Бу сир талбата (меню)
News topics
Политика.Митинги. Пикеты. Партии [900]
Мысли. Думы.Мнения, обсуждения, реплика, предложения [263]
Суд-закон.МВД.Криминал [1280]
Право, закон [323]
Экономика и СЭР [839]
Власть Правительство Ил Тумэн [1207]
Мэрия, районы, муниципалитеты [400]
Мега пректы, планы , схемы ,программы. ВОСТО [215]
Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка [555]
Энергетика, связь, строительство.транспорт, дороги [155]
Коррупция [862]
Банк Деньги Кредиты Ипотека Бизнес и торговля. Предпринимательство [291]
Социалка, пенсия, жилье [277]
ЖКХ, строительство [132]
Образование и наука. Школа. Детсад [215]
Люди. Человек. Народ. Общество [224]
АЛРОСА, Алмаз. Золото. Драгмет. [670]
Алмазы Анабара [161]
http://alanab.ykt.ru//
Земля. Недра [240]
Экология. Природа. Стихия.Огонь.Вода [377]
СМИ, Сайты, Форумы. Газеты ТВ [158]
Промышленность [43]
Нефтегаз [284]
Нац. вопрос [284]
Соцпроф, Совет МО, Общ. организации [65]
Дьикти. О невероятном [183]
Выборы [661]
Айыы үөрэҕэ [93]
Хоһооннор [5]
Ырыа-тойук [23]
Ыһыах, олоҥхо [102]
Култуура, итэҕэл, искусство [365]
История, философия [239]
Тюрки [76]
Саха [153]
литература [42]
здоровье [465]
Юмор, сатира, критика [14]
Реклама [7]
Спорт [123]
В мире [86]
Слухи [25]
Эрнст Березкин [88]
Моё дело [109]
Геннадий Федоров [11]
BingHan [4]
Main » 2016 » Балаҕан ыйа » 21 » булду харыстыырга, ууһатарга, элбэтэргэ, Амма кэрэтинэн иитэргэ дьулуһар
булду харыстыырга, ууһатарга, элбэтэргэ, Амма кэрэтинэн иитэргэ дьулуһар
14:25

Булду харыстыырга, ууһатарга, элбэтэргэ, Амма кэрэтинэн иитэргэ дьулуһар

http://i2.wp.com/yakutiafuture.ru/wp-content/uploads/2016/09/Fedotov-1-696x553.jpg?resize=696%2C553Бэрт эдэр сааһыгар үрдүк үөрэҕи эккирэппэккэ, Өлүөхүмэ техникумун кэнниттэн, «Амма» сопхуоска механиктаан, дьон-сэргэ махталын ылбыт аныгы саха баайа, биллиилээх урбаанньыт, аатырбыт меценат, Амма улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Россия, тас дойдулар тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах техникаларын Саха сиригэр аҕалан тарҕатааччы Руслан Еремеевич Федотов Горнайга техникаларын быыстапкалыы сылдьар кэмигэр, редакцияҕа киирэн кэллэ.
Тута сыалын-соругун, «Үлэ күүһүгэр» «Бэчээт музейа» баарын истэн, ону көрө кэлбитин эттэ. Кырдьык, биһиэхэ соһуччу буолла. Син араас дьон ол иһигэр тойоттор-хотуттар, суруналыыстар даҕаны улууска сылдьаллар аҕай, ол гынан баран, «редакцияҕа музейдаах үһүгүт, ону анаан-минээн көрө кэллибит» диэн тылланааччы бэрт ахсааннаах.
Музейы ымпыктаан-чымпыктаан көрдө, сөхтө-махтайда, онон хаһыаччыттары үөртэ. Кини атын сиргэ сырыттар эрэ, быыс булан музейдары хайаан да көрө сатыырын, онно норуот историята сааһылана сытарынан, бэйэтин духуобунай өттүнэн байытынарын бэлиэтээн ааста.
Мин маннык ураты киһи кэлбитин, төһө да бириэмэтэ кырыымчыгын иһин, биир хайысхаҕа сыһыаннаан кэпсэтэн ыллым.
Ол кини Саха сиригэр айылҕа харыстабылыгар, экологияҕа үтүө холобура: чааһынай дьон уонна государство хардарыта ыкса сибээстээх, туһалаах бииргэ үлэлээһиннэрэ. Ити туһунан интернет ситимигэр, кыратык бэлиэтээн ааспыттарын аахпыттааҕым.
ruslan-fedotov-2
Убаастабыллаах Руслан Еремеевич, Эн айылҕа харыстабылыгар ураты сыһыаннааххын, бэйэҥ көҕүлээһиҥҥинэн Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин кытта дуогабар түһэрсибиккин ааҕан, сэҥээрэн турабын. Ол туһунан кыратык сырдата түһүөҥ дуо?
— Мин бэйэм Саха сирин биир кэрэ сирэ, кыыс Амматтан, Лээгиттэн төрүттээх буолан, бу өбүгэм дойдута билиҥҥи быһыытынан-таһаатынан харыстанан, көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэн баҕарабын. Ааспыт үйэ бүтүүтүгэр Аммабытыгар куорҕаллыыр, ыһар-тоҕор, кэрдэр-алдьатар, кэлтэйдии бултуур эрэ сыһыан бигэтик олохсуйан, ол саҥа үйэҕэ да салҕаныах турукка киирэн испитэ. Биллэн турар, итинник быһыыны-майгыны Аммаҕа сөбүлээбэт, утарсар дьон аҕыйаҕа суох этэ.
Онон мин кинилэртэн биирдэстэрэ буолан, салгыы итинник суолунан барар табыллыбатын өйдөөн, Айылҕа харыстабылын миниистирэ В.А.Григорьевка этии киллэрбитим, дуогабар түһэрсибиппит. «Амма» айылҕа ураты харыстанар сиригэр-уотугар (ООПТ) харыстыырга ыытыллар үлэҕэ, бэйэм иннигэр эппиэтинэс ылыммытым. Аҥардас айылҕатын, отун-маһын эрэ диэн буолбакка, кыылын-сүөлүн, көтөрүн-сүүрэрин араҥаччылыырга ылсан үлэлэһэ сылдьабын.
Ол иннинэ 1999 с. «Амма» Эркээйи сир (ресурснай резерват) буоларыгар, эмиэ кыһаллыбыппыт. Араастаан ыла сатааччы, бэйэлэрин тус интэриэстэринэн, аҥардастыы бултааһынынан, балыктааһынынан эрэ дьарыктаныан баҕалаахтар бааллар этэ. Уустуктук үлэлэһэн, өрөспүүбүлүкэ салалтата, билиҥҥи Ил Дархан Е.А.Борисов өйөөн, кинилэргэ бэриллибэтин ситиспиппит. Ити кэмтэн ыла Амма харыстанарыгар сөптөөх хайысха ылыллан барбыта.
Онно сүрүн үлэҕиттэн билиһиннэрэ түһүөҥ дуу?
— «Амма» ООПТ сирэ-уота олус киэҥ – 735 тыһ. гектардаах сири көрөбүт-истэбит. Туох баар үлэбит аҥардас бопсорго, бултаппакка диэн буолбакка, харыстааһыҥҥа, олохсутууга, үөскэтиигэ, элбэтиигэ туһаайыллар. Үлэһиттэрэ барыта айылҕа харыстабылын министиэристибэтин гиэннэрэ. Мин дуогабарга олоҕуран, бииргэ үлэлэһэбин, сүрүннүүбүн, дьаһайсабын, кыахпынан көмөлөһөбүн. Бэйэтин аналынан туһалыырын хааччыйарга дьулуһабын. Министиэристибэттэн биир да солкуобайы ылбаппын, туһаммаппын, бэйэм аҥардас ис сүрэхпиттэн баҕаран, тылланан туран көмөлөһөбүн эрэ.
Арыый кэҥэтэн эттэххэ, ол көмөҥ туохха олоҕурар, дьэ тугу гынаҕын?
— Бэйэм сүрүн үлэбэр кыаҕын ыллаҕым дии. Онон ордорунар үптээхпин-харчылаахпын. Оттон ООПТ инспектордарын хамнастара атын эйгэҕэ холоотоххо кыра. Ыраах баран үлэлииллэригэр, ыһыгынан сылдьалларыгар үчүгэйдик кыамматтар. Онон мин аһынан-үөлүнэн хааччыйабын, техниканан, «Буранынан», оттук-оҕунуох матырыйаалларынан көмөлөһөбүн. Күүстээх рейдэлэри ситимин быспакка ыыттарабын, барытын кытаанахтык хонтуруоллуубут, ураты харыстанар сир режимэ булгуччу тутуһулларын, бэрээдэктэнэрин ситистибит. Билиҥҥи кэмҥэ эппиэттиир туризм сайдарыгар саҥа хардыылары оҥорон эрэбит.
Кэрэ сиргэ кэрэ санаалаах дьон сылдьан, үөрэн-көтөн, сынньанан, дьиктилээхэй айылҕатын көрөн баралларыгар аана аһаҕас. Абылыыр айылҕатынан умсугутуулаах, киэҥ сиринэн, Улуу Россиянан, араас омук дойдуларыгар тарҕанар, Саха сирин ааттатар үтүө сурахтаах-садьыктаах буолан эрэриттэн үөрэбин.
Истэр-билэр тухары киэҥ сири көрөр, хонтуруоллуур эрэйдээх, үгүс проблемалардаах да буолар.
— Уустуга, кыаллыбата да элбэх эрээри, үлэбит кэскиллээх, туох түмүктээх буолуохтааҕын билэбит. Рейдэ ыытарга уустук, кутталлаах даҕаны. Мин инники бэйэм хаһыылаах саалаах сылдьар этим. Билигин олох саата суох сылдьабын. «Бэйэҥ саалаах сылдьан, тоҕо бопсоҕун» диэхтэрэ дии. Онон автоматтаах ОМОН-нартан, полицияттан илдьэ тахсабын. Итинник тэринии, хонтуруоллааһын түмүгэр браконьердааһыны, тастан киириини олох тохтотон эрэбит диэххэ сөп. Амматтан эрэ буолбакка, Алдантан, Дьокуускайтан, Хаҥаластан, Нерюнгриттэн тиийэ кэлэн браконьердыыллар этэ. Кимиэхэ даҕаны сирэй көрбөх буолбаппыт, тойон-хотун диэн араарбаппыт, баҕар миниистир, баһылык да буоллун, эппиэтинэскэ тардыллыахтаах диэн принциби тутуһабыт.
— Бэйэҥ булка хайдах сыһыаннааххын, улаханыгар төһө сылдьаҕын?
— Кыылга-сүөлгэ хайатыгар да олох сылдьыбаппын. Хаһыылаах сааларбын, бинтиэпкэлэрбин барытын Ис дьыала министиэристибэтигэр туттарбытым. Арааһа баара. Саас, күһүн уонча куска лицензия ылан, аҕыйах хонукка сылдьабын. Андылааһыны утарабын.
Оттон сир ахсын көҥүллэнэр дии.
— Итилэргэ өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһабын. Саас кус бастаан кэлиитигэр ытабын. Онтон кэлин кэлээччилэр төрүүр аатыгар бараллар. Кинилэри харыстыахха, элбэтиэххэ наада. Оттон күһүн айан куһугар эрэ саалана түһэн ылабын. Төрөөбүт куһу ытары эмиэ сыыһанан ааҕабын. Тоҕо диэтэххэ, эһиилигэр манна төрөөбүт кус дойдутугар эргиллэр. Кырдьаҕастар инньэ дииллэр этэ. Алаастарбытыгар, үрэхтэрбитигэр төрөтөн, сыллата аайы элбэтэн иһиэхтээхпит буоллаҕа.
Итинник санаа хаһааҥҥыттан киирбитэй? Билигин көрдөххө үксүгэр кыахтаах дьон, куорат олоҕуттан аралдьыйалларыгар тыаҕа, үүтээҥҥэ талаһаллар, куоталаһа-куоталаһа, ханна да суох үчүгэй база тутталлар, үлэһиттэнэллэр, харабылланаллар. Кимиэхэ да суох күүстээх техникаланаллар, тэргэннэрин туһунан этэ да барбаккын. Төһө улаханы, элбэҕи, саастааҕы өлөрбүттэринэн куоталаһаллар.
— Сааһыран баран диэххэ сөп. Мин даҕаны урут бултуурбун-алтыырбын сөбүлүүрүм. Аҕам егерь этэ. Өйдөспөт түгэннэрбит да баара. Мин бултуурбун олох бопсо сатыыра. Акаарыбар, ыалдьа сыттаҕына баран бултаабытым. Биир арҕахтан түөрт эһэни өлөрбүппүн кэпсээбитим. Онно кэлэйбит, сэмэлээбит харахтара, өр киэр хайыһан саҥата суох сыппыта, билигин да көстөн кэлэллэр. «Мин Аммаҕа егерь быһыытынан харыстыырга үлэлэспиппин, онно анаабыт олохпут барытын сотон таһаараҕын, суох гынаҕын» диэн сэниэтэ суох куолаһынан хомолтотун биллэрбитэ. Дьиҥнээх коммунист этэ. «Аны бултаама, харыстаа, уолум эрэ буолларгын олохпун салҕаа» диэн кэриэһин эппитэ. Кини итинник ыар тыллара, ыра санаата мин айылҕаҕа, булка-алка олох атыннык сыһыаннаһарбар харахпын аспыта.
Атын бултаах-алтаах дойдуларга, омук сирдэригэр сылдьарын, ити «Охота и рыбалка» биэриигэ көрдөрөллөрүн курдук бултуурун буолуо?
— Иллэҥ буоллахха, омук сирдэригэр сылдьар кимиэхэ баҕарар наадалаах, туһалаах. Араас олохтоох-дьаһахтаах омук дьонун кытта билсэбин. Элбэх дойдуга айанныыбын, Канадаҕа үчүгэй табаарыстардаахпын, соторутааҕыта Нигерияҕа сылдьан кэлбитим, Онно олох сааламмаппын, бултаабаппын. Эккирэтэн, сыралаһан бултуулларын курдук көрдөрөллөр эрээри, ол сымыйа. Кыыл барыта, тиигирдэр, буйволлар манна аттыгар хаамса сылдьаллар. Мин киинэҕэ устабын, хаартыскаҕа түһэрэбин эрэ. Уонна хаһан эрэ сиэннэрим, кинилэр ыччаттарын кэмнэригэр мин Аммабар даҕаны, кыыл-сүөл ити дойдуларга курдук, дьоннуун тэҥҥэ, көҥүллүк хаамсыахтара, элбиэхтэрэ дии саныыбын уонна харахпар оҥорон көрө турар буолабын ээ. Салгыы биһиги курдук харыстыыр, үөскэтэр үлэни инники күөҥҥэ тутан истэхтэринэ.
Оччоҕо Эн сиэниҥ бултаабатыгар кыһаллаҕын дуо?
— Мин кинини мэлдьи илдьэ сылдьа сатыыбын. Аммам үчүгэйин, кэрэтин көрөн улаатарыгар баҕарабын. Билигин ханна да сырыттаҕына, бэйэтэ ис санаатыттан онно атын дьон хаалларбыт бөҕүн-саҕын көрдөҕүнэ, пакекка уган массыынабытыгар уурар. Сыллата Лээгигэ бардахпытына, «эһэм убайын аахха анаммыт пааматынньык» диэн, бэйэтэ атыылаһан илдьибит сибэккитин уурар. Саастаах дьоҥҥо өрүү убаастабыллаахтык сыһыаннаһар. Кыалларынан, бэйэм холобурбар иитэ сатыыбын. Кини хаһан да браконьер буолуо суоҕа. Кырдьык бары да, сиэннэрбитин саҥалыы иитэ сатыахтаахпыт. Өбүгэлэрбит саҕанааҕы курдук аччык кэм буолбатах. Кинилэр кыһалҕаттан, тыыннаах хаалар туһугар бултууллара. Ама билигин ас-үөл суох диэҥ дуо, үлэлиэххэ эрэ наада.
Кэлин сирдээх-уоттаах дьон, араас кыылы улахан харчыга баайдарга, кыахтаах дьоҥҥо эҥин бултата сатыыр буолан эрэллэр.
— Итинниги утарабын, сөбүлээбэппин. Мин баарбар хаһан да кыылы харчыга, омук да дьонугар бултатыам суоҕа.
Биһиги, горнайдар, тайаҕы бултааһын болдьоҕун кылгаттарыыга туруорсуубутун өйүүгүн дуо?
— Ити саамай сөптөөх. Ааҕабын, истэбин. Булчуттар, олохтоохтор бэйэлэрэ туруорсуулара, хаһан баҕарар өйөнүөхтээх. Мин көрөрбүнэн, чинчийэрбинэн кыһын техниканан сылдьан, тайаҕы чэпчэкитик бултааһын олус тэнийэн, кыылы эһэргэ туһаайыллан испитэ. Болдьох сыыйа кылгатыллан бардаҕына эрэ, харыстыыр, үөскэтэр үлэбит көдьүүстээх буолуо. Ханна баҕарар булду итинник кыһалҕата суох бултааһын, браконьердааһын кыахтаах, баламат дьон өттүттэн тахсар. Көннөрү нэһилиэк хачыгаара, сүөһү көрөөччүтэ, эгэ учуутала да оннук быһыыламмат уонна кыаҕа да суох буоллаҕа.
Сахабыт сиригэр эн курдук, булду харыстыырга, государство туһатыгар «солкуобайы да көрдөөбөккө» баҕаран туран бэйэлэрэ, аналынан, кырдьыктаахтык үлэлэһээччилэр хаһан элбиэхтэрэй?
— Оннук кэм кэлиэ. Дьон мин курдук кыаҕырыан, байыан-тайыан, кылаабынайа, өй-санаа уларыйыан наада. Биир өттүнэн былаастан, тутулуга суох, кинилэри кытта биир муостаҕа туран, тэҥҥэ кэпсэтэр, аахсар буолуллуохтаах. Холобура, ханнык эрэ миниистир, улахан тойон, харчылаах киһи кэлэн «эн сиргэр бултуу кэллим» диэтэҕинэ, утары кытаанахтык көрөн туран «табыллыбат, көҥүллэммэт» диэн аны хаһан да эргиллибэт гына, төттөрү кыйдыыр буоллахха, сыыйа балаһыанньа уларыйан иһиэ. Көннөрү дьон барытын итини билэ-көрө, истэ сылдьаллар. Кинилэр бу бултуур сири, эбэтэр ураты харыстанар сирдэри, паарканы дуу тойоттору бултатаары, бэйэлэрэ, аймахтарынаан, табаарыстарынаан айбардаары ылбыттар, тэрийбиттэр диэбэттэрин, оннук өйдөбүл олохсуйуо суоҕун наада.
Түмүккэ тыабыт хаһаайыстыбатыгар төннүөххэ. Аны билигин кыаҕын ылбыт, байбыт дьон, тыа сирэ сайдарыгар, сүөһүтэ-аһа элбииригэр үптэринэн-харчыларынан кыттыһыахтарын, сүрүннүөхтэрин да наада.
— Итиннэ мин бэйэм былааннардаахпын, санаалардаахпын. Өбүгэлэрбититтэн кэлбит тыабыт сирин уота сөҕүрүйбэтигэр, сүүһүнэн сылларга илдьэ кэлбит саханы саха гыммыт төрүт дьарыктара, сүөһү иитиитэ, симэлийбэтигэр кыһаллар кэммит кэллэ. Мин урут быраҕыллыбыт бөһүөлэккэ Лээгигэ 300-чэкэ сылгылаахпын, 15 ыанар ынахтаахпын, 50-ча сибиинньэлээхпин. Онно түөрт ыал баар. Кинилэри үлэлээх гынаары кыһаллабын. Бары өттүнэн көмөлөһөбүн, быһа кэпсэтиинэн хамнастыыбын.
Дьэ, «улахан көтөр бэйэм элгээммэр түһэн биэрбитигэр», ыксыы да олордор маннык кэпсэттибит. Ыалдьытым Руслан Еремеевич айылҕа харыстабылыгар, тыа хаһаайыстыбатыгар да сыһыаннаах бүгүҥҥү ураты үлэтэ-хамнаһа, ханна баҕарар сэҥээриллиэ, сыыйа кини санаалара олоххо киирэн иһиэ диэн эрэллээхпин.
Category: Сельское хозяйство,Продовольствие. Охота и рыбалка | Views: 1386 | Added by: uhhan1
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Сонуннар күннэринэн
«  Балаҕан ыйа 2016  »
БнОпСэЧпБтСбБс
   1234
567891011
12131415161718
19202122232425
2627282930
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 19
Ыалдьыттар (гостей): 19
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024