News topics |
Политика.Митинги. Пикеты. Партии
[900]
|
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения
[263]
|
Суд-закон.МВД.Криминал
[1280]
|
Право, закон
[323]
|
Экономика и СЭР
[839]
|
Власть Правительство Ил Тумэн
[1207]
|
Мэрия, районы, муниципалитеты
[400]
|
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО
[215]
|
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка
[555]
|
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги
[155]
|
Коррупция
[862]
|
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство
[291]
|
Социалка, пенсия, жилье
[277]
|
ЖКХ, строительство
[132]
|
Образование и наука. Школа. Детсад
[215]
|
Люди. Человек. Народ. Общество
[224]
|
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет.
[670]
|
Алмазы Анабара
[161]
http://alanab.ykt.ru//
|
Земля. Недра
[240]
|
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода
[377]
|
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ
[158]
|
Промышленность
[43]
|
Нефтегаз
[284]
|
Нац. вопрос
[284]
|
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации
[65]
|
Дьикти. О невероятном
[183]
|
Выборы
[661]
|
Айыы үөрэҕэ
[93]
|
Хоһооннор
[5]
|
Ырыа-тойук
[23]
|
Ыһыах, олоҥхо
[102]
|
Култуура, итэҕэл, искусство
[365]
|
История, философия
[239]
|
Тюрки
[76]
|
Саха
[153]
|
литература
[42]
|
здоровье
[465]
|
Юмор, сатира, критика
[14]
|
Реклама
[7]
|
Спорт
[123]
|
В мире
[86]
|
Слухи
[25]
|
Эрнст Березкин
[88]
|
Моё дело
[109]
|
Геннадий Федоров
[11]
|
BingHan
[4]
|
|
|
Main » 2016 » От ыйа » 17 » “Сунтаар Сиэйэтиттэн 88 саастаах Борокуоппай Уйбаанабыс Көҕөнньүүрэп, диэммин бааһынай хаһаайыстыбатынан дьарыктанар киһибин
“Сунтаар Сиэйэтиттэн 88 саастаах Борокуоппай Уйбаанабыс Көҕөнньүүрэп, диэммин бааһынай хаһаайыстыбатынан дьарыктанар киһибин | 17:53 |
Б.Н. Ельцин сыыспыта...
Уларыйыы сылларыгар ааспыт үйэ тоҕус уонус сылларын кэнниттэн биир биллэр-көстөр бөлүһүөк киһи эппитэ: “Борис Николаевич Ельцин улаханнык сыыстарда. Кини салалтаҕа кэлээт ССРС кэминээҕи салалтаны түөрэ олоччу уларытыахтаах этэ. Уларыппата да бу билиҥҥи хомуньуустар, хомсомуоллар бука бары өлөн бараныахтарыгар диэри көҥүл ырыынагынан дьарыктаммакка уора-халыы олоруохтара”,--диэбитэ.
Олус да уот харахха эппит эбит,--диэн сөҕөргө эрэ тиийэбит. Биһиги: “Эс оннук буоллаҕай? Атын систиэмэҕэ атын дьон кэлэр ини”,--диэн мөккүһэн көрөрбүт. Ону: “Хомуньуустар, хомсомуоллар былааска кытаахтаһа үөрэннилэр оттон норуот быдло маасса. Ону бараан үөрүн курдук үүрэ сылдьыахтара”,--диирэ.
Оччолорго: “Быдло маасса”, “Бараан үөрэ”,-диэнтэн быһаччы үөҕүллүбүт курдук сананан улахан ыарыылаахтык истэрбит. ССРС үөрэппит идиологиятынан салалтаны адьас таҥара курдук муҥура суох ытыктыыр дьон истиибитигэр ити тыллар олох төрдүттэн ураты, сүөргү уонна олуона этилэр. Онтубут баара күн бүгүн оруобуна ити эппиттэрин курдук этиһэ-этиһэ, үөхсэ-үөхсэ улук буолбут, сытыйбыт олоччутун атыылаан бэлэхтээн кэбиспит, норуотун чахчы таҥнарбыт салалтабытын көрөн олорон: “Быдло маассалар”, илэ бэйэбитинэн киһи эрэ сонньуйуох айахпыт муҥунан арбыы олордохпут дии.
Ол да буоллар кураанаҕы куолулуу олорбокко уларыйыы долгуннарыгар оҕустаран улууспар биир бастакынан бааһынай хаһаайыстыба тэринэн сүүрэн-көтүн үлэлээн испитим. Тулабар арай мин истиибэр дьон сөҕөрө, хайгыыра арыт ким эрэ сиилиирэ, ордугургуура. Сиилиир ордугургуур өттүгэр наадыйбакка бэйэбэр сөп түбэһэр дьону булсан көҥүл ырыынакка тугу сатыырбынан буккуһан үлэлээн испитим. Улууһум дуу, нэһилиэгим дуу салалтатын көмөтүгэр сигэммэккэ туох сатанарынан үлэлээн испитим.
Арай доҕоор биирдэ өйдөөн көрбүппүт бастакы бааһынайдар бука бары утуу-субуу холуобунай эппиэтинэскэ тардыллан суут силиэстийэ уорганнарыгар соһуллан барбыппыт. Ол уодаһыннаах эккирэтиһии милииссийэлэр, силиэдэбэтэллэр дибдийиилэрин, хабараан сыһыаннарын тулуйбакка, дьон оччотооҕу дьаардаах тылын уйбакка оруобуна уон бааһынай саамай күннэригэр сылдьар кыайыылаах-хотуулаах туруук үлэһит дьон бу олохтон ким бэйэтигэр тиийинэн, ким инсуллаан инфарктаан өлөн куоппуттара.
Олортон ордубут 60-65 сааһыттан үөһээ саастаах саамай хоһуун кыанар дьон көҥүл ырыынак уонна ССРС улугурбут систиэмэтин хабырыйсыыларын уйан олох, үлэ-хамнас бары аһыытын-ньулуунун амсайан, көҥүл ырыынакка уһук хотугу тыйыс кыраай чымаан айылҕатын кытары туруулаһан, улугурбут, сытыйбыт салалта тиэрэ-таары дьаһалларын уйан үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Дьиҥ чахчы киэҥ көҕүстээх модун күүстээх санаалаах тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр бэриниилээх, саханы саха дэтэр төрүт дьарыгынан дьарыктанар ытык үлэһит дьон. Кинилэр саха норуотун иннигэр үтүөлэрэ муҥура суох.
Билигин РФ СД-гар ыытыллаары турар быыбардар тустарынан дьон арааһы кэпсэтэр, сэлэһэр араас өрүттээх ырытыыларынан батсаап иһэ оргуйан олорор. Сорохтор ити мин ахтан аһарбыт этиилэрбин да ырыталлар. Оннук буолуохтаах даҕаны. Талан ылыы да араас дьээлтиирэ, киириитэ-тахсыыта элбэх. ССРС саҕанааҕы чиновниктар норуоттарын билигин да көҥүл тыыннарыахтарын баҕарбаттар. Үгэстэринэн общественнай тэрилтэлэр көмөлөрүнэн дьоҥҥо тус бэйэлэрин баҕаларынан толкуйдаан айан-тутан үлэлииллэрин көҕүлээн хааччыйалларын оннугар төттөрүтүн өссө ордук күүскэ ыга тутан үөһээттэн ыйа-кэрдэ, дьаһайа, хамаандалыы олороллор.
Бэл диэтэр хас биирдии киһи көҥүл талан ылар конституционнай бырааптарын кытары күөмчүлээн салалта интеллигенцияны, судаарыстыба силовой структураларын, бүтсүөт үлэһиттэрин олоччу толкуйдуур, айар, талар дьоҕурдарын күөмчүлээн бэйэтэ эппит киһитигэр үүрбэ сүөһү курдук үүрэн таһааран куоластатара хайы-үйэ үгэскэ кубулуйда. Ааспыт Эдиинэй Арассыыйалар праймеризтарын ол иннинээҕи ил дархан быыбарын да көрдөххө Эдиинэй Арассыыйалар аҥаардастыы айаатаан, соҕотохтуу суоһурҕанан нэһилиэнньэни куттаан, албыннаан, уоран,админстративнай салайар аппараат күүһүн муҥутуурдук туһанан, бүтсүөт үбүн көҥүл ыһа тоҕо туттан ил дархан Е.А.Борисов салалтаҕа сокуоннайа суохтук кэлиитин туоһутунан буолбуппут. Ити элеторат куоластыыр дьон 30% ылар. Онтон ким да соһуйбат. Үгүстэр салалта бу омсолоох хамсаныытын сөпкө өйдөөн бырачыастыыллар уонна саамай сөпкө айманаллар.
“Судаарыстыбаттан соххор солкуобайы туһамматым”,--диэн үтүө аахтар Е.А.Борисов Саха Респубюликатын бас билиитин баайын-дуолун хаҥатарын, эбии өссө улахан кыахтаах тэрилтэлэри тэрийэрин оннугар СР бүтсүөт оҥорор бары тэрилтэлэрин атыылаабытын, ыспытын, бэлэхтээбитин туһунан дьон кэлэйэн кэпсэтэр, ол туһунан араас бэчээккэ суруллар буолла.
Биир үтүө күн квартирам сымнаҕас дьыбааныгар итинник арааһы саныы кэтэх тардыстан сыттахпына телефонум уотунан умайда.
Ону кытары: “Сунтаар Сиэйэтиттэн 88 саастаах Борокуоппай Уйбаанабыс Көҕөнньүүрэп, диэммин бааһынай хаһаайыстыбатынан дьарыктанар киһибин”,-- диэн ааттаан эрийдэ уонна Дьокуускайга түспүт гостиницатыгар ыҥырда. Бачча сааһыгар диэри буолан баран биһиги дойду тыйыс айылҕатыгар маннык ыарахан үлэнэн дьарыктанар туох ааттаах оннук хоһуун, иҥиир-ситии, тимир киһитэ баарай?,-- диэн хата оҕонньору бэйэтин сааһа да элбэҕэ бэрдиттэн дьиктиргээн: “Ама кырдьык буолуо дуо?”—диэн бэрт улаханнык саарыы-саарыы киниэхэ ойобун.
Тиийбитим Б.У. Көҕөнньүүрэп үлэлиир бааһынай хаһаайыстыба устаабыттан саҕалаан араас докуменнары бэрт халыҥ паапканы иннибэр ууран баран быһааран кэпсээн киирэн барда. Киһим сааһа элбэҕиттэн, хорсунуттан, этэр кэпсиир саҥата эрчимнээҕиттэн киэптэтэн хас биирдии докумены саас сааһынан быһаарарын истэн аҥаар кыырыы: “Ээҕи”,-- кытары аҥаарыйа алаарыйан олордум.
Онтон: “Эйиигин көрсөөрү бу эйиэхэ анаан копиялаабытым. Эн суруйууларгын ааҕабын, биһириибин манан сирдэтэн суруйаргар анаан бу баар”,-- диэн баран үлэ-хамнас кыһалҕатын эккирэтиһэн туруорсубут докуменнарын, борокуруордарга, ил дархаҥҥа тиийэ биэрбит сайабылыанньаларын эппиэттэригэр тиийэ сыалай биир паапка халыҥнаах документ копиятын илиибэр туттаран кэбистэ.
Бу докуменнарга хас биирдии үлэһит киһи күннээҕи көрсөр кыһалҕалара көстөр. Харчы хаамыыта ылбыт кирэдьииттэрин төлөөһүн кыһалҕалара, салалта үлэһит киһи кыһалҕаларыгар ааххайымтыата суоҕа, сири кытары үлэҕэ үлэһити кытары эриһии, техника арааһын булунуу сүүрүүтэ-көтүүтэ. Чахчы бу ытык киһи сааһыгар ханан да сөбө суох чэгиэн доруобай эдэр киһи да кыайдаҕына кыайар кыһалҕалара.
Ытык кырдьаҕас бэйэтин көрүүтүнэн күнү дьылы эрдэттэн билгэлээн, сылыктаан үлэтин-хамнаһын тэрийэр, дьаһайар эбит. Кини саныырынан бу ылбыт сиригэр үлэ үгэс буолбут тэрээһинин чугас аймахтарыгар туһа буоларын курдук дьаһайан оҥорон хаалларыан баҕарар. Билигин ырыынаакка күннээҕи олоххо күүстээх экономическай кириисис кэлэн иһэр,--диир.
Онон сибээстээн араас омуктар буорту буолбут ыарахан сыаналаах, күлүмүрдээбит суулаах эргэ астарын таһан аһыах кэриэтэ бэйэ бородууксуйатын оҥостон сибиэһэй элбэх иҥэмтэлээх аһынан хааччыммыт быдан барыстааҕын туһунан саамай сөптөөх сыалай лекцияны аахта. Оҕону ыччаты кыра сааһыттан үлэлии үөрэтиэххэ оччоҕо ону-маны сыаналыыр дьоһун дьон иитиллэн тахсыахтара,--диир.
Сиэйэҕэ хортуоска сыаната билигин киилэтэ 30 солкуобай.
Оннук буорту буолбут билбэт сириҥ хортуоскатын атыылаһан оҕолоргор сиэтиэҥ кэриэтэ Сиэйэҕэ бэйэтигэр Көҕөнньүүрэп Борокуоппай Уйбаанабыс отут гектаардаах оҥоһуллубут, күрүөлэммит бааһынатыгар кини бэлэмнээбит техникатынан ыаллар хортуоска үүннэрэн үллэстэн сииллэрин бу ытык кырдьаҕас тэрийэр эбит.
Бу үп-харчы суох буолбут үйэтигэр ыарахан сыаналаах буорту буолбут хортуоска оннугар сыалай нэһилиэк аһыыр аһа бэйэ үлэлээн хамсаан оҥорбута сибиэһэй дэлэй битэмииннээх хортуосканан буор босхо хааччыллыахтаах. Киниэхэ итини оҥорорго сөптөөх техника олоччута баар. Ууну ыһар техника арааһа. Сабыс саҥа Беларус трактор хортуосканы харайар миэстэ олоччута оҥоһуллан үлэлии турар бэлэм, диэн кэпсээтэ.
Ытык аарыма кырдьаҕас: “Кириисиһи таһынан уот курааннар иһэллэр. Салалтабыт итиннэ болҕомтотун төрүт уурбат”,-- диэн хомуруйар. Бэл диэтэр дэлэй үптээх-астаах ССРС саҕана М.Н.Сибиряков курдук улуу хаһаайыстыбанньык бэлэмнээн оҥорбут бэртээхэй сирдээх-уоттаах Аммаҕа бурдук үүннэриитэ, Хатас курдук бэртээхэй миэстэҕэ буолан баран киин куораты кууһан сытар бэлэм оҥоһуллубут бааһыналардаах сиргэ оҕуруот аһын арааһын олордуохха сөп. Биһиэхэ ол салалтабыт мөлтөҕүнэн кыаллыбат”,-- диэн хата бу Сунтаар түгэҕэр сылдьар ытык кырдьаҕас Борокуоппай Көҕөнньүүрэп кэпсээн СР ил дарханыгар тиийэ үлэлиир программатын олус чуолкайдык кириитикэлээн сөхтөрдө.
Б.У.Көҕөннүүрэп үлэтин кыһалҕатынан ил дархаҥҥа биэс төгүл киирэ сатаан баран биирдэ да кыайан киирбэтэх. Онон ил дархан тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһугар олох да кыһаммат, наадыйбат эбит,-- диэн өйдөбүлгэ кэлбит. Ол быыһыгар тус бэйэтин нэһилиэгин салалтатын А.О.Обоюковы даҕаны уоттаах-күөстээх кириитикэттэн матарбата.
Сунтаарга Сиэйэ нэһилиэгин баһылыга А.О.Обоюков Борокуоппай Уйбаанабыһы нэһилиэк дьаһалтатын баһылыгын балансатыттан тахсыбыт водовоз массыынаны Б.У.Көҕөнньүүрэп көрдүүрүн Дьаһалта баһылыгын быһыытынан туормастаһар, туорайдаһар. Бу массыынаны Бороппуокай Уйбаанабыс бааһынатыгар уу таһар прицеп оҥостор баҕата кыайан туолбатаҕа быйыл үһүс сыла. Быраҕыллыбыт массыынаны араас инстанцияларынан туруорсан эккирэтиһэ сатаан баран республика борокуруоругар тиийэ сурук киллэрэн массыына балансаттан тахсыбытынан туһанан сокуоннайдык туруорсан чааһынай бас билиитигэр ылар бырааптааҕын туһунан сурук ылбыт.
Баһылык А. О. Обоюков ити бодобуоска олох да наадыйбат дьоҥҥо баһаарынай сулууспаҕа сыҥалаан олбуордарыгар киллэрбитин Борокуоппай Уйбаанабыс бэйэтигэр состорбут түгэнэ кытары баар. Онтон ытык кырдьаҕас бааһынатыгар уу ыстарар тэриллэригэр ууну баһан аҕалар кыаҕа суох буолан олус улаханнык моһуогурбут.
Сунтаар улууһун Сиэйэ нэһилиэгин баһылыга А.О. Обоюков бу ытык кырдьаҕаска ол-бу борокуруордарынан, ил дарханынан хас уонна сүүрдүбэккэ сүрэҕин быарын уулларан туран көмөлөһөрө буоллар нэһиликкэ эрэ буолбакка тус бэйэтин тэрийэр үлэтигэр даҕаны, тыа хаһаайыстыбатын үлэтин атыттарга холобур оҥостор гына үлэлэтэн улахан хайҕаллаах дьыаланы оҥоруо эбит.
Ыстатыйа саҕаланыытыгар эппитим курдук РФ оччотооҕу президенэ Б.Н.Ельцин ССРС бары чыыннарын салайар үлэттэн үүртэлээбитэ буоллар көҥүл ырыынагы тэрийиигэ маннык буккуурдар, тиэр-маар дьаһаллар, үлэҕэ-хамнаска дьаалайбат буолуу суох буолуо этилэр. Общественнай уонна партийнай тэрилтэлэр норуоттан талыллан норуоту кытары ыкса үлэлээн норуот бары кыһалҕаларын салалтаҕа туруорсан, салалтаны хонтуруоллаан билиҥҥи курдук быыбартан быыбарга уһуктан буолбакка норуоту кытары бастайааннай ыкса үлэлээбиттэрэ буоллар олох букатын атыннык сайдыа этэ. Б.У.Көҕөннүүрэп курдук ытык аарыма кырдьаҕастар үлэлиир кыһалҕатыгар чиновниктар ааннарын тоҥсуйан күннэрин дьылларын сүтэриэ суох этилэр.
Билиҥҥи курдук общественнай уонна партийнай тэрээһиннэр РФ ФС собус соруйан ил дархаммыт илэ бэйэтинэн куруубайдык кэһэн хас эмэ бэрэбиэркэни ааспыт бэйэтин бэриниилээх чиновниктарынан салаллан ил дархан Е.А.Борисов айыытын-харатын сабыыга, кистээһиҥҥэ эрэ үлэлээбэккэ норуот күннээҕи кыһалҕатын толорууга дьиҥнээхтик үлэлээн ырааппыт буолуо этилэр.
Оччотугар ил дархан уонна улуус нэһилиэк баһылыктара общественнай тэрилтэлэр туруорсууларын толорон үлэлээбиттэрэ буоллар кырдьык даҕаны биир солкуобай буолбакка кинилэр достоинстволара киһи сатаан кээмэйдээбэт улахан сыыппаратынан сыаналаныа, дьоҥҥо норуокка чахчы улаханнык убаастаныа эбиттэрэ буолуо.
Арамаан Дьөгүөрэп
|
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка |
Views: 1584 |
Added by: uhhan1
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 17 Ыалдьыттар (гостей): 17 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|