийдилэр, онон айылгабыт сокуона кэьиллэн куну дьылы билгэлээччилэргэ уустуктардаах буолла. Аан дойду угус уерэхтээхтэрэ кэтээн керуулэрин тумугэр Хотугу муустаах акыйааммыт мууьа ууллуутуттан салгынна уулаах былыттар наьаа элбээьиннэриттэн аан дойду угус еттугэр куутуллубэтэх ууга барыы элбээтэ, ол иьигэр биьиги Сахабыт сиригэр.

Кураан дьылларбыт олох да мэлийдилэр, ол биир туоьутунан илин энэргэ куобахпыт мэлийбитэ буолар, урут кырдьагастар куобах барахсан сут-кураан дьылларга элбиирэ дииллэрэ.Бу угут дьыллар урут тыабыт хаьаайыстыбата мунутуурдук сайдыбыт бириэмэтигэр кэлбиттэрэ эбитэ буоллар элбэх туьаны агалыа эбиттэрэ буолуо.

Алаас энэрдээх сирдэргэ угут дьыллар учугэйи эрэ агалбыт эбит буоллахтарына урэх энэрдээх сирдэргэ наьаа учугэйэ суох дьыллар кэллилэр дии саныыбын, мин биир бэйэм, ол курдук урут сэбиэскэй сагана судаарыстыба кууьун суол оноьуутугар кыайан ситэри туьамматах нэьилиэктэр суоллара суох буоллулар, урэхтэр уулара урут сааьын эрэ халаанныыр буоллагына билигин куустээх ардахтар тустэллэр эрэ сайыннары халаанныыллар, онон киин сирдэри кытта сибээс биллэрдик мелтеете.

Суолбут суох буолуута аныгы уйэгэ куустээх вездеходнай техника элбээбитин кытта сибээстээх буолуон эмиэ сеп, биьиги уйан айылгабыт тулуйбат буоллага. Ол гынан баран ити беьуелэктэргэ олорор сорох кырдьагастар суол суогуттан уерэллэрэ эмиэ да оруннаах курдук, айылгалара соччо алдьаммакка чел хааларыттан, биллэрин курдук учугэй суолунан аныгы уйэ сайдыыта тэннэ кэлэр, ону тэнэ айылгабытыгар киирии кууьурэр, ото-маьа тургэнник алдьанар, сутэр оьор.

Аныгы уйэ салайааччылара айылга уларыйыытын билгэлиир сулууспалары кытта ыга сибээстээхтик улэлииллэрэ эрэйиллэр буолла быьыылаах, ол курдук айылганы алдьаппат вездеходнай техниканы элбэтэр дуу, эбэтэр айылга уларыйыытын билиммэт суоллары тутуу дуу боппуруостарынан олохтоохтук ылсыахтарын сеп буолла быьыылаах, хайдагын да иьин олохпут сайдыыта ону ирдиир курдук.

Биьиги Сахабыт сирин тыйыс айылгатын аныгы уйэ дьоно буоларбытынан сатаан туьана уерэниэхпитин наада, холобура суолбутун кыайан туттубат буоллахпытына саатар кыьынны суолу оностууну кууьурдуеххэ дии саныыбын, ол курдук саатар кыьынын киьилии суолланыахха, того диэтэргит кыьынны суолу сир тонуутугар кеннерен кэбис да кыьын аччыгыйа сэттэ ый устата «аспаал» курдук суоллана туьэгин, суоппардар теье эрэ уеруе этилэр, таьагас теье эрэ таьыллыа этэй, суолга техника алдьаныыта, дэн-оьол теье эрэ аччыа этэй. Наьаа судургутук этэн кэбистэ бу кырдьагас дииргит буолуо да кыаллар суолу эттим дии саныыбын, кыьаллыахха эрэ наада, сир тонуутун кэтии сылдьан, билигин суолу кеннерер техника да элбэх.

Суолга анаммыт харчыны ити сыалга анаан хаьааныахха да сеп, ескетун харчы тиийбэт буоллагына. Ескетун кыьынны суолу оноруу кыалыннагына судаарыстыбага да ночоот аччыа, тыа хаьаайыстыбата сайдыытыгар да улахан кеме буолуо этэ. Онон айылгабыт кууьун сатаан туьаннахха айылгага да , олохпутугар хамнаспытыгар да туьалаах буолуо этэ дии саныыбын.

Аркадий Охлопков
Category: Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения | Views: 1374 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  От ыйа 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
    123
45678910
11121314151617
18192021222324
25262728293031
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 95
Ыалдьыттар (гостей): 95
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024